Кэпсээ
Войти
Регистрация
Кэпсээн: «Сиипсэп, эн тутулуннуҥ!»
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Кэпсээн: «Сиипсэп, эн тутулуннуҥ!»
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.10.2022 18:29
Мургун Сиипсэп харчыны араас ньыманан бары оҥороро. Кини кэргэнэ бэрэски астыыр уон биэс араас ырысыаптааҕа. Мургун оннооҕор элбэх харчы оҥорор ньыманы билэрэ. Оттон кынна, кэргэнин аҕата Федор Иванович, «София» рестобар пуобара, сүбүөкүлэттэн отут араас бүлүүдэни сатыыра. Мургун харчыны хамсатар оннооҕор элбэх ньыманы туттан көрбүтэ. Сиипсэп, арыт, туох эмэ «аахсыйа», «бырайыак’ оҥорон, үллэр үптэнэ түһэрэ, сороҕор, эстэн, хармаана чарааһыы, көсүлүөгэр баар казначейскай билиэттэрэ тутайа түһэрэ. Ол эрэн, кини, санаатын түһэрбэккэ, саҥа суолу тобулбутунан барара. Билигин, бу «Гладиатор» ЧОП биир тутаах исписэлииһэ буолан олорон, кэбиньиэтин кириэһилэтин сылытар кэмигэр, уонча сыллааҕыта Чукуоткаҕа буолбут түбэлтэни санаан, мүчүк гынан ылла. Бэйи эрэ, ол хайдах этэй?.. Оччолорго кини отуччатын саҥардыы ааспыт, төлкөтүн түөрэҕэ сөпкө олороругар бигэ эрэллээх уолан этэ. Иваннатынаан саҥардыы билсэн, ону-маны кучу-мачы гынан эрэллэрэ. Дьэ, биирдэ кинилэр Певек диэн хоту бөһүөлэккэ кэлбиттэрэ. Сиипсэп кылгас, хара баттахтаах, хараҥа халлаан күөх көстүүмнээх, хап-хара, тирии, чинальянскай (ол аата, итальянскай лисиэнсийэнэн Шанхаайга тигиллибит) бачыыҥкалаах, кыһыл көмүс чаһылаах, бэрт «успешнай» көстүүлээх этэ. Хара дипломат бартыбыаллааҕа. Бартыбыалыгар, салапаан бакыакка, моонньоҕон, хатыҥ, куруҥ отун хаппыт сэбирдэхтэрэ баара. Певеккэ кэлэн, уон хонукка олорорго биир хостоох кыбартыыраны куортамнаабыттара. Мургун тута «эмтээх маас» оҥорон барбыта. Хондроксид кремҥэ үлтү мэлиллибит моонньоҕон, хатыҥ, куруҥ отун сэбирдэхтэриттэн оҥоһуллубут бороһуогу кутан былыыра уонна онтун суши соуһугар туттуллар кыра былаастык иһиттэргэ кутаттаан баран, ыга хаппахтыыра. Таһыгар «Хаамтарар», «Сүүрдэр», «Туруорар», «Мүлүрүтэр», «Үтүөрдэр» диэн сахалыы суруктаах дьэрэкээн этикиэккэлэри сыһыартаабыта. Дьону түөкэйдээһин дуо? Суох. Хондроксид — сүһүөх, сис ыарыытыгар көмөлөһөр бэртээхэй крем. Онуоха куруҥҥа үүммүт моонньоҕон, кэрии хатыҥын, кипрей от сэбирдэхтэриттэн оҥоһуллубут бороһуок эбиллибитэ туох даҕаны буортута суох ини. Эмтээх мааһын оҥорон бүтэрээт, Мургун сонно, билэр киһитигэр, Певеккэ Черскэйтэн кэлэн олохсуйбут Балантыын Силэпсиэпкэ субуоннаабыта. Материктан сүһүөх, уҥуох-арҕас ыарыытыгар көмөлөөх, сөбүгэр сыаналаах маас атыыга аҕалбытын атыылаан эрэрин кэпсээбитэ. Уйбаан сонно тута бэйэтин бассаап бөлөхтөрүгэр «дьикти кириэм» туһунан биллэрии ыыталаабыта. Сааһырбыт дьон, бэл, эдэрдэр даҕаны, уҥуох, сүһүөх дьарҕалаах өттүлэрэ, сонун креми сэргээбиттэрэ. «Эмтээх маас» атыыга тута хамаҕатык баран киирэн барбыта. Дьоҕус бөһүөлэк иһигэр «саха эмчитэ олус туһалаах маас аҕалбытын» туһунан сонун сонно тилийэ сүүрбүтэ. Выквыкей Валианов, биэс уон биэһин ааспыт сайын туолбут, чанчыктара туртайан эрэр, уһун, санныгар олоро сылдьар баттахтаах, наар кубалаҥ бүрүүкэни кытта хоҥор өҥнөөх толустуопканы кэтэ сылдьар, хатыҥыр, дьиппиэн сирэйдээх, биллиилээх норуот эмчитэ, ити сонуну атыҥырыы истибитэ. Көр да маны! Өссө материктан кэлэн кини килиэптэнэр эйгэтигэр орооһуохтара үһү! «Абыраллаах маастаах» ойууну дуу, отоһуту дуу үүрдэриэн баҕаран, атаһыгар Аляпэнрыҥҥа эрийбитэ. Атаһа Аляпэнрын сонно тута көмөлөһүөх буолбута. Бу бөдөҥ-садаҥ, киппэ уол балыктан астаммыт бүлүүдэлэринэн киэҥник биллэр «Ромашка» кафеҕа администратордыыра, наада тирээтэҕинэ вышибаала да буолан ылара. Аляпэнрын симиэнэтэ бүтэн, кафетыттан тахсаат, уулуссаҕа урут көрө илик кыыһын көрбүтэ. Кыыс тыйыстык туттан, киниэхэ утары кэлбитэ уонна дорооболоһоот, эмтээх маас атыылыыр киһини хантан булуохха сөбүн ыйыппыта. Пуобар уол: «Ол ойууҥҥа туохха наадыйдыҥ?» — диэн утары боппуруос биэрбитэ. Кыыс клатч суумкатыттан кыһыл тастаах дастабырыанньаны таһааран көрдөрбүтэ уонна авантюрист Сивцеви ирдээн, Чукуотка сиригэр кэлбитин эппитэ. Аляпэнрын ытыһын охсуммута уонна сонно тута Выквыкейга субонуоктаабыта. Саха отоһутун ирдиир хотун киин сиртэн кэлбитин иһитиннэрбитэ. Сонно тута Выквыкейга тиийэн, үһүөн сүбэлэһэн, шарлатан эмчити тараччы тутар эппэрээсийэни былааннаабыттара. Сарсыныгар Мургуҥҥа бөдөҥ, киппэ киһи кэлэн, сиһэ, тобуга ыалдьан хаампатаҕа ый буолбут ыарыһахха ыҥырбыта. Мургун быраас буолбатаҕын эппитэ эрээри, сөбүлэһэн, барсыах буолбута. Түөрт этээстээх панель дьиэ кытыы подьеһыгар киирэн, үһүс этээскэ тахсыбыттара. Ыарыһах ороҥҥо сытара. Ити Выквыкей этэ. Дорооболоһон баран, ыарыһах сиһэ, тобуга ыалдьан хаампат буолбутун үҥсэргээбитэ уонна Мургунтан эмтээн-томтоон көмөлөһөрүгэр, атаҕар туруорарыгар көрдөспүтэ. — Мин быраас буолбатахпын. Ол эрэн, эрэйгин чэпчэтэргэ кыһаллан көрүөм, — диэбитэ Сиипсэп дуоспуруннаахтык. — Дьэ, кытаатан, кыһаллан көр, үтүө киһи, — ыарыһах көрдөспүтэ. Мургун чукчаны тутан хабан, тобугун аннын баттыалаан көрбүтэ уонна: — Ааспыт ыйга Тыындаҕа тимир суол үлэһиттэрин бэтэрээннэрин уопсастыбатын солбуйааччы бэрэссэдээтэлэ Петров тобуктара сүүлэ иһэн, хаампакка олорорун, массаас уонна бэйэм оҥорбут мааһым көмөтүнэн этэҥҥэ атаҕар туруорбутум. Эйиэхэ эмтиэкэ эмэ туһалыа суох. Онон, тобугуҥ силгэтин трахикулатын баспалыанньатын бэйэм мааспынан эмтиэҕим, — диэбитэ бэрт сытыытык көрө-истэ туран. — Бэйи-эрэ, эмтэнэрим иһин төһөнү төлүүбүн? — пассыйыан чуолкайдыан баҕарбыта. — Тыһыынча… — Тыый, удамыр дии! — Выквыкей саҥа аллайбыта. — Евро… — Ээ, диэ! — ыарыһах мух-мах барбыта. Мургун киһитин тобугун имэрийэн-томоруйан, чаас аҥаара массаастаабыта. «Хаамтарар» мааһынан кичэйэн соппута. Онтон Мургун пассыйыан ууммут сүүстээх уон кырылас кумааҕы харчытын ылан бүрүүкэтин сиэбигэр уктубута. Ити кэмҥэ хостон дьыалабыай, хара көстүүмнээх эдэр дьахтар тахсан кэлбитэ уонна: -Мургун Сивцев, эн тутулуннуҥ! Уокуруктан лисиэнсийэ ылбакка, сокуоннайа суох эмтии, крем атыылыы сылдьан, харыгыттан харбаттыҥ! Эйигин ирдээн, Илин Эҥээри биир гына тилийэ көттүм! Түбэһэр күннээх эбиккин! — диэн чиҥник быһыта биэрбитэ. Сонно тута киниэхэ наручник кэтэрдэн лыһырҕаппыта. — Иванна Федоровна, дьэ, бэрт! Массыанньык тутулунна! Һа-һа-һа-һа! — Аляпэнрын үөрэн ытыһын охсуммута, күлэн бааҕынаабыта, кыараҕас харахтара сүтэн хаалбыттара. — Бу аата тугуй?! — Сиипсэп уордайбыттыы ыарыһах диэки, онтон эдэр дьахтар диэки көрбүтэ, наручнигы тоһутуохтуу, илиилэрин эргичиҥнэппитэ. Ол эрэн тимир оҥоһук кини хамсаныыларыгар бэриммэтэҕэ, бэгэччэгэр өссө ыга киирбитэ. Выквыкей оронуттан турбута, күлэн арсайбыта: — Һэ-һэ-һээ! Кэмиэдьийэ бүттэ! Манна үөс сиртэн, материктан, үгүс араас дьон кэлэр. Колдууннар, ойууннар, ичээннэр кэлэн дьон өйүн сүүйэн, харчы суймуурдуохтарын баҕараллар. Ол эрэн, биһиги кинилэри бэрт түргэнник оннуларын буллартаан, төттөрү утаартыыбыт. Эн даҕаны эмтээх мааскынан байар баҕаҥ туолбат буолла! «Атыылаан бүтэрбитим, хата», — Мургун иһигэр үөрэ санаабыта. — Бу күпүүрэлэри вещдок быһыытынан конфискациялыыбын, — Иванна Федоровна Сиипсэп сиэбиттэн харчыны хостоон паапкатыгар уктубута. — Федора Ивановна, бука баһаалыста, илиибин босхолооҥ. Куота-хайыы сорунуом суоҕа, — Мургун ньымааттаспыт куолаһынан эппитэ. — Бастатан туран, Федора Ивановна буолбатахпын, Иванна Федоровна диэммин. Иккиһинэн, браслеты сүөрбэппин. Бу киэһээҥҥи рейсэнэн Дьокуускайга этааптанаҕын, — детектив хотун тоҥкуруун буолан биэрбитэ. Иванна Федоровна тутуллубут массыанньыгы иннигэр уктан тахсыбыта. Кэннилэриттэн аан сабыллыбытыгар Выквыкейдаах Аляпэнрын күлэ-үөрэ ытыстарын ыгыта тутуспуттара. Тахсан, массыынаҕа олорон баран Мургун: — Чэ, доҕор, бу тимири уһул, айа, — диэбитэ. Иванна Мургунтан наручнигы устубута уонна лыҥкыначчы күлбүтэ. Баай Выквыкейы тыһыынча евроҕа «хайытарга» былааннаабыт албастара табыллан, эдэр, ааспыт ыйга холбоспут дьон, күлэ-үөрэ аэропорка элээрбиттэрэ. Максим Ксенофонтов. Ааптар арпагырааппыйата оннунан хаалла.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан