Кэпсээ
Войти
Регистрация
Тумаҥҥа симэлийбиттэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Тумаҥҥа симэлийбиттэр
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.11.2018 21:00
Уус-уран айымньыга, Тыгын Тойон Дуоҕа тутааччыта, аҕа ууһун биир бас-көс киһитэ Туоҕу Боотур Орто Бүлүү (билиҥҥитэ Кэбээйи сиригэр) көһөн барыыта, мүччүргэннээх айана, олохсуйуута сабаҕалааһын биир көрүүтүнэн кэпсэнэр. … Туйах сэтиилэммит ата, ындыыламмыт тыатааҕы этин сытыттан сиргэнэн, тардырҕыы дьиэгэнийэн, миинэн иһэр атын тэһииркэттэ. Аттарын кытта бодьуустаһа сылдьан, иһирдьэ киирбитин билиминэ хаалла. Биирдэ өйдөммүтэ, Хаан Илбис атын кэннигэр ыга астарбыт, ону анараа ат сөбүлээбэккэ, кэннинэн тэбиэлэннэ. Нуктаан, умса нөрүйэн испит Хаан Илбис соһуйан, эргиллэ түстэ. Туйаҕы көрөн, кыбдьырынаат, кымньыытынан кууһуннарда. Туйах ата аһаран биэрэрдии, төбөтүн хантатаат, күөнүнэн Хаан Илбис атыгар кэтилиннэ. Хаан Илбис куттанан, атын тэһиинин илгиэлии-илгиэлии, хаһыытаан тоҕу барда. Соһуйбут ат туора ыстанна, киһитин быраҕаары өрүтэ турбахтаат, иннинэн хоруйбахтаата. Хаан Илбис тэһиинин кылгата тутан өрүтэ көппөҥнөөн иһэн, тас уорҕатынан түстэ. —Өлөрдө, өлөрдө-өө! – Туйаҕы дуу, атын дуу этэрэ биллибэккэ, хаһыытаан бөтүөхтүү-бөтүөхтүү, сиргэ күөлэһийбэхтээтэ. Туйах атыттан ыстанан кэбистэ, быатын тииккэ эрийэ тардаат, Хаан Илбис атын эккирэтэн элэстэннэ. Өр гыммата, күөйэ сүүрэн ситэн ылан, ат моонньугар иилиһиннэ. Ат уолу соспутунан өрө холоруктанан иһэн, таныыларын тардырҕатта, турунан кэбистэ. Сыыйа уоскуйан, сииктээх муннунан Туйаҕын анньыалыы, төбөтүнэн силэйбэхтии иҥэрсийдэ. —Туйаххын тууруом! Үөн баара, илдьи тэпсиэм! Барытыгар эн буруйдааххын, эн бу дьону, миигин эрэйгэ тэптиҥ! – Хаан Илбис кымньыытын өрө көтөхпүтүнэн, Туйах диэки бадьаалаата. —Тохтоо! Уҕарый! – диэн көөҕүнээт, Лэбиэрийэ Бөҕө атын күөнүнэн Хаан Илбиһи тэйитэ астарда. Хаан Илбис кэннинэн тэйэн иһэн, сиргэ олоро түстэ. Кыһыытыттан, мэнэрийэн эрэрдии ыһыллаҥнаата, сири таптайбахтаата… — Ылыҥ эрэ, Хаан Илбиһи атыгар олордуҥ. Чугаһаатыбыт, – Бэлэс Боотур батыгыратан кэлэн, тула холоруктатта. Тэйэн эрэр Туоҕалааҕы ситээри атын тиҥилэхтээн биэрдэ. Аймалҕан сыыйа уҕарыйан, барыта орун оннугар түһэн, имири-хомуру айаннаттылар. «Дьон суох сиригэр эбиппит буоллар, өлөрөрө хаалла», – Туйах дьиксиммиттии, Хаан Илбис бөгдьөйбүт көхсүн көрөн баран, өрө тыынан ылла. Мантан сэдиптээн, аҕыйах сыллааҕыта ыһыах кэмигэр буолбут түбэлтэни бу баардыы өйдөөн кэлбитэ. Оччолорго чороччу улаатан эрэр уол сылгыһыт Өндөйдүүн ыҥырыылаах ыалдьыттар аттарын көрөр үлэҕэ тиксибиттэрэ. Өндөй үтэ аҕалыах буолан, сарсыарда барбытынан кэлэ илигэ. Туйах түптэлэрин тулатын инчэҕэй сылгы саахтарынан эргиччи чөмөхтөөн, киһитин үөһэттэн көрөөрү, мырааны өрө сүүрэн тахсан испитэ. Дьон добдугураһан кэпсэтэллэрин истэн, тохтуу түспүтэ. «Киһим истэҕэ”, – дии саныы-саныы, мыраан быарынан халдьы сүүрэн, уҥа тэллэҕэр чугаһаабыта. Аллараа икки киһи тугу эрэ бодьуустаһалларын көрөн, талахтарынан хаххаланан, чугаһаан кирийбитэ. Соһуйуон быатыгар Хаан Илбис уонна Хоохура диэн ускул-тэскил сылдьар киһи буор хаһан бурҕаҥната сылдьаллара. Аттыларыгар күһэҥэлээх боотур тыыллан сытара. Туйах куттанан, төттөрү ойуон баҕарталаабыта да, хам хараҕаламмыт курдук олорон хаалбыта. —Чэ, сөп буолуо, манна ким кэлэн хастаҕай? – Хаан Илбис аҕылыы-аҕылыы кыыкынаабыта. – Ойуунунан билиммэттэрин мин кинилэргэ көрдөрүөм…
Ыл, куйаҕын уһул! —Тоҕо устабын, маннык бардын, – Хоохура батыйанан буору көпсөтө түспүтэ, хоппо күрдьэҕинэн буору ыспахтаабыта. —Саҥарба! Куйаҕын өрүс кытыытыгар илдьэн ууруохпут. Өрүскэ ырааһыра киирэн баран тахсыбатах… Дьэ, кэлбит ойууннартан саҕалаан, бары көрүүлэниэхтэрэ. Мин бүтэһигинэн эрэйдэммитэ буолуом… —Куттаммаккын дуо, улахан ойууттар ким өлөрбүтүн, хайа, билээйэллэр? – Хоохура саллыбыттыы төбөтүн быһа илгистэ-илгистэ иинтэн тахсан, өлө сытар боотуртан куйаҕын устан ынчыктаспыта. —Ыы… эттэххин. Ол өлүөхсүтү суоллуур биир күннээх көрүүлэнии буолбатах. Баардаахтар үс күннээх түүн толору дарбыйан, баҕар, булуохтара, баҕар, суох. Ону уруттаан, мин диэтэх киһи көрөн олордохторуна, ханна өлбүтүн ыйан биэриэм буоллаҕа. Куйаҕын, таҥаһын буллахтарына, ойууттар тохтуохтара. Оннооҕор буолуох дьон өлөр. Ханнык эрэ аата-суола биллэ илик, ыһыахтыы кэлэн баран сүппүт боотурга оннук эрэйдэнэ сатыахтара суоҕа. Ууга түспүт, өлбүт диэн умнуллан барыа. Онтон мин барыларыттан ордон тахсыам. Олохтоохтор да итэҕэйиэхтэрэ, үөһээттэн айдарыылаах буоларбын… Мин ойуун буоллахпына, эн абыраныаҥ! Ыйыыбын бигэргэтэн, боотур өрүс диэки барбытын көрбүт курдук кэпсээр… өйдөөтүҥ дуо? — Ону баҕас ыйымына. Хата, кэпсэтии быһыытынан, борооскубун хаһан биэриэххиний? – Хоохура куйахтары хааһахха хаалаан талырҕаппыта. Улахан бэйэлээх батаһы өрө көтөҕөн таһааран, эргим-ургум туппута. – Маны хайыыбыт? —Мэйииҥ сытыйбыт быһыылаах, ууга чэбдигирэ киирбит киһи тугун сэбэй-сэбиргэлэй? Ыһыахтыы кэлбит киһи ханна уурбутун ким билэр үһүө. Ох саатын, кэһэҕин, батаһын, котокоонун ол охтубут мас анныгар кистии ас. Кэлин, барыта нам-нум буоллаҕына, биир эмэ боотуру бэйэ диэки тардарга туттуллуо… Күһүн, күһүн биэриэм, дьэ, сэрэн! Айахтаппыккын билиэм да, сиртэн сүтэриэм. Баардаахпын билэ сырыттаҕыҥ… Киһилэрин түөрт лабаатыттан ылан, кыайбакка ырычаахтаһан, ииҥҥэ үҥкүрүппүттэрэ. Буорун тарыйан, хаппыт мастарынан сабыта бырахпыттара. Хааһахтарын ылан, талах кэннигэр баайталаабыт аттарыгар олороот, тибигирэтэ турбуттара. Туйах кутталыттан таалан, өр олоро түспүтэ. Онтон аллараа түһэн, охтубут тиит анныттан сэби-сэбиргэли хостоон ылан көрбөхтөөт, төттөрү угуохтуу дугдуҥнаабыта. Тулуйбатаҕа, малын кууспутунан, отуутун диэки маҕыйбыта. Үөрүөн быатыгар, киһитэ өссө да кэлэ илигэ. Онон туһанан, ылбыт сээкэйин атын сиргэ кистээбитэ. Сарсыныгар түөлбэтигэр тиийбитэ, айдаан бөҕө буолбут этэ. Атын улуустан тойонун ыһыахха арыаллаан кэлбит боотур сүппүт. Түүннэри көрдөөн булбакка, ойууттар көрүүлэнэллэрин кэтэһэ сылдьаллара. Туйах куттанан, тугу көрбүтүн кимиэхэ да кэпсээбэтэҕэ. Сылайбыта бэрдиттэн, ураһаҕа киирэн, утуйан хаалбыта. Дьэ, ити күнтэн ылата, Хаан Илбис аата сиэллэнэн-кутуруктанан тахсыбыта. Дьон кини туһунан сибигинэһэн кэпсэтэр буолбута. Тыгын Тойон: “Баардаах эбит”, – диэн, өлүүгэ-сүтүүгэ, илбис иҥэрэр кыра ойуунунан билиммитэ. Улахан ойууттар сөбүлээбэккэ, Хаан Илбиһи кырыы харахтарынан кынчарыйаллара, үтэн-анньан көрөллөрө элбээбитэ. Өлбүт боотур куйаҕын, Хаан Илбис ыйбыт сириттэн, өрүс таһыттан булбуттара. Салгыы көрдүү барбатахтара. Улаханнык харыһыйбыттара, аһыйбыттара биллибэккэ тарҕаспыттара. «Миигин көрбөтөҕө, билбэтэҕэ ээ уонна хайдах уорбалыы, абааһы көрөрүй? Чахчы ойуун буолан, мин көрбүппүн билбитэ дуу… Оччоҕо иэдээн, тула барыҥныыра, сүүрэрэ-көтөрө
элбэх буолуо…» – Туйах куттаммыттыы тула өттүн көрбөхтүү, атын тиэтэтэн биэрдэ… Иван Андросов – Айанньыт, СӨ суруйааччыларын сойуунун чилиэнэ. “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыахтаах “Тумаҥҥа симэлийбиттэр” арамааныттан быһа тардыы. Хаартыска: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан