Кэпсээ
Войти Регистрация

Кырдьык уонна албын

Главная / Кэпсээн арааһа / Кырдьык уонна албын

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
24.02.2020 16:04
Бүгүҥҥү түбүктэн олус илистэн, тиһэҕэр дьиэбин нэһиилэ буллум. Эмиэ идэбинэн, эрдэттэн эрэммитим эргийэн кэбиспититтэн санаам саппаҕырда. Эмиэ албыннаттым... Мас көнө, кэнэн дууһа хаһан өйдөнөрүм буолла? Дьон да, ама, итинник кииллийбитэ буолуо дуо? Сөҕөбүн эрэ... Аматын да иһин... Быһата, атаһым диэбитим албыҥҥа үктэттэ. Харчы туһугар хаарыан сыһыаны харыстаабата, улахаҥҥа уурбата. Чэ буоллун, Сиидэр Сиипсэп, итинэн байан-тотон барбатыҥ буолуо... Илэ-сала көтөр тойонуҥ бүгүн "чээн" диэн оройгуттан имэрийиэ, сарсын, баҕар, "чот" да диэтэҕинэ – көҥүлэ. Бу миигин үүрбүтүн курдук. Баҕар, киһитэ эн буолан ньыла көтө сылдьыаҥ, атыттар курдук... Эбэтэр мин эрэ маннык туос акаарыбын дуу. Алы гынары сатаабаппын, ньылбаардары, эккэлиири отой сөбүлээбэппин. Ол суотугар өрүү сордоох сонун кэтэбин. Бүгүн эмиэ соннук буолла, халҕаны хайа быраҕан бу дьиэбэр куоттум. Кыһыйдым, кыйаханным, устунан уолуйдум, тиһэҕэр тиийэн, хайыамый, ах бардым... Дьиэбэр кэлэн кэлэйэн, кэһэйэн кэһэкэнэ буолбут эрэйдээх суланартан ордук суолу тобулбатым. Эрэннэрбит эрэлим тиэрэ эргийэн, отоойкоҕо олорбут сордоох онолуйарбын оннооҕор оҕолорум омнуолуу көрдүлэр. Тулуйа сатаан тууйулуннулар, истэ сатаан илиһиннилэр быһыылаах – дьиэлээхтэрим дьиэс-куос туттан сөбүлээбэтэхтэрин сөтөллөн, абааһы көрбүттэрин атахтарын тыаһынан биллэрэн бардылар. Сөп ээ, кураанах куолуну ким сөбүлүөй. Инньэ диэн, Сайсары эбэ саймаархай салгынын сайа тыынан, санааны сааһылыы таһырдьаны былдьастым. Сайыҥҥы ылааҥы киэһэ, эчи, үчүгэйин. Эбэ барахсан киэҥ дуола оргууй долгулдьуйа хамсыыра көрүөхтэн эриэккэс. Ууга лаппа чугаһаары, бэркэ кичэйэн оҥорбут кирилиэстэринэн аллара аҕыйах атылы түһэбин. Ыскаамыйа баарын тэбээтэҕэ буолаат, олохтоохтук олорунан табахпын улахан эрэйинэн уматтабын. Бу олорон уруккуну-хойуккуну саныыбын. Арааһы ырытан, сыымайдаан, сааһылаан ыраатан эрдэхпинэ, эмискэ кэннибэр киһи сөтөллөрө иһилиннэ. Хайыһан көрбүтүм, сааһыра барбыт, күҥҥэ хараарчы сиэппит, бэркэ сылайбыт-элэйбит дьүһүннээх киһи турар. Хараҕым хатаммытыгар аатыгар: "Дорообо", — диэн, муннун анныгар киҥинэйдэ. Тута хараҕын халытан улаҕаны одуулаан турбахтаата. Онтон аттыбар кэлэн олорунан кэбистэ. Тута сылдьар бакыатыттан ортолоон эрэр бытыылкатын хостоото. Хаппаҕын аһан оччугуйа суохтук омурдан ылла. Бэрсэр быһыынан ууммутугар аккаастанан төбөбүн быһа илгиһинним. Арыгылаах атаһым ол онтон хомойбут быһыыта көстүбэтэ. Табах көрдөөн ылан уматынна. Көҕө да суох буоллар, кэпсэтиибит тимэҕэ син сөлүннэ. Кэпсэтээччим аата Куола, бэйэтэ куорат олохтооҕо буолара, бу курдук киэһэ дьаарбайар идэлээҕэ билиннэ. Бэрт сэһэргэһээччи көстөн бүгүҥҥү түбүктээх күммүн, уопсайынан, олохпор табыллыбаппын эҥин түөрэтин кэпсээтим. Тиһэҕэр, чэпчээбиттии сананным. Киһим саҥата суох дөрүн-дөрүн бытыылкатыттан хантатан ыла-ыла истэр. Киһи эрэ буоллар, аҥаардастыы айдаарарбыттан салҕан, сылайан, кини кимин-тугун сурастым. Киһим кэтэмэҕэйдии түһээт, кэпсээн барда: – Мин эмиэ хаһан эрэ эн курдук үлэлээх, дьиэлээх-уоттаах этим ээ. Күннээҕи олох түбүгүттэн күнү хайдах аһарбыппын өйдөөбөккө хааларым. Билигин көрөҕүн – арыгыны аргыс оҥостон, ыт үрбэт, ынах маҥыраабат урааҥхайыгар кубулуйан сылдьабын. Тута арыгыһыт сордоох тиийэр муҥур уһуга дии санаатыҥ дуо? Суох, арыгыттан сылтаан
бырадьаага буолбатаҕым. Маҥнай ыйыт, туохтан сылтаан арыгыһыт буолбуккунуй диэн. Саарбаҕа суох тута хоруйдуом – кэнэн, мас көнө майгыбыттан! Кырдьыгы өрө тутарым, билигин даҕаны кырдьык туһугар кылап да гыммакка кыргыһыам этэ. Эн этэҕин "сирэй көрбөх дьону абааһы көрөбүн" диэн. Мин эмиэ абааһы көрөрүм, абааһы көрөрү ааһан, өлөрдүү сиргэнэрим. Санаабыппын хайдах баарынан айахтата сылдьары ордорорум. Ол онтон биир үксүн дьон миигин абааһы көрбүтэ. Тус олохпор да туруору көнө майгым үтүөнэн аҕаабатаҕа. Ойоҕум араҕан барбыта. Олоххо тутуһар позициябын сөбүлээбэтэх үһү. Быһата, халбаҥнаан биэрэри сатаабат, харчыга хараҥарбат түҥ хааһаҕы сатаан майгытын сыһыппатаҕа. Чөл өйбүнэн өйдүүрүм эбээт, атахха турарга, оҕону иитэргэ дьоһун киһи буола үүнүөххэ наадатын. Ол эрээри ол туһугар кэмигэр өрө-сала көтөрү, албынныыры да кэрэйиэ суохха наада. Киһи үрдүгэр хаһан баҕарар киһи баар. Ол үрдүк сололооххо хаптаҥныыры таптахха хайҕанаҕын. Ардыгар туохха эмэ тииһиниэххэ да сөп. Биир үөлээннээҕим ону бэркэ сатыыра. Билигин онтукайыҥ, бээ, тос курдук тойон. Оттон мин, бу, көрөрүҥ курдук – бырадьаагабын! Онон өйдөөх буолары таһынан салыҥнаах балык курдук ньылбырхай буолуохха наада. Ол аата – албынныыры, ньылаҥныыры сатыахха. Мин сатаабатаҕым. Тиһэҕэр, ыт курдук үүрүллүбүтүм. Чороҥ соҕотох кырдьыкпын кыбыммытынан кытыыга кыйдаммытым. Билигин хат олох олор дииллэрэ буоллар, син биир кыдьыкпынан кырдьыгы өрө тутуом эбитэ буолуо. Сэһэргэһээччим тохтоон үөһэ халлааны кыҥастаһар, илиитигэр кэлэн олорбут бырдаҕы кыйдаан сапсынар. Онтон өй ылбыттыы салгыы саҥарар: – Биһиги акаарыларбыт... Эн, баҕар, өйдөнүөҥ. Мин суох. Олох олорору сатаабаппын. Элбэхтэ эппиттэринии "Куһаҕан киһибин". Тоҕо диэтэххэ, кырдьыгы, тугу саныырбын саҥарабын. Буолар быһыыга-майгыга сөп түбэһэ сатаан кыйбараҥныыры сөбүлээбэппин. Сөбүлээбэтэхпинэ, сүөргүлээбиппин этэн өһүргэтэлиибин. Онтум бөрөлөр быыстарыгар сылгылыы кистээбит тэҥэ. Ол да гыннар кыайтардым. Хотторооччу, хомойооччу, холдьоҕуллааччы, тиһэҕэр, мин буоллум... Киһим утуктаан, симириҥнээн барбытын көрөн, бакаалаһан тура тэбинэбин. Киһим ону эрэ кэтэспиттии ыскаамыйаҕа сытынан кэбиһэр. Тобоҕолообут бытыылката сиргэ төкүнүйэр. Мин утуйа сытааччы олоҕун кэпсээниттэн араас санааҕа ылларабын. Тиһэҕэр, бу тоҥон кумуччу тутта сытар саастаах киһини аһына саныыбын. Ол да гыннар хайдах да көмөлөһөр кыаҕа суохпуттан кыаһыланан хаалбыт курдукпун. Хайдах көмөлөһүөмүй? Дьиэбэр илдьэ барыахпын бас билэр дьиэм буолбатах. Харчынан көмөлөһүөхпүн көһүлүөгүм кураанах. Сити курдук. Харахпын быһа симээт, дьиэм диэки хаамабын. Көлбөрүтүнэргэ, куотунарга сылтах, төрүөт үгүһэ сөхтөрөр. Ама, кырдьык, кыаҕа суохпун дуу, куотуннум дуу... Түбүгүрүөхпүн баҕарбатым, быһыыта. Онтубун араас төрүөтүнэн албыннанан уоскутуннум. Онтон бэйэни албыннанан алы гыныы эмиэ албын быһыы буолбаат?!
kyym.ru сайтан