Кэпсээ
Войти
Регистрация
УДАҔАН
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ УДАҔАН
K
edersaas.ru
Категорията суох
12.10.2018 19:26
Былыр Дьэримиэйэптэр диэн быстар дьадаҥы ыал олорбута. Кинилэргэ хас да сыл оҕо турбатаҕын кэнниттэн биир кыыс оҕо төрөөбүтэ. Кыыс сэттэ ыйыгар хаамар, биирин туоларыгар саҥарар буолбута. Төрөппүтэрэ ону буолуохтааҕын курдук саныыллара да, түөлбэлэрин дьоно сөхпүттэрэ. Кыыс иккитин туолуута ийэтэ хотонтон киирбитигэр кэпсии тоһуйбута. — Ийээ мин биир оҕону кытта оонньоотум. — Ханнык оҕо кэлиэй тоойуом, ити аҕаҥ оҥорбут кокууккатын эттиҥ ини. — Суох ийээ, ол оҕо ити оһох кэнниттэн тахсыбыта, — кыысчаан көмүлүөк оһох кэннин ыйан көрдөрдө. — Чэ тукаам, оонньоо-оонньоо, — ийэтэ кыһамматаҕа. Кыыс биэһин туолуута, биир ааттаах ойуун кыырарын көрөөрү дьоно ыалга бараары оҥоһуннулар. — Ийээ, аҕаа, мин барсабын, — кыыстара барсаары үтүө дэлэк. — Онно бардаххына куттаныаҥ, тукаам, — аҕата илдьэ барыан баҕарбата. — Куттаммаппын, барсан көрүөҕүм, — кыыс эппитин энчирэппэтин иһин илдьэ барар буоллулар. Ойуун кыырарын көрөөрү дьон бөҕө мустубут. Ойуун дьону дьулатаары араас сиэмэх кыыл саҥатын үтүктэр. Балаҕаҥҥа илэ киирбиттэрин курдук көрдөрө сатыыр. Дьон куттанан ыга симсэн олордулар. Биэс саастаах кыыс толлубакка ойуун мас эмэгэтин баран тутан көрөр. — Кыыскытын ылыҥ эрэ, — Дьэримиэйэп Кууһуманы дьон имнэнэн ботугураһаллар. Кууһума кыбыстан кыыһын тиийэн тардыалыы сатаата. Кыыһа силир курдук, оннуттан хамсаабата. Ойуун кыыһы дьулатаары уоттаах хараҕынан чолбоодуччу көрдө. Ойуун хараҕа уота өһөн барда. Кыыс оҕону сөҕө дьиктиргии көрдө. Аҕала сатаан күлбүтэ буолла. — Үрдүбүнэн күлүгүрэ көтөөччүлэрим, аттыбар сылдьар ардай аһыылаахтарым бу кыыһы өл хабаллара буолуо ээ, һаа-һаа, — ойуун алларастаабытыгар кыыс ийэтэ аймаммытынан кыыһыгар кэллэ. — Кэл тоойуом, кырдьаҕаска мэһэйдээмэ. Ойуун абааһыта эйигин ылыа, — ийэтэ кыыһын кулгааҕар сибигинэйэ былаан эттэ. Кыыс кыһаммакка ойууну көрөн тураат: “Бу баар дии, абааһыҥ, — диэт ойуун эмэгэтин тосту туппутугар, ап-араҕас будьурҕай баттахтаах, күөх харахтаах, илиитэ-атаҕа уһун тыҥырахтаах кыра уҥуохтаах киһи баар буола түстэ. Уонна оһох кэннин диэки сүүрдэ. Дьон ойуун хомуһунун көрдөрөр дии санаабыттара. Ойууннара хата бэйэтэ сөҕөн, хараҕын муҥунан көрдө уонна «тыас хомунна». Халҕан аанын арыйан иһэн дьон диэки эргилиннэ: “Мин бу оҕо баарыгар көрүүлэммэппин. Ити, арааһа, эһиги эбээҕит Урдууһа удаҕан иккиһин тиллибит”, — ойуун халҕаны хайа быраҕан тахсан барда. Көрө кэлбит дьон эмиэ «тыас хомуннулар». Кууһума дьиэлээхтэртэн кыбыстан эппэт кэлэҕэй буолан олордо. Кэргэнэ Аппырыыс кыыһын таҥыннарда. Дьиэлээхтэр даҕаны тугу этиэхтэрин билбэтилэр. Дьэримиэйэмтэр уку-сакы дьиэлээтилэр. «Дьэримиэйэптэргэ Урдууһа удаҕан иккиһин төрөөбүт», «Эбэтин курдук кыыстара улааттаҕына улуу удаҕан буолуо», — диэн нэһилиэк дьоно кэпсэтэр буоллулар. Бу эргин сорох ойууттар дьону албыннаан көрүүлэнэллэр. Дьонтон төлөбүрүн бүтүн сүөһүнэн сиэтэн ылаллар. Нэһилиэк аҕабыыта ойууну итэҕэйимэҥ, таҥара үрдүк аатыгар кэлэн үҥэн-сүктэн көрдөһүҥ диэн дьону бэйэтигэр тарда сатыыр. Кыыстара уон сааһын туолуута Дьэримиэйэптэргэ аҕабыыт кэллэ. —
Доброе здоровится. Еремеевтар кайдак олордугут? — Үтүө күнүнэн баачыкаа, кэминэн олороохтуубут, — Кууһума аҕабыыкка талах олоппос ылан биэрдэ. — А что к церкви то не приходите? Больше шамана верите да?, — аҕабыыт ыйыппытыгар хостон кыыстара Кээтии тахсан кэллэ. — Баачыкаа, сахалыы саҥар. Мин дьонум нууччалыы билбэттэр ээ, — кыыс баачыканы тонолуппакка көрдө. Баачыка хатыҥыр кыысчаан чобуотук саҥарбытыттан мах бэрдэрэн ылла. — Аа, это ваша дочь Катя да? — аҕабыыттан дьон бары саллар буолан бу кыыс кинилиин итинник кэпсэппититтэн кыйаханыах санаата кэллэ. — Бу кыыскыт улааттагына эмиэ ойюн боло, эмиэ джону албынныа. — Кэбис баачыка, туох диэн эттэҥий, оҕобут… — Ээх, Кузьма, ойюна олок итэгэйимэ. — Биһиги да кыыспытын удаҕан буоларыгар баҕарбаппыт ээ, — аны ийэлэрэ кэпсэтиигэ кыттыста. — Конечно, Афросинья, ойюн кусаган. Албын. — Баачыка, эһиги дьону албыннаабаккыт дуо? —Кээтии ыйытта. — Того албынныакпын, Катя. Вот прямь как она, своя бабушка. — Ол эбэм хайаабытай эйигин? — Она тоже была врунья. — Баачыка, өлбүт киһини сүгүн сытыарыаҥ этэ. Оҕоҕо тоҕо эттэҥий, — Кууһума сөбүлээбэтэ. — Кузьма, кыыскын буой. Шаманы олок итэгэйимэҥ. Лучше приходите в Церквовь. Тангара эсиэхэ… — Ханнааҕы харчыбытынан барабыт онно? —Кээтии баачыканы быһа түстэ. — Ух, ты, шустрая какая, а! Шаману сколько тратите? — Баачыка, эн кинээс кэргэнигэр сылдьаргын, хамначчытыҥ ойоҕоһун тоһуппуккун мин билэбин ээ. Ол киһиҥ өлөр туруктаах сытар, — кыысчаан эппитигэр аҕабыыт талах олоппоһу тоҕо түһэ сыста. — Оо боже, бу кыыскыт тугу эттэ? Сымыйата… —аҕабыыт саһыл бэргэһэтин кэтэн тахсар ааҥҥа тиийэн, тахсыахча буолан иһэн төттөрү кэлэн олордо. — Кыыскыт мэник багайи эбит. Итэгэйимэҥ олох. — Кинээс миигин итэҕэйиэҕэ, — Кээтии хаппахчытыгар киирдэ. Баачыка кырдьыгын этиттэрэн, көлөһүн-балаһын алынна. — Катя тагыс эрэ. Князька тугу этиэм диэтиҥ? Он больше меня верит боллага. Һуу, все настроения испортила. Сегодня же Рождество Христова,— баачыка арыый сымнаата. — Чэ, дьиэлээ. Итиннэ аара ойбонтон сүллүүкүннэр тахсаннар дьиэҕэр атаарыахтара. Санааҕын көтөҕүөхтэрэ. Куттаныма, кинээскэ кэпсиэм суоҕа, —Кээтии хаппахчытын иһиттэн саҥарда. Баачыка саҥата суох тахсан барда. Баачыка сарсыныгар ыалдьыбыт сураҕа иһилиннэ. Ийэтэ кэпсииринэн, ойбонтон сүллүүкүттэр тахсан эккирэппиттэр. Суордаах ойуун бэйэтин улаханнык ойуунунан аахпатар даҕаны, дьон хараҕын баайар идэлээх. Онон син айаҕын булунар. Ыалдьыбыт киһини үтүөрдээри кыыран баран дьонтон аһары сыаналаахтык ылар. Арай, үнүр Дьэримиэйэптэр кыыстара Суордааҕы дьон хараҕын баайбытын арыйыаҕыттан ойууннуур санаата сүттэ. Ыалга көрүүлэнээри олорон оҥоһук суорун төбөтүн түөһүн тылынан былтаҥнаппытын, кыыс сулбу тардан ылбыта. Мас уктаах суор төбөтүн кыыс үөһэ элээрдибитэ дьиҥнээх суор буолан ойууну тула көппүтэ. Кыыс балаҕан халҕанын арыйбытыгар суор таһырдьа көтөн тахсыбыта. Ойуун кыырбыта буолаат, бэрик ылбакка дьиэлээбитэ. Дьон ойуун
хомуһунун албынын үчүгэйдик өйдөөбөтөхтөрө. Суордаах Улуу Урдууһа удаҕан сиэнин дьэ көрөн итэҕэйбитэ. Кээтии кыыс уон биэһин туоларыгар, эмиэ биир ойуун ыалга көрүүлэнэн быстар дьадаҥы ыалтан биир бургунаһы сиэтэн испитэ. Кутуруксут уола кэнниттэн үүрэн иһэр. Биир суор кэлэн бургунастарын үрдүгэр олордо. Ойуун диэки турулус-ирилис көрүтэлиир. Кутуруксут уол талаҕынан кулаабытыгар аны суор ойууҥҥа түһээри сапсынар. Кутуруксут уол үөттүрэҕинэн суору эккирэтэр. Ойуун сүөһүтүн соһо сатыыр, биирдэһэ барымаары кичээхтэһэр. Онтон ойуун кэннин хайыһан көрбүтэ, сүөһүнү буолбакка, хагдаҥ эһэни сосуһа сатыы сылдьар эбит. Ойуун быатын ыһыктаат, хаһыытаабытынан суол устун ойо турда. Уол кэнниттэн сырыста. Бургунас хаалан күөх оту сиэн ньэмээритэр. Ойуун кутуруксутунуун тыын ылаары тохтоотулар. — Хайа, туохтан куоттуҥ кырдьаҕас? — уол бэйэтэ куттанан кута көтө сыспыт. — Оттон, ол, туох сылдьарый? — Бургунаспыт дии, куоттаран кэбистибит, — уол хоруйдуур уонна эбэн этэр: “Мин итиннэ Кээтии кыыһы аара көрдүм быһыылаах”. — Һуу, айаа-айа, ол иһин даҕаны ол хотууска эмиэ дьээбэрдэҕэ. — Хайыыбытый, сүөһүбүтүн баран тутабыт дуо? — Сырыттын. Ылбат инибит, ити удаҕан сиэнэ си дьүгээр сырытыннартыа суох быһыылаах, — ойуун сапсыйаат бара турда. — Оччоҕуна, ити кыыска биһиги баһыйтарабыт дуо? — уол ойууну ситэн тиийэн ыйытта. — Ити уу нулдьаҕай оҕоттон тоҕо мин саллыамый. Кинини эбээтэ Урдууһа удаҕан араҥаччылыы сытар, — ойуун оҕо аайы маһыттарбатаҕын өйдөтөрдүү эттэ. Кээтии кыыс итинник дьону албынныыр ойууттар аһара элбээри гыммыттарын тохтоппута. Дьиҥнээхтии дьону эмтиир ойууттары тумнубута. Кээтии кыыс уон аҕыһын туолуута кинини убаастаан Айтыына удаҕан диэн дьон аат иҥэрбитэ. Дүҥүрдээх эрэ барыта ойуумсуйара уурайбыта. Дьон тоҕуорспут сиригэр кыыс кэллэҕинэ, этэн-тыынан чабылана турбут күргүөм им-дьим барара. Кулух-халык тутталлара. Айтыынаны оннооҕор кинээс үҥсүһэн иннин ылбатаҕа. Куораттан хорохооттордоох үрээнньик кэлэн кыыс балаҕаныгар киирээт, айахтарын атан, харахтарын тиэрэ көрөн тахсаат, кэлбит суолларын туталлара. Тугу көрбүттэрин, тоҕо барбыттарын ким да билбэт. Кинээс «миигин эрэ хаарыйбатын» диэбиттии туттар буолбута. Кыра-хара дьон баай оруоскатыттан таһыллаллара аҕыйаабыта. Биир баай оҕото Кылар Куоста диэн уол көмүскэтэрэ суох дьадаҥы кыргыттары күүһүлүүрэ. Дьонугар кэлэн эттэхтэринэ: “Оҕо оонньуура ханна барыай, кыыскыт кыыбаҕатын кыаммата буолуо”, — диэн охсурҕалана көрсөллөрө. Ол саҕана эрэ суох төрөөбүт кыыс диэн улахан саат буолара. Кылар Куоста эмиэ куолутунан биир ынах ыыр хамначчыт кыыһы ынах көрдүү сырыттаҕына алааска тутта. Үгэһинэн кыыһы талах төрдүгэр состо. Кыыс хаһыыта ой дуораана буолан систэр төбөлөрүнэн эҥсиллэн иһилиннэ. —Ааттыыбын, ыытыый, Куостаа, — кыыс айаҕалыы сатаан ааттаһан да көрдө. Куоста кыыһы кытта тардыалаһан дэлби аҕылаата. Кыыс баар суох таҥаһын хайы тарта. Кыыс: “Чэриий, бүтүүй Куостаа… Айтыына удаҕаҥҥа этиэм”, — кыыс эрэйдээх бүтэһик харысхалын этээхтээтэ. — Оо дьэ барахсан. Ол Кээтиини да манна кэтиэҕим. Кини
да ол туохтаах үһү, ха-ха-ха, — Куоста аанньа ахтыбаттыы эттэ. Кыыһы тиэрэ баттаан эрдэҕинэ: “Кээтии, көрдөһөбүүн, кэл абыраа…” — кыыс энэлгэнэ иһилиннэ. Сотору добун холорук билиннэ. Куоста кыл сэлээппэтин тыал көтүттэ. Ол кэмҥэ кыыс куотта. Уол көөһөлдьүйэн тиийэн баттаҕын аһыттан харбаата. Эмиэ талах быыһыгар состо. Куоста кыыһы эргилиннэри тардыбыта доҕоор, кыыһы буолбакка, маҥан баттахтаах, ньамньыйбыт сэҥийэлээх икки тиистээх эмээхсини соскойдуу сылдьар эбит. Куоста өлөр хаһыытын түһэрэн куотар аакка барда. Эмээхсин уол сонун тэллэҕин эмти тутан хаалла. Уол куотан иһэн кэннин хайыһан көрдө. Эмээхсин бу илиитин уунан уһун тыҥырахтаах тарбахтарын саратан, саппай уопсан иһэр. Куоста дьиэтигэр хайдах кэлбитин өйдөөбөт. Уоллара түүнү быһа үлүгүнэйэн, уһуутаан хонно. Иһигэр былас муостаах киирбитинии кулуннуу мөхсөр: “Эдьиэй бүттүм. Уонна хаһан даҕаны итинник быһыыланыам суоҕа”, — Куоста түлээгирэн саҥарар. Дьоно Айтыына удаҕан абааһыта уолларын буулаабыт диэн сэрэйдилэр. Сарсыныгар да уоллара дьонун билбэттии көрүтэлиир. Хараҕа сүүрэлэс буолбут. — Бараҥҥын удаҕантан көрдөһөн көрдөҕүҥ. Кини былас муостааҕа уолбутун буулаабыт бадахтаах, — уол ийэтэ аҕаларыгар эттэ. — Ити баар дии, дьадаҥы кыргыттары дьээбэлиирин билэ-көрө сылдьаҥҥын уолгун көмүскэһэриҥ. Бэйэҥ бараҥҥын көрдөс, — аҕалара өс саҕа буолла. Иккиэн сэлээннэһэн баран дьиэлээх тойон кэһиилээх, таймалаах кыыс удаҕаҥҥа барда. —Нөрүөн нөргүйэн туран сүһүөхтээх бэйэм сүгүрүйэн, хоолдьуктаах бэйэм хоҥкуйан, эн кыыс хотун үрдүк ааккын ааттаан кэллим, — Куоста аҕата эрдэ бэлэмнээбит тылларын суккуйда. Айтыына удаҕан тойон киһи киирэн тоҥхооройдоон эрэр диэн хайыһан да көрбөтө. Куоста аҕата кыыс батан ыыппата диэн эр ылан саҥара олордо. — Ити уолбут ыалдьан түүн утуталаабата. Акаары санаатыгар оноолооҕу кытта орооһон мэниктээбитин Кыыс Хотуммут санааҕар тутума. — Хаһааҥҥыттан кыргыттар олохторунан мэнигилии оонньуур буолбутай? — Кыыс хотуммут тиийэн көрүүлэнэриҥ эбитэ буоллар, эрэйгин төлүө этибит, — баттыгастаах баай кыыс эппитин истибэтэхтии тутунна. — Атаҕастаабыт кыргыттаргытыгар саат куттарыыгытын төлөһүө этигит, — кыыс удаҕан иччилээх хараҕынан өтөрү көрдө. Баай киһи этин сааһа салаһан хараҕын куоттарда. — Кимнээҕэ биллэр буоллаҕына төлөһөн эрдэхпит. Айтыына удаҕан Куостаны ыарыытын өһүлбүтэ. Уол күөх оту тосту үктээбэт, сытар ынаҕы туруорбат буолбута. Айтыына сааһын ситэригэр улуу удаҕан буолбута. Суон сураҕа алаас-алаас аайы айаатаабыта, улуус-улуус аайы иһиллибитэ. edersaas.ru саайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан