Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ол ыар сылларга
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ол ыар сылларга
K
edersaas.ru
Категорията суох
03.10.2018 18:04
Киргиэлэй бүгүн нэһилиэгэр буолбут улуу Кыайыы 70 сыллаах үбүлүөйдээх бырааһынньыгын параадыгар сылдьан, дьон ахтыытын истэн, бэртээхэй кэнсиэри көрөн, сүргэтэ көтөҕүллэн кими баҕарар кытта үөрэ-көтө аһаҕастык сэһэргэһэр. Хайа уонна кыыдааннаах кыһын обургу кыйданан, сандал саас барахсан илэ чахчы эргиллэн, ийэ айылҕа барахсан уһуктан, икки-үс хонугунан куска-балыкка барыы эр киһи ааттааҕы кынаттаан, кычыгылатан эрдэҕэ. Ити сылдьан куораттан Аммаҕа аймахтарыгар тахсыбыт оҕо сааһын доҕорун Өлөксөйү көрсөн букатын даҕаны табылынна. Кэргэнинээн Өлөксөөстүүн сүбэлэһэн баран, оонньооботох оҕо саастаах, үс үөлээннээхтэрин, сэрии сылын оҕолорун, киэһээ аһылыкка сэһэргэһэ, оҕо саастарын санатыһа дьиэтигэр ыҥыртаата. Доҕотторо утарсыбатылар, киэһэ 7 чааска кэлэргэ сөбүлэстилэр. Сүөһүлээх-астаах тыа ыалыгар иллэҥ кэм кэмчи буолааччы, ону-маны түбүгүрэн күн биллибэккэ хаалааччы. Киэһэлик болдьоспут чаастарыгар Киргиэлэйдээххэ доҕотторо кэргэттэринээн утуу-субуу кэллилэр. Үөрүү-көтүү, эҕэрдэлэһии, сэһэргэһии тимэҕин быата төлөрүйэн истэ. Сөбүгэр астаах-үөллээх, хоп курдук остуолга тула олорон, дьэҥкир убаҕастаах үрүүмкэлэри өрө көтөҕөн, бырааһынньыгынан эҕэрдэлэһэн баран түһэрии буолла. Онтон, аһыы-аһыы, ааспыты ахтыһан оҕо саастарын санастылар… Сэрии ыарахан сыллара төһө даҕаны ааспыттара ыраатталлар, оччотооҕу оҕолор өйдөрүгэр-сүрэхтэригэр умнуллубаттык хатанан хаалбыттар. Ол сылларга үлэни кыайар-хотор эр дьон бары Ийэ дойдуларын көмүскэлигэр арҕаа, илин фроннарга аттаммыттара. Онон аҕыйах киһилээх Эбэ Төрдүн дэриэбинэтэ кэри-куру көрүҥнэммитэ. Сор соҕотох, эрэй эҥээрэ суох буолбат диэбиттии, үөһэттэн уот кураан таҥнары сатыылаабыта. Халлаантан таммах даҕаны ардах түспэккэ, ийэ сир барахсан утатан киэҥ көхсө кыараан, хайыта хаппыта. Онуоха эбии аһыҥа өлүү туран, окко, бурдукка өрө хатанан олорон сүмэһинин супту уулаан, өрт уотунуу кубарыччы салаан ааһара. Аас-туор олох саҕаламмыта. Алаастарга, хочолорго, бааһыналарга салаа да от, бурдук үүммэккэ холкуостаахтар сорохторо ыраах үрэхтэргэ сүөһү кыстата көһөн тахсыбыттара. Онно куобахтаан, балыктаан сэниэ ылыммыттара. Сэрии сылларыгар алталаах-сэттэлээх кыракый оҕолор билигин сэттэ уоннарыттан лаппа тахсыбыт аҕам дьон бырааһынньыктааҕы остуолларыгар төннөн оҕо саастарын кэпсээнин истиэҕиҥ. Баһылай оҕонньор көхсүн этитэр: «Хайдах тыыннаах ордубуппутун билигин сатаан санаабаппын. Оччотооҕуга тыыннаах хаалар иһин туох барыта туһаҕа турара, быыһал-абырал, эбиискэ буолара. Хас сарсыарда ахсын пиэрмэ ыалын оҕолоро бэһиэ-алтыа буоламмыт сэппэрээтэр тыаһыыр обургу дьиэ аанын өҥөйөн көрөр идэлэммиппит. Бука онуоха туос аччыкпыт кыһайан эрдэҕэ. Арыычча улахаммыт Маайыс кыыс бастыыра, кини кэнниттэн, чугуруҥнаһа-чугуруҥнаһа, киирэммит аан таһыгар турунан кэбиһэбит. — Оо, бу эрэйдээхтэри, эмиэ кэлээхтээтилэр дии. Чэ, түргэнник иһиттэргитин тоһуйталыы охсуҥ, аны ким эмэ түбэһэ кэлэн айдаан буолуо, — кубархай хааннаах, курбуу курдук уҥуохтаах үүт тутааччы Ааныска сылбырҕатык туттан, лааҕа түһэн эрэр күөх куруусканан тимир биэдэрэттэн үүт күүгэнин сомсон ылан, иһиттэрбитигэр кутуталаан биэрэр. — Ээ, дьэ эрэй диэтэҕиҥ, хаһан бу сордоох сэрии бүтэн, киһи-хара буолан, нус-хас олоробут? Оҕолор барахсаттар ийэлэрэ, эдьиийдэрэ аас-туор олоххо, ыарахан үлэҕэ күнтэн ордубакка сылдьаллар. Оттон аҕалара, убайдара сэриигэ баран өлөллөрүн-тиллэллэрин билбэккэ сырыттахтара, —
Ааныска ийэтэ Мааппа эмээхсин биһигини аһынан араастаан саҥарар, муҥатыйар. — Ийээ, айдаарыма, бэҕэһээ Халыр оҕонньор балаҕаныгар Мотуруона эрэйдээх оҕотун эмиийдии сытан тыына быстаахтаабыт. Дьэ, алдьархай диэтэҕиҥ! — Ол барахсан кэргэнэ өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбитэ аҕыйах хонно дии, — Мааппа эмээхсин дириҥник үөһэ тыынан ылар. — Ийээ, бу оҕолорго тыыннааҕым тухары күүһүм кыайарынан көмөлөһө туруом. Ким кинилэри аһыныай? Баар дьон биһиги эрэ көрөр-харайар, аһынар кыахтаахпыт, — Ааныска икки иэдэһинэн сүүрэн түспүт ыраас ууну ытыһынан ньиккэрийэн кэбистэ. — Сэрэн, тукаам, дьон көрөн тыллаан биэрэн арааска тиксэриэхтэрэ, бука үүт күүгэнэ диэхтэрэ суоҕа, — Мааппа эмээхсин кыыһын сэрэтэр. — Хайаатыннар даҕаны, син биир көмөлөһүөм, көрөн олорон оҕолору хоргутан өлөрөр кыаҕым суох, — Ааныска ийэтигэр мас-таас курдук лаппыйан этэр. — Чэ, чэ тукаам, хайыахпытый, Дьылҕа хаан бэйэтэ билиэ буоллаҕа, — эмээхсин кыыһын уҕарытар. Биһиги хоско киирэн муостаҕа кэккэлэһэ олорон, үүппүт күүгэнин бэрт минньигэстик сиэн кэбиһэрбит. Хантан тотуохпут баарай, ол эрээри адьас кураанах сылдьар курдук буолуо дуо, син аһаабыт курдук сананарбыт. Тураммыт тыаһа-ууһа суох хомунан, улахаммыт Маайыс кыыс кэнниттэн туохха эрэ эрэллээх тахсан дьиэбитигэр барарбыт. Сарсыҥҥы күнү күүтэрбит. Аны Марыына эмээхсин салгыыр: «Ийэм эдьиийэ Балбаара эмээхсин туох эрэ таҥаска сууламмыты хонноҕун анныгар кистээн киллэрэн муннукка илдьэн уурбута. Мин сурдьубунаан остуол таһыгар кэлбиппитин билбэккэ да хаалбыппыт. — Сыллыыйдаар, кыратык тулуйа түһүҥ, чаанньыкпытын сылытан бараммыт, аһаабыта буолан көрүөхпүт, — эмээхсин уҥуох-тирии буолбут илиитинэн төбөбүтүн имэрийтэлээн ылбыта. Онтон мас сыыһын оһоххо симээт, испиискэ маһын уматан таҕайда. Оһох үөрбүт-көппүт курдук умайан сирилээтэ. Сотору чаанньыкпыт сылыйан остуол тула кэккэлэһэ олордубут. Балбаара эмээхсин муннуктан таҥас суулааҕы ылан сүөрдэ, онтукабыт кыракый чугуун эбит. Биһиги аһыахпытын баҕаран чөрбөҥнөһө түстүбүт. Эмээхсин мас хамыйаҕынан чугуунтан баһан ылан, харатыҥы хааһы курдугу тимир миискэҕэ кутта. — Чэ, сыллыыйдаар, хайыахпытый, интэринээккэ чугуун кэһиэҕэ хаалбытын көҥүллэтэн кэһээн аҕаллым. Баарым бачча, — диэт, миискэни биһиги диэки сыҕарыта аста. Биһиги сып-сап ньуоскаларбытынан баһан ыла-ыла, бокуойа суох айахпытыгар үҥүлүтэн истибит. Кэһиэх да буоллар, минньигэһэ сүр. Сотору миискэбит кураанахсыйан ньуоска тыаһа иһиллэр буолла. Алта уонуттан лаппа тахсыбыт Балбаара эмээхсин аҥаардас. Кини биир дьиэҕэ баар Сэбиэт уонна холкуос хонтуораларыгар остуорастыыр. Ону таһынан оскуола интэринээтигэр иһит сууйар. Биһиги ийэбит Өрүүнэ, киниттэн аҕыйах сыл балыс балта, холкуоска ыанньыксыттыыр. Аҕабыт уонна убайбыт сэриигэ барбыттара икки сыл буолан эрэр. Онон бэйэ-бэйэлэрин өйөһөн дьукаах олороллор. Биһиэхэ ыалларбыт оҕолоро сотору-сотору киирэллэрэ. Эмээхсин кими даҕаны атарахсыппат, көрөр-истэр, көмөлөһөр. Тоҕо диэтэххэ, «бары биир өлүүгэ сырыттахпыт» диэн тыллаах. Эмээхсин кэргэнэ Аппайаах Уйбаан өлбүтэ ырааппыт. Улахан уола Уйбаан, кыыһа Марыына ыалдьан өлбүттэр. Кыра уола Маппыан сэриигэ баран мэлийбит. Инньэ гынан, эмээхсини санаа-оноо баттаан, адьас иэдэйэ
сыһан баран, балта уонна биһиги, кини оҕолорун ааттарын ылбыт дьон, кэлэммит күнэ-ыйа биһигиттэн тахсан, сэргэхсийэ сылдьар. Эмээхсин тугу булбутун былаатын төбөтүгэр суулаан аҕалан биһиэхэҕэ түҥэтэн үөрдэр. — Баҕар, өллөхпүнэ, оҕолорум улааттаххытына миигин өйдүүр-саныыр дьон буолуоххут, — диирэ. Биһиги кырдьаҕас эдьиийбитин олус таптыырбыт, кини тугу этэринэн сылдьарбыт, мэлдьи илии-атах буоларбыт. Эмээхсин кырдьан, бар дьон ытыктабылын ылан 90 сааһыгар бараахтаабыта. Кини үтүө майгыта, өйө-санаата, сырдык мөссүөнэ сүрэхпитигэр мэлдьи тыыннаах». Өлөксөй оҕонньор табаҕын уматтар уонна кэпсээни саҕалыыр: «Сэрии ыарахан сылларын хайа да киһи умнуон сатаммат. Ама да ааспытын иһин сүрдээх суол этэ. Хас даҕаны киһи биһиги дэриэбинэбититтэн хоргуйан өлбүтүн туһунан кэпсээн араастык тарҕанара. Билигин дьон итэҕэйиэ суоҕун сөп. Оннооҕор биһиги аччыктаан уһукпутугар тиийэн, ньылба өлүгүн сиэн турабыт. Бадаҕа, олунньу саҕана эбитэ буолуо. Аччык дьоҥҥо халлаан да тымныыта бэрдэ. Хонук маспытын оҕуһунан арыычча булунан олорорбут. Биир киэһэ дьукаахпыт, сытыы-хотуу, ыанньыксыт Татыйаас: «Хотуок, Кэтириис, ынаҕым өлбүт тамыйаҕынан төрөөтө. Сиппит ньирэй, бука аһа тиийбэккэ кэбилиннэҕэ. Ону сүлэммин этин тоҥорон кэбиспитим. Сиэтэхпитинэ, хайдах буолуой?» — диэн ийэбиттэн ыйытта. — Ким билэр, хайдах эбитэ буолла? Аны ыарыылаах буолан бары умса барабыт дуу? — ийэм тоҕо эрэ саарбахтаата. — Ийээ, сиэҕиҥ, — диэччи буоллум. — Сиэҕиҥ, сиэҕиҥ, аччыктаан иэдэйдибит дии, — Татыйаас улахан уола Ньукуус тыл-өс буолла. Онон сииргэ быһаарынан пиэрмэ хотонун ампаарыттан ып-ырыган, көҕөрө тоҥмут эти Татыйаас аҕалан эттээн буһаран кэбистэ. Күөс балачча оргуйбутун кэннэ үрдүн холбуйан, хоторон баран аһылыкка ыҥырда. Били көҕөрө тоҥмут эппит кып-кыһыл буола буһан тахсыбыт. «Сойута түһэн баран сииһикпит, миинин иһиэ суохпут» диэн буолла. Эппит сойорун кэтэһэ таарыйа ийэлэрбит хантан мас аҕалары сүбэлэстилэр. Эппит сойон аһылык саҕаланна. Киһи илиитигэр сыстар, уҥуоҕуттан арахса сылдьар, сып-сымнаҕас эти сиэн тунайдаабытынан бардыбыт. «Хата, бэртээхэй эбит», — диэтэ Татыйаас. Ийэм даҕаны сирбэтэ быһыылаах. Ити курдук ньылбабыт этин 2-3 киэһэ сиэн абыранныбыт. Хата, ким даҕаны иһэ ыалдьыбата… Билигин «ньылба этин сиэҥ» дииллэрэ буоллар, бука, өһүргэнэн испитин хайа түһүө этибит», — Өлөксөй кэпсээнин түмүктээтэ. — Дьэ диэмэ, оттон ол аччык дьылларга өлбөт туһугар туох-туох буолуллубатаҕай? Ийэм эрэйдээх ыанньыксыттыыра. Мин ийэбин батыһан, тоҥорум-хатарым. Инчэҕэй сииктээх хотон куһаҕан таҥастаах-саптаах аччык оҕону хам ылара. Ардыгар тииһим лаһыгырыар диэри тоҥорум. Дьиэҕэ балтараалаах балтым дьукаах эмээхсиммитигэр хаалара, сирэйэ дарбайыар диэри ытаабыт буолара. Бука, аҥаардас ууну иһэ сатаан баран, аччыктаан ытаахтыыра эбитэ буолуо… Биирдэ ийэм кыракый тууйаска ыаммытынан үүт кутан кистээн миэхэ иһэттэ. Аата ол минньигэһин! Билиҥҥээҥҥэ диэри саныыбын. Баҕар, ол тууйаска балтыбар кистээн үүт илдьээхтиирэ эбитэ буолуо. Мин тоҕо эрэ көрбөтөҕүм. Оҕобут наһаа иринньэх этэ. Саас кулун тутар ый саҕана быһыылааҕа. Ийэм ынах ыы сылдьан: «Даайыс,
дьиэҕэ оҕобутугар баран кэлиэх эрэ», — диэтэ. Мин хап-сабар ийэбин батыстым. Дьиэҕэ киирбиппит, им-ньим, туох да иһиллибэт. Ийэм баран оҕотун таҥаһын арыйан көрөөт, балачча туймааран турда. Онтон бокуойа суох ытаан барда. Мин ийэбин көрөн тулуйбатым, эмиэ ытаатым. Таһыттан ыанньыксыт Мотуруона киирдэ. — Оо, бу эрэйдээҕи. Бараахтаабыт дуу? — диэт, икки иэдэһинэн ыраас таммах бокуойа суох сүүрэн түстэ. Онно өйдөөн көрбүтүм: балтым эрэйдээх икки кыракый илиилэрин кумуччу туттан, сирэйэ кубарыйан, уоһа ибир да гыммакка, сытаахтыыра. Ол мин балтыбын тиһэх көрүүм этэ. Дьэ, ити курдук, сэрии сыллара үгүс оҕону быстах оҥоһуулаабыта», — Даайа туох эрэ ыарахан сүгэһэри түһэриммиттии, дириҥник өрө тыынан ылла. «Хантан биһиэхэ, сэрии оҕолоругар, үчүгэй олох кэлиэй? Барыта тиийиммэт-түгэммэт, өлүү-сүтүү, эрэй-кыһалҕа этэ буоллаҕа», — диэн кэпсээнин саҕалыыр Уйбаан оҕонньор. — Ол да буоллар дьон-сэргэ туһугар ыалдьар салайааччылар, үтүө санаалаах дьон бааллара. Олортон сорохторо хаайыыга барар дьылҕаламмыттара. Буруйдара диэн үлэһиттэригэр кыра бурдук, эт түҥэппиттэрин иһин. Биһиги холкуоска Эмэлдьээн Баһылай диэн киһи ыскылаат сэбиэдиссэйинэн үлэлиирэ. Оччотооҕуга холкуос үлэһиттэригэр ыйга кыра бурдук, суорат, тар түҥэтэрэ. Бэс ыйын эргин, били тардаах, суораттаах мас уһааттар астара бүтэн сууйар, ыраастыыр буолаллара. Ама соҕус тобохтоох уһааттары ыскылаат ааныгар мустан турар оҕолорго: «Мэйиҥ, бэдиктэр, маны дьаһайыҥ», — диэн баран Эмэлдьээн Баһылай уһааттары оҕолор диэки аанынан төкүнүтэ анньыталаан биэрэрэ. Дьэ онно буолара Омоллоон олоҕо, Дьэргэстэй ыһыаҕа диэн. Ким күүстээх, сымса уһаат саамай астаах сиригэр, түгэҕэр киирэрэ, ким мөлтөх, бытаан уһаат айаҕын диэки хаалара. Бастаан икки ытыһынан толору баһан ньоҕооҕурбут хойуу суораты айах диэки атаарыы, кэнникинэн салааһын эрэ хаалан ньиккэрийии буолара. Уһаат түгэҕэр киирбит киһи бүтүннүү сирэйдиин-харахтыын, таҥастыын-саптыын суорат буолан балачча тотон тахсара. Ааныгар тиксибит тоҥолоҕор, бэгэччэгэр сыстыбыт суораты салыы сатыыра. Үрүҥ ас барахсаны амсайан арыый сэниэлэнэ түһэрбит. Ардыгар оҕо тэбэнэт сааһа күөйэ көтөн, бэйэ-бэйэбитин көрсөн күлэрбит-саларбыт. Бэл ыалларбыт кырдьаҕас ыттара таҥаспытыгар сыстыбыт суораты салаан ньалыптатара. Син эбиискэ буолан эрдэҕэ. Биһиги кыһыахтаммыт тирии субатын миин оҥорон иһэрбит. Бэл сүлүллүбүт тирии халыҥ өттүттэн быһан ылан уокка сырайан сиирбит. Ол барыта минньигэс, баччаҕа тиийиэхпит иһин эбиискэ, туһа буолара. Дьэ ити курдук уос-тиис салаһан, сэрии сылын оҕолоро — эһиги эһэлэргит, эбэлэргит сэрии ыар сылларын аһарбыттара. Кинилэр дьарамай, уҥуох-тирии санныларыгар үлэ ыарахана тиксибитэ. Кэлин улаатан, үөрэхтэнэн, үлэһит буолан, айгыраабыт олоҕу чөлүгэр түһэриигэ, сайыннарыыга күүстэрин харыстаабакка, чиэһинэйдик үлэлээн олохторун кытылыгар тиксибиттэрэ. Олох салҕанар, иэс төлөнүллэр аналлаах, ону умнубаккытыгар баҕарабын. Уйбаан БӨТҮҮНҮСКЭЙ Кэпсээн салгыытын “Бичик” кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыт “Туллук хараҕа” кинигэҕэ ааҕыҥ.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан