Кэпсээ
Войти Регистрация

СУККУН СОН

Главная / Кэпсээн арааһа / СУККУН СОН

K
edersaas.ru Категорията суох
21.09.2018 19:30
Москва… Сон тигэр фабрика. Тигиллэн бүппүт таҥастар ортолоругар улахан айдаан буола турар. Ити үгэскэ кубулуйбут кэпсэтии. Ким ханна барыахтааҕа быһаарыллар, инникитэ түстэнэр кэмэ диэн ааттыахха. Мунньахха аалай кыһыл уотунан кыыһар муодунай сон ордук чорбойор. Тыл көрдөһөн саҕатын, тимэхтэрин көннөрүнээт, этэн-тыынан барда. — Дьэ, доҕоттоор! Бүтэһик, арахсар күммүт үүннэ. Ким ханна барара, хайдах сиргэ түбэһэрэ улахан оруолу оонньообот. Манна биһиги дьылҕабыт үөһэттэн быһаарыллан турар. Онон дьылҕабыт ханнык илии ыларыттан тутулуктаах. Ону өйдөөн кэбиһиҥ уонна бүтэһикпэр барыгытыгар уһун үйэни, өрүү маннык саҥалыы сыдьаайа сылдьаргытыгар баҕарабын! Бу тыллары уопсай көххө кыттыбакка туора турар сиэрэй өҥнөөх, ортотунан курдаах, бэйэтигэр сөрү-сөп хара тимэхтэрдээх, ойоҕоһунан бэртээхэй сиэптэрдээх суккун сон ордук сэргии иһиттэ уонна тоҕо эрэ бэйэтигэр сыһыана суохтук тиэрэ хайыста. * * * Дьокуускай. Эргиэн дьиэтэ. Бастакы мэндиэмэҥҥэ саамай көстөр миэстэҕэ, били соммут соҕотоҕун киэптээн турар. Араас илии имэрийэн-томоруйан ааһар, ымсыырбыт харах сэргии көрөр. Ол аайы суккун сон долгуйан тэллэҕэ тэлибириир… Өр-өтөр буолбата, сотору биир сымнаҕас илии ураты алыптаахтык, чэпчэкитик тутан-хабан көрдө. Сон ис-иһиттэн дьигиһийэн ылла, хаһаайыным быһыылаах диэн бүтэйдии сэрэйдэ. Атыылааччы кинини көмүс кумааҕыга суулаан ураты дьиктитик имэрийбит сымнаҕас илиигэ туттарда. Суккун сон атыылаһыллыаҕыттан ыла хаһаайына өрүү үөрэ-көтө сылдьара, көрө-көрө хараҕа мичилийэрэ, манньыйара. Бастаан утаа бырааһынньыктан бырааһынньыкка кэтиллэн баран кэлин таһырдьа сотору-сотору тахсара. Кыһынын ыскаапка ыйанан турара. Оттон сааскы маҥнайгы күн сардаҥата ыскаап быыһынан тыгыыта хостонон, сууйуллан-сотуллан эмиэ кэтиллэн барара. Сайын куйаас түһүүтэ эмиэ кичэллээхтик сууланан төттөрү «хоһугар» киирэрэ. Ити курдук күн-дьыл бииртэн биир солбуйсан испитэ. Хас сыл ааспыта эбитэ буолла, арай суккун сон бырааһынньыкка буолуохтааҕар олох да кэтиллибэт буолан, ыскаап бөхтөрүн кытта тэҥҥэ охсуһа-этиһэ сыппыта. Ол сытан арай өҥө-дьүһүнэ кубарыйбыт, уруккута Москва сон тигэр фабрикатыгар тигиллибит, халлаан күөҕэ эргэ куурканы кытта доҕордоспута. Иккиэ буолбучча былыт саппыт былыргытын ырыталлара, күнү быһа сэлэһэллэрэ. Ол онтон, суккун сон урукку миэстэтигэр ыйанан турар кыһыҥҥы саҕынньахтартан мөҕүллэллэрэ, ыыстаналлара. Сотору иккиэннэрин икки аҥыы араарбыттара: суккун сону улахан хоппоҕо уган хоспоххо уурбуттара, эргэ куурканы таһын быраҕан, иһин эрэ хаалларан баран абырахха-ибирэххэ, быстахха-остоххо туһаммыттара. Таһырдьа ыраас халлаан ардыгар хараҥа былытынан бүрүллэрэ, ардыыра, сороҕор күн сандаара тыгара, өҥүрүк куйаас сатыылыыра, дьылы эргитэн хаар намыыннык сири-дойдуну үллүктүүрэ, күөллэр-өрүстэр килэгир мууска кубулуйаллара, онтон эмиэ хат хатыланара… Суккун сон соҕотохсуйан муҥатыйара, доҕорун, эргэ куурканы, суохтуура. Оннук биир күн саппаҕыран сыттаҕына хоппо хаппаҕа аһыллыбыта. Күн сырдыгын көрбөтөх, тоҥмут-хаппыт, сууйуллубатах-сотуллубатах, тэбэммэтэх, өссө онно эбии нэк буолбут суккун сон түөһүн муҥунан салгыны эҕирийбитэ, көхсө кэҥии түспүтэ. Хатыылаах илиилэр эргим-ургум тутаат, «хара үлэҕэ барсыаҕа!» диэбиттэрэ. Бу күнтэн ыла сон олоҕо түҥнэри эргийбитэ. Кир-хох сыстан дьүһүнүн-бодотун сүтэрбитэ, долгуйан тэлибириир тэллэҕэ ханан
эрэ хайдыбыта, били, маанылаах тимэхтэрэ туллан бүппүттэрэ, ортотугар киэптии баанар кура мэлийбитэ ырааппыта. Бэйэтин көрө-көрө ытыыр-соҥуур күннэрэ тирээн кэлбиттэрэ. Кэм-кэрдии чаһыны батыһа эккирэтиһэ оонньуура. Суккун сон онно эрэ кыһаммакка гараас хара лаҕыырыгар сыбанан, сэлээркэ, бэнсиин сытыгар тууйуллан ээл-дээл сыппыта. Төһө өр итинник сыппыта буолла, санна ыараабытынан чинчийдэххэ, арааһа, сыл-хонук ааспыт. Биир күн кыра оҕо аҕатын кытта массыынаҕа киирэн иһэн сиргэнэн муннун мырдыччы туттубута: «Пыы, бу куһаҕан баҕайы сыттаах таҥас сытар», — диэн саҥа аллайбыта. Аҕата хап-сабар бөх салапааныгар суулаан уурунаҕа ылан бырахпыта. Бүттэҕэ ол… Оо, саҥа эрдэхпинэ наһаа да үчүгэй этэ. Тигиллэн, оҥоһуллан тахсыбыппытын кэннэ фабрикаҕа аалай кыһыл өҥнөөх сон тыл эппитэ ээ: «Дьылҕабыт үөһэттэн быһаарыллан турар, хайдах илиигэ түбэһэргититтэн тутулуктаах», — диэн. Дьылҕа, кырдьык, үөһэттэн ыйыллан турара буолуо. Оттон хайдах да илии ыллын — син биир биһиги хаһан эрэ туһаттан тахсабыт. Бээрэ, ол сон хайдах-туох дьылҕаламмыта эбитэ буолла?.. * * * Аҕыйах хонугунан ол салапааны кирдээх илии арыйа баттаабыта, иҥсэлээхтик сиргэ тэбээбитэ, эргим-ургум туппута, үөрэн арсайбыта уонна, киниэхэ кыараҕас да буоллар, кэтэн кэбиспитэ. Ити куорат ускул-тэскил сылдьар хара баранаага этэ. Олох салҕаммыта… Аграфена КУЗЬМИНА “Бичик” кинигэ кыһатыгар 2015 с. бэчээттэнэн тахсыбыт “Киһи сүрэҕэ бэрт чараас” кинигэтиттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан