Кэпсээ
Войти Регистрация

ДЬАБАДЬЫ СИЛИП (ҮҺҮЙЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ДЬАБАДЬЫ СИЛИП (ҮҺҮЙЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
22.08.2018 20:00
Өрөбөлүүссүйэ иннинэ Илин Хаҥалас улууһугар, Нөөрүктээйи нэһилиэгэр, ааттаах ууһут Дьабадьы Силип диэн киһи олоро сылдьыбыт. Кини бар дьонугар ууһутунан биллибит. Силип ханнык баҕарар дириҥ күөлгэ, өрүскэ киирэн таах хаама, сүүрэ, умса сылдьара үһү. Оччотооҕуга Саха сиригэр атыыһыттардаах борохуот аал кэлэрэ. Дьэ оччоҕуна, Дьокуускайга улахан бырааһынньык буолара. Атыыһыттар араас табаары, сэби-сэбиргэли, иһити-хомуоһу, таҥаһы-сабы аҕалан атыылыыллара. Киһи-сүөһү бөҕө мунньустан аалыҥнаһыы, кэлии-барыы бөҕө буолан, куорат биирдэ сэргэхсийэ түһэрэ. Дьэ бу кэми Дьабадьы Силип биирдэ даҕаны быһа аһарбата үһү. Киирэн дьаарбаҥкаҕа сылдьан, тугу эмэ уоран сойботон дойдутугар тахсар эбит. Арай, биир саас үгэһинэн борохуот кэлиитэ Дьокуускайга киирбит. Күөх хонуу үрдүгэр турар эт баһаарыгар тиийбит. Киһи-сүөһү мунньустан кыйма курдук эбит. Манна араас табаар, мал, ас-үөл баарын көрбүт. Арай биир суон баҕайы нуучча эмээхсинэ Буолускай сылабаары атыылыы олорорун көрбүт. Ону көрөөт, олус диэн ымсыырбыт. «Хайдах эмэ гынан төлө ыһыгыннарбыт киһи» дии санаабыт. Чуҥнаан көрбүтэ, жандаарымалар аттыгар суохтар эбит. Дьон үксэ эт атыылыыр лааппыга уонна оҕуруот аһын атыылыыр кытайдарга, кэриэйдэргэ тоҕуоруспут. Эмээхсин бу киһи үксүн сылабаар диэки көрөрүн-истэрин бэлиэтии көрөн, табыгастаах түгэн тосхойдор эрэ уоруо диэн сэрэйбит. Силип «өрүс уутугар диэри сүүрэн ситтэрбэтэх киһи, бука, мүччү харбатыан сөп эбит» диэн түмүккэ кэлбит. Атыылаһар киһи курдук баһаары хаста да эргийбит. Ол сылдьан эмээхсин аралдьыйбытын көрөн, сылабаары сулбу тардан, кыбынан кэбиспит уонна дьон быыһынан өрүс диэки тэбиммит. Эмээхсин айдаан бөҕөнү тарпыт да, туһа суох буолбут. Көрөн турдахтарына, киһилэрэ өрүскэ ыстаммыт. Сылабаар мэлийдэҕэ ол. Дьабадьы Улуу Өлүөнэ өрүһү, уута кэлэн үгэннээн турдаҕына, арыыттан арыыга харбаан таах куотан хаалбыта үһү. * * * Кини туһунан өссө маннык иккис үһүйээн баар. Ханнык эрэ миэстэтэ биллибэт сиргэ биир ааттаах сүүрүк дьахтар олорбут. Ол дьахтары сүүрдэн, Дьабадьы быһыйын билиэн баҕарбыт. Дьахтар тоҕус ыйдаах ыарахан сылдьыбыт. Өрүс кытыытыгар олорбуттар. Эр дьон өрүс арыытыгар киирэннэр оттуу сылдьыбыттар. Онон дьиэҕэ оҕо, дьахтар уонна олус кырдьаҕастар хаалан олорбуттар. Ол олордохторуна, Дьабадьы Силип киирэн кэлбит. Дьиэлээхтэри кытта кэпсэппит, дьоно чэй кутан чэйдэппиттэр. Дьиэ эргиннээҕи сонуну сэһэргэспиттэр. Чэйдээн бүтэн, киирии-тахсыы буолбут. Дьиэҕэ ыалдьыты кытта били дьахтар хаалбыт. Дьабадьы дьиэлээх хотуҥҥа: — Хотуой, дьэ ааттаах быһый сурахтааҕыҥ, эккирэтэн ситтэххинэ бу былааккын ылаар, — диэт, дьахтар былаатын сулбу таһыйан ылбыт да, таһырдьа ыстаммыт. Дьахтар кыламмытынан тилэх баттаһан, таһырдьа ойон тахсыбыт. Дьэ, эккирэтиһии кытаанаҕа буолбут. Дьахтар эккирэтэн иһэн хаһыытыыр үһү: — Дьэ, ааттаах-суоллаах Дьабадьы Силип, ситтэрбин эрэ хабарҕаҕын хайа тутуом. Дьабадьы киэҥ көхсө кыараан, ыксаан былааты илиитин таһынан кэннин диэки элиппит уонна өрүскэ ыстаммыт. Онтон ыла дьахталлары сэнээбэт буолбута үһү. Кырдьаҕастар ол түбэлтэ туһунан кэнники дьоҥҥо элбэхтик кэпсиирэ диэн ахталлар. * * *
Дьабадьы Силип олус уһун тыыннааҕын, ыраах сиргэ сүүрэргэ олус үчүгэй эрчиллиилээҕин туһунан биир маннык түбэлтэни кэпсииллэр. Дьабадьы Силип ыалларга сылдьарын, хонорун олус сөбүлүүр идэлээх эбит. Кини үгүстүк Майа олохтоохторугар сылдьар, хонор эбит. Кинилэртэн ону-маны элбэҕи истэр, билэр-көрөр үһү. Майанан аммалар, чурапчылар, өрүс илин эҥээрдэрэ айаннаан иһэн хонон-өрөөн ааһаллара. Онон олохтоохтор билиилэрэ-көрүүлэрэ киэҥ буолара уонна ыалдьыт, хоноһо сылдьарыгар үөрэнэн, сайаҕас этилэр. Ханна эмэ уора барыан иннинэ, хайаан даҕаны ыалга хонор үгэс оҥостубут. Тоҕо? Кинини уорууга хаһан да уорбалаабат этилэр, тоҕо диэтэххэ, уоруу буолар түгэнигэр кини ыалга баар буолара. Биирдэ үгэһинэн, Майа олохтоохторугар Бөтүрүөптэргэ хоммут. Киэһэ эт сиэн, ирэ-хоро кэпсэппиттэр. Былыргы сахалар үгэстэринэн, эрдэ утуйбуттар. Дьон утуйарын кытта Дьабадьы Силип аргыый ньылбыйан тахсыбыт да, илин Амма Солобуодатыгар ыстаммыт. Бу түбэлтэ олус быһымахтык, күһүн атырдьах ыйын ортотун диэки, түүн хараҥарбытын кэннэ буолбут. Өр-өтөр гымматах, чопчу биир баай ыал дьиэтин таһыгар кэлбит. Туох да биллибэт эбит, дьиэлээхтэр утуйа сыппыттар. Ампаарга тиийбит. Кини ортоку ампаар боробуойун тимирин сыыйа тардан, иһигэр киирбит. Бу ампаарга улахан хоппо турарыгар тиийэн эмиэ боробуойун сыыйбыт. Бу баай харчытын хоппо иһигэр муос хоруопкаҕа уурарын дьонтон сибикилээн билбит, онон ол хоруопканы сулбу ойутан ылбыт. Арыйан көрбүтэ, кырдьык, кумааҕы харчылар угуллубуттар эбит. Онтон сиэбигэр балачча элбэҕи хааламмыт уонна төттөрү айаннаабыт. Халлаан сырдыан иннинэ хоммут ыалыгар эргиллибит уонна утуйбута буолбут. Дьэ ол курдук араас сырыыны сылдьарын дьон-сэргэ сөҕөн-махтайан кэпсииллэрэ. ДЬАБАДЬЫ СИЛИП БЫҺЫЙ ЧООРУОСТУУН КҮРЭХТЭҺИИЛЭРЭ Былыр биһиги оройуоммутугар Дьабадьы Силип күннээн-күөнэхтээн олорор бириэмэтигэр, Амма улууһугар Быһый Чооруос диэн сүрдээх сүүрүк киһи аатыран-суолуран олорбута үһү. Бу киһи туһунан сурах-садьык Мэҥэ Хаҥалас улууһугар киэҥник тарҕаммыт. Ол сураҕы Дьабадьы Силип истибит. Бу Быһый Чооруос үс мас остуолба үрдүнэн, остуолбаттан остуолбаҕа ыстанан сүүрэрин, уһун сирдэргэ ханнык да бэйэлээх сүүрүк сылгыны куоттарбакка сырсарын, көтүөҕүн кыната эрэ суох киһи диэн кэпсииллэр эбит. Маны истэн баран Дьабадьы Силип дьиэтигэр кыайан олорбот буолар. Ол киһини кытта хайаан да күөн көрсөргө быһаарынар. Бэрт эрдэттэн бэлэмнэнэр, бэрт ыраах сирдэринэн эргийэр, эрчиллэр. Уутун-хаарын таһаарынан, үчүгэйдик сананар буолаат, Аммалыыр. Аммаҕа диэри ыраах дойду, ону өр-өтөр гымматах, эрдэ тиийбит. Ыйдаран Быһый Чооруос олорор дьиэтин булбут. Тиийбитэ, Быһый Чооруос дьиэтигэр баар буолан биэрбит. Дьиэлээх хаһаайын ыалдьыты үөрэ-көтө көрсүбүт. Билсиһэн кэпсэппиттэр. Киэһэ үчүгэйдик аһаан-сиэн баран олох-дьаһах туһунан сонуннарын атастаспыттар. Бу дойдуга даҕаны Дьабадьы Силип туһунан истэн билэллэрин ыалдьыт удумаҕалаабыт. Сарсыарда ыаллара сөпкө соҕус эрдэ турбуттар. Аһаан-сиэн бүтэн Дьабадьы Силип Быһый Чооруоска күрэхтэһэргэ тылламмыт. — Доҕоччуок, икки улуус ааттаах сүүрүк дьоно көрүстэхпит дии, боппууда тэҥ таһаҕаһы сүгэн баран, уһун сиргэ куоталаһан көрдөхпүтүнэ хайдах буолуо этэй? — диэн урут тылламмыт. Маны истэн
баран Быһый Чооруос кыккыраччы аккаастаммыт. — Бүгүн куобахтыы тахсар санаалаах этим, хата, миигин кытта куобахтыы тахсыс, — диэн киһитэ утары көрдөспүт. Дьабадьы Силип тылын ылларбакка, хом санаан, аат эрэ харата: — Чэ, бээ, киириэххэр диэри сынньанан сыта түһэрим дуу? Төһөҕө куобахтаан бүтэн киирэриҥ эбитэ буолла? — Туһахтарбын көрөн, хата, куобах этэ киллэрэн амсатыам, күнүскү чэй саҕана манна баар буолуом, — диэбит киһитэ уонна халтаҥ соҕустук таҥнан, саатын ылан ыйаан баран, туһахтарын көрө барар. Дьабадьы Силип киһитин кэтэһэ сылдьан өй булан саныыр: «Бэйи эрэ, бачча кэлэн баран эккирэтиннэрэн көрүмүнэ. Саатын ылан, хараҕар көстөн баран түһүнэн кэбистэхпинэ, бука, таах хаалбат киһи буолуо ээ». Оҥостор, дьиэ тэлгэһэтигэр тахсан киһитин ээр-сэмээр кэтэһэр. Күнүскү чэй буолара чугаһыыр. Арай, сайылык тумус тыатыттан балачча элбэх куобаҕы сүкпүт киһи кэлэн иһэрин көрөр. Киирэн били сааны сүгэр уонна илин диэки сиэлэн барар. Киһитэ кинини көрөр, туох буолан сиэллэҕэй дии санаат, дьиэтигэр көтөн түһэр. Биэс куобаҕы остуолун үрдүгэр быраҕар, онтон саатын көрбүтэ — суох. Туох буолбутун тута сэрэйэр: «Ити аата эккирэтэргэ күһэйдэҕэ. Дьэ, саабын таах биэрэн ыытарым табыллыбат, эккирэттэхпинэ сатаныыһы». Дьиэтин таһыгар тахсан үс төгүл кыланан ылбахтыыр уонна түһүнэн кэбиһэр. Эккирэтиһии кытаанаҕа буолар, харысхал суох… Өссө ордук кыһыйан-абаран, атаҕа ыларын дьаабытын билбэккэ көтөр. Икки көстөөх ыалы өр гыммакка, тиийэн кэлэр. Көтөн түспүтэ дьиэлээхтэр бука бары бааллар эбит. Киирээт: — Саалаах киһи төһөҕө киирэн таҕыста? — Ээ, билигин аҕай киирэн чэй иһэн таҕыста, — дииллэр дьиэлээхтэр. Быһый Чооруос сынньаммакка эрэ таһырдьаны былдьаһар. Тахсаат, муҥ кыраайынан түһүнэн кэбиһэр. Дьэ, быыппаста-быыппаста кытаанахтык түһүнэн, икки көс бадахтаах сири сүүрбүтүн кэннэ, биир самналлыбыт балаҕан көстөр. Манна элбэх оҕолоох Тараах Ньукулай олорор. Онно көтөн түһэн: — Дьиэлээхтэр, дорооболоруҥ! Хайа туох солуннааххытый? Биир эмэ ыалдьыт киһи сырытта дуо? , — диир. — Соторутааҕыта Силип диэн ааттаах киһи сылдьан ааспыта. Итиэннэ ким да сылдьыбата, — дииллэр онуоха. — Ыаллар, чэйдээххит дуо, чэйдэ иһэрдиҥ, дэлби утаттым, — диэн чэй көрдүүр уонна иһигэр: “Бу Дьабадьы миигиннээҕэр ордук быһый, тулуурдаах киһи эбит. Онон төнүннэхпинэ сатаныыһы”, — диэн саныыр. Ону-маны сэһэргэһэ-сэһэргэһэ чэй иһэр, арыылаах лэппиэскэ сиир. Аһаан бүтэн баран дьиэтигэр төннөр. Дьэ, ити курдук икки улуу ааттаахтара күөн көрсүбүттэрэ, күрэс былдьаспыттара диэн ахталлара ытык кырдьаҕастар. * * * Г.Д. Сосин «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» диэн 2015 с. «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо» сиэрийэнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэттэн
edersaas.ru сайтан