Кэпсээ
Войти
Регистрация
«ДОКУМУОН» БУРУЙА (көрдөөх кэпсээн)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ «ДОКУМУОН» БУРУЙА (көрдөөх кэпсээн)
K
edersaas.ru
Категорията суох
10.08.2018 20:00
Суоппар Болуодьа, иллэҥэ адьас суох буолан, сыарҕа үрдүттэн сүөһүлэрин аһатан олорор. Ото бүттэҕинэ эрэ өрөбүлүгэр түбэһиннэрэн табаарыһыныын айгыстан, аарыгыран, аһаан-сиэн отторун анньан аҕалар идэлээхтэр. Туораттан туоһуластахха, оччо-бачча табаарыстыы буолан бэйэ-бэйэлэрин өйөспүттэрэ, өнүйбүттэрэ иһиллибэтэх курдук, хата аһыы ас икки ардыларын чугаһатар бадахтаах. Быйыл от эмиэ мөлтөхтүк үүннэ. Былырыыҥҥытааҕар эрэ ама курдук. Болуодьа ходуһата ууга баран, онуоха эбии ардах мэһэйдээн, сылын аайы эрэй бөҕөтүн көрсөр. Былырыын ыалыттан, Сүөдэртэн, биир оту иэс ылан кыстаабыта. Ылсан-бэрсэн син онон-манан төлөспүт курдук сананар. Сүөдэр да сөпсөһөн сылдьар. Быйыл да ото нэһиилэ тиийэр дуу, суох дуу? Бүгүн, өрөбүлгэ, отугар бараары Тарааһы кытта төлөпүөннэһэн, хойутуу да соҕус, барар буоллулар. Табаарыһа: – Докумуоҥҥун, докумуоҥҥун умнума, докумуона суох тиэхиньикэ хайдах сүүрүөй? – диэбит саҥата кулгааҕыттан арахпат. «Докумуон» диэн тырахтарыыстар, суоппардар буоккачааны таптаан ааттыыр тыллара. Болуодьа «докумуону» тоҕо умнуой? Тараас да өйдөппөтөр, суруллубатах сокуону тутуһар киһи буоллаҕа. Ааспыкка эмээхсиниттэн кистээн куораттан таһаарбыт икки «докумуонун» гарааһыттан ылан, өйүөтүгэр алдьамматын диэн, бүөбэйдии суулаан уктан кэбистэ. «Бээ, биһиги Тараастыын үлэ дьонобут, мээнэ күн аайы арыгыны эккирэппэппит, биирдэ сынньаныахха буоллаҕа», – диэн иһигэр бэйэтэ бэйэтин кытта кэпсэтэ, хайҕана саныы-саныы, тэринэ сырытта… Өр буолбата, Тараас саҥатык «Бөлөрүүһэ» бирдьигинээн кэлэн дьиэ таһыгар хорус гынна. Табаарыстыылар, өр көрсүспэтэх буоланнар, күө-дьаа кэпсэтэ-кэпсэтэ айаннаан дьигиһиттилэр. Арыылаах диэн дэриэбинэттэн чугас алааска, чэпчэтинэ таарыйа, суолбутун аһатыахха диэн буолла. «Докумуоннарын» хостоон: – Этэҥҥэ оппутун аҕаларбыт туһугар! – диэн сирдэрин аһатан тас гыннаран кэбистилэр. Тараас төбөтүн тарбаннар эрэ, биирдии кылгас туос «чэ» диэн этиллэн, «докумуон» өр буолбата, түгэҕэ көстөн хаарга тобулу быраҕылынна. Икки киппэ дьон туох буолуохтарай, бытыктара эрэ умайда. Саҥалара элбээн, аан дойдуга туох буоларын-буолбатын ырытан, сирдэрин билбэккэ хааллылар… Кыһыҥҥы кылгас күн номнуо туманынан бүрүллэн хараҥаран барда. Отторун, үөрүйэх буолан, начаас тобулу анньан, кириэстии торуоһунан баайан кэбистилэр. Онтон салгыы күрүөттэн этэҥҥэ хоҥнорон таһааран, эмиэ чэпчэтинэр буоллулар. Балай эмэ өр олорон аһаан-сиэн баран: – Ыт хаһааһа суох өлбөт! – диэн баран «докумуоннарын» тобоҕолоон кэбистилэр уонна дьэ айаннаан дьигиһиттилэр. Били Арыылаахха кэлэн Тараас: – Чэпчэтиниэххэ! – диэн, тыраахтарын тохтотон, сидиэнньэтин кэнниттэн биир «докумуону» таһааран Болуодьатын улаханнык үөртэ. Дьоммут бэйэ-бэйэлэрин хайҕаһа-хайҕаһа докумуоннарын түгэҕин көрөн, дьон эрэ буоллаллар, харахтара ирим-дьирим барда: – Ээ, оччолооҕу сылдьыллыбыта! – диэн буолла. Тыраахтар эрэйдээҕи орулаппытынан хайа тутан кэбистилэр… Дьиэлэригэр кэлэн, Болуодьа түөрэҥэлээн түһэн, кыбыытын аанын балай эмэ эрэйдэнэн аһан, отторун дьэ оннун булларан, кыайан-хотон дьиэҕэ киирдилэр. Сылаас ыһаарыны кытта Болуодьа эмээхсиниттэн «хайытан» ылбыт «докумуонун» иһэ олорон, баһыыба, махтал тыллар бөҕө этилиннилэр, сайын бииргэ от бөҕөтүн оттоон, төлөһүөн сөптөөх дьоҥҥо иэс да биэриэх буоллулар, устунан сыллаһыах да дьону дьиэлээх хаһаайка «сөп буолуо»
диэн оннуларын буллартаата… Сарсыарда Болуодьа, төбөтө төһө да дыҥ курдук буоллар, сүөһүтүн көрөөрү таһырдьа саллаҥнаата. От киллэрээри гыммыта: кыбыыта кураанах көрүстэ, кэккэлэһэ турар ыалын кыбыытыгар бүүс-бүтүн от, ымсыырбыт санааҕа томтор саҕа буолан, багдаллан аҕай турар эбит. Хотонтон Сүөдэр тахсан: – Дьэ, Болуодьа, баһыыба, үчүгэй отунан иэскин төлөөбүккүн, ол иһин ыалым баттаабата буолуо диэн эрэх-турах сананар этим, – диэн астыммыттыы сыыбырҕаата. Биһиги киһибит мух-мах барда, онтон өй ылан: – Сүөдээр, бүгүн сиэтэр отум суох ээ, иэстиэҥ буолаарай? – диэн нэһиилэ ыган таһаарда. Иннокентий Лукачевскай-Силис Уруһуй: интэриниэттэн * * * 2018 с. «Бичик» национальнай кыһаҕа тахсыбыт «Быһымах санааттан быһылаан» диэн кинигэтиттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан