Кэпсээ
Войти
Регистрация
Илэ хаампытын көрбүттэр
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Илэ хаампытын көрбүттэр
K
edersaas.ru
Категорията суох
07.08.2018 20:00
Хаһан эрэ бииргэ айаннаан иһэр аргыспыт дьикти түбэлтэни кэпсээбиттээх. «Дойдубар Сунтаарга» диэбитин өйдүүбүн. Нэһилиэгин, оҕонньору ааттыырын да умнубуппун. Онон көннөрү нэһилиэк аатын ыйбакка суруйуом, тугу өйдүүрбүнэн. Кыра нэһилиэккэ бэрт өр кэмҥэ суорҕаҥҥа-тэллэххэ сыппыт биир ытык кырдьаҕас киһи «барбыт». «Оҕонньорбут, дьэ, сынньаннаҕа» дэспиттэр билэр дьон. Кистии илдьибиттэрин кэнниттэн, дьиэҕэ-уокка үлэлии хаалбыт дьахталлартан биирдэстэрэ хаста да ойон тиийэн оҕонньор сыппыт хоһун өҥөйбүт. Хаһыс да тиийэн өҥөйүүтүгэр, сирэйэ-хараҕа хайдах эрэ уларыйбыт, туохтан эрэ уолуһуйбут көрүҥнэммит. Тэҥнэһиэхтэрэ дуо, хаалбыт дьон ону-маны оҥорор, остуол бэлэмниир түбүгэр сылдьыбыттар. Оҕонньору кистээһин кэнниттэн, дьиэҕэ олорон бэстилиэнэй аһын аһааһын буолбут. Онно биир атаһа киһи туран тыл эппит. Бүтүүтүгэр: «Чэ, оҕонньор кэм сынньанаахтаатаҕа», — диирин кытары, били, сыппыт хоһугар киһи сөтөллөн хахсыйбыт. Үкчү оҕонньордоро хахсыйарын курдук үһү. Бары куттаммыттар. Саҥата суох баран хаалбыттар. Уу-чуумпу сатыылаабыт. Ол кэнниттэн сорохтор туран дьиэлэрин диэки дьаадьыйбыттар. Сорохтор олорбуттарын курдук саҥата-иҥэтэ суох олорон хаалбыттар. Балачча олорбохтообуттарын кэнниттэн, аны, ыаллара эмээхсин тиийэн хоһу өҥөйөн туран сүр улаханнык: «Бэйи, ити туох буолан дьоҥҥун-сэргэҕин куттаатыҥ ээ? Эмиэ туоххунуй? Оҕолоох-уруулаах киһи, кырыйдыҥ, сааһырдыҥ, үйэҕин син моҥоотуҥ. Уонна туох буолан сүгүннээбэтиҥ? Түксү», — диэн мөҕөр икки, сэмэлиир икки ардынан аргыый сыыйан саҥарбыт. Онно бара-бара кэлэн, чыпчыҥнаан сордуу турбут уоттара, арай, кырдьык-хордьук тохтоон, дьиримниирэ сүтэн хаалбыт. Дьиэ иһэ санааларыгар сырдаабыкка дылы буолбут. Сыыйа-баайа эмиэ саҥа-иҥэ кыратык элбээн барбыт. Ол онон ааспыт. Онтон, били, хоһу тиийэн хаста да өҥөйбүт дьахтар кэлин кистээн оҕонньор көхсүн этитэрин хаста да истибитин кэпсээбит. Тоҕус хонугар эбитэ дуу, түөрт уон хонугар эбитэ дуу. Ол дойдуттан төрүттээх киһи массыынанан айаннаан түүн үөһүн саҕана дойдутугар тиийбит. Дьонун-сэргэтин ахтыбыт ахан киһи бөһүөлэккэ киириитигэр, арай, суол кытыытынан саал былаатын тууна баанан, билэр оҕонньоро салааскаланан баран баран иһэрин ситэ баттаабыт. Ааны арыйан массыынаҕа ыҥырбытыгар, оҕонньоро тук курдук сөбүлэһэн олорсубут. Син ону-маны кэпсэппиттэр. Ол тухары тоҕо бачча түүн хантан хааман иһэрин биирдэрэ кыайан ыйыппатах, биирдэрэ ону кэпсии да сатаабатах. Оҕонньор дьиэтин таһыгар кэлэн түспүт, махтаммыт. Бу айанньыппыт дьиэтигэр тиийэн ону кэпсээччи буолбут. «Арба да, били оҕонньору отой мөлтөх диэбиккит, киһигит, хата, туран кэлбит буолбаат. Өссө түүннэри хантан эрэ бөһүөлэккэ салааскаланан баран киирэн иһэрин ситэн олортум», — диирин кытары, дьоно саҥаларыттан матан, сирэйдэрэ кубарыйан, бэйэ-бэйэлэрин көрсө түспүттэр. Ийэтэ саҥарыма диэн сибигинэйэ-сибигинэйэ илиитинэн далбаатан да далбаатан буолбут, кириэс охсубут. Дьэ, онтон оҕонньор өлөн бу орто дойдуттан барбытын, кистээбит күннэригэр дьиэтигэр хаста да көхсүн этиппитин, сөтөллүбүтүн истибиттэрин кэпсээбиттэр. Дьулаан дии. Аны илэ көстөн турдаҕа. Дьон кэпсээнин санаан ааста Дарыбыан. Хаартыска: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан