Кэпсээ
Войти
Регистрация
Бэрт Хара уонна Мөчөкө Бөҕө
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Бэрт Хара уонна Мөчөкө Бөҕө
K
edersaas.ru
Категорията суох
31.07.2018 20:00
Былыр Бороҕоҥҥо Кыыс Хаҥа диэн дайдыга Бэрт Хара диэн олоотто үһү. Кини Тойон Мүрү диэн ааттанар дайдыга балыкка туулуур, куйуурдуур, ол кэннэ арҕаа өрүс арҕаа эҥээр Ытык Хайанан, хотунан туораан айанан куобахтыыр, хоту-илин дайдыларынан ыраата баран бултуур, кыыллыыр, саһыллыыр. Бэйэтэ биир ийэлээҕэ эрэ биллэр, тулаайах олохтоох киһи. Бэрт Хара уҥуоҕунан алыс бөдөҥө, майгытынан алыс көнө, былыргы киһи кэнэнэ-көнөтө эбит. Кини 20 сааһыгар диэри икки атаҕынан хаампат босхоҥ буолан олорбут. Ону ийэтэ эмээхсин салааскаҕа тардан, көхсүгэр сүгэн ииппит. … Биирдэ Тыгын биир уола Мөчөкө Бөҕө хайыһар суолун көрөн, ону атынан батыһан, суолунан эккирэтэр. Ол эккирэтэн көрбүтэ, куобаҕы сүкпүт муҥур бэс саҕа киһи бэригилдьийэн, илин эҥээр диэки өрүһү туораан хаалар. Маны Тыгын уола көрөн баран мээлэ хаалыар сатаммат, кэнниттэн атынан эккирэтэр. Ол ситээт, «туораа» диир. Арай, киһитэ кыһаммат, дьөрү кини диэки хайыспат даҕаны. Ол иһин Мөчөкө Бөҕө киһини тоҕус салаалаах быа кымньыытынан суон моойун төрдүн туора мииннэрэр. Онуоха дьэ соһуйан, Бэрт Хара киһини аттары суолун тас өттүгэр хомурахха ылан илгэр. Мөчөкө Бөҕө аттыын хомурахха батыллан хаалар. Маны күлэ биэрэн баран, Бэрт Хара хостоон ылан туруорар, киһитин атыгар мииннэрэр, ол кэннэ: «Бара тур, мааны да оҕону охтордум, алҕаһым», — диэн баран аттары, киһилэри төттөрү хайыһыннаран баран, биирдэ «һат» диэн кэбиһэр. Мөчөкө Бөҕө хата өлбөтөҕөр, ол үлүгэр киһи өлөрбөтөҕөр үөрэн дайдылыыр. Ол тиийэн аҕатыгар маннык киһини көрдүм диэн сэһэргиир. Онуоха аҕата Тыгын Тойон истэн, бу оҕобун атаҕастаатаҕа диэн өһүөннүү-өстөнө саныыр. Онон сүөһүлүүн-астыын, бөҕөс баатыр киһилиин көһөн тахсан Бороҕоҥҥо Кыыс Хаҥаҕа оччоҕо сэттэ көлүйэлээҕиттэн биирдэрин чугаһар тохтоон, ураһанан түһүнэн кэбиһэр. Ол олорон Тыгын сылгытын-ынаҕын ыата-ыата: «Дьон-сэргэ аһыыр үүт көлүйэтэ буоллун», — диэн үүтүн куттаран иһэр. …Тыгын кымыс, ас мустаран ыһыах ыһар. Ыһыаҕар Бэрт Хараны ыҥыттарар. Бэрт Хара саҥа ыалларын астара-үөллэрэ, сүөһүлэрэ элбэҕин көрөн сөҕөр. Ыһыахха кэлэн дьиэ таһыттан Тыгын олорор бастыҥ ураһатыгар киирэн истэҕинэ, дьиэл (аан) икки өттүгэр тоһуйан тураннар Мөчөкө Бөҕө уонна Кытаҕас Илии диэн икки бэрт баатыр уол бэлэмнэнэн турар батыйаларынан икки өттүттэн Бэрт Хараҕа түһэллэр. Маны Бэрт Хара этэ тардан, аһара көтөн биэрэр. Икки уол иккиэн бэйэ-бэйэлэрин анньыһа сыһан, хата, дэҥэ-дуҥа суох мээлэ буолан сыссан хаалаллар. Мантан уордайбыт Бэрт Хараны Тыгын Тойон ураһа түгэҕиттэн утары хааман кэлэн ааттаһар. Сиэтэн аҕалан Көҕүл Олох диэҥҥэ олордор. Ол олордон ымыйаҕа толору кымыһы кутан аҕалан туттарар. Оччотооҕу майгынынан боруобалыыр киһилэригэр сылгы кылын кырбаан, кутан, кымыска былаан биэрэллэрэ үһү. Бэрт Хара маны иҥиннэрбэккэ иһэн кэбиһэрдии тутунан ыймахтыы олорбут. Бэйэтэ улахана да бэрт, онон ураһа олоҕо, сыҥаһалаах орон уйбакка кэдэйэн хаалар, ону кыбыстан тостон хаалыа диэн сототун бөтөҕөтүнэн
кыһайан көтөҕөн олорбут. Бу олордоҕуна Тыгын алгыы-алгыы, илбис ырыатын ыллаан барбыт. Ол гынан эргийэ хаампахтаан баран соҕотохто батыйатынан ымыйалаах кымыһы тутан иһэ олорор киһи төбөтүн сиигинэн түһэрэр. Ол түһэрэн истэҕинэ Бэрт Хара аһара көтөн, халбарыс гынан биэрэр. Онуоха тутан олорор ымыйалаах кымыһын дьалкыппакка эрэ, аны сөһүргэстээн туран иһэн бүтэрэр, кылыттан да иҥиннэрбэтэх. Онтон Тыгын таһырдьа ойон тахсыбыта — саадах маска Бэрт Хара саата ыйаанан турар эбит. Ону көрөн ылан тардыалаан, аҥаабыллаан көрөр да, олох кыайбат. Мантан дьиибэргээн Тыгын уолаттара кэриһэ сылдьан тардыалыыллар да, кыайбаттар. Онтон «дал ытыһыыта» диэн сыал ытыһыыта буолар. Онно Бэрт Хара ыраах толоон уҥуор сылгы өтөҕөтүгэр (сааҕар) туйаҕас-күйүгэс чыычаах олорорун саатынан аҥаабыллаан ыппыта, чыычаах соҕотохто түүтэ ыһылла түһэр. Онтон эмиэ ол курдук толоон уҥуоргу куула тыатын саҕатыгар төҥүргэскэ ньуурдаах иҥэһэни кэтэрдэн баран ытыалыыллар. Онно Бэрт Хара ытан иҥэһэ ньуурун быһа ытан, төҥүргэһин хайа ытан таһаарар. Тыгын бэйэтин бэрт уолаттарыттан Бэрт Хара курдук табар киһи диэн суох буолбут. Тыгын уолаттара: Мөчөкө Бөҕө, Кытаҕас Илии, Баттах Сарын диэн бааллара хайа да оонньууларыгар Бэрт Хараны кытта тулуһар диэн ончу буолбут. Мантан дьулайан Тыгыннаах тохтоон, ыһыахтара уурайан олороллор. * * * Биирдэ Тыгын ол курдук аатыран олордоҕуна кыыһыгар күтүөттээн тоҥус бэртэрэ кииттэр. Оччотооҕу майгынынан атын ыраах сиртэн ааттаан кыыска күтүөттүү кэллэхтэринэ, бэйэ чугаһыттан эмиэ бэрт ааттааҕы утары булан аҕалан күтүөттэтэн ааттаах оонньуу, ыһыах тэрийэн, биир бэрт ааты ылбыкка кыыһы биэрэн ыыталлар эбит. Онон Тыгын омук ааттаахтара кэлбиттэригэр Бэрт Хараны ыҥыттарар. Мөчөкө Бөҕө кэлэн: «Аҕабар Тыгыҥҥа омук ааттаахтара тоҥустар кыыска күтүөттүү киирдилэр, онно бука диэн киирэн күтүөттэһиэҥ үһү, аат-суол алдьанара, сурах-садьык сүтэрэ кэллэ, эрэнэр бөтөһүм кини эрэ баар, киирдин диир!»— диэн. Маны сөбүлэнэн Бэрт Хара киирсэр. Тоҥустар быһый, тустуук-бөҕөс (хоһуун) киһилэрдээх, ол кэннэ биир удаҕаннаах кэлбиттэр. Тыгыҥҥа даҕаны бөҕөс, быһый, баатыр дьон баар буолтар. Бастаан тустуу буолар. Ол тустууга Бэрт Хара киирэн биир тоҥус бөҕөһүн ылан быраҕар. Кылыыга 9 сүөһүнү туора баайан туос диэн ааттаан оҥороллор. Оччотооҕу дьон ону үрдүнэн көтөн иһиэхтээхтэр. Онно тоҥус бэрдэ-быһыйа сэттэ сылгыны үрдүнэн ойуталыыр, онон кылыыга кини бастыыр. Аны атах сыссыытыгар бэрт ыраах көстөөх сиртэн сыссаллар. Ол сыссан куотан иһэн, Бэрт Хара тахсыы биэтэгэр сүһүөҕэ мөҕөн охтон олоро түһэр. Киһи маныаха уордайан сири таптайа-таптайа: «Киэр гыныҥ кубулҕаккытын», — диэн ыһыытыыр. Маныаха тоҥус удаҕана кэлэн бохсуруйан, чупчуруйан атаҕыттан-тобугуттан эриэн кыылы оборон таһаарар. Уонна этэр: «Бу кыыл аҥаар тыҥыраҕа хаалла, онон кэнэҕэһин-кэнэҕэс ыччатыҥ доҕолоҥ, оһоҕо атахтаах буолуохтара», — диэн домноон уурайар. Бэрт Хара содуомнаары оҥостон баран, ааттаһыы бэрдиттэн уоскуйар. Оонньууга, бэрт былдьаһыыга «бэрт ааты» Бэрт Хара ылар. Онон Тыгын
кыыһын Бэрт Хара ойох ылан сүгүннэрэр. Бороҕоҥҥо Кыыс Хаҥа диэҥҥэ тахсан олохсуйар. Ол ыһыахха хайҕаан Тыгын Тойон «Бэрт Хара» диэн буоллун диэн ааттаабытынан Бэрт Хара диэн ааттаммыт. Кини төрүт аата Мадьыттыман диэн эбитэ үһү. Мин бу сэһэни эһэм суруксут сэһэргиирин истэрим, дөксө суруйбута хааллаҕа буолуо. Кини 1874 с. 80 сааһыгар өлбүтэ. Петр Слепцов. Чурапчы. Уруһуй, хаартыска: интэриниэттэн * * * Сэһэн Боло «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2006 с. тахсыбыт «Саха төрүттэрэ уонна кыргыс үйэтэ» (Г.В. Попов хомуйан оҥоруута) диэн кинигэтиттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан