Кэпсээ
Войти Регистрация

ДЬУОНА (ҮҺҮЙЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ДЬУОНА (ҮҺҮЙЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
24.07.2018 20:00
I Уон тохсус үйэ ортотугар ханнык эрэ ыраах улуустан Дьуона диэн улахан күүстээх, олус быһый киһи Халыма улууһугар биир үтүө сайын маҥкы маһыныы күөрэс гына түспүтэ. Кини остуруок тутуллубут Улахан Уулаах үрэҕэр кэлэн, дьонтон 3—4 көстөн тэйиччи дьиэ туттан олохсуйардыы оҥостубута. Уйгу-быйаҥ айылҕалаах, барҕа баайдаах дойду буолан дьоллообута. Кини манна хантан, тоҕо кэлбитин дьоҥҥо кэпсээбэт этэ. Дэөөэ дьон ыйыттаҕына, дьадаөы муөнаах уонна эдэр саас эрчимэ кыһайан дойдубуттан тэлэһийбитим диэн кэпсиир эбит. Оттон кини кэлбит сиригэр оҕо сааһа олус үчүгэйдик ааспыта. Дьуона төрөппүттэрэ дьадаҥы дьон эбиттэр. Хамнаска баайга үлэлээн айахтарын ииттэллэрэ. Ол курдук үлэлии сылдьан, аҕата тымныйан ыалдьан, уол тоҕус саастааҕар өлбүт. Онон тулаайах хаалан, ийэтэ Дьэбдьиэйдиин иккиэйэҕин үлэлээн, эрэй бөҕөнөн кыыдааннаах кыһыны туорууллара. Сотору Дьуона улаатан, бары үлэҕэ дьоҕурдааҕа биллибитэ, булду уон икки сааһыттан бултуура. Наһаа түргэнник сүүрэринэн дьону сөхтөрөрө. Оччотооҕу кыһалҕалаах олоххо саата-сэбэ суох, булду эккирэтэн атаххынан ситэн батыйанан анньан эбэтэр ох саанан ытан бултуохтааххын, ону барытын уол сатыыр этэ. Оҕотун көмүскээн киһини бэйэтин батыһыннараары чугас-чугас түһэр ийэ куһу саба сүүрэн тиийэн маһынан охсон ылара. Оттон кыһын халлаан сырдыан иннинэ хараөаҕа эрдэ сылдьан, хаар анныгар утуйа сытар хабдьы үргэн өрө көтөн тахсан истэҕинэ, түргэн ойуунан тиийэн бултуурга оөостубут мутуктаах маһынан саба охсон ылара. Маннык быһый уол, эгэ, сиринэн сүүрэр түөрт атахтаах кыыллары киһилиэ дуо? Барыларын ситэн бултуура уонна ол бултаабыт кыылларын дьиэтигэр сүгэн аҕалан дьону соһутара, күүһүттэн киһи бары дьулайара, толлоро. Оннук улахан күүстээҕэ уонна олус быһыйа эдэр сааһыттан эрдэ биллибит үһү. Дьуона дьоөөо олус эйэҕэс, оонньуулаах-күлүүлээх, көрүдьүөстээх тыллаах, сытыы-хотуу, тэбэнэттээх, түргэн сырыылаах үһү. Көстөр дьүһүнэ — кыыс курдук кылбайбыт маөан сирэйдээх, үтүө сэбэрэлээх, уһун көнө уөуохтаах уол эбит. Ол иһин кыргыттар уйан дууһаларын долгуппут, өйдөрүн-санааларын сүүйбүт, таптал имэөнээх уотун кинилэргэ кистэлэөинэн умаппыт киһи этэ дииллэр. Кэнники кини улаатан үлэһит үтүөтэ буоларын кытта, баайдар хамначчыт оөостубуттара. Онон оҕо сааһыттан эрэйдээх олоххо үлэлээн, эрэйи-муөу толору билбитэ. Биирдэ күһүнүн Сэмээнэп таөара саҕана Дьуона бултуу сылдьан дьиэтиттэн хас да көстөөх ыраах сиргэ Уһун Күөл ыалыгар Бөлчүөк Уйбааннаахха киэһэ хоно кэлбит. Дьиэлээхтэри кытта үөрэ-көтө кэпсэтии буолбут, киэһээөөи аһылыктарын аһаан, чэйдээн бүппүттэр. Онтон утуйаары олорон дьиэлээх дьахтар кэргэнин сэмэлээн саөарбыт: «Эн акаары төбөлөөх буолаөөын, ампаарбытын дьиэ диэки өттүнэн ааннаабатаҕыө сылдьарга олус эрэйдээх. Мин күөөэ хаста да киирэ сылдьабын, ол аайы барытыгар туох эрэ тутуурдаах ампаары төгүрүйэн эрэйдэнэбин. Бэйэө мин курдук илиигэр тутуурдаах элбэхтэ сылдьарыө буоллар, кэһэйиэө этэ», — диэбит. Онуоха Бөлчүөк: «Хата, бэйэө акаарыгын, хас киһи тутууну арҕаанан ааннаабытын көрбүккүнүй? Ханнык да тутуу илин өттүнэн ааннаах буолуохтаах. Атын сиринэн аанныыр таөараҕа да аньыы ини.
Ону билиэө дуо, акаары дьахтар! Өбүгэ саҕаттан үгэс дии, туох барыта илин өттүнэн ааннааҕа», — диэн Бөлчүөк бөлөһүөктээбитин, ойоҕо син биир сөбүлэспэтэх: «Төһө да элбэҕин иннигэр, ампаары арҕаанан ааннаабыкка, ол аайы туох улахан аньыыта кэллэҕэй? Бэйэө бастаан толкуйдаабакка оөорон бараөөын, ону сыыһатын билэн туран мөккүһэҕин!» —Түксү, лахсыйыма, аны кэлэн ампаары көтүрэн туттараары гынаҕын дуо? Урут тутарым саҕана, өйдөөх дьахтар, тоҕо эппэтэххиний?» — диэн Бөлчүөк кыыһыран күүстээхтик саөарталаата. Дьиэлээхтэр саөата суох, бэйэ-бэйэлэрин кынчарыһан көрсө-көрсө, өр олордулар. Ону Дьуона күүтэн олорбохтоон баран, көрүдьүөстэниэх санаата кэллэ. — Доҕоттоор, эһиги куобахтар кэпсэтэллэрин истибиккит дуо? — диэн соһуччу ыйытта. — Суох, доҕор, куобах киһилии кэпсэтэрин истибэтэҕим. Арай, туһахха иөнибит куобах куһаҕан баҕайытык ньааҕыныырын билэбин, — диэтэ Бөлчүөк. — Бачча сааһырыаххар диэри хайдах истибэтэххиний? Саас сүүлүн саҕана куобахтар кулун кистиирин курдук синньигэстик, кыратык саөаран кистииллэрин истээр эрэ, ойуурга тахсан, чуумпуга. Кинилэр да бэйэлэрин тылларынан таптаһарга ыөырсан кистэһэллэр ини. Бөлчүөк күлэн мүчүйэр: «Ол туох туһунан кэпсэтэллэрин ким билиэ баарай?!» Бары күлсэллэр. Ол кэннэ дьиэлээх дьахтар Дьуонаны умсулҕаннаахтык эйэҕэс хараҕынан көрөн мичээрдии олорорун эмискэ өйдөөн соһуйан, атын сири көрө охсор, кыратык кыбыста санаан сирэйэ кытаран ылбыт курдуга. Итинтэн салгыы үөрэ-көтө көрдөөҕү кэпсэтэн, туох да буолбатаҕын курдук ороннорун оөостон утуйбуттар. Дьиэлээхтэр сарсыарда турбуттара — Дьуона туран барбыта ырааппыт быһыылааҕа. Утуйар таөаһын хомуйан кэбиспит этэ. Дьиэлээх дьахтар көмүлүөк оһоҕун уотун оттон, онно чаанньыгын, күөһүн солууругар уу кутан туруоран баран, ампаарыттан ас киллэрээри тахсыбыт. Арай, доҕоор, ампаарын аана дьиэ өттүнэн аһыллар гына утары эргийэн турар эбит. Дьахтар соһуйан хаһыытыы түспүт: «Туох дьиктитэй, түһээн сылдьабын дуу? — диэн баран сөмүйэтин айаҕар уган ытыран көрбүт. — Чахчы илэ эбит, сөмүйэм ыалдьар. Ити аата ампаар бэйэтэ эргийиэ дуо?» Кыайан быһаарбакка, дьиэтигэр төттөрү сүүрэн киирэн кэргэнин туруорбут, улахан дьикти сонун баар буолтун көрдөрөөрү «түргэнник таҕыс» диэн Бөлчүөгү күргүйдээбит. Кэргэнниилэр иккиэн ампаары кичэйэн көрбүттэр. Дьуона ампаар сындыыс мастарын өрө көтөҕөн баран, дьиэ өһүөтүн маһа бэрэбинэ баарын ылан, ону уган ампаары биир туспатыттан мас устун сүүрдэн дьиэ диэки аанын хайыһыннара эргиппит уонна анныгар укпут бэрэбинэтин ылан кэбиспит эбит. Ампаар хоп курдук, туох да буолбакка, барыта бүтүн үһү. Бөлчүөктээх Дьуона күүһүттэн наһаа саллыбыттар. «Дьулаан күүстээх киһи» диэн дьоөөо кэпсииллэрэ үһү. Ол күһүн Миитэрэйэп таөара саҕана Биэс Хатыөнаах диэн алааска Кэдьик Дьөгүөр диэн киөнээх, куһаҕан санаалаах киһи ыал буолан олороро. Кини кэргэннээҕэ, икки улахан уоллааҕа уонна олус сураҕырбыт туналҕаннаах ньуурдаах Туйаарыма Куо курдук кэрэ кыыстааҕа. Ол кыыһы көрөр инниттэн уолаттар ыраах да, чугас да нэһилиэктэртэн кэлэллэрэ. Ону кыыс биир да уолу чугаһаппакка төттөрү үүрэрэ. Ол кэпсээни иһиттэр да, ити
үөһэ ахтыбыт таөара күнүгэр ыраах алааска олорор Кылах Сэмэн диэн эдэр уол эмиэ ол кыыһы көрөөрү атынан, маанытык таөнан, анаан оөостон айаннаабыта. Айанын суолугар атара сэлиинэн түргэнник айанныыра, суол эргиирдэрин быһа сүүрдэн туоруур үгэстээҕэ. Онтон Биэс Хатыөнаахха чугаһаан истэҕинэ, Соҕохтоох диэн киэө күөл килэйэн-халайан сытара. Ол күөлү ортолуу айаннаан иһэн көрдөҕүнэ, айан суолун күһүн бастаан сылдьааччылар, уу сиикэйиттэн буолуо, тоҕонох курдук токуруччу суоллаабыттар. Ону Кылах абааһы көрөн, кыыһыра санаат, атын суол суох сиринэн быһа күүскэ кымньыылаата. Ат барахсан «айакалаах» охсууттан ордук тэбиэһирэн, бөтөрөөнөөн ойуолаан истэ. Сүүстэн эрэ тахса саһааны бараат, муөутуур түргэнинэн сүүрэн иһэр ат халыө хаарынан сабыллан сытар сиикэй уу баарыгар кур гына түстэ. Бастаан эрэ ат ууга ыөыыра дагдаөнаата, онуоха Кылах, кытыгырас уонна сылбырҕа киһи буолан, атын үрдүгэр үктэнээт, мууска ыстанан таҕыста. Киниэхэ этэрбэһигэр уу киирбитэ, ыстаана кыратык эрэ сытыйбыта. Атыттан уунан бэрэмэдэйин (таөастаах ындыытын) ылан мууска бырахпыта. Онтон ата тимирэн барбыта, баһын мууска уурбута. Онон ыөыырын кыайан ылбатаҕа. Кылах олус кэмсиммитэ: туох баар өйүн-санаатын наар кыыска уура сылдьан, эрдэ тиийэн кэрэ бэйэлээҕи көрө охсоору маннык акаарытык айаннаан алдьархайга түбэспитэ. Дьон суолу тоҕо эрэ ырааҕынан токуруйан суолламмыттар, ону тоҕо маннык сылдьаллар диэн өйдүү сатаабатаҕа — ити баар охсуута. Ата тургуйбат дириө уута буолан, баһын муус үрдүгэр анньан өрө үнүөхтээн көрөрө да, кыайан илин атаҕын мууска таһаарбат этэ, тыбыыран, кистээн-иөэрсийэн, киһи аһыныах муөнанара. Кылах тэөнэһиэ дуо? Атын төһө да аһыннар, хайдах да ууттан хостуур кыаҕа суоҕа уонна бэйэтин атаҕар уу киирбитэ хам тоөуо турдаҕа. Ол иһин чугас баар ойуур саҕатыгар тахсан этэрбэһин уутун сүөкээн, кураанах оту үргээн угунньа уган уонна саал былаатын ортотунан быһан атаҕын сууламмыта. Маөнай атаҕа тоөмотоҕо, ыстаана илийбит буолан, арай тобуктара тоөон барбыттара. Ол иһин харса суох сүүрэн испитэ. Сотору Биэс Хатыөнаахха тиийэн кэлбитэ, атаҕын уонна тобугун сүһүөхтэрэ тоөоннор, охтон ыла-ыла дьиэҕэ тэмтээкэйдээн киирбитэ. Тоө этэрбэһэ тоһургуура. Дьиэлээхтэр бары соһуйбуттара: — Хайа, бу ханна ууга түһэн таҕыстыө? Хата, бэркэ кэлбиккин, кыахтаах киһи эбиккин, — диэбиттэрэ. — Манна чугас баар киэө күөлгэ суол токурун быһа бара сылдьан өссөө тоөо илик сиикэй уу баарыгар түстүм. Бэйэм сонно ыстанан тахсан, кыратык илийдим. Оттон хаарыан атым ууга хаалла, мантан хаһан тиийиэххэ диэри өлөрө буолуо, — диэтэ Кылах. Киниэхэ дьиэлээхтэр кураанах таҥаһы таҥыннаран, итии чэйи иһэрдэн ириэртилэр. Билигин баран аты ууттан хостуурга сүбэлэстилэр. Кэдьик уолун уонна кыыһын кытта аттаах сыарҕалаах, мууһу көйөр анньыылаах, сүгэлээх уонна бөҕө быалардаах Кылахтыын төрдүө буолан айаннаатылар. Сотору ойууру быһа түһэн иһэннэр, Дьуона уол ууга түспүт аты таһааран, сиэтэн баран түргэн сэлиинэн илдьэ иһэрин көрсө түһэн соһуйан,
сорохтор үөрэн саҥа аллайдылар: — Бай, бу хайдах гынан аты ууттан таһаардыҥ? Туох ааттаах күүстээх киһигиний?! — Ээ, итиниэхэ улахан күүс наадата суох, сылгы мөхсөр кэмигэр уу түллүүтүгэр түбэһиннэрэ кыратык да көмөлөстөххө, таҕыстаҕа дии. Мин аты мөхсөр кэмигэр хатыһыттан кыратык тардыбыппар, уу түллэн муус үрдүгэр таһаарда. Онно мин күүһүм, көмөм диэн кыра этэ, — диэтэ Дьуона. Эдэр кыыс ис-иһиттэн эмискэ иэйэн, имэрийэн эрэрдии Дьуонаны сонумсах хараҕынан ордугургуу көрө турбута үһү. Кылах Дьуонаҕа иһигэр кыыһыра турбута. Аппын быыһаата диэн махтамматаҕа, кыыспын аралдьытан бэйэтигэр чугаһатан мэһэйдэһиэ диэн дьиксиммитэ. Ону таайбыттыы, Дьуона: «Мин бардым, тиийэр сирим ыраах, быраһаайдарыҥ!» — диэбитэ. II Дьуона уол эрдэҕинэ, эдэр сааһыгар сылдьан кыыһы таптаан, түүнүн туран үс көстөөх баай ыалга баран, ол улуу баай олус кэрэ дьүһүннээх кыыстааҕын кытта, дьиэҕэ кистээн киирэн, кимиэхэ да биллибэтинэн хоонньоһон санаата дуоһуйуор, баҕата ханыар диэри таптаһан кэлэрэ үһү. «Ол сылдьарбын ким да билбэтэҕэ, айаммар уһаабат этим. Бу үс тоҥ күөс буһар кэмин устата сылдьарым буолуо», — диэн кырдьан олорон, үйэ аҥаарыттан ордук кэм ааспытын кэннэ сэһэргиирэ үһү. Ол кистэлэҥ таптаһыы кэнники арыллан, аана суох айдаан бөҕөтө буолбут. Кыыс аҕата Киҥнээх Кириил кинээс киһи сиэрин сүтэрэн, икки атахтаах оҥорботох иэдээнин таһаарбыт. Уоллаах кыыс уохтаахтык таптаһаннар, ол сайын Аанчык оһоҕостоох буолан хаалта, улам-улам иһэ улаатан ынайан испитэ. Оччотооҕу кэмҥэ оҕо үөскээтэҕинэ кыыс эрэйдээх хайдах да гынан суох оҥороро кыаллыбат этэ. Онон Кириил Аанчыга ыарахан буолбутун билэн, аҕа быһыытынан аһынар санаата суох абааһылыы айдаарбыта. Кини соҕотох кыыһын кимиэхэ да таарыйтарбакка, кылаат курдук хаһаанан сылдьан, халыҥ халыымҥа харчыга атыылаан, улахан баай киһиэхэ кэргэн биэриэхтээҕэ табыллыбатаҕа. Ол иһин өйүттэн тахсыар диэри кыыһыран кыыһын таһыйан, араастаан накаастаан кимтэн ыарахан буолбутун ыххайан туран билиннэрбитэ. Онтуката, соһуйуон иһин, солкуобай да харчыта суох, хаама сылдьар хамначчыта — сылгыһыта Дьуона уол дьоҕулаабыт оҕото буоларын билбитэ уонна өссө сүрдээхтик кыыһырбыта. Киһи сиэрин-майгытын сүтэрэн, дьиҥнээх сиэхситтии кэбилэммитэ. Кыыһа төрүүрүн кытта, оҕотун ылан сыгынньахтыы ыкка бырахтарбыта, оҕону сиэҕэ диэн санаабыта да, хата, ыта кинитээҕэр өйдөөҕө — ытаан бэбээрэр кыһыл оҕону бэркэ сэрэнэн уйатыгар киллэрбитэ уонна бэйэтин сылааһынан сылыта сатаабыта. Хата, ону, дьолго, Сиэллээх Сэмэн диэн атын алааска олорор хамначчыт оҕонньор ааһан иһэн көрөн, оҕону ыт уйатыттан ылан хоонньугар уктан баран, муҥ түргэнинэн сиэлэн-хааман, тиритэн-хорутан дьиэтигэр аҕалбыта уонна тиэтэлинэн хоонньуттан хостоон таһааран эмээхсинигэр биэрбитэ: — Хара санаалаах, киһи быһыытын сүтэрбит Кириил кинээс бу кыыһын оҕотун сыгынньахтыы таһааран ыкка бырахтарбыт. Хамначчыттан төрөөбүт буруйугар бу кэбилээбиттэр. Хайдах эмэ маннык үчүгэй уол оҕону иитэн көрүөх, — дии-дии оҕонньор тэпсэҥнии турбута. Эмээхсин да оҕону олус аһынан, ылан сууйан-сотон куобах тириитигэр
суулаабыта, онтон эмсэх оҥорон үүтүнэн уонна атын да ас симэһинин сиэтэн-аһатан испиттэрэ. Оҕону уонча хонукка ииппиттэрэ, өлбөт чинчилээҕэ. Ол иһин оҕонньор ыраах нэһилиэккэ соҕотох олорор Балбаара диэн балыстааҕар баран, Кириил кинээс кыыһын оҕотун кистээн иитэрин кэпсээбитэ. Ону сотору син Кириил кинээс биллэҕинэ, оҕону ылан өлөртөрүө, оттон оҕонньору улаханнык таһыйан накаастыаҕа, онон ыраах сиргэ олорор Балбаара иитэн оҕону улаатыннаран киһи оҥордун диэн кэпсэппиттэрэ. Оҕонньор биир түүн ким да билбэтинэн оҥостон оҕону балтыгар Балбаараҕа илдьибитэ. Ону эмээхсин үөрэ-көтө ылан, олус үчүгэйдик харайан ииппитэ. Уол үчүгэйдик иитиллэр буолан, улаатан испитэ. Били төрүүрүн кытта ыкка быраҕалларыгар сиһин уҥуоҕун бүлгүрүппүт этилэр, инньэ гынан уол улаатан истэҕинэ сиһэ бөкчөгөр буолан иһэрэ. Кэнники киһи хорсуна, бэртээхэйэ буола улааппыта, ол туһунан кэлин кэпсиэхпит. Аанчык эрэйдээх оҕотун туһунан иэдээннээх кэпсээни истэн, өйүн сүтэрэ ытаан сордонон, баттаҕын үргэнэ-үргэнэ: «Син биир өлүөм. Үтүө дьүһүммүн көрөөр, хара санаалаах сиэхсит!» — диэн аҕатыгар хаһыытаабыт. Онуоха аҕата буолуохсут, Кириил кинээс, үөрэммит үгэһинэн, киһини кырбаан куттуубун диэн иһигэр эрэл санаалаах буолара, ол иһин төһө да төрөппүт оҕото буоллар, аһыммакка, хатыс быанан ханна түбэһиэх быһыта сынньыбыта: — Аньыыны саҥарыма, акаары! Тойон таҥара биһиги туох аньыылаахпытын барытын бырастыы гыныа. Биһиги сотору дьоллонуохпут. Эн баай киһиэхэ кэргэн тахсыаҥ, элбэх оҕолоох ийэ буолуоҥ. Ити туга да суох Дьуона ыаматын аһыныма, итиннээҕэр үчүгэй оҕолору айыы таҥара аныаҕа. Түксү, уурай, ытаама! — дии-дии дибдийбитэ. Аанчык эрэйдээх күнү быһа ытаан киһи аатыттан ааспыта, баттаҕа арбайа ыһыллан, сирэйэ-хараҕа дарбайа иһэн, сүрдээх дьүһүннэнэн баран, киэһэ ампаарга тахсан өтүү быанан моҥнон өлбүтэ. Кириил кинээскэ кыыһа бэйэтигэр тиийиммитэ, ханныгын да иһин, соҕотох оҕото буоларынан, улахан охсуу этэ. Киһи эрэ буоллар, улаханнык айманан ытаабыта. Кимэ да суох соҕотох хааллым диэн санаатаҕына, ыарахан этэ. Аанчык өлүүтүгэр соҕотох Дьуонаны буруйдуура, киниттэн манныкка тиийдэ диэн дьоҥҥо этэрэ. Ол иһин Кириил кинээс чаччыыналарыгар уонна хорохоотторугар дьаһал биэрбитэ: — Дьуона түөкүнү тутан манна аҕалыҥ. Кинини соҕотох кыыспын Аанчыгы иирдэн сиэбитин иһин тириитин үстэ сүлэн, ийэтин-аҕатын ырыатын ыллатан өлөрүөхпүт, кыыһым өлбүтүн киниттэн хайаан да иэстэһиэм, — дии-дии абаран, кыыһыран остуолун охсубута. Кириил кинээс ыытар дьоно, Дьуона быһыйын уонна улахан күүстээҕин билэр буоланнар, алта аллаах аты, кэлгийэргэ бөҕө быалары булан, хас да киһи батыйалаах, сорохтор быһахтаах, толору тэриллиилээх барбыттар. Икки чаччыына, биир хорохоот дуоһунастаахтары уонна үс эдэр модьу уолаттары талан, барыта алта киһи буолан айаннаабыттар. Кинилэр Дьуона сайылаан олорор алааһыгар киэһэ кэлэннэр, тыа саҕатыгар хоммуттар. Сарсыарда эрдэ туран, киирэн уолу утуйа сыттаҕына туох да айдаана суох саба түһэн тутуохпут диэн сүбэлэспиттэр. Ким тугу оҥоруохтааҕын, хайдах кэлгийиэхтээхтэрин, онно кимнээх быаны тутуохтаахтарын, сорох киһи уолу төбөҕө
охсон дөйүтүөхтээҕин барытын эрдэ кэпсэтэн кэбиспиттэр. Дьуона тапталлааҕа Аанчыга өлбүтүн истэн, тугун-ханныгын үчүгэйдик билээри ити түүн Кириил кинээс олоҕор барбыта, онно тиийэн хамначчыт доҕор уолуттан барытын истибитэ. Уол Кириил кинээс кыыһа өлбүтүгэр кинини буруйдуур уонна алта киһини тэрийэн ыыппыт, кинини тутан аҕалан накаастаан өлөртөрүөм диэн сааммыт үһү диэн кистээн кэпсээбитэ. Сайылыгын алааһын ойуурун кытыытыгар кинээс дьоно хоно сыталлара. Аттара онно өттүккэ туран, хонуу отун курдурҕаччы үргээн сиир тыастара иһиллэрэ. Дьуона кинилэри тумнан, биллэрбэккэ дьиэтигэр кэлэн, саппаас кэтэр таҥаһын, аҕыйах буспут аһы уонна үөлүллүбүт балыгы өйүө-ыһык ылан, кыра тирии хааһахха хаалаан сүгэргэ бэлэмнээбитэ. Отууга илдьэ сылдьар хоруолаах солуурчаҕын уонна сүгэтин угун кылгатан баран, биитигэр маһы тутан баайан сэрэҕэ суох оҥорбута, илдьирийбит эргэ тирии таҥаска солуурчахтаах сүгэтин суулаан сүгэһэригэр эбии укпута. Итиэннэ ийэтин уһугуннаран, тоҕо күрээн барарын быһааран кэпсээбитэ. «Кириил кинээс өлөртөрүөх буолар үһү, ону мин өлүөхпүн баҕарбаппын, эдэрим бэрт. Ханна баҕарар тиийэн сылдьар кыахтаахпын. Аан дойду иэнэ киэҥ дииллэр, онон соҕотох бэйэм сири булан сылдьыам. Онуоха эн, ийэм барахсан, санаарҕаама, айыы таҥарам анаан айбыт аллаах сыыдам атахтаахпын, онон сырыыны баҕас кыайан сылдьыам дии саныыбын. Эн, ийээ, хайдах эмэ үс сылга тулуйан олоро сатаа. Мин эйигин хайаан да кэлэн бэйэбэр илдьиэм. Ханна эрэ бэрт ыраах баран дьиэ туттан олохсуйуом уонна кэргэннэниэм. Дьолбун булуом диэн бэйэбэр чахчы эрэнэбин», — диэбитэ уонна ийэтин кытта уһуннук сыллаһан-куустуһан тахсыбыта. Таһырдьа күһүҥҥү халлаан эрдэ сырдаан, сарсыарда тахсан эрэр күн сардаҥата саһаран эрэр оту-маһы ордук кэрэ оҥорон көстүбүтэ. Кини санаатыгар, урут маннык кэрэ айылҕаны көрбөтөх курдуга, тоҕо эрэ хараҕын уута түспүтүн, кыбыстыбыттыы түргэнник соппута. Дьуона онно билбитэ — төрөөбүт-үөскээбит алаастан арахсан барыы, иитиллибит иэримэ дьиэттэн тэйии уонна истиҥник таптыыр ийэни хаалларыы олус ыараханын, дууһаны долгутар, сүрэҕи хамсатар сүрдээх кэмин. Кини оннук долгуйдар да, тэлгэһэтигэр тахсан, кинээс дьоно кэлэллэрин кэтэһэн сэргэхтик турбута. Сотору чаччыыналар аллаах аттарынан түргэнник битигирэтэн кэлбиттэрэ. Онтон аттарыттан түһэннэр, батыйаларын уонна өтүү быаларын туппутунан киниэхэ тула өттүттэн күөйэ эргийэн киирэн испиттэрэ. «Харыс да сири хамсаама, күн ыраахтааҕы илиитэ уһун, ханна да куотуоҥ суоҕа», — диэн киниэхэ кытаанахтык эппиттэрэ. — Оччоҕо мин сүүрдүм ол ыраахтааҕыга, илиитэ уһунун-кылгаһын көрүөхпүт. Аллаах аттары аҕалбыккыт дии, бэрт дьон атынан эккирэтэн мин эрэйдээҕи тутуҥ ээ! — диэн этээт, тус илин диэки сүүрэн элэстэнэ турбута. Кинээс дьоно аттарын миинэн эккирэтиэхтэригэр диэри Дьуона алаас ортотун ааспыта. «Дьэ сүтэрэн кэбиһэн, кинээстэн таһыллар дьон буолаары гынныбыт. Киэҥ сиргэ ыга сүүрдэн ситэн, харса суох баһын хампы эттээн тутуоҕуҥ, куота оонньообутун кэһэтиэҕиҥ», — дэһэ-дэһэ сүүрдэн ууннаран испиттэрэ. Алаас уҥуоргутугар ойуур саҕатыгар тиийбиттэрэ, Дьуона тииккэ өйөнөн, күүтэн турара: «Туох
буолбут бытаан аттаах дьоҥҥутуй? Хата, миигин уһуннук сынньатан абыраатыгыт! Оҕонньоттор маннык бытаан буоллаххытына, өр сырсыалаһарбыт буолуо!» — диэбитэ уонна ойуур иһигэр ыстаммыта, онтон тохтоон кинилэри күүтэр курдук куотан, сүппэт гына сүүрэн испитэ. Үһүс алааһы туоруулларыгар түөрт киһи атттарын күүстэрэ эстэн, бэрт ыраах хаалбыттара. Күн ортотун саҕана икки аттаах киһи эккирэтэр этилэр да, аттара мөлтөөбүттэрэ, тиритэ сатаан баран, үрүҥ күүгэн буолбуттара. Сиэр аттаах кырдьаҕас чаччыына доҕорун биэс уонча хаамыынан куотан инники иһэрэ, кини кэнниттэн маҥан аттаах чаччыына атын күүскэ кымньыылыыра да, түргэтиир кыаҕа суох буолбут этэ — тыбыыран ылара, күүһэ эстэн эрэрэ, сотору охтуох курдуга. Дьуона уруккуттан бэркэ билэр дохсун сүүрүктээх, дириҥ уулаах таас үрэҕэр элбэхтэ сылдьыбыт уонна урут манна бултаан-алтаан дьолломмут дойдута этэ, үрэҕи синньиир дириҥ сиринэн уһун ураҕас оҥостон, онон чиэстэнэн быһа ыстанан тахсар үгэстээҕэ. Ол ураҕас маһын үрэх сыырын үрдүгэр тииккэ сыһыары өйөннөрөн, охтубат гына баайан кэбиһэрэ. Билигин да ол ураҕастаах сиригэр кэлээт, онтунан чиэстэнэн уҥуоргу биэрэккэ ыстаммыта… Кырдьаҕас чаччыына атын хаалларан үрэххэ сатыы кэлэн, уу кытыытыгар хаһыытыы-хаһыытыы туран хаалбыта үһү. Оттон Дьуона дьэ холкутук хааман, саҥа дойдуну булан, дьоллоохтук олохсуйарга ааҕынан тус хоту айаннаабыта. Ол айаннаан бу Улахан Уулаах үрэҕи булан, онно олус үчүгэй сирдээҕин уонна бултааҕын иһин балаҕан туттан кыстаабыта. Үс көстөөх сиргэ нууччалар туппут остуруоктара баара уонна чугаһынан дьон олорбот сирэ эбит этэ. Хаһан эмэ ыраахтан сылдьар булчуттары көрсөн кэпсэтэрэ. Ким да кинини күрээн сылдьар киһи буолуо диэн санаабатаҕа. Оттон Дьуонаҕа бэйэтигэр да үчүгэй этэ. Киһи сылдьыбат буолан, хайдах эрэ кини хорҕойон сылдьарыгар табыгастаах дойду этэ. Оччотооҕу да сууттар Дьуона буруйа суоҕун билэннэр, Кириил кинээс үҥсүүтүн үчүгэйдик ирдэһэ барбатахтар. Хата, үчүгэй албакаат Дьуонаны көмүскээтэҕинэ, кинээс бэйэтин ыарахан буруйдара арыллыахтааҕа үһү. Ол иһин тойоттор сонно бэрик ылбыт кэмнэригэр көрдөөбүтэ-үлэлээбитэ буолаллара. Онтон сотору «көстүбэтэ, дьыаланы тохтотобут» диэн буолбута. Онон уоскуйан, Дьуонаны ирдэһэр дьыала сотору умнуллубута. Ону барытын билэн, кинини ирдэһии тохтообутун истэн, Дьуона саҥа үчүгэй балаҕаны туттубута уонна иккис сылыгар кэргэн ылан, кэнники хас да оҕолонон уонна, эппитин курдук, ийэтин үс сыл ааспытын кэннэ көһөрөн аҕалан, байан-тайан мааны ыал аатын ылан олорбуттар. 1938 сыллаахха бултуу сылдьан, ол Дьуона өтөҕөр Антипин диэн оҕонньордуун хоммуппут. Онно кини бэрт элбэҕи кэпсээбитэ да, кэнники умнан кэбиспиппин. Онтон билигин төһө өйбөр хаалбытын эһиэхэ суруйан билиһиннэрэ сатаатым. III Киһи дууһата сороҕор кыл саҕаттан иҥнэн, тыыннаах хаалан дьоллоох олоҕу олорор эбит. Биһиги кэпсиир киһибит, били ыкка сиэтээри төрүүрүн кытта таһааран быраҕалларыгар, сиһин уҥуоҕун алдьатан бөкчөгөр гына кэбилээбиттэрэ да, улаатан испитэ. Ииппит ийэтэ Балбаара эмээхсин кинини олус таптыыра, күнэ Сэмэнчиктэн тахсар курдуга, оҕотун кытта доҕордоһон,
олус бэркэ олороллоро. Уһун үйэтигэр улахан киһи буоллаҕына ааппын ааттатыа диэн үөрүүтэ сүргэтин көтөҕөрө. Сыллар ааһан испиттэрэ. Кини атахтара уһуна, оттон сиһэ алдьаммыт буолан, көхсө кыра кылгас этэ. Бөкчөгөрүттэн иҥнибэккэ түргэнник сүүрэрэ уонна илиитигэр да күүстээх, кыайыгас этэ. Улахан лэҥкэгэр төбөлөөҕө, кэтит сирэйдээҕэ, үрдүк сүүстээҕэ, киэҥ харахтаах, үчүгэй дьүһүннээх уол буола улааппыта. Кини бөкчөгөр буолан, дьонтон уҥуоҕунан намыһах, сиһэ алдьамматаҕа буоллар, улахан киһи буолуоҕа бохсуллубут этэ. Ол гынан баран, Балбаара кыра сааһыттан үлэҕэ үөрэппит буолан, туох баар үлэ арааһын, ымпыгын-чымпыгын барытын билэрэ уонна сатыыра. Бултуурга эмиэ улахан дьоҕурдаах оҕо этэ — кини балыгы илимнээн, туулаан ылара, көтөрү-сүүрэри туһахтаан, айалаан бултаһара. Ииппит ийэтэ уола бултаах кэллэҕинэ олус үөрэрэ, кинини сыллаан-уураан көрсөрө. Сэмэнчик олус өйдөөҕө, тугу истибитин, көрбүтүн өрүү өйдүүр үгэстээҕэ уонна ону олоххо баар чахчыга тэҥнээн көрөр буолара. Биирдэ Балбаара эмээхсиҥҥэ улахан үөрэхтээх политсыылынайы, оляк омугу дьукаах олордорго олохтоох баһылыктар дьаһайбыттара. Онон ол киһи кинилэргэ олорон Сэмэнчиги олус сөбүлээбитэ уонна нуучча тылыгар, суругар үөрэтэрэ. Бастаан олус ыарахан этэ, ол да буоллар, балтараа ыйынан Сэмэнчик кыралаан билэр буолан испитэ. Ол киһи уол үөрэҕи ылыах курдугун, үчүгэйдик өйдүүрүн, дьоҕурдааҕын иһин олус үөрэрэ. Сааскыга диэри уол суругу ааҕар уонна суруйар буола үөрэммитэ. Онон учуутал хайаан да кэпсэтиһэн, салгыы үөрэттэрэн, кинини үөрэхтээх киһи оҥоруохха диэн санаабыта. Элбэх кэпсэтиини оҥорон, ииппит ийэтин эрэйинэн сөбүлэһиннэрэн, поляк саас уолу бэйэтин кытта илдьэ барбыта. Сэмэнчик оскуолатын үчүгэйдик түмүктээн, учуутал семинариятыгар киирэн үөрэнэн бүтэрэн баран, соҕуруу үрдүк үөрэххэ барарга быһаарына сырыттаҕына өрөбөлүүссүйэ буолан, сэбиэскэй былааһы олохтуур иһин силлиэлээх-буурҕалаах сэрии кэмнэрэ саҕаламмыттара. Онуоха Сэмэнчик, атын доҕотторун курдук, саа-саадах тутан сэбиэттэр былаастарын олохтуур иһин кыһыл этэрээтигэр хамандыыры солбуйааччынан сылдьан, үрүҥнэри утары сэриилэспитэ. Кини элбэх сирдэринэн эргийэн, этэрээти кытта үөскээбит, оҕо бэйэтэ улааппыт алааһыгар кэлбитэ. Ииппит ийэтин кытта тоҕус сыл буолан баран дьэ көрсүһэр дьоллоох күн тосхойбута. Балбаара олус кырдьан уонна санаа-оноо баттаан өлөөрү сытара. Уола кэлбитигэр олус үөрэн, ытаан, өйүн сүтэрэн ылбыта. Кэлин уоскуйан, төһө эмэ дьэгдьийэн, чэпчээн, дьэ дьиҥнээхтик үөрэ-көтө кэпсэппитэ. Онтон салгыы урут кинини хайдах булан харайан оҕо гынан улаатыннаран ииппитин, эһэтэ буолуохсут Кириил кинээс кинини хайдах кэбилээбитин, үйэлээх сааһыгар бөкчөгөр гына төлкөлөөбүтүн, онтон да атын Кириил кинээс хараҥа оҥоһууларын, хара батталга дьону сордообутун туһунан наҕылыччы быһааран кэпсээбитэ. Билигин Кириил кинээс, кини да буоллар баайа баранан, кырдьан буорайан, субу өлөрө буолан олорор үһү. Хамначчыттара бары, олох уларыйан, саҥа былаас дьаһалынан, баай бастыҥ сириттэн быстаран ыла-ыла бэйэлэрэ туспа хаһаайыстыба тэринэн, ыал буолан олороллор. Кириил кинээс хара батталыттан босхолонон, бары дьолломмут курдуктар. Кириил кинээс күннээн сылдьарын саҕана Мэтэһийэр Өкүлүүнэ диэн көссүү дьахтардааҕа.
Өкүлүүнэ эдэригэр кырасыабай дьахтар, үлэһит үтүөтэ эбитэ үһү. Ол бэйэтэ билигин кырдьан, кыайан ханна да сылдьыбат буолан, «мэтэһийэ сүүрэрэ мэлийэн», өлөрө чугаһаан олорор үһү. Туох да дьоно суох эбит, онон былыргы көссүүтүн, кэлэр-барар кыаҕа суох буолбут Кириилин дьукаах киллэрэн олордор эбит. Кириил кинээс кэмсинэн ытыыр-соҥуур сураҕа иһиллэр эбит: «Уруум-аймаҕым суох. Ким да көрбөт-харайбат киһитэбин, өлөрбөр хайдах кэбилэнэн өлүөм эбитэ буолла. Барытыгар бэйэм буруйдаахпын, соҕотох кыыспын аһыммакка, баайга ымсыыран бэйэм сиэбитим. Баҕар, Дьуона уолу кытта холбоспуттара, онно көҥүллээбитим буоллар, ким билэр, дьадаҥы дьон да элбэх оҕону төрөтөн дьоллоохтук олороллор. Бука, кинилэр да төһө эмэ оҕолоох буолуох этилэр. Ону мин бэйэм абааһы буолан алдьаппытым. Онтубун кэмсинэн да, көннөрөрүм суох. Аны кэлэн ытаан да, тугу ситиһиэмий? Саатар хараҕым уута да тахсыбат буолбут», — диир үһү. Сэмэнчик ити кэпсээнтэн тэбиэһирэн, эһэтигэр баран көрсөн, тугун-ханныгын дууһатыттан кэпсэтэргэ быһаарынна. Хамандыырыттан биир күнү көҥүллэтэн, эһэтэ олорор сиригэр Алыы Күөлгэ атынан айаннаабыта. Күн ортотун саҕана Алыы Күөлгэ алаас саҕатыгар турар эргэ балаҕаҥҥа кэлэн, атын сэргэҕэ баайаат, дьиэҕэ киирбитэ. Эһэтэ буолуохсут дьүһүн-бодо буорайан, таҥхаччы кырдьан, тайах мас аргыстаах уҥа ороҥҥо олороро. Оттон Мэтэһийэр Өкүлүүнэ олус кырдьыбыт, хаар маҥан баттахтаммыт. Ол да буоллар күөстэнэ сылдьара, илиитэ имигэстик хамсыыра, туттара-хаптара билигин да түргэнэ. — Дорообо, Кириил Бөтүрүөбүс! Мин эн сиэниҥ Сэмэн Сэмиэнэбис диэммин, — диэтэ Сэмэнчик. — Дорообо, эдэр киһи. Мин ханнык да Сэмэн диэн сиэнэ суохпун. Бука, алҕас эттэҕиҥ буолуо. — Дьэ, оҕонньор, кубулҕатырыма, киһилии уруккуну-хойуккуну кырдьыгынан кэпсэтээри кэллим. Бэҕэһээ Харыйалаахха кыһыл этэрээтин кытта кэлсибитим. Онтон ииппит ийэбэр баран, эн тускунан элбэҕи кэпсэтэн биллим. Эйигин, эһэм оҕонньору, көрсөн, ханнык аатыран сылдьыбыккын билэн-көрөн бараары кэллим, — диэн Сэмэнчик холкутук эттэ. Онуоха оҕонньор, киһи эрэ буоллар, дьиктиргээтэ, харахтара симириҥнээтэ, кэлэҕэйдээтэ: — Бэйи, доҕор, хайдах мин эйиэхэ эһэҥ буолуохпунуй? Мин туох да ыччата суох, соҕотох хаалбыт тулаайах оҕонньорбун. Урут, кырдьык, баайдаах-маллаах этим. Ону сэбиэскэй былаас былдьаан ылан сирбин, сүөһүбүн, малбын-баайбын барытын дьадаҥыларга түҥэтэн биэрбитэ. Оттон аҕыйах көмүстээхпин, харчыбын чыкаалар ылбыттара. Хата, бэйэбин тыыннаах хаалларбыттарыгар махтанабын. Миэхэ билигин харчы аҥаара диэн суох. Ону эн чыкааттан сылдьар буоллаххына, өйдөөн кэбис, — диэн оҕонньор баайса олордо. — Суох, оҕонньор, мин ЧК үлэһитэ буолбатахпын, кыһыл этэрээт хамандыырын көмөлөһөөччүтэбин. Мин эйиэхэ сиэниҥ буоларым туһунан тугу да кистээбэккэ баарынан кэпсиэм, оччоҕо барытын өйдүөҥ уонна билиэҥ, — диэтэ Сэмэнчик уонна онтон салгыы урут, отут сыл анараа өттүгэр, Кириил кинээс тугу оҥорбутун, киһи сиэрин-майгытын сүтэрэн, сидьиҥник быһыылана сылдьыбытын барытын сиһилии кэпсээтэ. Онуоха оҕонньор, киһи соһуйуох, ынырыктык хаһыытаан ытаата: — Хара сорум да эбит, туох гынаары өлбөккө сылдьаммын, урукку хараҥа буруйдарым дууһабын долгутан, сүрбүн-куппун сүтэрэн, өрүттүбэккэ өлөргө үтэйэн эрдэхтэрэ буолла. Оо, дьэ, буор уйбат модун буруйдаах мин буолабын. Эйигин төрүүргүн кытта ыкка бырахтарбытым, ону хамначчыттар «ыт оҕону тугун да хаалларбакка бүтүннүүтүн сиэбит» диэн кэпсээбиттэрин итэҕэйэн, эйигин аан дойдуга суоҕунан ааҕа сылдьыбытым. Ону Сиэллээх Сэмэн өрүһүйэн, тыыннаах хаалларан, ханныгын да иһин сиэннээх эбиппин диэн өйдөөн үөрүүлээх өлөр киһи буолбуппун, — диэтэ оҕонньор. — Оччолорго баай, халыҥ халыым иһин соҕотох кыыспын атыылаары сордонон хараҕым хараҥаран, санаам сарбыллан сылдьан тугу да кэрэйбэт, киһи аатын сүтэрбит сидьиҥ киһи буола сылдьан, эйигин төрүүргүн кытта, хамначчыттан төрөөбүт диэн буруйдаан, ыкка сиэттэрэ бырахтарбытым кырдьыктаах. Онон ол отучча сыллааҕы ыар буруйбун төһө да кэмсиннэрбин, аньыым-харам бу аан дойдуга баарым тухары сууйуллубат. Ол да буоллар урууну-хааны хайдах да кыһыйан кэбиспэккин, онон эн мин хааным — сиэним эбиккин, билигин дууһабар үөрүү кыыма буолан, өрүү тыыннааҕым тухары хатана сылдьыаҥ, — диэн саҥа таһааран ытаан сыҥыргыы олордо. Онно Мэтэһийэр Өкүлүүнэ эмиэ тулуйбакка хараҕын уутун сотунна. Оттон Сэмэнчик эһэтин албыннаан уруурҕаһар, урут ыкка бырахтарарын саҕана аһымматах этэ дии санаан, улаханнык уордайбыта: — Саҥарба! Эн дьиҥнээх киһини сиэччигин! Мин эйигин хаһан да уруурҕуом суоҕа! Сокуоҥҥа сатанара буоллар, эйигин, дьон хаанын иһээччини, бэйэм ытан өлөрүөм этэ. Эн миэхэ уонна мин доҕотторбор кыр өстөөххүн, эн билигин да дьону сиир торҕон бөрөҕүн! — Кэбис даа, Сэмэн Сэмэнэбис, олус сүрдээхтик этимэ. Төһө да ыарахан буруйдааҕым иһин, кэнники туох баар сирбин, баайбын барытын сэбиэскэй былааска биэрбитим. — Эн буруйуҥ хаһан да, ханна да сотуллуо суоҕа. Урут кинээс уонна баай эрдэххинэ кыра дьону олус баттаабыккын, хамнас төлөөбөккө саастарын тухары үлэлэтэн сордообутуҥ, ону төлөтөн, саҥа былаас сиргин-баайгын дьадаҥыларга үллэрэн биэртэ. Ону, сааппакка, бэйэм биэрбит үтүөлээхпин диэри гынаҕын дуо? Бэйи, тохтоо! Соҕотох кыыскын халыҥ халыымҥа атыылыахтааххын, хамначчыт уол кистээн оҕолообут. Кыыскын наһаа таһыйан накаастаабыккын тулуйбакка уонна миигин төрүүрбүн кытта ыкка быраҕан сиэттим диэҥҥин, ийэм эрэйдээх ити муҥтан бэйэтигэр тиийинэн өлбүт. Оттон миигин онно бырахтараргар сиһим уҥуоҕун тоһутан, үйэм тухары бөкчөгөр гына кэбилээбиккин. Эн туох да сууйбат ыарахан буруйдааххын. Мин барытын эн тускунан истэн-билэн сылдьабын. Кэнники күрүөйэх бандьыыттар кэлбиттэригэр төһөлөөх үчүгэй дьону донуостаан өлөртөрбүккүнүй? Ревком үлэһиттэрин, сэбиэскэй былаас тэрийээччилэрин албыннаан үҥсэн, хобулаан биэрбиккиний? Билигин да, кырдьан буорайан олороҥҥун, кыһыллар диэки санаалаах дьон диэн үс киһини өлөртөрөргө үҥсүбүт донуоһуҥ Харыйалаах ыстаабыгар бандьыыттар дьыалаларыгар баар этэ. Эн дьиҥнээх сиэхсиккин, туох баар буруйгун сэбиэскэй суутунан көрөн, норуот дьүүлүгэр туруоран, кытаанах миэрэҕэ тардыллыаҥ, — диэтэ Сэмэн. — Хара сорум баар эбит, кырдьан буорайан өлөн эрэбин. Өллөхпүнэ, аньыыбын-харабын айыы таҥара бэйэтэ көрөн эмиэ кытаанахтык накаастыаҕа. Онон эн миигин дьыалалаама, мин субу өлөөрү олоробун. — Эйигин ким да аһыныа суоҕа, ыар буруйдааххын, хайаан да сууттаныахтааххын. Онно кырдьаҕаскынан куотуоҥ суоҕа, арай буруйданар миэрэҕин чэпчэтиэхтэрэ. Итинэн этэрим бүтэр. Эһэм оҕонньор, эйигин кимҥин-туоххун толору билэн бардым. Билигин да үөн буолан хончоҥнуу олороргун үчүгэйдик өйдөөтүм. Быраһаай! — Сэмэнчик түргэнник тахсан барда. Оттон Кириил оҕонньор кэмсинэн, кутурҕанын саҥара-саҥара хойукка диэри ытыы олорбута. Дмитрий Колесов «Оллой кулуба уонна Кэдээк ойуун» диэн «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо» сиэрийэнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан