Кэпсээ
Войти Регистрация

АРҔАМА ТУҺУНАН (НОМОХТОР)

Главная / Кэпсээн арааһа / АРҔАМА ТУҺУНАН (НОМОХТОР)

K
edersaas.ru Категорията суох
28.06.2018 20:00
Маҥнайгы түбэлтэ Бу дьикти ааттаах киһи Мэҥэ улууһугар, Хара нэһилиэгэр Маалыкаан диэн ааттаах алааска сүөһү ииттэн, бултаан-алтаан олорбут. Сайынын Майа алааһыгар оттуур, туулуур, кыһынын чугас эргиннээҕи тыаҕа бултуур. Бу олордоҕуна, улахан сут дьыл буолбут. Үчүгэй сирэ суох дьон, дьадаҥылар ордук быстыбыттар, баайдар даҕаны сүүһүнэн ахсааннаах сүөһүлэрин сыл таһаарар кыахтара суох буолбут. Ордук өрүскэ уу элбэхтик кэлэн, өрүс эргиннээҕилэр хотторбуттар. Онон Арҕаа Хаҥалас баайдара от атыылаһа тыаҕа тахсыталаабыттар. Биир баай Арҕаматтан кэлэн от атыыласпыт. Ону кытта сүүнэ улахан, хас да сыл куруламмыт оҕуһун биэрбит. Арҕама ол оҕуһун киирэн ыҥыыр акка холбоон илдьэ тахсыбыт, оттон отун ыыппатах. Тиэйэн киллэрдэҕинэ эрэ ол эрэйин баай төлүөхтээх эбит. Кыһын ырааппыт, Арҕама оту тиэйэн киллэрбэтэх. Баай кэтэһэ сатаан баран, уонча аттаах дьонун ыыппыт. Биир тымныы киэһэ, Арҕама балаҕанын иһигэр уон киһи кутулла түспүт. Бу Арҕаа Хаҥалас баайын илдьиккэ сылдьар дьоно эбиттэр. Үгүс кэпсэтиитэ суох наадаларын эппиттэр: — Бу тойоммут илдьитинэн кэлэн турабыт. Оҕускун эбэтэр ыытыах буолбут оккун биэр. Ыыппат буоллаххына, алаһа дьиэҕин, аал уоккун кытта түргэнник быраһаайдас, — диэн буолбут. Маннык бардам кэпсэтиини истибэтэх буолан, Арҕама өрө кыбдьыгырыы түһээт таһырдьа ыстаммыт, кини кэнниттэн кэлбит дьон тахсыбыттар. Киһилэрэ оҕуһун сиэтэн аҕалбыт, кыра тэрээк сүгэни ылан аҥаар илиитинэн сүүскэ биэрбит, уойбут аарыма оҕус тиэрэ таһылла түспүт. Оҕуһу түөрт атаҕыттан ылан өрө анньан таһаарбыт, дьон көрөн турдаҕына, балаҕанын үрдүгэр өрө садьыйбыт уонна: — Дьэ, оҕускутун итинтэн ылан илдьэ барыҥ, от бэриллибэт, — диэн буолбут. Маны көрбүт дьон олус диэн сөхпүттэр, харахтарын тиэрэ көрбµттэр, туох да саҥата-иҥэтэ суох аттарын үрдүгэр түспүттэр да, арҕаа диэки сиэллэрэ турбуттар. Тойоннорун сорудаҕын кыайан толорбокко, бэркэ саллан, үүттэрин тохпут оҕо курдук дойдуларын булбуттар… Иккис түбэлтэ Сир үллэһигэ буолбут. Арҕаматтан Майа алааһын аҥаарын туран биэрэргэ эппиттэр. Маны истээт, кинээ һин өрө көрөн олорон: — Миигиттэн биир да салаа оту ылыаххыт суоҕа, андаҕайабын уонна алаас арҕаа өттүгэр бэлиэ оҥоруом, онтон иһирдьэ киирэ да сорунаайаҕыт, — диэн баран киһилэрэ олох да кэпсэтиитэ суох дьиэттэн тахсан барбыт. Ол баран Майа алааһын арҕаа өттүгэр баар тумулга турар тииккэ бэлиэ охсубут. Ол бэлиэтэ өргө диэри баара дииллэр. Үһүс түбэлтэ Биирдэ сайылыгыттан кыстыгар баран иһэн Көттөн диэн алааска нууччалары көрсүбүт, нууччалыы билбэт буолан, таах ааһан хаалбыт. Нууччалар бу киһи олус улаханыттан саллыбыттар. Оҕонньор дэйбииринэн аа-дьуо сапсына-сапсына барбытын, өр көрөн турбуттар. Ол кэннэ суол кытыытыгар, аарыма улахан тииккэ кини төбөтүн мөрсүөнүн оҥорбуттар. Бу киһи төбөтүн эргиирэ аҕыс ыллар харыс эбитэ үһү. Бу Көттөн алаас Куоҥ Харах диэн билигин ат сүүрэр алааһын соҕуруу өттүгэр баар. Төрдүс түбэлтэ Саха сиригэр кэлэ сылдьыбыт граф Игнатьев Лепчиков
кулубаҕа ыалдьыттаабыта биллэр. Онно алаастары көрө сылдьан Арҕаманы көрсүбүт уонна төбөтө улаханын көрөн олус диэн сөхпүт. Хаадьаҕар диэн алааска көрсүбүттэр эбит. Ол алаас халдьаайытыгар улахан тииккэ мээрэйдэппит. Онто биир арсыын буолбут. Оҥорторбут төбөтүн кээмэйэ аҕыйах сыллаахха диэри баар этэ дииллэр. Бэһис түбэлтэ Нөөрүктээйилэр Майа алааһын охсо, күүлэй тэрийэ элбэх киһилээх-сүөһүлээх тиийэн кэлбиттэр. Бу алааһы Арҕама оттуурун бэрт үчүгэйдик билэллэр эбит. Кинилэр кэлиилэригэр Арҕама баар эбит, алааһын халдьаайытыгар, күн үчүгэйдик көрөр сиригэр, уот оттон, ардьатыттан ылбыт биир тымтай кэриҥэ балыктарын үөлэн сии олорбут. Нөөрүктээйилэр алаас куулатыгар, күлүк сиргэ кэлэн тохтообуттар. Чэй өрөн аһаабыттар, айдаарбыттар-куйдаарбыттар. Арҕама аһаан бүтэн, бэрт улахан саха хотуурунан алааһын эргийэ охсон кууһурҕатан барбыт. Арҕама баайыылаах ат хаамыытынан холобурдаах барар киһи буолбут. Тохтобул, сынньалаҥ диэни билбэт, көрдөххө, хаптайа-хаптайа иннин диэки дьүккүйэр. Эчи улахана, кыайара-хоторо астыга бэрт үһү. Нөөрүктээйилэр саллан ибири-сибири хомунан, тыаһа-ууһа суох дойдулаабыттар. Г.Д. Сосин «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» диэн 2015 с. «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо» сиэрийэнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэтиттэн
edersaas.ru сайтан