Кэпсээ
Войти
Регистрация
Көмүс кытахтан төкүнүйүү
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Көмүс кытахтан төкүнүйүү
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
07.02.2020 17:08
Тиихэннээх Баһылай окко сытан нухарыйан ыллылар. Ол икки ардыгар халлаан суһуктуйа быһыытыйда. Тиихэн тиэрэ эргийэн халлааны одуулаһа сытта. Тула уу чуумпу. Бэл, айылҕа оҕолоро туох да тыаһын-ууһун биллэрбэттэр. Маннык кэмҥэ Тиихэн урукку олоҕун эргитэ санааччы. Ол иһин, биир үксүн ааспат-арахпат муунтуйуутуттан аралдьытынаары, үрүҥ «атаһын» кыбына сылдьан иһэр. Суор-тураах курдук ускул-тэскил сылдьыбыта уонча сыл буолла. Билигин иһэн-аһаан, киһи аатыттан ааһан, ким да наадыйбат киһитэ буолбут. Чугас дьоно көнөр суолга туруора сатаан баран сапсыйбыттара ыраатта. Бу билигин бытыылканы кууһан сыппытын и´ин... Кини даҕаны урут киһи сиэринэн олорбута ээ. Соҕуруу үрдүк үөрэххэ үөрэнэн, ойохтонон, оҕолонон, үлэлээн, эргинэн, баараҕай дьиэ-уот туттан, байан-тайан олорбута. Туох да диэбит иһин, киһи эрэ ымсыырар олоҕун олорбута. Оо, ама, ааспытын иһин, кини даҕаны уола-хаан этэ буоллаҕа! Оннук кэмнэр ааспыттараа... *** Тиихэн эдэригэр уһун дьылыгыр уҥуохтаах, кэтит сарыннаах, сахаҕа кырасыабай көрүҥнээх уол этэ. Ол саҕана соҕуруу куоракка үөрэнэр уолаттар борохуолкаттан ол-бу сээкэйи атыылаһа-атыылаһа Дьокуускай устудьуоннарыгар аҕалан батарар этилэр. Тиихэн устудьуоннуу сылдьан кэлэн-баран, эргитэн-урбатан, дьэ, чахчы сатабыллаах уол этэ. Эҥинэ бэйэлээх кыргыттар сүрэхтэрин туппут, ытаппыт буолуохтаах. Биир сайын төрөөбүт дойдутугар бара сылдьан сайылыкка үлэлиир кыыһы көрсүбүтэ. Даайа, тулаайах иитиллибит буолан эбитэ дуу, төрөппүттэрдээх оҕолортон ураты көрүүлээх киһи. Эйэҕэһинэн-сайаҕаһынан, өйүнэн-санаатынан, түргэнинэн-тарҕанынан уонна биир да мүнүүтэҕэ олорон көрбөккө үлэлииринэн сайылык олохтоохторун куттарын туппута. «Биһиги кыыспыт» диэн таптаан ааттыыр буолбуттара. Уопсайынан, олоххо тардыһыылаах кыыс этэ. Дьиҥэ, үөрэҕэр үчүгэй кыыс төһө баҕарар үөрэниэ этэ да... Тоҕо эрэ оройуон кииниттэн дьүөгэтин кытары түҥкэтэх бөһүөлэккэ ыанньыксыттыы тахсыспыта. Оччолорго үрдүк үөрэх кыһата тулаайахтары биир-биэс саҥата суох ылара. Талбыт үөрэхтэригэр, уопсайдарыгар киирэр кыахтаахтара. Ону Даайа туһамматаҕа. Баҕар, дьылҕата маннык суруллан турдаҕа буолуо... Тиихэн бииргэ үөрэммит уолаттарын кытары кэлии кыргыттар үлэлии сылдьар сайылыктарыгар барсыбыта. Соҕуруу дойду мааны кыргыттара моонньугар иилистэ сылдьалларыттан салҕан, дэриэбинэ кыргыттарын көрүөн баҕарбыта. Бу үлүгэр көрүҥнээх уолу сайылык кыргыттара даҕаны бэркэ ымсыыра көрбүттэрэ. Манна даҕаны мин аҕай дэммит эҥинэ бэйэлээх кырасаабыссалар бааллара. Кыргыттар оҥосто-оҥосто илин-кэлин түсүһэн барбыттара. Арай Даайа туохха да наадыйбатахтыы туттан дьиэ иһинэн-таһынан киирэ-тахса сылдьыбыта. Сирэйинэн да, быһыытынан да “ыал аайы баар кыыс буолан” урут да уолаттар харахтарыгар хатаммат этэ. Арай Тиихэн эрэ сайылык саамай бүрэ кыыһын булан таба көрбүтэ. Даайа титииккэ үлэлии сырыттаҕына бэйэтинэн тиийэн кэлбитэ. Ол түүнү быһа Даайалаах Тиихэн иккиэйэҕин эрэ үрэх устун хаамсыбыттара. Онтон ыла Тиихэн сайылыкка күннэтэ субуллар буолбута. Күһүн дьонугар кийиит кыыһы батыһыннаран киллэрбитин, уол дьоно төһө да, соҕуруу үөрэнэ сылдьар уоллара тулаайах ыанньыксыт кыыһы ылан эрэрин сөбүлээбэтэллэр, көрсүһүү оҕотун син тэрийбиттэрэ. Тиихэн үөрэҕэр барбытын кэннэ Даайа уол дьонугар хаалбыта. Ол сыл эдэрдэр оҕоломмуттара. Туругас-олоругас, бэрт дьаһаллаах кыыһы дьиэлээхтэр
да сөбүлээбиттэрэ. Тиихэн эһиилигэр үөрэҕин бүтэрэн кэлбитин кэннэ эдэрдэр оройуон киинигэр көспүттэрэ. Тиихэн ыйга биирдэ кэлэр кыра хамнаһы кэтэһэн олорботоҕо, били соҕурууҥ²у табаарын уора-көстө атыылаан, эргитэн, мэнэйдэһэн син кыралаан харчы өлөрө сылдьыбыта. Ол кэмҥэ оруобуна олохпут тосту уларыйан ыһыллыы-тоҕуллуу саҕаламмыта. Дьон дьорҕоотторо сонно тута аныгы олох долгунугар олорсубутунан барбыттара. Атыыһыт, эргиэмсик балай эмэ элбээбитэ. Уопсайынан, сатабыллаах саһыл саҕаланар кэмэ үүммүтэ. Туораахаптар эмиэ кэм дьолуотун мүччү туппатахтара. Уолаттар тутуспутунан тахсыбыттара. Улахан тэрилтэ тэриммиттэрэ. Соҕотох балтыларын эрин Тиихэни дьыалаҕа киллэрбэтэхтэрэ. Тиихэн бэйэтэ даҕаны сэбиэскэй саҕаттан уора-көстө үспүкүлээннээбит бастакы хараҥаччы, ама, маннык дэлэй олохтон хаалыа дуо?! Сылдьыбыт үөрүйэҕинэн, соҕуруу кэлэн-баран табаар бөҕөтүн аҕалан атыылаабыта. Аҕыйах кэппиэйкэҕэ ылбытын биэс бүк үрдэтэн атыылаан үллэҥнэппитэ. Эдэрдэр сонно тута дьиэ-уот туттан, туспа буруо таһаарынан олороллор. Даайа барахсан икки кыыһын көтөхпүтүнэн дьиэ иһинэн-таһынан сүүрэ сылдьан хачыгырыйбыта. Онтун быыһыгар, өрүү да дьоҥҥо сөбүлэтэр Даайа баран-кэлэн, кэпсэппитэ-ипсэппитэ буола сылдьан, Тиихэнэ аҕалбыт табаарын батара охсон кэбиспит буолар. Бөһүөлэк дьоно үксэ кинилэргэ сыбыытаһар буолбуттара. Ол аайы, киирбит-тахсыбыт дьоҥҥо биир суол таҥаһы-сабы сүктэрэн атыыта хамаҕатык барара. Оччолорго аһара кыахтаахтар кыараҕас сиринэн муҥурдаммат буолан хаалбыттара. Дьоллоох Дьокуускай куоракка көһөн кэлии элбээбитэ. Тиихэннээх даҕаны хаалсыбатахтара, дойдуларын “тэбэр сүрэҕэр” көһөн кэлбиттэрэ. Сир түннүгэ Даайа атыыта манна да хамаҕатык барбыта. Тиихэн уһаайба атыылаһа охсон ханна да суох кырасыабай дьиэтин тутан таһаарбыта. Сити курдук үлэлээн-хамсаан, дьиэ-уот туттан бэрт дэлэгэйдик олорбуттара. Уруккуттан да аптарытыаттаах Тиихэн байан-тайан, кыра-хара дьону соччо билиммэт буолбут үһү диэн сурах бөһүөлэктэригэр тилийэ көппүтэ. Тыала суохха мас хамсаабат дииллэринии, дьон тыла-өһө оруннаах этэ. Тиихэн, чахчы, сорох-сорохторун кытта улаатымсыйан кэпсэппэт буолбут этэ. Бииргэ үөскээбит уолаттарыгар сыһыана тосту уларыйан испитэ. Арыт олус киэбирэн, олорон түһүөхтэригэр диэри бардьыгынаталыыр. Куорат «курутуойдарын» кытта суксуруһар идэлэммитэ. Оннук сылдьан испэт бэйэтэ д³рүн-д³рүн холуочуйар идэлэммит. Даайатын «дьыаланы кэпсэтэбин» диэн саҥардыбат буолбут. Аны, хаартыһыттары кытары суксуруһан нэдиэлэни нэдиэлэнэн, ыйы-ыйдаан сүтэн хаалан иэдэтэлээбит. Даайа атыытын барытын бэйэтэ тута сатаабыт да... киһитэ сүүйтэрэ-сүүйтэрэ «дьыалатын» бүтүннүү эһэн кэбиспит. Онтон улам массыынатын, онтон дьиэтин былдьаабыттар. Киһилэрэ “санаата ооонньоотох” аатыран тохтообокко иһэр буолан хаалбыт. Даайа дьиэ куортаманаһа-куортамнаһа киһитин хаста даҕаны бырастыы гынан сууйан-сотон, эмтэтэн киһи гына сатаабыта ээ... Ханна баарый?! Тиихэн кэлэ-бара үөрэммит киһи, дьиэҕэ хаайтаран олорорун хантан тулуйуой. Туох эрэ сылтах булан, уулуссаҕа тахсан сүтэн хаалара. Бүтэһигин кыра уола Сэмэнчигэ үһүс кылааска үөрэнэ сырыттаҕына барбыта. Даайа кэлин дьонтон киһитэ букатын киһи билбэт гына бииһирбитин туһунан куһаҕан сураҕы истибитэ. *** Тиихэн илиитин хамсаппытыгар, «биһиги бу баарбыт ээ» диэбиттии, буокка кураанах бытыылкалара т³күнү²нэстилэр. Бытыылка тыаһа Тиихэн кулгааҕар хаһааҥҥытааҕар да минньигэстик иһилиннэ. Төбөтүн өндөтөөрү гыммыта, баһа ким эрэ охсубутун курдук ыарыйда. Тиихэн
төбөтүн туттубутунан төттөрү нукус гынна. Уһуутаан ылла. Утатан тамаҕа хатан, силимнэ´эн хаалбыт айаҕын аппаҥната сатаата. “Саатар, биир хааппыла уу испит киһи” диэн санаа төбөтүгэр күлүм гынан ааста. — Айака-аа... хайа төбөм туох айылаах ыалдьарый? Ким саайбыт баҕайыный? Оо, уу испит киһи баар ини, эчи тамаҕым хаттаҕыан... Тур, Баһылай... — диэн аттыгар сытар киһитин илгиэлээтэ. Анарааҥ²ыта омуннаахтык соһуйан олоро биэрдэ. — Һуу, бу тугуй?! Ким тардыалыырый? – диэн, хараҕын мээнэнэн көрүтэлээтэ. Иһэн дьоспойон хаалбыт сирэйэ кытаран-наҕаран субу үллэн, адьас эстиэх айылаах буолбут. Чочумча олоро түһэн баран салыбырас илиитинэн, били кураанах бытыылкатын ылан, баҕар, биир хааппыла түһүө диэбиттии, хантатан иҥсэлээхтик обортолоото. — Мин, мин... төбөбүн хайалара дэлби сыспытай? Ыарыыта сүрдээх... Айыкыы-айака...– Сыра бөҕөнөн тураары үнүөхтээбитэ, илиитэ-атаҕа нукаай курдук, этэ-сиинэ бүтүннүү умайыктанна. Төбөтүн иһэ дириэллээн эрэр курдук, биир кэм дып-дыыгынас. Тиихэн сэрэнэн төбөтүн, сирэйин туттан көрдө. Төбөтө сүүлэ иһэн хаалбыт, сирэйэ-хараҕа бүттэтэ суох күөх баламах. — Ыттар сиэбиттэр буолбат дуо?! Бу кэбилээтэхтэрин... Баһылайа туран, тэлиэс-былаас дайбаан, чалбахха тиийэн умса түстэ. Ытыһан ыла-ыла истэ. — Тиихэн, кэл, хата, уута ис. Биһиги дьолбутугар, чалбах баар эбит, — дии-дии, били чалбаҕар сирэйин ньухханна. Чалбаҕа бар-бадараан буолан биэрдэ. Ол аайы кыһаллыбат дьон. Оннооҕор буолуоҕу көрбүттэрэ. Тиихэн, уу диэни истээт, нэһиилэ байааттаҥнаан, түөрт атах буолан ымсыырдар чалбаҕын диэки сыылаҥхайдаата. Чалбахха кэлэн сирэйинэн умса түстэ. Ынах уулуурун курдук бокуойа суох чалбах уутун иҥсэлээхтик киллиргэттэ. Дьолломмут дьон сиэринэн тугу эрэ толкуйдуурдуу чочумча олоро түстүлэр. Бүгүн ханна баран хоноллор? Биир эмэ ыал хоннорор дуу, суох дуу? Суор-тураах курдук эмиэ таһырдьа хоноохтууллар дуу?! Нэһиилэ байааттаҥнаһан даачалар диэки хаамтылар. Баҕар, биир эмэ үтүө санаалаах киһи ас сыыһын быраҕан биэриэ... Сити курдук тэлиэс-былаас үктээн мыраан диэки кэллилэр. Киһи бөҕө көстөр, массыына да массыына. Оҕо саҥата аймалас. Оскуола оҕолоро тахсыбыттар быһыылаах. — Нохоо, мантан барыахха... Оҕолор сылдьаахтыыллар, аны биһигини көрөн куттаныахтара... — диэн Тиихэн киһи эрэ буоллар кыбыстыбыта буолла. — Бара сылдьыахха... баҕар, туох эмэ ас сыыһын бэрсиэхтэрэ... — диэн Баһылайа туох да и´ин буолуммат. Сити курдук оҕолор тастарыгар тиийэн кэллилэр. Уолаттар футболлуу сылдьаллар эбит. Кэннинэн хайыһан турбут уол эргиллэ биэрбитэ — Тиихэн уола Сэмэнчик турар эбит. Сэмэнчик аҕатын көрөн тута биллэ. “Кэпсэтиэх баҕайым дуу, суох дуу” диэн, саараан өр саҥата суох көрөн турда. Онтон-мантан «бичтэр сылдьаллар», “баҕайылар тугу гына сылдьалларый», «барыҥ мантан» эҥин диэн тыллар иһилиннилэр. Сэмэнчик үөрүөн да, кыбыстыан да булбата. Аҕатын тонолуппакка көрөн турда. Тиихэн уолун көрөн, дьоллонон иэдэһигэр хараҕын уута субуруйан түстэ. Сэмэнчигэ бачча улааппытын өссө көрө илигэ. Дьиэтиттэн барбыта үс сыл буолла. Уолаттар кэлбит «ыалдьыттары» буорунан тамнаатылар. — Сэмэнчик, хаһан
да биистэри көрбөтөҕүҥ дуо? Туох айылаах көрөн тураҕын, — диэн аттыгар турар уол саҥарда. — Үүртэлээн ыытыахха... Аспытын уора кэллилэр быһыылаах... Кырбаталаан биэриэххэ баар этэ, — дии-дии саамай сытыылара маҕыйа-маҕыйа маһынан бырахта. Мас оруобуна Тиихэн төбөтүгэр кэлэн түстэ. Сэмэнчик аҕата сууллан эрэрин көрөн мээчигин быраҕаат, аҕатын диэки сүүрдэ. — Аҕаа, аҕаа... бу мин Сэмэнчикпин дии... Аҕаа, өлүмэниий... ыы-ыы-ыы... Дьиэбитигэр барыахпыт ээ... — дии-дии Сэмэнчик Тиихэҥҥэ сүүрэн тиийэн төбөтүттэн кууһан ылла. Аҕата тыын быһаҕаһынан бырдыргыы сытта. Баһылай да, уолаттар да тугу да өйдөөбөтөхтүү Сэмэнчиктээх Тиихэни көрөн турдулар. Ким да тугу да саҥарбат. Бары ах бардылар. Биир уол өй ылан улахан дьону ыҥыра барда. — Бичтэр кэллилэр... Биир бииһи Вова маһынан бырахпыта сууллан түстэ. Ону Сэмэнчик «аҕаа-аҕаа» дии-дии охтубут бииһи кууһан баран олорор, —- диэн тыллыы барбыт уол омуннура-омуннура кэпсээтэ. Улахан дьон бары сүүрэн кэллилэр. Сэмэнчик ийэтэ Даайа истэн баран куһаҕан буола сыста. Эчи кыбыстыытын... Бу кэннэ дьон сирэйин хайдах таба көрөбүт диэн өйүгэр охсулунна. Уолун аһынан өлө сыста. Сүүрэн кэлбиттэрэ, чахчы, Сэмэнчик биир бииһи кууһан баран ытыы олорор. Даайа көрбүтэ, Тиихэнэ, чахчы, нэһиилэ бырдыргыы сытар эбит. Чахчы, кинилэр аҕалара эбит. Хайдах да буолуон билбэтэ. Сүрэҕэ ыгыта туппахтаата. Уонна эмиэ Тиихэнин үрдүгэр саба түстэ. — Бэрт түргэнник куоракка илдьиэххэ наада... ким массыыналааҕый? — диэн эргиччи көрбүтэ, тулалаан турар дьон бары кинилэри сиилиирдии, сэниирдии, эмиэ да соһуйбуттуу көрөн тураллар. Ол икки ардыгар Баһылай: — Бу уол маһынан бырахта... — диэн кээҕинээтэ. Анарааҥ²ыта «мин буолбатах, мин буолбатах...» диэн сарылаата. Ол уол төрөппүттэрэ: «Оҕолору куттаан тоҕо манна кэлбит биистэрий?» — диэн айманнылар. Бука бары маһынан бырахпыт уолу көмүскээн суугунаһа түстүлэр. Арай Сэмэнчиктээххэ эрэ ким да кыһаллыбата. Даайалаах Сэмэнчик бии´ирбит аҕаларын кытары бэйэлэринэн оннук олорон хааллылар. СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан