Кэпсээ
Войти
Регистрация
Хойукку булт (дьиҥнээх олохтон)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Хойукку булт (дьиҥнээх олохтон)
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.10.2022 18:00
Бүгүн Максим Ксенофонтов булт туһунан саҥа кэпсээнин ааҕыҥ. Биирдэ, үйэ саҥа саҕаланыыта, 2001 сыллаахха, Өктөөп бырааһынньыгын кэннэ, Маалыкай эр дьон учууталлара ходуу ходуйа бардыбыт. Билигин, баҕар, эдэр дьон билбэтэ буолуо, ол тугун. Ходуу охсуута (ходуйуута) диэн күөл кытыытыгар үүммүт оту муус үрдүнэн охсууну этэллэр. Мэгэдьэк диэн улахан күөлгэ хараҥа от күөх өҥнөөх ЗИЛ — 131 таһаҕас тиэйэр оскуола массыынатыгар уонна ПАЗ оптуобуһугар тиэллэн тиийдибит. Күөл хомуһа буолунай. Тарҕаһан, хойуу хомустаах сирин талан турдубут. Онтон охсон кууһурҕатан, хаппыт, саһарбыт оту мууска сылбахтыы тэлгэтэн, күөлү кыйа сыҕарыйан киирэн бардыбыт. Чаас курдук охсон, күөлбүт кытыытын отун аҥаарын нэлэһитэн кэбистибит. Астык! Ото кэбирэҕэ, салгына ырааһа үчүгэйэ бэрт. Табахтыы, сынньана таарыйа эбэ илин баһыгар муһуннубут. Саамай саастаахпыт, нуучча тылын, литературатын учуутала Иван Алексеевич Семенов бэргэһэтин устан, уһун бэскитин имэринэн баран эттэ: » Чэйиҥ эрэ, уолаттар, биир-биир хотуургутун миэхэ биэрэн иһиҥ эрэ. Кимиэнэ саамай сытыытын быһаарыахпыт». Ити кэннэ эр биир хотуурдарбытын ылан чугастыы хойуутук анньан турар хомуһу охсон барда. Аҕыйах хаамыыны барар, онтон атын хотууру ылан дайбыыр. «Син аҕай», «орто», «сытыы эбит» диэн сыана быһаттыыр. Былырыыҥҥы субуотунньукка маннык «куоталаһыыны» эмиэ тэрийбитэ. Онно мин спецсталь тавролаах, халлаан күөх кырааскалаах хотуурум бастаабыта. Ол хотууру (аныгы буускап дииллэрэ) оройуон сэбиэтиттэн тыырдаран абаҕам Степанов Н.И. ылан биэрбитэ. Ходууну хотор диэммин сытыылаабакка даҕаны дайбыы сылдьыбытым. Иван Алексеевич ол аныгы буускаппын ылан охсон көрөн баран: «Иккис миэстэ», — диэтэ. Михайлов Гена, оскуола тракториһа, кэтит австрийскай хотуура бастаата. «Хотуурум кылаанын таһааран биэрбэккэбин»,- диэн испэр кыһыйа санаабытым. Сынньанан баран, туран, салгыы охсон бардыбыт. Арай, хаарга туруйа суола баар. Сөҕүү буолла: сэтинньигэ, кыһын, туох көтөрө сылдьар баҕайыный? Юрий Афанасьевич Лазарев, физика учуутала: «Уолум Афонялыын бүгүһүн кустуу сылдьан манна биир аҥыры хойобууннаабытым. Ол сылдьар эбит», — диэтэ. Сорохтор ону итэҕэйбэтхтэрэ сирэйдэриттэн-харахтарыттан көстөр. Көтөрбүт суола хомус быыһыгар киирэн бара турбут. Туох көтөрө аараабытын кэпсэтэ-кэпсэтэ охсон тырылата сырыттыбыт. Арай, балайда охсон, пэрэкуурдаабыт сирбититтэн син ыраатан эрдэхпитинэ, Василий Никитич Евсеев, үлэ уруогун учуутала: » Баар этэ!» — диэн хаһыытаата. Иннигэр, от быыһыгар, боотурҕаабыттыы сохсоллубут аҥыр олорорун маһынан охсон ылбыт. Күөл таһыгар кулуһуҥҥа чэй өрө хаалбыт уолаттар эбиэккэ ыҥырар саҥалара иһилиннэ. Омурҕанныы таҕыстыбыт. Никиитис аҥырын тутан намылыйан таҕыста. Биэдэрэҕэ миин буһан бидилийэ турар. Василий Никитичкэ: «Доҕоор, ити көтөргүн үргээн, мииҥҥэ эбиэххэ», — диэтим. Киһим буолуммата: «Трофейбын дьиэбэр илдьэ барабын», — диир. Онон ол булдун дьиэтигэр илдьэ барар буолла. Ыһыгын үрүксээгэр чөкөччү уктан кэбистэ. Сопхуостар сүрдээх эмис сылгы этин биэрбиттэрин мииннэммиппитинэн тот-хана эбиэттээтибит. Аһыы олорон арааһы бары сэһэргэстибит. Эбиэт кэннэ охсубут оппутун массыынаҕа тиэйэн бөһүөлэккэ утаардыбыт. Онно кормоцехха ходуллубут оту дробилкалаан, опилка курдук оҥорон баран, комбикормҥа эбэн, сүөһүгэ эбии аһылык оҥороллоро. Аҕыйах хонон баран Василий Никитиһи оскуолаҕа көрсөн, били, бултаабыт аҥырын ыйыттым. «Көтөх соҕус этэ гынан баран, сибиинньэ сыатын кытта буһаран, бары сиэтибит. Ыппыт, куоскабыт кытта маппатахтара», — диэтэ трудовик күлэ-күлэ. Ол ходуу ходуйбут күммүтүттэн ыла сүүрбэччэ сыл элэҥнээн ааста. Онно бастыахтаах хотуурум иккис буолбутун уонна дьыл кэмэ төһө эмэ ырааппытын кэннэ аҥыр күөлгэ сылдьыбытын Никиитис бултаабытын өйдөөн хаалбыппын. Максим Ксенофонтов. Хаартыска: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан