Кэпсээ
Войти
Регистрация
КЭПСЭЭН: Кыргыттар сүрдээхтэр даҕаны…
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ КЭПСЭЭН: Кыргыттар сүрдээхтэр даҕаны…
K
edersaas.ru
Категорията суох
04.03.2024 09:00
Киһи бэрэбиэркэлэнэ, доруобуйатын чөлүгэр түһэрэ сатыыра хайаан да наадалаах. Мин сайын буолла да арыт «Якутзолотоҕа», сороҕор Гериатрияҕа киирэн эмтэнэн тахсааччыбын. Ол курдук, Гериатрияҕа палаатаҕа иккиэ буолан сытабыт. Хата, үөрэбит, чөкө сытарбытыттан. Бииргэ сытар дьахтарым биэнсийэҕэ саҥа тахсыбыт, сүрэҕинэн киирбит. Миэнэ гипертония, ол аата дабылыанньам хамсыыр. Дьахтарбынаан билсибиппит -– аата Джемма диэн. Дьаһалтаҕа үлэлиир. Орто Халыма куораттан сылдьар. Нууччалыы-сахалыы былаан саҥаарар. Мин ону сөбүлээбэтэрбин да, саҥарбаппын. Саха киһитэ уу сахалыы саҥарарын астынабын. Бэйэм хаһан да сахаларга нуучча тылын кыбыппаппын. Иллэҥ кэммэр хаһыат, кинигэ ааҕабын. Таайбараҥ таайабын. Дьахтарым бассааптаһыы бөҕө. Ыарыһахтары кытта билсэн киэһэтин лотуолуур, хаартылыыр буоллубут. Эр дьон бильярдыыллар, дуобат, саахымат оонньууллар. Син киһи билэр дьоно бааллар. Аһыы олорон, күнүс биир оҕонньор: «Хата, киэһэ кэнсиэр туруорабыт дуо?» -– диэтэ. «Дабаай!» -– дэстибит. Мин эттим: «Туох да бэлэмэ суох, хайдах?» Түөртүүр аһылыкка ким тугу толорорун кэпсэттибит. Син 10-ча нүөмэр буолла. Оҕонньорбут: «Киэһэ аһылык кэнниттэн фойеҕа мустаарыҥ», -– диэтэ. Мин тахсан бэйэм суруйбут «Дьоллоох буолуҥ!» диэн хоһооммун аахтым. Эмиэ ытыс хабыллар тыаһа. Ол кэнниттэн эҥинэ бэйэлээх ырыаһыттар ыллаатылар. Саала оргуйан олорор. Чаастан ордук кэнсиэр буолла. Дьон астынан-дуоһуйан, палааталарыгар тарҕастылар. Киирбиппит биэс хонук буолла. Биир киэһэ Джемма: «Таптал туһунан кэпсэтиэххэ эрэ», -– диэтэ. «Чэ, эдэр киһи, эн кэпсээ», — диэтим. Дьахтарым кэпсээн барда… — Оскуоланы ситиһиилээхтик бүтэрэн, Москва куоракка туризм үөрэҕэр киирбитим. Ыччат буолунай. Биир нуучча уолунаан Максимныын билсэн, доҕордоһон испиппит. Сүрдээх сытыы, кэлбит-барбыт уол. Эмиэ да таптыыр курдуга. Билсибиппит ый эрэ ааста. Мин ыарахан буолан хааллым. Максиммар эппиппэр кулгааҕын таһынан иһиттэ, мин наһаа хомойдум. Ити кэнниттэн миигин кытары көрсүбэт буолан хаалла… Мин хайдах буолабын диэн санаа бөҕөҕө түстүм. Арбы-сарбы сырыттым. Максим үөрэҕэр кэлбэт буолан хаалла… Дьокуускайтан сылдьар Артур диэн уол миигин эрийэн кулахачытта. Сүрдээх кыраһыабай, үөрэҕэр да үчүгэй. Киинэҕэ, тыйаатырга сылдьабыт. Хас да ый ааста. Артур холбоһуох диэн турда. Каникулга дьонугар аҕалан билиһиннэрдэ. Дьоно үөрүү бөҕөлөр. Кини дьонугар олордубут. Каникулбут бүтэрин саҕана мин дьоммор билсэ бара сырыттыбыт. Ийэм сирэйбиттэн-харахпыттан көрөн: «Оҕо күүтэҕит дуо?» -– диэтэ. «Ээх», -– диэтим. Артур үөрүү бөҕө… Москубабытыгар төттөрү көттүбүт. Артур болҕомто бөҕө… Сайын саҕаланна. Эксээмэннэрбитин эрдэ туттаран, Дьокуускайбытыгар үөрэ-көтө кэллибит. Артур дьонун аахха олоробут. Артур сайын быстах-остох үлэҕэ үлэлээтэ. Болдьоҕум кэлэн, Ньукуолуҥҥа кыыс оҕону төрөттүм. Этэҥҥэ оҕолонон, дьиэбитигэр таҕыстыбыт. Эбээтэ көрөн соһуйуу бөҕө буолла. Кыыспыт күп-күөх харахтаах, чачархай баттахтаах. Артур үөрүү бөҕө. Эһээлэрэ дьиибэргиир да, саҥарбат. Джемма ким оҕото буоларын билэр бөҕө буоллаҕа. Артур сайын устата кыыһыгар ылларда аҕай. Оҕо төрөөбүтүн сууйарга кыыс дьоно соһуйа көрдүлэр да, таска таһаарбатылар. Джемма эмиийэ үүтэ суох. Инньэ гынан, оҕолорун дьонугар хаалларан, үөрэхтэрин салҕыы Москубаҕа кыырайа көттүлэр. Кыыстарын Вера диэн ааттаабыттара. Верочка күн-түүн албына бэргээн, киһи таптыах моторҕоно курдук. Джеммалаах Артур бэйэ-бэйэлэрин таптаһан, өйөнсөн олороллор. Сыл -– хонук. 2-с куурустарын бүтэрэн, Джемма 5-6 ыйдаах ыарахан кэлэр. Бу сырыыга уолу күүтэллэр. Кыыстара хааман эрбэкэчийэ сылдьар. Нууччата нууччатынан. Көрбүт дьон соһуйдулар. Күһүөрү Джемма уолланна. Уола үкчү аҕатын курдук. Үөрүү-көтүү өрөгөйө. Джемма үһүс кууруска үөрэнэ барбата, академ ылла. Артур үөрэнэ сылдьар. Хонтуруола суох буолан, күүлэйдиир, иһэр-аһыыр даҕаны. Кыыһа атын киһи оҕото буоларын билэн, санаата оонньуур буолан эрэр… Эбээлээх эһэтэ Верочканы таптаан бөҕө. Күн күнүнэн солбуһан ааһан иһэр. Артур 3-с кууруһу бүтэрэн баран, биир киэһэ Джеммаҕа арахсыахха диэтэ. Дьахтар да утарсыбата. Уоллара Тимур улаатан иһэр. Эһээлээх эбэтэ күннэрэ-ыйдара кини. Нөҥүө күнүгэр Верочканы уонна Джемманы кыыс дьонугар илдьэн биэрдэ. Тимуру эбээлээх эһэтэ биэрэн да бэрт. Суутунан эйэ дэмнээхтик араҕыстылар. Артур кэлэйэн, аны ханнык да кыыһы итэҕэйбэт буолла. Уола улаатан оскуолаҕа киирдэ. Бэйэтэ үөрэҕин бүтэрэн туризмынан дьарыктанан ыыра ыраатта. Джемма үөрэҕин бырахпыта. Хоту дойду киһитин кытта билсэн, холбоһон Орто Халымаҕа олорор. Үс оҕолоох. Верочкатын илдьэ сылдьар. Дьаһалтаҕа үлэлиир. Максим ханна тиийбитэ биллибэт. Артур Андреевич биир оҕолоох куорат дьахтарын ылан, икки кыыстанан баайдык-дуоллук, таптаһан, өйөнсөн, эрэнсэн олороллор. Джемма ыараханын эрдэ Артурга билиммитэ буоллар, арахсыы суох буолуо этэ. Бүтэһигэр саамай-саамай Артуру билигин да таптыырын билиннэ. Албыннааһын хаһан баҕарар арыллар суол. -Миигиннээҕэр сүрдээх кыргыттар бааллар, -– диэн Джемма сэһэнин түмүктээтэ. Мин баспын эрэ илгистэн кэбистим… Александра КАРДАШЕВСКАЯ-ХАРЫСТААНА. Ааптар арпагыраапыйата уларыйбата.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан