Кэпсээ
Войти Регистрация

Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр

Главная / Кэпсээн арааһа / Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр

K
edersaas.ru Категорията суох
16.06.2018 19:00
УҺУН СУҺУОХ (СУҺУОХТУЙА) Суһуох диэн тылы Э. К. Пекарскай түүр тылыттан «Чачак — косоплетка с подвеской (девичья). Коса в виде пучка, девичья коса» диэн быһаарар. Биһиги, оскуола үөрэнээччилэрэ, сайын үлэ-сынньалаҥ лааҕырдарыгар арааґы үлэлээччибит. Сүнньүнэн оҕуруот уонна от үлэтигэр кыттааччыбыт. Быйыл сайын (1987 с.) үгэспинэн дьүөгэлэрбин кытта от үлэтигэр бииргэ сылдьыспытым. Үлэ чааһын кэнниттэн, иллэҥ бириэмэтигэр ону-маны сэһэргэһэрбитин олус сөбүлүүрбүт. Бу киэһэ олорор дьиэбит таһыгар кутаа оттон баран, ону тула олорон араас көрдөөх кэпсээни сэґэргэстибит. Ол олордохпутуна, кырдьаҕастар отторуттан бүтэн, дьиэлэригэр баран иһэн, биһиэхэ таарыйдылар уонна сэһэргэһиигэ кыттыстылар. Биир кыра сааһырбыт боростуой таҥастаах оҕонньор, тииһэ суох айаҕынан кэпсээн барда. Ол ис хоһооно сүнньүнэн маннык этэ: Бу оҕонньор кыра сырыттаҕына, эһэтэ кэпсиир эбит. Кинилэр олорор сайылыктарыгар, ыалларыгар Суһуохтуйа диэн ааттаах олус кэрэ, нарын кыыс баара эбитэ үһү. Ол кыыс хап-хара, уп-уһун, тиҥилэҕэр тиийэр баттахтаах эбит. Ол иһин буоллаҕа, дьон-сэргэ, оҕо-уруу бары Суһуохтуйа диэн ааттыыллар. Дьоно кыанар, аҕыйах хамначчыттаах, сүөһүнэн байбыт ыал. Бу кыыс баттаҕын олус таптыыра, сатаан көрүнэрэ үһү. Дьүөгэ кыргыттарын ыҥыртаан, бу уһун баттаҕын икки-үс хоно-хоно тарааттарара, суунара. Суунарыгар үксүн ардах уутун туттар эбэтэр кинилэр сайылыктарын соҕуруу өттүнэн ааһар сайын уолан хаалар үрэх баар эбит. Ол уутунан суунарын олус сөбүлүү𠵴µ. Оһох күлүн ууга булкуйан солох оҥороллор. Онон эбэтэр мууһу уулларан суунар эбит. Баттаҕын тараанарыгар эмис сылгы сыатынан оҥунуохтанар эбит, оччоҕо хара баттаҕа суор түүтүн курдук килбэҥнээн көстөр. Сааһын ситиитигэр сиринэн соһуллар буолбут. Оннук уһун суһуоҕун кырдьыар диэри илдьэ сылдьыбыт. Кэнники, ран, кыайан көрүммэт буолан кырыйтарбыт. Кини баттаҕынан кэргэнэ уонтан тахса дэйбиири оҥорбута диэн эһэтэ оҕонньор сөҕөн-махтайан кэпсиирэ үһү. Эһэтэ оҕонньор балачча сылдьыбыт, ааттаах булчут одьунааһа. Кини онтон ордук уһун баттахтаах кыыһы, дьахтары көрбөтөҕүм диирэ үһү. Отчуттар барбыттарын кэннэ, биһиги, кыргыттар, баттах туһунан кэпсэппиппит. Уруһуй: интэриниэттэн * * * Г.Д.Сосин «Дьиктилээхтэр, дьиибэлээхтэр» диэн 2015 с. «Саха сирин үһүйээннэрэ-номохторо» сиэрийэнэн «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт кинигэтиттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан