Кэпсээ
Войти Регистрация

Кистэлэҥим

Главная / Кэпсээн арааһа / Кистэлэҥим

K
21.10.2022 14:24
   Бу түгэни хаһан да кимиэхэ да быктарбатаҕым. Ол кэмҥэ көрбүппүн да, истибиппин даҕаны маҥнай бэйэм итэҕэйбэтэҕим. «Сибиэннээх, абааһылаах» кэпсээннэртэн олус куттанарым, биир өттүнэн, учуонай буолан эмиэ да итэҕэйбэт этим. Ол эрээри... чэ, айбыт таҥара бэйэтэ билэр.        Үлэбин-үөрэхпин суруйаары, кыратык сынньанаары уоппуска ыллым. Уоппускам быыһыгар чинчийэр үлэбин суруйар былааннааҕым. Ол курдук, атын сиргэ көттүм (сирин аатын этэрбин туттуннум). Бэйэм көҥүллүк сылдьаары хос уһуллум. Олус чэпчэки буолан, «бэрт, харчыбын харыстаатым» диэн испэр үөрэ санаабытым.     Ыраахтан хайалар көстөллөр, истиэп – хартыына курдук көстүүлээҕэ. Хата, маннык кэрэ айылҕаҕа киһи иэйиитэ уһуктар эбит. Түүн да, күнүс да буоллун үлэлээтим. Саатар ардахтаах кэмҥэ түбэспиппин, таһырдьа соччо-бачча быкпатым. Биир нэдиэлэ иэйиибэр киирэн хаалан, түүл-бит курдук сырыттым. Ол тухары ардах тохтообокко түһэр.    Сынньаммакка, сүгүн утуйбакка, тиэкис бэчээттээн хараҕым ыарыйда, ачыкыбын остуолга уураат, дьыбааҥҥа налыйан олордум. Ардах түһэрин көрө сытан, санаабар баттатан, нухарыйан киирэн бардым...    Арай түүлүм быыһынан көрдөхпүнэ, уһун, сырдык халадаай былаачыйалаах кыыс киирэн кэлээт, олоппоско олорунан кэбистэ уонна тугу эрэ суруйан киирэн барда. Мин соһуйан, тура сатыыбын да этим-сииним хамсаабат, хаһыытыы сатыыбын да саҥам тахсыбат. Кыыс хара хойуу баттахтаах, сырдык мөссүөннээх. Эмискэ, туохтан эрэ хомойон, ытаан барда. Сурук суруйа сатыыр, онтон кумааҕытын кумалаат тиэрэ түһээт, олоппоһун биэтэҥнэтэн киирэн барда. Барыта илэ курдук, ардах эмиэ түһэрин курдук түһэ турар. Мин куттаммыт санаам ааспат. Этим-сииним баата курдук, саҥа таһаара сатыыбын даҕаны, ыт курдук ыйылыыбын эрэ. Аны кыыс саҥа таһааран ытаата, онтон тыастаахтык хааман тахсан баран хаалла.    Эмискэ хаһыытаан аҕай туран кэллим. Били, кумаламмыт кумааҕы, хата, суох. Олоппос биэтэҥнии турар этэ... Этим-хааным тымныйаат, таһырдьа ыстанным. «Аһара үлэлээн иирдим дуу» дии саныы таһырдьа син өр турдум. Ардах курулаччы түһэр, ибили сытыйдым. Ыксаан ыалбын тоҥсуйдум. Аан аһыллыбыта – нууччалар. Соһуйдулар аҕай, дьиэлэригэр киллэрдилэр. Чэй иһэ олорон, туох буолбутун кэпсээн биэрдим. «Иирбит» диэхтэрэ диэн «түүлбэр» диэн саҕалаан кэпсээбитим. Ону нуучча оҕонньоро: «Бу дьиэ былыргы. Устуоруйаҕа сурулларынан, ити хоско, соҕотох кыыстаах сэниэ ыал олорбут. Кыыстара таптыыр уолун кытта этиһэн-иирсэн, дьиэтиттэн ханна эрэ күрээбит, ол кэннэ булбатахтар үһү. Арааһа өрүскэ ыстаннаҕа...», – диэн кэпсээтэ.    Ити кэннэ соҕотох тахсар санаам суох этэ. Оҕонньору кытта хоспор тахсыбыппыт, малбын хомунаат, тута чэпчэки сыаналаах, биир миэстэлээх хостелга көспүтүм.    Киһи арааска да түбэһэр, ким эмэ, баҕар, мин курдук иччилээх түүлү көрбүтэ буолаарай? Алена.   Чиччик ньирэй    Сопхуоспут сайдарын саҕана мө­лү­йүөннээх хотоннор тутуллубуттара. Улахан түннүктэрдээх буолан, иһэ сырдыга, аһыыр сирдээҕэ, тэлэ­бии­һэрдээҕэ, ынах ыыр аппарааттааҕа. Оо, бу санаатахха, тутуу да тутуу! Кэлин алдьанан-кээһэнэн саамай куһаҕан хотоннортон биирдэстэрэ буолбута.    Бу хотоҥҥо харабылынан анаммытым. Дьиҥинэн баһаарынай өттүн кэтиэхтээх этим даҕаны, ынах төрөтөҕүн диэтилэр. Сааһыары ынах маассабайдык төрүүр. Онон, 4 хотону субуруччу көрөбүн. Туруорбах хотоннор син ама соҕустара, муосталара эҥин кураанаҕа.    Биирдэ биир төрөөрү сылдьар ынах ыалдьар да, сатаан төрөөбөккө турда. Ол иһин, дьон-сэргэ тарҕаһа илигинэ, икки уолу «илиилээн ылыахха» диэн көмөлөһүннэрэ хааллардым. Ынах иһигэр илиибин укпутум – тарбыйаҕым биир атаҕын тумса эрэ баар, биирэ суох. Атаҕа сыыһа барбыт диэн, көннөрө сатаатым. Туох да иһин көммөт, кыбыс-кытаанах, аны тугу эрэ таарыйдахпына: сүрэх курдук тэбиэлиир баар. Уолаттарга тарбыйах аҥаар атаҕын баайан баран, тардан көрөллөрүгэр соруйдум. Мин буоллаҕына, илиибин иһирдьэ уган, атаҕын көннөрбүтэ буолабын. Оннук эрэйдэнэн нэһиилэ төбөтө быкта эрээри, аҥаар атаҕа суох, биирэ токуруйа сылдьар. Үһүөн көмөлөөн, тарбыйахпытын тардан ыллыбыт. Токур атах туспа тахсан кэллэ. Тарбыйахпыт аҥаара эрэ сиргэ ньылбырыйда. Төбөтө сиппит, тииһэ, түүтэ барыта баар. Аҥаар атаҕа баар, биирэ токуччу хатан хаалбыт. Ис буотараҕа барыта эмиэ барыта чиҥ эрээри, таһа, тириитэ суох. Маҥнай сүрэҕэ таска сылдьыбытын туппаҕалаабыт эбиппин. Тарбыйах ынах иһигэр сылдьан тыыннаах, онтон таска тахсарыгар өлөн хаалаахтаабыт. Хата, ийэтэ ынах тыыннаах хаалбыта, улаханнык эчэйбэтэҕэ. Үлэлиирим тухары итинник чиччиги көрө илик этим.    Өлбүт тарбыйаҕы таһырдьа сааҕынан көмөн кэбиспиппит. Ол саас ынах бөҕөтө өлбүтэ. Олус ыар саас ааспыта...   Басхаай.   Өлөн баран тиллибиттэр      Былыр элбэх оҕолоох-уруулаах сэниэ ыал олорбут. Кинилэргэ тэҥнээтэххэ, ат­тынааҕы ыаллара олус дьикти майгылаах дьон эбит: үлэ­лээбэт, мэлдьи ускул-тэскил сылдьар, түптээн биир сиргэ олорбот.      Биир сайын, били, сэниэ ыал ийэлэрэ соһуччу баҕа­йытык өлөн хаалбыт. Дьоно чугас киһилэрэ соһумардык барбытыттан дэлби курутуйбуттар. Сайын буолан, өр сы­тыарбакка тута көмөргө кү­һэллибиттэр. Анараа дойдуга «ийэбит аччыктаабатын» диэн, арыылаах тууйаһы «кэ­һиилээн» атаарбыттар. Кистээбиттэрин нөҥүө күнүгэр, күн киириитэ оҕолор таһырдьа оонньуу сылдьыбыттар. Тии­ҥи эккирэтэн, тыа диэки сүү­рэн испиттэр. Арай чөҥө­чөккө ийэлэрэ олорор эбит! Оҕолор кыралара бэрт, өлүү, абааһы эҥин диэни билбэт буолан, куттамматахтар. Үөрүү­лэриттэн: «Аҕаа, ийэбит кэллэ, ийэбит кэллэ!» – дии-дии, дьиэлэригэр сүүрбүттэр. Аҕалара «тугу биттэнэр буоллахтарай» диэн сөбүлээбэтэх, куттаммыт. «Таһырдьа тахсымаҥ, дьиэҕэ олоруҥ» диэт, тыа диэки барбыт. Ол баран хараҕа тугу көрөрүн итэҕэйбэтэх. Кэр­гэнэ олорор үһү. Сибиэн буолуон тыыннаах киһи курдук сирэйдээҕэ. Дьахтар, кэргэнин көрөөт, кыбыстан, соһу­йан, тылыттан матан сирэйэ кытара түһэр. Эр киһи тута «тоҕо тута дьиэҕэ киирбэтиҥ?» диэн туоһуласпытыгар, «ээ, эһигини куттаамаары, та­һыр­дьа тахсаргытын күүтэн, туох диирбин толкуйдуу олорбутум» диэн хоруйдаабыт. Онтон дьоно уоскуйбутун кэннэ, маннык диэн сиһилии кэпсээбит.    Били, аттынааҕы дьикти ыал аҕалара дьахтары көмөл­лөрүгэр сылдьыбыт эбит. Арыы­лаах тууйас укпуттарын көрбүт уонна хараҥарбытын кэн­нэ хаспыт. Бу дьикээр арыылаах тууйаһын, дьэ, ылаары гыммытыгар дьахтара туран кэлбит! Син «кут­таах-сүр­дээх киһи» курдук со­һуччута бэрдиттэн сүрэҕэ айа­ҕар тахсыар диэри куттанан куотан хаалбыт.    «Сүтүктээхтэр» ийэлэрэ тыыннааҕа туохха тэҥнэһиэй, кинилэртэн дьол­лоох дьон суоҕа үһү. Эбиитин та­һы­нааҕы ыал аҕаларыгар «ийэбитин өрү­һүйбүтүҥ иһин» диэн махтанан, манньа биэрбиттэр диэн сурах баар.     Иккис түбэлтэ сэбиэскэй кэмҥэ 1960-с сылларга буолбут. Биллэр-көстөр, кыахтаах тэрилтэ үлэһитэ өлөн хаалбыт. Үһүс күнүгэр анараа дойдуга атаараары дьоно, доҕотторо ахта-саныы бүтэһик остуолга олорбуттар. Кэллиэгэтэ тыл этээри турбут. Арай хоруобу көрдөҕүнэ, били киһитин илиитэ хамсыыр үһү. Мындыр киһи дьону уолутумаары, бэрт холкутук бары таһырдьа тахсалларыгар көрдөспүт. Дьон таһырдьа тахсан үмүөрүспүттэр. Кэллиэгэтэ дьону таһаартаан баран, иһирдьэ киирбитэ: киһитэ хоруопка олорор үһү. «¤уу, уһуннук да сыттым. Эмискэ туран кэллэхпинэ, мин оннубар элбэх киһи сүрэҕэ хайдан атаҕын тэҥниэ эбитэ буолуо... Хата, өйдөөн көрдүҥ дии» диэбит. Ити кэннэ кутурҕан күнүн оннугар үөрүү-көтүү өрөгөйүн ыспыттар. Эрдэ көмө сатаабыт киһилэрэ өссө 9 сыл олорбут үһү диэн кэпсииллэр.   Басхаай.   Бэриэтчит       «Харысхаллаах киһи бэриэтчиттээх» дииллэрин истээччим. Биир дьикти түбэлтэҕэ түбэспитим.    Оскуолаҕа учууталлыыбын. Эбиэт саҕана уруоктарбын түмүктээт, дьиэлээн истим. Дьиэм аҕыйах хардыы. Икки ыал тэлгэһэтин иһинэн ааһаат, ыллыгынан хаама түстүм да – дьиэм айаҕар баар буолабын. Сылайан, аччыктаан ыксаан аҕай истим. Арай уун утары ыалым Даайа эмиэ ыксаан иһэр, үөрбүт: Хайа, Сибиэтээ, дорообо!» – диэт ааһан хаалла. Дорооболоһоот, салгыы хаама турдум. «Ханна ыксаатаҕай, кэпсэтэ түһүөх эбит» дии санаатым. Олбуорум аанын аһаат, күүлэбэр атахпын уһула туран көрбүтүм, били, Даайа холуоһата турара. Улахаҥҥа уурбатым, баҕар кыыһа кэтэн киирбитэ буолуо дии санаатым.    Иһирдьэ киирбитим – Даайа оһох иннигэр олох маска олорон, ону-маны кэпсээн унаарытар эбит! Соһу­йан сүрэхпин туттан турдум, дьонум дьиктиргээтилэр бы­һыы­лаах. «Даайа, билигин аҕай эйигин олбуоргут таһы­нан көрөн аастым дии, ханна эрэ ыксаан киин диэки ааһа турбутуҥ. Хайдах манна баар буолан хааллыҥ?!» – олоппоско «лах» гына олоро түстүм.    Даайам хараҕын тиэрэ көрдө: «Мин эйигин бу саҥа көрдүм дии, оскуолаттан кэлэргин мааҕыҥҥаттан кэтэ­һэ­бин. Мэ, үүт харчытын биэрээри», – диэтэ. Дьонум Даайа олорбута өр буолла дииллэр. Мин Даайаны аҕыйах мүнүүтэ анараа өттүгэр илэ кө­рөн, дорооболоспут киһи ин­нибин биэрбэтим. Тиһэҕэр «Даайа бэриэтчитэ сылдьар эбит, дьоллоох киһи» диэн быһааран, күлэн-үөрэн кэпсэтэн тарҕаспыппыт.   Сибиэтэ. Дьон кэпсээнин Сардаҥа Борисова сурукка тистэ.
kyym.ru сайтан