Кэпсээ
Войти
Регистрация
“Иҥиирдиин дьырылаан, уҥуохтуун умайан...”
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ “Иҥиирдиин дьырылаан, уҥуохтуун умайан...”
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
21.10.2022 14:21
Имэҥ, дьалыҥ тустарынан суруйуу соччо биһирэммэт курдук. Урут «сиэкис» да диэн тыл туттуллара сааттаах буоллаҕа. 1986 сыллаахха биир орто саастаах дьахтар: «Сэбиэскэй Сойууска сиэкис суох!» – диэн тэлэбиисэр биэриитигэр дорҕоонноохтук эппитин аан дойду барыта истибитэ. Ити тыллар тута өс номоҕор кубулуйбуттара, билигин даҕаны дөрүн-дөрүн күөрэйэллэр. Ол гынан баран ити дьахтар тута баттаһан: «Биһиэхэ таптал баар!» – диэбитин өйдүүр киһи ахсааннаах буолуо. Кырдьык, таптал баар буолан, киһи аймах бүттүүнэ төрөөн-ууһаан баччаҕа тиийэн кэллэхпит дии. «Дьахтар таптатарын таптыыр, оҕо атаахтатарын таптыыр, саа сууйуутун таптыыр, кымыс хамнатыытын таптыыр» диэн курдук өс хоһоонноро бааллара итини туоһулуур. "Сул дүлүҥү туораабатах" Үрдүк үөрэххэ үөрэтэллэринэн, эрдии-ойохтуу буолуу – айылҕа тутула буолбатах – социальнай тутул диэн буолар. Оттон социальнай тутул биир үксүн үпкэ-харчыга, баайга-дуолга тирэҕирэр. Ааспыт үйэ саҥатыгар диэри халыым төлөбүрэ диэн баара. Баайдар кийиит төрөппүттэрин далыгар сылгы үөрүн да үүрэн аҕалыахтарын сөбө. «Киһи баай буоллаҕына хас да ойохтонуон сөп, – диэн суруйбута XVIII үйэ чинчийээччитэ Иоганн Линденау, – саамай сүрүнэ халыым төлүүрүгэр эппиэттиир баайдаах-дуоллаах эрэ буолуон наада». Кийиит кыыһынан сылдьыбыт эрэ буоллаҕына үчүгэй халыым төлөнөр эбит. Оттон огдообоҕо уонна оҕолоох дьахтарга төлөммөт. «Баҕана үүтэ барҕалаах, кэлии үүтэ кэриҥнээх, тоһоҕо үүтэ торумнаах» диэн этиини чинчийээччилэр халыым кээмэйигэр сыһыаннаах дииллэр. Ол иһин эргэ барыахтаах кыыс хайаан да «бииллээх соннооххо билсиспэтэх, оноолоох соннооххо орооспотох» буолуохтаах. Аны: «Арыҥах маһы атыллаабатах, сул дүлүҥү туораабатах» – диэн өс хоһооно баар. Маны Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй маннык быһаарбыт: «Оҕуһу мииммит эбэтэр суон дүлүҥү атыллаабыт кыыс «кыыһын сүтэриэн сөп» диэн өйдөбүл баар». Дьахтар таптатарын таптыыр Киһи сааһыттан тутулуга суох имэҥҥэ ылларыан сөбүн туһунан бэртээхэй өс хоһооно баар: «Тиит иэччэхтиитэ эдэр дьахтар иэнэ ирэр, харалдьык тахсыыта саастаах дьахтар иэнэ ирэр, сэбирдэх тыллыыта эмэн дьахтар иэнэ ирэр». Өксөкүлээх Өлөксөй бу өс хоһоонун быһаччы маннык диэн быһаарбыт: «О возбуждении половых стремлений». Хас биирдии киһи ыал буолан, оҕо төрөтөн, бур-бур буруо таһаарынан олоруохтаах. Бу – киһи сирдээҕи анала. Ол да иһин эргэ барбатах «кыыс дьахтар кытыйаны-хамыйаҕы кытта кырбаһар, ойоҕо суох уол үтүлүгүн-бэргэһэтин кытта охсуһар» буоллаҕа. Ойохтоммокко, алаһа дьиэни тэриммэккэ сылдьар эр киһини өс хоһоонноро олох сиэн таһаараллар: «Суулуу туппут суҥ киһи, эрийэ туппут эмэх киһи», «Ыраас ыстаан, барбах баккы, дьоҕойон сото, көҥдөй көҕүс». Бу өс хоһооннорун Өксөкүлээх Өлөксөй эмиэ быһаччы маннык диэн быһаарбыт: «Говорят про мужчину, неспособного к половым актам». Дьахтары да сытыытык хаарыйар өс хоһооно баар: «Орон эрэ оҥхойо, тэллэх эрэ тэһэҕэһэ». Өссө маннык баар: «Үүттээх таас өлүүтүттэн маппат». «Сутуруо быата субуллан барда...» Эр киһи уонна дьахтар имэҥнээх тапталларын олоҥхоҕо ойуулаан, дьүһүйэн суруйуулар син бааллар: «Имэҥнэрэ киирэн Иҥиирдиин дьырылаан, Уҥуохтуун умайан Уураһа оҕустулар... Кыыс оҕо киһи Кыбыстар симэҕэ Кыабаката кылырҕаата, Өттүк симэҕэ өһүллэн түстэ, Түөс симэҕэ төлүтэ барда, Сутуруо быата субуллан барда, Сыалдьа быата сылбырыйан барда...» Киһи хайаан да ыал буолуохтаах, оҕо төрөтүөхтээх диэн санаа күннэтэ туттуллар сомоҕо домохторго, өс хоһоонноругар элбэхтик этиллэр. Холобур, ойохтоммокко сылдьар уолга этэллэр: «Сон сабыы чоруун, сөрүө тэллэх сөрүүн, ыҥыыр сыттык ыарыылаах, даарда орон дьаралҕаннаах». Өссө: «Кыыс оҕо тэллэҕэр уон уоттаах», – диэн өс хоһооно баар. Олоҥхоттон өссө биири холобурдуоҕуҥ: «Түөрт акка сыаналаах буолуо диэн Түөртээҕинэн төлөрүппэккэ сылдьар Түнэ мыаннарыгын төлө баттаан Түөрт лабаатын түөрт аҥыы Түөрэх кээһэн биэрбитин Түҥнэри сытааччы Дьүһүлээн барбыта, Аллаах ат курдук Хардыргыы мөхпүтэ...» XIX үйэ чинчийээччитэ Дмитрий Павлинов кыыстаах уол аан маҥнай хоонньоһор түүннэригэр орон анныгар ат төбөтүн уҥуоҕун ууралларын суруйар. «Сарсыарда күтүөтү уһугуннараллар, – диэн суруйбут Дмитрий Павлинов. – Уол түргэн үлүгэрдик таҥнаат, ат төбөтүн уҥуоҕун миинэн кэбиһэр уонна аҕа кылыныгар айаннаан иһэр курдук туттан олорон таайтарыылаах, үгэ-хоһоон аҥаардаах сэһэнин-сэппэнин тоҕо-хоро тардан кэбиһэр. Холобур: «Уоруйахтар ампаарга киирэ сатаабыттар да кыайан киирбэтэхтэр. Ампаар кытаанах буолан биэрбит. Уоруйахтар мин кэлээппин кытта үрүө-тараа куотан курбачыстылар». Күтүөт уол ойоҕум «кыыһа алдьаммыт» диэн күтүрүүр санаалаах буоллаҕына: «Ампаар аана аһаҕас, уоруйахтар бастыҥ баайы-дуолу уоран барбыттар», – эҥин диэн курдук тыллаһыахтаах үһү». Дьалыҥ ылыы, имэҥ оҕустарыы Ойуун көмөтүнэн дойду иччититтэн дьалыҥ ылар, имэҥ оҥорор үгэһи учуонай Гаврил Ксенофонтов «Шаманизм» диэн кинигэтигэр олус үчүгэйдик ойуулаабыта. Ити үлэни Багдарыын Сүлбэ тылбаастаан 1994 сыллаахха тахсыбыт «Ыал – ийэтинэн» диэн бэртээхэй кинигэтигэр сахалыы тылбаастаан киллэрбитэ: «Ойуун кумутун кэтэр, дүҥүрүн ылар. Ойуун кыыран илгистэн дойду иччитигэр тиийэр уонна киниттэн ууһуохпутун-тэнийиэхпитин баҕарабыт, дьалыҥна аҕал диэн көрдөһөр, ааттаһар. Дойду иччитэ дьалыҥы биэрэр. Ону («половую страсть») ылан баран, ойуун, дүҥүрүн охсо-охсо, аттыы кистии-кистии, «Хоруу! Хоруу!» дии-дии, эргийэр. Ол кэмҥэ мустубут дьахталлар эмискэ күлэн саһыгыраһаллар, ийэттэн төрүү сыгынньахтаналлар уонна сылгылыы кистээн «Инньэ-һаһах!» дэһэллэр, онтон ойуун үрдүгэр саба түһэллэр, «делали над ним любострастные движения» (ити этиини Г.В. Ксенофонтов скобка иһигэр сахалыытын маннык суруйбут: «Ойууну кибиҥнээн бараллара үһү»). Дьахталлар ойууну онтон охторон түһэрэллэр. Онуоха көрөн турар эр дьон ойууну дьахталлартан былдьаан ылаллар. Тураат, ойуун иһиирэн чуһуурдар уонна былаайаҕын эргитэ далбаатыыр («делал круги»). Онуоха дьахталлар тута бэйэлэрэ бэйэлэринэн буола түһэллэр уонна «һуу» диэн уоскуйан олороллор үһү. Дьалыҥ ылар кэмҥэ дьахталлар тиритэн, көлөһүннэрэ сарт түһэр, сирэйдэрэ кытаран дьэс алтан өҥнөнөр. Дьалыҥ ылыытын ойуун итинник үс төгүл хатылыыр». Михаил Спиридонович «ойууну кибиҥнээн бараллара» диэни туспа тутан быһаарбыт: «Г.В. Ксенофонтов ити суруйуутун, улуу ученайы кэриэстээн, ааҕарга, баҕар, соччото да суох курдук көстүө эбитэ буолуо гынан баран, 1992 с. таһаарыыга көтүтүүтэ суох бэчээттээбиттэрэ. Биһиги сол онтон туораабатыбыт». «Чыыскаламмыт» өс хоһоонноро Уонча сыллааҕыта Алексей Кулаковскай-Өксөкүлээх Өлөксөй «Саха өс хоһоонноро» диэн 1925 сыллаахха «Саха кэскилэ» уопсастыба таһаарбыт кинигэтин кытта долгуйа билсибитим. Сахалыы өс хоһоонноро латыынныы буукубанан бэриллибиттэр этэ. Бу кинигэ матырыйааллара 1979 сыллаахха тахсыбыт Алексей Кулаковскай «Научнай үлэлэр» диэн хомуурунньугар бүтүннүү киирбиттэрэ. Бүтүннүү диибин даҕаны алта уон кэриҥэ өс хоһоонун цензордар «чыыскалаабыттар». Бу өс хоһооннорун оннуларыгар элбэх туочукалар эрэ оҥоһон тураахтыыллар. Дьэ, ханнык өс хоһоонноро «чыыскаламмыттар» эбитий? «Бэлэм аска киһи эрэ айахтаах, бэлэм сэпкэ киһи эрэ сэптээх». Бу өс хоһооно маннык тылбаастаммыт: «На готовое кушание у всякого найдется рот, на готовые снасти (женские) у всякого найдутся снасти». Бэйэтин кэмигэр көнөтүнэн да этиллэ сылдьыбыт буоллаҕына көҥүлэ. «Дьахтар сэбэ аал чурумчута буолар». Чэ, бу өс хоһоонун быһаара сатаабаппыт, арай «аал» диэн «хараабыл, борокуот» диэн өйдөнөрүн санатабыт. «Дьэһиэйгэ сэп хаһаастаахпын диэбиккэ дылы». Тылбааһа: «Подобно тому, как сказать, что у меня в Ессейском озере (Туруханск.) припасен женский половой орган (Мархинский ул. Вилюйского округа)». 1979 сыллааҕы кинигэҕэ: «Эр сүрэҕинэн, ыт тииһинэн» диэн өс хоһооно киллэриллибит. Ол эрээри цензордар сотон кэбиспиттэр эбит. Толорута маннык буолар: «Эр сүрэҕинэн, ыт тииһинэн, дьахтар сэбинэн». Тылбааһа: «Добрый молодец – смелостью, собака – зубами, а женщина своими прелестями». Бу өс хоһоонун аҥаарын цензордар эмиэ быһан «лэс» гыннарбыттар: «Ыт тииһин эрэнэр, дьахтар сэбин эрэнэр». Тылбааһа: «Собака надеется на свои зубы, а женщина – на свои прелести». «Үрдүкээн сэбиттэн (ө...) иҥнэн өлбүтүгэр дылы». Тылбааһа уонна быһаарыыта: «Говорят о людях, пострадавших от какой-нибудь мелкой, но дурной повадки или привычки». Чэ, ити курдук, түмүктүөҕүҥ. Түмүк тыллары Өксөкүлээх Өлөксөй 1925 сыллаахха тахсыбыт кинигэтин аан тылыгар суруйбут этиилэринэн түмүктүүм: «Саха олоҕу анаарыытыгар сөп түбэспэт өс хоһоонноро суохтарын кэриэтэ, ол эрээри билиҥҥи киһиэхэ өһүргэтиилээх соҕус буолуон сөп бэрт аҕыйах өс хоһоонноро бааллар. Итилэри ылан быраҕаттыыр быраабым суох. Итинник дьаһаннахпына, саха дьонун-сэргэтин олоҕун-дьаһаҕын кэлимсэ ойуулаан көрдөрөр табыллыбат. Мин маннык көрүүлээхпин: үчүгэйи-үтүөнү батыс, оттон куһаҕантан-мөкүттэн куота көт, ол эрээри дьиҥ хартыынаны алдьатыма». Федор РАХЛЕЕВ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан