Кэпсээ
Войти Регистрация

Уус Алдаҥҥа буолбут быһылаан

Главная / Кэпсээн арааһа / Уус Алдаҥҥа буолбут быһылаан

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
21.10.2022 14:17
   1977 с. Хабаровскайдааҕы милииссийэ оскуолатын бүтэ­рэн баран дойдубар Уус Ал­даҥҥа Ис дьыала холуобунай ирдэбилин сулууспатыгар иниспиэктэрдии сылдьабын. Бу сулууспаҕа иккиэбит, салайааччым – милииссийэ хапытаана Станислав Кузьмин.        1978 сыл бэс ыйын бастакы күннэригэр мин үлэбинэн дойдубар Дүпсүҥҥэ сылдьабын. Бэрээдэк быһыытынан, сарсыарда үлэбин отчуоттаан Куһумууҥҥа төлөпүөннээбиппэр, киһим манна (Бороҕоҥҥо) алдьархай бөҕө буолбутун, хаайылла сытар 6 киһи күрээбитин эттэ, аара көрсөр массыыналарбын бэрэбиэркэлии-бэрэбиэркэлии кэлэ охсорбор соруйда. Дьэ иэдээн! Оччолорго дьон хаайыыттан күрээбэтин тэҥэ этэ, буолаары буолан күргүөмүнэн, тэрээһиннээхтик. Мин тута «былааспынан туһанан» сопхуос дириэктэрин «уазигын» хаһыытаппытынан туура тутан ылан Бороҕоҥҥо тэптэрдим. Аара утары көрсүбүт массыыналары барытын тохтотон көрө-көрө, отделбар эбиэт саҕана эрэ тиийдим. Хайа сахха куораттан улахан тойоттор кэлэ охсубутта: Обкуом дьаһайар отделын сэбиэдиссэйэ Шадрин, өрөспүүбүлүкэ борокуруора Полятинскай, ИДьМтэн хас да бэрэстэбиитэл, 10-ча анал этэрээт байыастара. Ыттаахтар эҥин. Бөртөлүөтүнэн көтөн кэлбиттэр.    Эбиэт кэннэ буолбут оперативнай мунньаҕы Шадрин салайан ыытта. Буруйдаах дьону – биһигини – адьас сиэхтэрин, хата, күрүөйэхтэр саамай адьырҕалара, киһини өлө­рөн хаайылла сыппыт Атласов ити кэмҥэ тутуллубут буолан абыраата. Атын күрүөйэхтэр буруйдара халымыр соҕус, улахан куттала суохтар. «Күрүөйэхтэри ир суолларын ирдээн, суукка иһинэн тутаттыырга!» диэн сыал-сорук туруорулунна. Күрүөйэхтэр урукку сибээстэрин учуоттаан, хас да туспа көрдүүр бөлөхтөр тэрилиннилэр. Кимнээх эрэ Бороҕоҥҥо көрдүү хаалар буоллулар, биир бөлөх аартык айаҕар Суоттуга – хаайыылаахтар сөбүлээн мустар сирдэригэр – барда. Кинилэри кытта мин ыстаарсайым, урут Суоттуга учаскыабайдаабыт буолан сирин-уотун, дьонун-сэргэтин сиһилии билэр Куһумуун барыста. Мин Дьокуускайтан кэлбит оперы кытта күрүөйэхтэрбин көрдүү куораттаһар буоллум.    Биһиги ыксал бөҕөнөн ГАИ иниспиэктэрэ Г.Крылов былыргы эмэрикээнискэй «джип» массыынатынан Суотту кытылыгар бырахтардыбыт. Өрүскэ «хара уу» бөҕө кэлэн, дьон «Ракетаҕа» ыстааннарын өрө тардына-тардына эрэй бөҕөнөн тиийэллэр. Биһиги эмиэ киирээри мучумааннана турдахпытына, кытылга били Обкуом Шадринын «уазига» сүүрдэн кэллэ. Тойоммут холуочук эбит, тоҕо баччааҥҥа диэри куоракка барбакка сылдьарбытын мөхтө. Ол кэннэ, тоҕо эрэ, биһигини массыыналарыгар олордон баран, Суотту бөһүөлэгэр таҕыстыбыт. «Лена» сопхуос дириэктэрэ Охлопков дьиэтин ыйдаран тиийдибит. Тойотторбут манна «чэйдииргэ» быһаарыннылар. Биһигини «массыынаҕа олоруҥ!» диэтилэр. Тойоттор икки чааһы быһа «чэйдээтилэр». Онно сөп буолбакка, Суотту ыһыахтыыр сиригэр тиийэн эмиэ «эбиннилэр». Бу сырыыга, хата, биһиги хонууга тэлгэтиллибит астан асаһар чиэскэ тигистибит. Күнү быһа аһаабакка сылдьар дьон аччыктаан иэдэйбит этибит. Хайа, уонна Обкуом тойонун кытта биир остуолга олорон асаһыы биһигинньик кыра дьоҥҥо улахан чиэс-бочуот буоллаҕа. Бу олорон сопхуос дириэктэрэ Ыстапаан Охлопков мин ыстаарсайбын Куһумууну, отдел начаалынньыгын Сэмэн Боппуобу «маладьыастар, үчүгэй үлэһиттэр» диэн Обкуом суостаах тойонун иннигэр хайҕаталаан улахан суолталаах дьыаланы оҥорбута. Ыстапаан барахсан, бар дьонун туһугар ыалдьар-кыһаллар, ол иһин нэһилиэнньэҕэ улаханнык ытыктанар үтүө салайааччы этэ.    Аһаан бүтэн айаннааһын буолла. Ол бэйэтин туһугар ыарахан айан этэ. Холуочук тойон суолу быһа хай­ҕаан-мөҕөн, сыбаанньабытын сороҕор үрдэтиэх, соро­ҕор намтатыах буолан суоһур­ҕанан, өрүһү бэрт «бэһиэлэйдик» туораабыппыт. Ол да гыннар, Шадриммыт арахсарбытыгар биһиэхэ ситиһиилэри баҕаран, туох эмэ кыһалҕа үөскээтэ да тута киниэхэ үлэтигэр тиийэ сылдьарбытыгар ыҥыран арахсыбыта. Биһиги Обкомтан «крышаламмыт» курдук сананан, үөрэ-көтө хаалбыппыт.    Ол кэннэ биһиги икки хонугу быһа куорат араас «бичарняларын», пиибэ атыыланар туочукаларын барытын кэрийдибит, бэйэбит «бич» курдук таҥнан баран билсибит дьоммутун кытары тэҥҥэ пиибэлэһэн, арыгылаһан, ол быыһыгар холуочук сылдьан ыкка ытыттаран, хаста да дьиҥнээх хаайыылаахтарга түбэһэн нэһиилэ тыыммытын күрэтэн дьаабы сырыыны сылдьыбыппыт. Хата, үһүс күммүтүгэр «күрүөйэхтэр бары тутулуннулар, үлэҕэр кэл» диэн бирикээс тутан өрө тыыммытым.   Атласов диэн кимий?      Атласов диэн омугунан саха, 34-гэр эрэ сылдьар эдэр киһи. Курбуу курдук уһун-көнө уҥуохтаах, бааһынайдыҥы ыраас хааннаах, дьахтар аймах хара­ҕын хатыыр киһитэ этэ. Эмиэ бэйэтин курдук баа­һынай, 16 саастаах оскуола үөрэ­нээччитэ кыыһы ойох ылан олорбута. Кини бэйэтэ ити олорбут 34 сылыттан хайа быспыт аҥаарын хаайыыларга атаарбыт, хаайыы эргимтэтигэр улахан аптарытыаттаах, харса-хабыра суох майгылаах, иккитэ ыарахан ыстатыйаларынан сууттанан хаайылла сылдьыбыт киһи этэ. Онуоха эбии, киһини соруйан өлөрүүгэ буруйданан сууттанаары хаайыллан сытара. Бу хаайылла сытан кини көҥүлгэ сылдьар доҕотторуттан «малява» – сурук – тутар. Онно доҕотторо кинини урут зонаҕа олорон оҥорбут өссө биир буруйа күөрэйэн тахсыах курдугун сэрэтэллэр, эбиитин, эдэр кэргэнэ кыыс кистээн «күүлэйдиирин» биллэрэллэр. Дьэ ол кэннэ Атласов «дьыалатын ситэрэ-хоторо» күрүүргэ быһаарынар.    Кинини кытта биир хаамы­раҕа хаайыллан сытар дьон, бука куттанан буолуо, кинини кытта күрэһэргэ сөбүлэһэллэр.    Сэбиэскэй кэмҥэ хас оро­йуоннааҕы отдел аайы КПЗ (камера предварительного заключения) диэн баара. Онно силиэстийэлэнэ сылдьар холуобунай буруйдаахтары сэргэ, суутунан бытархай күлү­гээ­нээһин иһин «сууккаланан» олорор дьон хаамыралара бааллара. Онуоха эбии, кинилэри анаан харабыллыыр сулууспа суох, ол эбээһинэһи дьуһуурунайдар толороллор. Отделга биир дьуһуурунай суук­каҕа икки сотрудник тураллар: эписиэр уонна рядовой милииссийэ. Ол күн дьуһуу­рустубаҕа младшай лейтенант И.А. Охлопков, кини көмө­лө­һөөччүтүнэн милииссийэ А.А. Алексеев турбуттар.    Сарсыарда 6 чааска Алексеев дьуһуурунайын сэрэппэккэ эрэ (киһитэ көрүдүөр уһугар баар кабинетыгар олорбут), араспысаанньа быһыытынан көрүллэр «сарсыардааҥҥы оправканы» ыытаары, соҕото­ҕун КПЗга киирэн Атласовтаах хаамыраларын арыйбыт. Ону эрэ күүтэн аан таһыгар саһан турбут Атласов милииссийэ үлэһитин уолугуттан харбаан ылан хаамыра иһигэр ньылбы тардан ылбыт. Ол кэннэ үһүөн саба түһэн охторон, дөйүтэн кэбиспиттэр. Ол кэннэ тугу да сэрэйбэккэ олорор Охлопков кэбиниэтигэр көтөн түһэн, бокуой биэрбэккэ, үлтү сынньан, дөйүтэн кэбиһэллэр. Көтөҕөн аҕалан хаамыраҕа быраҕан баран, иккиэннэрин таһыттан хатаан кэбиһэллэр. Эбии, атын икки хаамыраны арыйан өссө 3 киһини босхолууллар. КПЗ-тан тахсан баран, күрүөйэхтэр үс аҥыы хайдаллар. Атласов соҕотоҕун ойоҕун кытта «быһаарса» дьиэтигэр ыстанар, 3 киһи Суоттуга бараары куораттыыр аартыкка тахсаллар, икки киһи Бороҕон иһигэр саһар сир көрдөнө сүүрэллэр.    Ити кэмҥэ отдел начаалынньыга Сэмэн Боппуоп, ирдэбил быһыытынан, дьуһуурустуба хайдах ааспытын ыйытаары сарсыарда дьуһуурунай чааска төлөпүөн­нүүр да, туруупканы ким да ылбат. Онуоха кини отдел таһыгар олорор Хачыгаар Өлөк­сөйгө эрийэн «тахсан көр, миэхэ эрийдиннэр» диэн илдьиттиир. Бэйэтэ таҥнан бараары турдаҕына Өлөксөйө эрийэн иэдээн буолбутун иһитиннэрэр.    Дьэ, түрүлүөн бөҕө буолар! Тута түрүбүөгэ биллэриллэн, баар сотрудниктар бары отделга мусталлар... Ол иннинэ начаалынньык кэлэн хаамыраҕа хаайылла сыппыт икки дьуһуурунайы босхолоон баран, иккиэннэрин Атласов дьиэтигэр ыыталыыр. Кинилэри кытта, түрүбүөгэҕэ бастакынан кэлбит, кэлин полковникка диэри үүммүт, улахан дуоһунастаммыт Егор Федосеев үһүс киһинэн барсар.    Бу дьон үһүөн Атласов дьиэтигэр тиийбиттэрэ, дьиэ иһиттэн хатыылаах. Сэрэнэн түннүгүнэн өҥөйөн көрбүттэрэ – Атласовтара муостаҕа икки уостаах булт саатын хомуйа сатыы олорор. Бэйэлэрэ да дьону күрэтэн буруйдаммыт, эбиитин кырбанан, хаайыллан киҥнэрэ-наардара холлубут, харса суохтарыгар түспүт дьон уһуннук толкуйдуу барбакка, түннүк тааһын үлтү сынньан дьиэҕэ көтөн түспүттэр. Атласовтара саатын быраҕан баран быһаҕынан утарылаһа сатаабытын, бокуой биэрбэккэ, хомурҕана тахсыар диэри бэрт хоччорхойдук кум-хам тутан, кэлгийэн баран, түҥ-таҥ анньан хаамыратыгар аҕалан хатаан кэбиспиттэр.    Атласов дьиэтигэр кэлэн ойоҕун дэлби кырбыы-кырбыы, араастаан, содур-сидьиҥ быһыылаахтык күүһүлээбит. Биир сааһын да туола илик кыһыл оҕотун атаҕыттан ылан истиэнэҕэ сабаан өлөрбүт. Ол кэннэ дьахтарын эмиэ араастаан сордоон, сүөһү курдук астаан өлөрүөхтээҕин уолаттар кэлэн мэһэйдээбиттэр. Дьиэ иһэ ынырык хартыына үһү: өлбүт оҕо, муоста барыта кыа-хаан, онно ботуруон бөҕө ыһылла сытар, этэ-сиинэ барыта быһаҕынан тырыта-хайыта тыытыллыбыт кыыс ийэттэн төрүү сыгынньах хаанынан уста сытар. Ол кыыс бэрт өр балыыһаҕа сытан эмтэнэн эрэ арыычча атаҕар турбута.    Атласов уол оҕо сааланан кустуур-куобахтыыр кэмин барытын хаайыыга атаарбыт буолан, булт саатынан тутта үөрүйэҕэ суоҕа абыраабыта. Саата да – ТОЗ-34 ЕР, киһи дөбөҥнүк хомуйа охсубат саата. Өскөтүн кини сааҕа сыстаҕас киһи эбитэ буоллар, улахан алдьархайы оҥо­руохтааҕа хаалбыта.    Хаалбыт 5 күрүөйэхтэн 3-н Куһумууннаах Суотту бөһүө­лэгин Хоноҕор учаастагыттан туппуттара. Саһа сытар дьиэлэрин таһы­гар тоһуур оҥорон, биир киһилэ­рэ таһырдьа тахсыбытын саба түһэн туппуттар уонна ол киһинэн ааны астаран, кү­рүө­йэхтэри туох да тыаһа-ууһа суох тутаттаабыттар. Икки киһи оройуон киинигэр саһа сылдьалларын түүн­нэри-кү­нүс­тэри тохтообокко көрдөөн, эмиэ туох да айдаана суох туппуттара. Мин бу айдаан саҕаланарыгар – Дүпсүҥҥэ, көрдөөһүн кэмигэр Дьокуускайга сылдьыбыт буолан, күрүөйэхтэри тутууга кыттыбакка хаалбытым.    Түмүгэр, Атласов урут оҥорбут буруйугар өссө эбии хаайыыттан күрээ­һин, оҕону өлөрүү, содур кө­рүҥнээх ыарахан күүһү­лээ­һин, милииссийэ үлэһит­тэ­ригэр утарыла­һыы барыта эбиллэн, саамай ыар миэрэҕэ – ытылларга – ууруллубута.    Ол күн дьуһуурустубаҕа туран дьону күрэппит буруйдаах Охлопков уонна Алексеев үлэлэриттэн ууратыллыбыттара. Отдел начаа­лынньыга Сэмэн Боппуопка, бу дуоһунаһыгар саҥа үлэ­лээн эрэрин учуоттаан, кытаанах быыгабарынан му­ҥур­даммыт­тара. Кырдьык, Сэмэн Көстөкүүнэбис оччолорго 30-тун да туола илик, Өрөспүүбүлүкэ отделларын саамай эдэр начаалынньыктара уонна ол иннинэ силиэдэбэтэллии сылдьан соҕо­то­ҕун биир сыл иһигэр 120 дьыаланы бүтэрэн суукка ыыппыт, билиҥҥэ диэри ситиһилли­бэккэ турар рекортаах үтүө үлэһит этэ.    Маны тэҥэ, үөһэ ахтан аһарбытым курдук, оччолорго Саха сирин үрдүнэн бастыҥ көрдөрүүлээх «Лена» сопхуос дириэктэрэ, ытыктабыллаах Ыстапаан Ыстапаанабыс Обкуом тойонугар Шадриҥҥа кинини хайҕаан эппит тыла-өһө манна эмиэ көмөлөспүтэ буолуо дии саныыбын.   Захар Федоров, Бэрдьигэстээх.
kyym.ru сайтан