Кэпсээ
Войти Регистрация

Медальон

Главная / Кэпсээн арааһа / Медальон

K
14.10.2022 13:31
Бу кэпсээни 1989 сыллаахха Улахан Күөл диэн сиргэ оттуу сырыттахпына, Амматтан тө­рүт­тээх Даайа кэпсээбитэ.        1979 сыллаахха сайынын саһыл пиэрмэтигэр биир дой­ду­лааҕа эдэр кыыс кэлбит. Аҕы­йах күҥҥэ Даайаҕа олорор. Кинилэр бөһүөлэктэриттэн пиэр­мэ биир көс тэйиччи турар. Аттыгар Быйыттаах диэн күөл­лээх. Бэрт быйаҥнаах, балыктаах буолан, пиэрмэ саһыл­ларын ардыгар тута күөлтэн аһа­таллара. Пиэрмэ үлэһиттэрэ олорор бөһүөлэк­тэригэр ыйга ик­китэ-үстэ эрэ баран кэлэллэр.    От ыйын бүтүүтүгэр эдэр кыыс дьүөгэтэ уонна биир уол буолан бөһүөлэккэ ас-үөл атыы­лаһа киирбиттэр. Күөлү эргэ тыынан туорууллар эбит. Наадаларын барытын ылан, санаалара туолан сайылыктарыгар төннөр чаастара тирээн кэлбит. Саатар күүстээх тыал бөҕөтө түспүт. Эдэр дьон онно улахан болҕомтону уурбакка эргэ тыыларынан устан, пиэрмэлэригэр тиийэргэ санаммыттар. Эргэ тыы, күүстээх тыал, үс киһи ыйааһына маа буолуо дуо, күөл ортото устан тиийиилэригэр тыылара уунан туолан, күөлгэ тимирэн, ол күн үһүөн суорума суолламмыттар.    Амма кыыһын барахсаны дойдутугар тиэйэн илдьэн кис­тээбиттэр. Ол курдук биир ый ааспыт.    Даайа ити буолбут быһы­лаа­ны арыый умна быһыытыйан истэҕинэ, кыыс хоно сылдьыбыт хоһугар ким эрэ тыаһыыра, хаамара-сиимэрэ иһиллибит. Даайа маҥнай утаа «таһырдьа тыас иһиллэрин бутуйабын дуу» диэн иһэн хоско киирбитэ, били, былаҕайга былдьаммыт кыыс илэ бэйэтинэн хаама сылдьар! Ыскаабы хасыһар, тыас-уус бөҕөтө, хоһу дэлби ыспыт.    Дьиэ иһэ сырдык буолан дуу, уутун быыһыгар сылдьар буолан дуу куттамматах, хата, «Тугу көрдүү­гүнүй?» – диэн ыйыппыт. «Медальоммун көрдүүбүн, дойдубар илдьэ барыам этэ», – диэбит. Даайа «булан биэриэм, хайаан да ыытыам» диэн баран, аан диэки хайыһарын икки ардыгар кыыс суох буолан хаалбыт. Кэлэ да сылдьыбатах курдук буолбут. Даайа, дьэ, этэ-сиинэ тымныйан, куттанан киирэн бар­быт. «Баҕар, утуктуу сылдьан хараҕым иирбитэ буолуо, кыысчаан барахсан үтүө санаалааҕа, туох да ку­һаҕаны оҥоруо суоҕа» диэн уоскутуммут. Нөҥүө кү­нүгэр кинигэ ыскаабын сото-сууйа сылдьан кинигэ быыһыттан медальон кыбыллан сылдьарын булбут. Били быһылаанын өйдөөт, өлбүт кыыс дьонугар сибээскэ тахсан, буолбуту кэпсээбит, уҥуоҕар илдьэн ууралларыгар көрдөспүт. Ити кэннэ кыыс биллибэт буолбут.   Сардаҥа БОРИСОВА.
kyym.ru сайтан