Кэпсээ
Войти Регистрация

Лермонтов аҕата кимий?

Главная / Кэпсээн арааһа / Лермонтов аҕата кимий?

K
14.10.2022 13:20
Сороҕор Интэриниэт ситимигэр киһи үөйбэ­тэ­ҕин-ахтыбатаҕын ааҕар. Ол курдук, Марьям Вахи­дова диэн публицист, су­руналыыс өссө 2003 сыл­лаахха нуучча улуу бэйиэтэ Михаил Юрьевич Лермонтов «аҕата чэчиэн этэ» диэн соһуппута. Он­тон сиэттэрэн, бу улуу бэйиэт ийэтэ-аҕата ким-туох этилэрий, тоҕо маннык номох үөскүүрүй диэн интэриэһиргиэххэ.     Лермонтовтар – Шотландияттан      Дьиҥинэн, Лермонтовтар ыраас нуучча буолбатахтара биллэр. Арассыыйа былыргы аҕа ууһа эрээри, Шотландияттан, кельтэртэн төрүттээхтэр дииллэр эбит. Бэл, Томас Лермонт диэн кельт норуот ырыа­һытыттан, бэйиэтиттэн силис тардар буолуохтаахтар диэн номох баарын баччааҥҥа диэри ким да сөп да, сымыйа да дии илик.    Аны М.Лермонтов Шотландияттан төрүттээҕин билэрэ эрээри, төрдүн-ууһун өссө Испания Франсиско Лерма диэн ааттаах судаарыстыбаннай диэйэтэлин кытта эмиэ ситимниирэ дииллэр.   Аҕата      Бэйиэт хос эһэтэ Юрий Петрович Лермонтов докумуонун көрдөххө, шляхта кадеттарын куорпуһун бүтэрбит, байыаннай киһи этэ. (шляхта диэн Польшаҕа ураты «привилегиялаах» үрдүкү араҥа). Ити кэмнэргэ Лермонтовтар аҕа уустара өссө кыахтаах, сис дворяннарга киирсэрэ. Кэнники, бэйиэт төрүүрүн эҥин саҕана, баайдара-дуоллара айгыраан, дьадайан барбыттара.    Бэйиэт аҕата Юрий Петрович Лермонтовы (1787—1831) «орто уҥуохтаах, кырасыабай дьүһүннээх, уурбут-туппут курдук быһыылаах-таһаалаах эр киһи этэ; үтүө сүрэхтээҕэ эрээри, кыыһыран-тымтан да турар майгылааҕа» диэн ахталлар. Дьахталлар кинини олус сөбүлүүллэрэ диэн тыл быктаран аһарбыттар. Мария Михайловна Арсеньеваны (бэйиэт ийэтин) кэргэн ылыан аҕай иннинэ пехота хапытаана чыыннаах астаапкаҕа тахсыбыт эбит. Элбэх оҕолоох ыал оҕото, эдьиийдэрдээх, балтылардаах эбит.   Ийэтинэн – Столыпиннар        Арсеньевтар – бэйиэт ийэтинэн аймахтара. Бэйиэт эһэтэ Михаил Васильевич Арсеньев (1768-1810), гвардия поручига, 1794 сыллаахха Москубаҕа Елизавета Алексеевна Столыпинаны (1773-1845) кэргэн ылбыт. Ол кэннэ Пенза кү­бүөрүнэтигэр Тарханы диэн сэлиэнньэни атыылаһан онно олохсуйбут. Михаил Васильевич Арсеньевы «орто уҥуох­таах, кырасыабай киһи этэ; былыргы биллиилээх дворян удьуордааҕа» диэбиттэр. Михаил Васильевич көрдөөх-нардаах олоҕу туохтааҕар да ордороро.    Онтон Елизавета Алексеевнаны, бэйиэт эбэтин, «бө­рүкүтэ суох дьүһүннээх, кытаанах, дьиппиэн майгылаах» диэн ахтыбыттар. Өйдөөх, дьулуурдаах, дьыалабыай дьахтар эбит. Арассыыйа биир чулуу аҕа ууһуттан – аатырбыт Столыпиннартан төрүттээх эбээт! Аҕата хас да сыл Пенза күбүөрүнэтин дворяннарын салайбыта. Елизавета Алексеевна 11-с оҕонон төрөөбүт эбит. Биир убайа – Суворов адъютана, икки убайа – генераллар, биир – сенатор, өссө икки убайа Пензаҕа, биирэ Саратовка дворяннары салайбыттар. Биир эдьиийэ – Москуба вице-күбүрүнээтэригэр, биирэ генералга кэргэн тахсыбыттар. Быһата, бары өттүнэн Арассыыйа биир саамай кыахтаах уонна ону билинэр, «биһиги аҕай» дэнэр дьиэ кэргэн эбит.    Елизавета Алексеевна соҕотох кыыһын Машаны оҕо­лонон баран, дьахтар ыарыытыгар ыалдьыбыт. Инньэ гынан, ханна барыай, эрэ «туора хаамар» идэлэммит. Мансырева диэн ыаллыы олорор помещик дьахтарыгар иирбит. Тапталлааҕын эрэ кыраныысса таһыттан төннүбүтүн истэн баран, хараарчы иирэ сылдьар Арсеньев, дьаат иһэн, сүһүрэн өлбүт. Елизавета Алексеевна «ыт ыттыы өллөҕө» диэн баран, кыыһын илдьэ Пензалаабыт.    Елизавета Алексеевна ити кэмтэн ыла бэйэтэ дьаһа­нан олорбут. 600 бас билэр бааһы­найдааҕын кытаанахтык тутара үһү. Саамай кытаанах накаастабыла – эр дьоҥҥо куйахаларын аҥаарын сулуйара. Онтон буруйдаах дьахталларга суһуохтарын бысталыыра.   Баай кыыс – дьадаҥы киһиэхэ        Юрий Петрович Лермонтов Кропотовка диэн бас билэр сирэ Арсеньевтар Васильев­ка диэн дэриэбинэлэрин атты­гар турара. Елизавета Алексеевна кыыһа Мария кырасыа­бай, саҥалаах-иҥэлээх Юрий Петровиһы көрдө-көрөөт сөбү­лээбит диэбиттэр. Кини оччолорго 17 сааһын да туола илик, олоҕу билбэт кыыс буоллаҕа. Төһө эмэ дьадаҥы, биллибэт-көстүбэт удьуортан диэн, ийэтэ сөбүлээбэтин үрдүнэн, кыыһа киниэхэ эрэ эргэ тахсыахпын баҕарабын диэбит. Онон со­ҕотох кыыһын тылын быһа гым­макка, ийэтэ сөбүлэспит. Оттон Лермонтовка Арассыыйа биир кыахтаах ыалын кыыһын кэргэн кэпсэтии бары өттүнэн табыгастаах курдуга.    Ол сыбаайба туһунан «Арсеньева хотун кыыһыгар сүрдээх баай-талым урууну тэрийбитэ» диэн ахтыбыттара баар. Бэл, ол күн «хамначчыттары, туох баар бааһынайдары барыларын маанытык таҥыннарбыта» диэбиттэр. Сыбаайба кэнниттэн эдэр ыал Тарханыга олохсуйбуттар. Дьахтар оҕолоноро чугаһаабытыгар Юрий Петрович кэргэнин Москубаҕа илдьибит – уопуттаах быраастарга чугаһатан. Мария Михайловна эрэйдээх төрүү мөлтөх доруобуйалаах эбит. Онно 1814 сыл алтынньы 2-3 күнүгэр улуу бэ­йиэт Михаил Лермонтов күн сирин көрбүтэ.   Ийэ тапталын билбэккэ      Алтынньы 23 күнүгэр Михаил Лермонтовы таҥара дьиэтигэр сүрэхтээбиттэр. Аҕата уолун Петр диэн ааттаары гыммытын күтүөтүн сөбүлээбэт Е.А. Арсеньева утарсан, Михаил диэн ааттаппыт. Эдэр Лермонтовтар дьоллоро уһаабатах. Е.А. Арсеньева кыыстаах-күтүөтүн олоҕор орооһон дуу, эбэтэр атын төрүөтүнэн дуу, эдэр ыал иирсэрэ элбээн барбыт. Онуоха эбии дьахтар оҕо­лом­мутун кэннэ ыарыыта бэргээн, эрэ атын дьахталларга сылдьар буолбут. Ол, биллэн турар, үчүгэй олоххо тиэрпэтэх.    Юрий Петрович уолун кө­рөр бонна (нээнньэ) Сесилья Федоровнаны, онтон да атын дьахталлары кытта көссүүлэс­питэ диэн суруйаллар. Биирдэ Мария Михайловна кэр­гэнин кытта ыалдьыттаан төннөн испиттэр. Мария эрин күнүү­лээн, мөҕөн-этэн, буруйдаан са­ҥаран барбыт. Ону тулуйумуна, Юрий Петрович дьахтары сирэйгэ охсубут...    Арахсыыларын төрүөтэ ити буолбута диэбиттэр. Онтон ыла Мария Михайловна уһаабатах, сэллик хам ылан, баара-суоҕа 21 сааһыгар олохтон бараахтаабыт. Үс саастаах уолчаана Миша тулаайах хаалбыт. Кини кэлин «ийэбин барбах эрэ өй­дүүбүн, миэхэ ураты нарын ырыаны ыллыыра» диэн ахтара.   Эбэ оҕото      Ойоҕо өлбүтүн кэннэ Юрий Петрович уолун эбэтигэр хаалларан, бэйэтэ бас билэр Кропотовкатыгар көспүт. Чороҥ соҕотох хаалбыт Елизавета Алексеевна туох-баар тапталын сылааһын, күүһүн-кыаҕын сиэнигэр анаабыта. Кини сиэнин эрэ туһугар олорбута, кини интэриэһинэн салайтарбыта. Дьадаҥы кэриэтэ Юрий Петрович Лермонтов уолун баай аристократ аймахтар ирдииллэрин, баҕаралларын курдук хантан иитиэй?!    Инньэ гынан Арсеньева эмээхсин «сиэним омук тылын үөрэтэригэр сылга түөртүү тыһыынчаны ороскуоттуом» диэн туран, уолу 16 сааһыгар диэри бэйэм илдьэ сылдьыам, бэйэм иитиэм диэн хааллартарбыта. Дьиҥинэн, аҕа­та ыллаҕына даҕаны, сокуон кини диэки этэ. Ону ылар түбэлтэтигэр сиэммин нэһилиэстибэттэн матарыам диэн куттаан, аҕата уолун инникитин санаан, сүрэҕэ кыланнар да, эмээхсин дьэбир усулуобуйатыгар сөбүлэһэн, уолун хаалларан барар.    Эмээхсин күтүөтүн кытта иитии-үөрэтии өттүгэр сүбэ­лэһиэх буолар даҕаны, ол усулуобуйаны хаһан да толорбот. Буолаары буолан, кү­түөтүн аһаҕастык сэниир, үөҕэр, мэлдьи иирсэр, уолун утары туруора сатыыр... Онон Лермонтов икки саамай таптыыр күндү киһитин – эбэтин уонна аҕатын иирсээннэрэ олоҕун биир улахан хомолтото, ыар сүгэһэрэ этэ.    Уол кыра эрдэҕиттэн эбэтин тапталыгар угуттанан улааппыта да, төрөппүт эрэ бэлэхтиир сылаас иэйиитин билбэтэҕэ. Баҕар, ол иһин буолуо, Лермонтовы нуучча поэзиятын биир саамай уустук, утарсыылаах, өйдөммөт бэйиэтэ дииллэр. Олох кыратыттан ийэ-аҕа тапталын билбэккэ улааппыта, аҕатыттан туора тутулла сылдьыбыта дьайдаҕа. Тугу саныырын, тугу иитиэхтээн сылдьарын уолчаан кимиэхэ даҕаны арыйбата... Кини өй-санаа өттүнэн олус эрдэ тыллыбыта, сайдыбыта. Эбэтэ киниэхэ оччотооҕу кэминэн, бастыҥ үөрэҕи бэрдэрбитэ. Лермонтов ол кэм сиэринэн хас да омук тылын билэрэ, омук литэрэтиирэтин ааҕара.   Кавказ суола – хантан?      Санаан да көрүҥ, 15 эрэ саастаах улаатан эрэр уол «Демон» диэн улуу поэматын суруйан саҕалыыр! 1829 сыллаахха «Ты дал мне жизнь, но счастья не дано!..» диэн хоһоону суруйар. Ити – аҕатыгар ту­һуламмыт устуруокалар.    Эдэркээн Лермонтов Кавказ тиэмэлээх хоһооннору су­руй­туур: «Кавказский пленник» (1828), «Черкешенка» (1829), «Кавказ» (1830), «Каллы» (1830-1831), «Синие горы Кав­каза, приветствую вас!..» (1832), «Измаил-Бей» (1832), «Аул Бастунджи» (1833-1834), «Хаджи-Абрек» (1833-1834), «Беглец» (1837).    Тоҕо, туохтан кини маннык оҕо да диэххэ сөп! – сааһыттан Кавказка абылатта, сүрэҕин туттарда? Марьям Вахидова «түөрүйэтигэр» төннүөххэ. Кини этэринэн, Лермонтов «дьиҥнээх» аҕата чэчиэн национальнай-босхолонуулаах хам­сааһынын лиидэрэ Бейбулат Таймиев эбит. «Онон кини хааныгар баар, Кавказка таптал!» – диир чинчийээччи. Ол түөрүйэни тугунан бигэргэтэрий? Елизавета Арсеньева аймаҕа дьахтар кэргэнэ Кавказка сулууспалаабыт Хастатов диэн байыаннай эбит. Ол киһи үс оҕолоох ойоҕун хаалларан, олохтон туораабыт. Онуоха Арсеньева аймаҕын аһынан, кыыһын илдьэ Кавказка киниэхэ кэлэр. Онно олорсор. Ити кэмнэргэ чэчиэннэр Арассыы­йа колониальнай батталын утар­сыы бөҕө буола сылдьар кэмнэрэ. Субу-субу кыраныыссаны («кордон») туораан киирэллэр, саба түһэллэр.   Чэчиэн Бейбулат Таймиев – Лермонтов аҕата          Бейбулат Таймиев биир кэм­ҥэ тоҕо эрэ ыраахтааҕылаах Арассыыйа диэки буолан, аар­мыйаҕа сулууспалыы диэн кыраныыссаны туораан киирэ сылдьыбыт. Ол эрээри, уһаа­батах, нуучча генералын билиэн ылан, бэйэтин дьонугар кү­рээбит.    Мария Арсеньева чэчиэннэр лиидэрдэрин ити кэмҥэ үгүстүк көрсүбүт уонна ол сыл­дьан кистээн таптаабыт буолуохтаах диэн ааптар саба­ҕалыыр. Ол эрээри, ол биһиги үйэбит кыргыттара оннук «түр­гэн» тапталлаах буолуохтара. Онтон 18 үйэҕэ төрөөбүт, үйэтигэр «абректары» көрбөтөх 15 эрэ саастаах ыраас кыыс төһө да «романтичнай» буоллар, чэчиэн эр киһитин көрдө-көрөөт хайдах таптыан сөбүй? Киһи соччо итэҕэйбэт...    Салгыы өссө дьикти са­ба­ҕалааһыннар бараллар. Тапталлаахтарга ыарахан күн­нэр-дьыллар үүнэллэр. Ийэтэ кыыһын илдьэ дойдутугар төн­нөр. Онно баран иһэн кыыһа ыараханын дьэ өйдүүр уонна тутатына Пензаҕа олорор дьадаҥы Юрий Петрович Лер­монтовка кэргэн тахсар курдук «бырайыагы» толкуйдуу охсор. Ол аата, дьоно хол­боһоллоругар Лермонтов номнуо төрөөбүт эбэтэр, төрөөрү «бэлэм» сылдьар буолан тахсар. Онон Лермонтов 1814 сыллаахха буолбакка, 1811 сыллаахха төрөөбүт эбит!    Аны, чэчиэн аҕалааҕын туһунан ийэтэ күннүгэр суруйан хаалларбыт эбит. Ону уолчаан кыратыгар бэйэтэ ааҕан билбит уонна онтон сылтаан ыалдьан, хас да күн өйө суох сыппыта диэн суруйаллар. Ол күннүк кэ­лин сүтэн хаалбыт диэн суру­йар «чинчийээччи». Биллэн турар, ааҕыахха сүрдээх ин­тэ­риэһинэй. Ол эрээри, да­каастабыла туох эбитий? М.Вахидова Лермонтовы «чэчиэн аҕалаах этэ» диэн кураанахтан ылбатаҕым диир. «Миигин күлүү гынымаҥ...» диэн эрдэттэн суоһурҕанар.    Ол курдук, кини ССРСка бука бары билинэр, ытыктыыр литэрэтиирэни чинчийээччи Ираклий Андроников диэн Лер­монтовы дьаныһан туран үөрэппит киһи үтүө аатыгар сигэнэр. Биирдэ Чечняҕа кэлэ сылдьан күндүлэтэн, бэркэ хотторбут туруктаах олорон ытык кырдьаҕас дэлби ытаабыт уонна «чеченнэр эһиги миигиттэн Лермонтовы былдьаатыгыт» диэбит – ол Марьям Вахитоваҕа да буолбатах, атын киһиэхэ. Дьэ онно кэпсээбит курдук, бэйиэт дьиҥнээх аҕата кимин туһунан.   Атын «аҕалар»      Тоҕо эрэ ала-чуо Лермонтов олоҕун, төрөппүттэрин сөбүлээн өрө-таҥнары туппуттар эбит. Ол курдук, бэйиэт атын да «аҕалардааҕын» туһунан ахталлар эбит. Израиль биир чинчийээччитэ «Лер­монтов ийэлээх аҕатын мэтириэтигэр олох майгыннаабат. Кини испанецка, французка эбэтэр дьэбириэйгэ майгынныыр» диэбит. Биир чинчийээччи «Мария Арсеньева ийэтин бырааһын кытта көссүүлэспитэ», К.Леви диэн француз киһитин кытта, ол кини дьиҥнээх аҕата этэ диэн суруйбуттар. Ону батыспыттыы, аны нууччалар туран кэлбиттэр «Лермонтов аҕата ханнык да Шотландия дворяннарыттан төрдө суох, боростуой куучар, хамначчыт этэ» диэбиттэр... Онон арааһа, Лермонтов аҕалара өссө да элбии турууһулар быһыылаах.   Бэлэмнээтэ Роман Ш.
kyym.ru сайтан