Кэпсээ
Войти Регистрация

Булчут кэпсээнэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Булчут кэпсээнэ

K
edersaas.ru Категорията суох
12.11.2022 16:13
Урут өрдөөҕүтэ тайахтыы сылдьан кутургуйаларга быһа сиэтэн, өлө сыһан турардаахпын, 4-5 кутургуйа тахсыбыта, ириҥэ көйөн ыарыыта диэн иэдээн, ол ыалдьа сытан, арай, биир түүн ыарыым быыһыгар түүл түһээтим. Ханна эрэ тыаҕа массыынанан баран иһэбин, ол истэхпинэ, суолга утары биир тоҥхоччу кырдьыбыт кырдьаҕас кэлэн иһэр эбит, илиитигэр маҥан мөһөөччүк суумка тутуурдаах, ааһыах курдук гынан эрдэхпинэ, кырдьаҕаһым илиитинэн далбаатаан тохтотто. Мин массыынабын тохтотон, түһэн оҕонньорум диэки тиийбитим, арай, кырдьаҕаһым суох, сүтэн хаалбыт, онон манан эргийтэлээн, өҥөҥнөөн көрөн баран хайыахпыный, массыынабар олорон айаннаатаҕым дии. Ол айаннаан иһэн көрбүтүм, пассажир сидиэнньэтигэр оҕонньорум маҥан мөһөөччүгэ сытар эбит, хайдах-хайдаҕый диэн тохтоон, мөһөөччүгү хаһан көрбүтүм, иһигэр үс водка сылдьар эбит уонна эмискэ уһуктан кэлбитим. Ол уһуктан баран, хайдах даҕаны тыаҕа тахсар кыаҕа суох балаһыанньаҕа сытарбын билэбин, дьэ, хайдах гынабын диэн толкуйга түстүм. Миигин кытары бииргэ төрөөбүт быраатым ханна да барбакка, үүтээҥҥэ кэтэх тардыстан сытыһар, онно-манна баран чэччийэн кэл диирбин олох буолбат, сири билбэт даҕаны уонна куруук киһи кэнниттэн сылдьа үөрэммит буолан, соҕотоҕун дуостал барбат этэ. Наараҕа сытан эрэ бырааппар эбиэккэ диэри дьэ, иэдээн нотацияны аахтым, уолум саҥарбат, сытар. «Билигин туран мин таҥаспын-саппын барытын таҥнан, карабиммын, быһахпын, сүгэбин иилинэҥҥин, аппын миинэн, сатаатар, дойдулуур суол устун Оноку үрэххэ диэри бара сылдьан баран төнүн» диибин. Дьэ, уолум аҥнан-бохтон, нааратыттан оронон туран, саҥата-иҥэтэ суох аттары тута өтөххө барда. Барар буолла быһылаах диэн кэтэн барыахтаах таҥаһын-сабын бэрийдэҕэ буоллум. Киһим чочумча буолан баран, мин аппын тутан кэлэн ыҥыырдаата. Дьэ, туох баар таҥаспын саппыкытыгар диэри кэтэрдэн, карабиммын сүктэрдим, сүгэтин иилинэн, дойдулуур суол устун аат эрэ харата эксэрдэтэ турда, туох даҕаны саҥата-иҥэтэ суох. Күүһүлэнэн баран эрэр киһи онтон аанньа буолуо дуо, өссө баран истэҕинэ хаһыытаан икки кураанах куулу уонна ыттары баайар быалары ыл диэн соруйдум уонна: «дьэ, бүгүн үс тайаҕы бултуоҕуҥ, истэрин-хоойдорун үчүгэйдик ылаттаар, дьаһайталаар» диибин, киһим мин диэки мээнэннэн көрөн туран, «ханнааҕы тайахтар кэлиэхтэрэй, таах-сибиэ баран эрэбин» диэччи буолла уонна дьэ, оннук хоҥнон барда. Киэһэлик алта чаас саҕана дойдулуур суолунан ыттара суох аттаах киһи элэгэлдьитэн иһэрэ көһүннэ, чугаһаабытын кэннэ көрбүтүм, быраатым эбит, дэлби ырбаччы үөрэн хаалбыт, төргүүтүгэр хааннаах куул тэскэччи баалла сылдьара көстөр. Быраатым уоскуйа түһэн баран, хайдах бултаабытын кэпсээтэ, ол Онокутугар тиийэн урукку отчуттар отууларыгар киэһээҥҥи диэри сытыллар ини, баҕар, киэһээ дойдуттан күтүөт кэлиэ диэн саныы-саныы суол устун баран испит, Онокуга тиийиэх иннигэр Энэкээннээх үрэҕэр чугаһаан истэҕинэ, суолтан син тэйиччи  сиргэ ыттар үрэллэрин истибит, арай, эргим-ургум көрбүтэ, мин ыттарым суохтар үһү, ону хаһаайыннарыгар үүтээҥҥэ төннөн хаалбыттар быһылаах дии санаабыт. Оннук аргыый ыттар үрэллэрин истэ-истэ барбалыы түһэн баран, олох арахпакка үрэллэрин иһин ханнык даҕаны ыттар буоллуннар, баран көрө сылдьыахха диэн баран, атын быһа биэрэн кэбиспит. Ыттар үрэр сирдэригэр чугаһаан, атын баайан үөмэн киирбит, ыраастаан бэрдьигэстэр быыстарынан көрдөҕүнэ, лөкөй турар үһү, ону кыҥаан баран ытан саайбыт, ону кытары хойуу бэрдьигэстэртэн икки тайах ыраас сиргэ ойон тахсан баран эрэллэрин эр-биир сууллартаабыт. Онно өйдөөн көрбүтэ, бэйэбит ыттарбыт аҕылаһа-мэҥилэһэ сылдьаллар үһү, чугаһаан тиийбитэ, лөкөй уонна тыһылаах ачарыы үһүлэр. Быраат  дьэ оннук үс тайаҕы бултаан турардаах. Онон түүлү эмиэ уларытыахха сөп быһылаах дии санаан турардаахпын. Балыара.
edersaas.ru сайтан