Кэпсээ
Войти Регистрация

Ытым барахсан

Главная / Кэпсээн арааһа / Ытым барахсан

K
edersaas.ru Категорията суох
09.11.2022 17:36
Дьааҥы оройуонун биир бөдөҥ сопхуоһа “Адыаччы” ыраах сытар Боруулаах уонна Табалаах диэн икки отделениелаах этэ. Табалаах нэһилиэгин дьоно Аҕа дойду сэриитин кэмигэр судаарыстыбаҕа кииһи, тииҥи, саһылы кыайа-хото туттаран биллибиттэрэ. Кинилэртэн биир бастыҥнара Эверстов Иннокентий Гаврильевич буолар. Лэгиэнтэй үчүгэй кэпсээнньит, сэһэнньит, былыргыны уонна аныгыны тэҥнээн кэпсиирин сөбүлүүр оҕонньор этэ. Биирдэ кинини кытары кустуу сылдьан “40 сыл устата бултаабыт кэмҥэр туох быһылааннары көрсүбүккүн кэпсии түс эрэ” диэн хаайбыппыт. Онуоха Чуорунай диэн булчут ыттаах этим диэн кэпсээнин саҕалаабыта. — Биирдэ атынан уон көстөөх сиргэ ыппын батыһыннаран айаннаатым. Аара хонон аҕам бултуур үүтээнигэр тиийэн кэллим. Үүтээн үс киһи сытар ороннооҕо, көмүлүөк оһохтооҕо, таһыгар сэргэлээҕэ. Манна хас да сыл устата эспэдииссийэ дьоно олоро сылдьыбыттар. Үүтээн иһэ барыта орун-оннугар эбит. Аппын илин атахтарын кыаһылаан баран, кыра көлүйэ кытыытыгар ыытан кэбистим. Ол кэннэ ыппын көх гынан оттук маспын бэлэмнээтим. Ыппын хайыппыт маспын таһарга үөрэппитим, аһыыр миискэтин эмиэ бэйэтэ ытыран аҕалааччы. Оччоҕуна эрэ аһатааччыбын. Оттон аппын куска-хааска үөмэргэ үөрэппитим. Бултуурбар үксүн сиэтэ сылдьарым. Оччоҕо ханнык да ат сиргэмтэҕэ суох буолар, киһини доҕор оҥостор, эрэнэр. Сарсыныгар аппын миинэн бултуур сыһыыларбын көрө бардым. Эбиэт кэннэ эргийэн үүтээн аны биир өттүн кэрийдим. Кыра күөллэр тоҥон чарчыйан эрэллэр этэ, кыра үрүйэлэр эмиэ мууһунан бүрүллүбүттэр. Куобах ороҕуттан ураты тугу даҕаны көрбөтүм. Хаар түһэ илик буолан, туох да суол-иис биллибэтэ. Киэһэлик аппын эмиэ кыаһылаан баран ыыттым. Үүтээммэр кэлэн көмүлүөкпүн оттон, аһаан-сиэн баран утуйдум. Арай түүн үс чаас саҕана ытым тугу эрэ сибикилээн үрдэ. Сарсыарда турбутум хаһыҥнаабыт, сир тоҥон, атах тыаһа лоһугурас буолбут. Манныкка ат туйаҕын тыаһыттан улахан булт ыраахтан күрэнэр, ол иһин сатыы бардым. Тайах, эһэ суоллара көстөллөр. Чуорунайым саҥа сиргэ хаһан да куота барбат, кэннибиттэн оргууй батыһар. Үөрэтиим оннук этэ. Уопсайынан, тугу сатыырбын өйдүү сатыыр курдуга, сирэйбин-харахпын одуулааччы. Бэйэтэ олус оттомноох, сахалыы өйдөөх ыт этэ. Дьиэбэр кэллэхпинэ, ытым өйө-төйө ыһыллыбатын диэн, бөһүөлэктэн үс биэрэстэ тэйиччи сиргэ соҕотоҕун олорор оҕонньорго хаалларааччыбын. Күнү быһа сирбитин кэрийэн, туох баарын сибикилээн баран дьиэбитигэр төнүннүбүт. Мырааны түһэн иһэн көрдөхпүнэ, арай ыҥыыр тутуурдаах биир киһи аппын батыһа сылдьар эбит. “Бачча ыраах сиргэ ким кэллэҕэй?” диэн дьиибэргии истим. Ол киһи аппар чугаһаатаҕына, биирдэрэ иннин диэки ойон биэрэр. Өйдөөн көрбүтүм – эһэ эбит. Дьэ ыксаатым, саабын илиибэр ыллым. Ытым сыт ылла даҕаны ыстанан кэбистэ. Тиийэн, үрэн моргуйда, тула кулахачыстылар. Ити кэмҥэ эһэ миигин көрөн, кэлээри сүүрэн истэҕинэ, ытым эмэһэтиттэн ытыран баран, түөрт атаҕынан хоруйан тохтотто. Кыыл часкыйа түһэн баран, аны ыты эккирэттэ. Ити курдук кыыл миэхэ кэлээри гынарын үстэ тохтотто. Эккирэтиһэн биир түгэҥҥэ хойуу талах иһигэр киирэн истэхтэринэ ытан саайдым. Эһэ часкыйа түһэн баран сүтэн хаалла. Эмэһэтин сиирэ-халты таптарда быһыылаах. Ону даҕаспытынан ытым бэрт куһаҕаннык «ньах» диирин иһиттим. Хойуу талахха сэрэҕэ бэрт диэн, атым үрдүттэн көрөргө сананным. Ыҥыырдаан баран оргууй аҕай талах быыһынан хаамтардым. Балай эмэ хаамтардым даҕаны туох да сибики биллибэт. Арай өйдөөн көрбүтүм, ытым илин холо сытар эбит. Чуорунай бэйэтэ уонча миэтэрэлээх сиргэ ыйылыы-ыйылыы сытар. Холун ылан миэстэтигэр тутан баран, сэрэнэн баайдым уонна ыҥыырга сытыаран үүтээммэр аҕаллым. Ыта суох аны бултаан бүттэҕим. Сарсыарда туран Чуорунайбын тыынын салгыырга илиим көтөҕүллүбэтэ. Ороҥҥо сытыаран баран туох баар аһым тобоҕун иннигэр уурдум. Ол кэннэ ытыы-ытыы сүүһүттэн сыллаатым. Уонча сыл бодоруһан бииргэ бултаабыт доҕорум эмиэ ытыы-ытыы сытан хаалбыта. Бу кэпсээни мин Табалаахха Степан Юмшановы кытары кустуу сылдьан Лэгиэнтэйтэн истибитим. С.С. Колесов. Нам, Кыһыл Сыыр.
edersaas.ru сайтан