Кэпсээ
Войти Регистрация

«Көһөрүллүбүт олох» (сэһэнтэн быһа тардыылар)

Главная / Кэпсээн арааһа / «Көһөрүллүбүт олох» (сэһэнтэн быһа тардыылар)

K
edersaas.ru Категорията суох
04.11.2022 18:00
(…) Суонньа утуйар уута көтөн сылдьар. Бу эмиэ түүн үскэ уһуктан, килэччи көрөн сытар. Саша эмиэ кэлбэтэ. Үлэм элбэх диэн ааттыыр. Арыгылыыра эмиэ да биллибэт. Дьахтар туран, уу иһээри куукунаҕа барда. Уотун холбообокко хараҥаҕа олордо. “Таптаабат киһилиин олорор баар эбит, сор диэн. Бу хам тутар дууһа ыарыытын хайдах тулуйуох бэйэккэбиний? Арахсыахха наада. Ол гынан баран, уолаттарым бааллар дии. Хайдах иитэбин? Учууталлаабатаҕым ыраатта, билигин оскуолаҕа ылбаттар”. Суонньа остуол аттыгар турар олоппоско олордо. Киирэр аан күлүүһэ хачыгырыыр тыаһа иһилиннэ. – Һук, хата киһини куттаатыҥ! Тоҕо утуйбакка манна, хараҥаҕа олороҕунуй? – Сашата саҥа аллайда. – Киһини отой илэ абааһыны көрөр курдук буоллуҥ дуу? Соня кэпсэтэ, ыйыта барбакка, хоһугар киирдэ. Кэргэнэ, дьукаах курдук туттан, саалаҕа барда. Кэллэҕинэ бу курдук дьыбааҥҥа утуйар буолбута ыраатта. Маннык олорбуттара, бу санаатаҕына, икки хас сыл буолбут. Наар үлэтин айдаана. Дьиэлээх-уоттаах киһи курдук буолбатах. Бырааһынньык да, өрөбүл да суох. Үлэтэ уонна үлэтэ. Ол “үлэтин” Суонньа сэрэйбэттээх буолуо дуо, сэрэйэр. Ол да гыннар, туох да буолбатаҕын курдук олоро сатыыр. Дьон туох диэҕэй диэн олус куттанар. Киһитэ сотору олох даҕаны кутталын сүтэрэн, биир сытыы бэйэлээх, нууччалыы эрэ тыбыырбыт куорат дьахтарын кытта аһаҕастык сылдьар буолбута. Анарааҥҥыта өссө оҕоломмута иһиллибитэ. Куһаҕан сонун сымыйа буолбат. – Софья Петровна, дорообо! Наһаа илистибит көрүҥнэммиккин дии. Буолумуна даҕаны, мин даҕаны ньиэрбинэйдээн бүтүөм этэ, мин Алешам атын дьахтары оҕолообута буоллар! Хайаары сылдьаҕын? Александр сырыы киһи да буоллар, дуоһунаһа, хамнаһа сыттаҕа дии. Аҥардас бу курдук анал маҕаһыынтан аспытын да ыларбыт олус үчүгэй ээ! Куорат атын маҕаһыыныгар маннык дэлэй бородуукта суох, эгэ, үчүгэй халбаһы, сыр кэлиэ дуо? Манна буоллаҕына, бу, киһи саныыра барыта баар! – Маргарита диэн тастан көрсөн билсэр, биир тойон ойоҕо кырааскалаах ыйаастыгас хараҕын араастаан эрилис-турулус көрө-көрө сибигинэйбитэ буолбута хаһыытааҕар улаханнык иһилиннэ. Дьахтара сэтэрээн иһэ кычыкалана турарын кини курдат биллэ. – Эс, сымыйа хоп-сип буоллаҕа дии! Сашалыын биһиги үчүгэйдик олоробут! – диэн кубарытта. Ити күнтэн ылата Суонньа олоҕо өссө ыараата. Ону икки олохтоох киһилиин олорбут эрэ дьахтар өйдөөн эрдэҕэ. (…) ххх Сэмэн халлаан суһуктуйуута уһугунна. Бу иннинэ сүрэҕэ ханан баарын билбэт этэ. Билигин сүрэҕэ баарын чопчу биллэрэн, нүөлүйэн ыалдьар, эмискэ-эмискэ ыарыылаахтык чэчэгэйинэн тэбэн лүҥсүйэр. “Айуу!” – диэн уһуутаары гыммыта, доҕоор, саҥата иһиттэн тахсыбат… Айаҕын аһа сатаан кэбистэ да, кыаллыбата. Наар буоларын курдук ойон тураары гыммыта, аҥар илиитэ да, атаҕа да хамсаабат. “Бу алдьархайы! Туох-туох буолламый?!” Сэмэн эмискэ ис иһиттэн куттанан, кыра оҕолуу ытаан сыҥсыйда, хаһыытыан иһиттэн хаһыыта тахсыбат. “Эс, утуйа сытабын! Баттатабын быһыылаах. Бээ, уһуктуохха-уһуктуохха!” – дии-дии оронугар кулуннуу өрө мөхсө сатаата… Эмискэ били хара бэкир киһи сирэйэ көстөн кэллэ, ынырык куһаҕаннык ымайан ырдьаҥнаата. “Бар… Киэр буол! Симэлий!” Күн аҥаара маннык суос-соҕотоҕун сыппытын кэннэ, ханньайан хаалбыт сирэйдээх дьүһүн-бодо буола сытарын суоппардара Арамаан, аанын тоҥсуйа сатаан баран, тоҕо тэбэн киирэн булла. – Оо, бу да киһи! Ол иһин даҕаны үлэҕэр кэлбэтэх эбиккин! Шеф көрдөөн була тарт диэбитигэр бу кэллим. Тохтоо, “скорайга” эрийиэм! Сэмэн барытын истэр, өйдүүр да, хамсыыр, саҥарар кыаҕа суох. Шефтэрэ күүппүтүн, көрдөөбүтүн истэн, ис иһиттэн ыксаата. Оо, кыахтааҕа буоллар, билигин тойонун аттыгар баар буола түһүө этэ! Тойонун туһугар өлөргө да бэлэм! (…) Айталина НИКИФОРОВА-ШАДРИНА
edersaas.ru сайтан