Кэпсээ
Войти
Регистрация
Күүстээхтэр, быһыйдар, сымсалар. Мас Мэхээлэ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Күүстээхтэр, быһыйдар, сымсалар. Мас Мэхээлэ
K
edersaas.ru
Категорията суох
02.11.2022 20:16
Мас Мэхээлэ — Михаил Семенович Карамзин Бороҕон улууһугар 2-с Лөгөй нэһилиэгэр 1860 сыллаахха төрөөбүт. Ийэтэ Маарыйа диэн Курбуһах дьахтара. Олус күүстээҕэ эбитэ үһү. Остуоллаах Суорум диэн хос ааттаах эбит. Мас Мэхээлэ аҕата Сэмэн диэн балайда обургу күүстээх киһи эбит. Бу икки күүстээх дьонтон алта уол оҕо төрөөбүт. Барыларыттан убайдара Мэхээлэ уһулуччу күүстээх, улахан тустуук, үйэтигэр сүһүөхтээхтэн бүдүрүйбэтэх. Түөрт уон саастаах сылдьан, куоракка Спиридонов атыыһыт уһаайбатыгар 25 буут ыйааһыннаах сымара тааһы көтөҕөн баран тэлгэһэҕэ хаама сылдьыбыт уонна сыҥаһа ороҥҥо илдьэн уурбут. Сыҥаах нэһилиэгин киһитэ Суккуруур Батас, Хороттон Бөҕө Лөкүө, Дүпсүнтэн Күүстээх Көөтөөн, Байаҕантайтан Бөҕө Ньукулааскы Мас Мэхээлэни кытта тустан, күүстэрин боруобалаһан кыайтарбыттарын туһунан номоххо кэпсэнэр. Мас Мэхээлэ 80 сааһыгар чугаһаан иһэн өлбүт. «Айар» кинигэ кыһатыгар 2007 сыллаахха тахсыбыт саха халандаарыттан ылылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан