Кэпсээ
Войти Регистрация

Ньууску олоҕо (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Ньууску олоҕо (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
01.11.2022 17:30
Мин кинилэри биллим. Оҕонньор тоҥхойо кырдьыбыт. Эмээхсин кэм сэнэх. Оптуобуска ­кинилэр бүтэһик киирдилэр. Эдэрдэр туран ­биэрдилэр быһыылаах, инники миэстэҕэ түннүк ан­ны­гар олордулар. Сотору күлтэйбит улахан оптуо­бус нүһэрдик ынчыктаан, Хатастыыр суолу ту­тан хара буруонан уһуутаан, хоҥнон бара турбутун, кэнниттэн батыһа көрөн турдум. Оҕонньордоох ­эмээхсини көрөн мин үчүгэй буолбатым. Кырдьыы-бохтуу хаҕыс салгына миигин эмиэ хаары­йан ааста. Өрдөөҕүтэ этэ. Ааһан иһэр массыынаттан икки саллаат уолаттар чиккэлдьиһэн түспүттэрин өйдөөтүм. Кинилэр суол кытыытыгар туран тыыллаҥнаспыттара. Сиэптэриттэн таҥаска сууламмыт суоккаларын ороон таһааран, бэйэтэ да ыраас хоруом саппыкыларын күлүмүрдүөр диэри соттубуттара. Онтон чымыдааннарыттан өссө биир суокканы ойутан таһааран быыл буолбут көхсүлэрин хардарыта суоккаласпыттара. Ити курдук таҥастарын оҥостон эрэ баран, курдара, тимэхтэрэ күн уотугар килбэчийбитинэн, үс мас­таах бүтэй күрүөнү быыһынан киирэн үмүөрү­һэн турар дьоҥҥо тиийэн кэлбиттэрэ. Кинилэр ­дьону кытта илии тутуһан дорооболоһо турдахта­рына, биирдэрэ иккискэ, атына үһүскэ үөрэнэр эмдэй-сэмдэй уолаттар: «Бу мин убайым, бу эн убайыҥ», – диэн эр биир үллэстэн кэбиспиттэрэ. Саллааттар сөрүү ууну иһэн утахтарын ханнарбыттарын кэннэ, алаас ыала күөстэрин үрдүгэр түспүттэрэ. Уолаттар саппыкыларын устан, киитэллэрин көхөҕө ыйаан баран, күөх окко хаамса, табахтыы сылдьыбыттара. Киэһээҥҥи аһылыкка уолаттартан хайалара эрэ иһит аҥара испиирдээҕин уулаан уостарынан үллэстэн күө-дьаа аһыы олорбуттара. Бу олорон кэпсэтэллэриттэн өйдөөтөххө, уолаттартан ха­йалара да кинилэр аймахтара буолбатахтар эбит. Ону истэн кыра уолаттар хаарыан кылабачыгас куртан, сулустаах фуражкаттан мап­пыттарын билэн хомойбуттара. Аһаан бүтэн, сөрүүн түһүүтэ саллааттартан биир­дэстэрэ таҥаһын таҥнан, чымыдаанын ылан ыаллыы сайылык диэки сатыы түһүммүтэ. Хоно хаалбыт Ньууску диэн бу дойду киһитэ, тулаа­йах уол эбит. Сарсыарда Ньууску эмиэ чымы­даа­нын туппутунан бөһүөлэктээн хаалбыта. Кылгас кэмҥэ сэргэхсийэн ылбыт сайылык эмиэ кэри-куру буолбута. Ньууску бөһүөлэккэ өр буолбатаҕа. Лиэн Тии­тэп куоракка эпэрээссийэҕэ киирэрин солбу­йан, са­йылыкка бостуугунан тахсыбыта. Бу сы­рыыга киһи ымсыыра көрөр кыычыгырас саппыкы­лаах Ньууску буолбакка, көннөрү дьиэ эр­гин­нээ­ҕи киһи буолан хаалбыта. Остоох саллайбыт бачыыҥкалаах, эргэ хомуһуоллаах, хортуустаах көннөрү Ньуускуну көрөн туран, ама бу саллаат Ньууску дуо диэн оҕолор мыына көрбүттэрэ. Ньууску кырдьан хаалбыт Муҥураат диэн улаан аты ыҥыырдаан, сарсыарда, күнүс пиэрмэ ынаҕын мэччитэ үүрэрэ. Киэһэ ыамҥа сөпкө соҕус үүртэлээн аҕалтыыра. Дуоһунаһын бэрт үчүгэйдик толорон иһэн, ханна эрэ баран кэлэрэ, сүтэ-сүтэ көстөрө. Ата дэлби көлөһүннүрбүт буолара. Ньууску ханна сылдьарын, тугу гынарын ки­миэхэ да кэпсээбэт этэ. Кини түүнүн илэчи­йэн, ынахтары хойутатан илдьэрин-аҕаларын иһин дьахталлар мөҕүттэллэрэ. Онуоха Ньууску мөккүспэт, көхсүн эрэ этитэр буолара. Сотору кини сырыытын тохтотон, аны сыта мээрик буолбута. Ыҥыртарыы бөҕөнөн тахсан асаһара. Онтон биирдэ сайылыкка буспут моонньоҕон курдук тэһэ көрбүт харахтаах, суһуоҕун икки гына өрүммүт, харытыгар синньигэс быалаах быыкаа чаһылаах, бытархай сибэкки ойуулаах былаачыйалаах, маҥан наскылаах, кыра хобулуктаах сайыҥҥы түүппүлэлээх номоҕон бэйэлээх эдэркээн кыыс баар буолан хаалла. Сэттэ биэрэс­тэ­лээх атын нэһилиэк алааһыттан кыыс туохха ­сыал-сорук оҥостон кэлбитин сэрэйбэккэ, көннөрү күүлэйдии кэллэҕэ диэн чэйдэппиттэрэ. Кыыс ону-маны сэһэргэһэн өргө диэри олорбута. Оттон кэпсээн диэн кэпсээн буоллаҕа, бү­тэр уһуктаах. Дьон ону-маны үлэлии, түбүгүрэ тарҕаспыттара. Ити кэмҥэ Ньууску ампаарга сытара, тахса сорумматаҕа. Кыыс тэһийбэккэ тэлгэһэҕэ тахсан чугастааҕы күөлү, оту-маһы кэрийэ хаампыта. Кыыс санаатыгар кими эрэ кэ­тэһэрдии бурдук сарайын суон баҕанатыгар өйөнөн өр турбута. Онтон кэри-куру туттан, түөртүүр ыамы баттаһа алааһыгар төннүбүтэ. Ол да буол­лар сарсыныгар, өйүүнүгэр кыыс кэлбитин кур­дук кэлэ турбута. Кыыс тоҕо кэлэрин араас­таан сылыктыы сатаабыттара да, нэмин булбатахтара. Онуоха сааһырбыт ыанньыксыт Өксөөнө Өрүүскэтэ: «Оттон ити сытааччы (Ньуус­куну этэр) кыыска минньигэһин биллэрбитин кэннэ кэлиэ суоҕа дуо?» – диэн бал гыннаран кэбистэ. Кырдьыга оннук эбит. Кыыс Ньуускуга кэлэр эбит… Кыыспыт да сы­рыытын тохтоппотоҕо. Кэлэр кэмигэр кэлэ турбута. «Бу үлү­гэр куйааска, бачча ыраахха, дьиэ­рэс тэптэҕэ сүрүн», – диэн кыыһы аһынааччы да, сүөргүлээччи да тэҥинэн баара. Дьахталлар кыыһы таах халтай хаамтарар Ньууску үрдүгэр түспүттэрэ. Кыыс аны кэлбэт буолбута. Ол оннугар Ньууску сүтэ-сүтэ көстөр буолуталаабыта. Онон сайылык дьахталларын уот тыллара таах хаалбатаҕа. Кинилэр күһүн суолтатыгар да буоллар, аҕы­йах ыалы ыҥыран уруу тэрийбиттэрэ. Сотору Ньуус­кулар холкуос таһаҕас тиэйэр массыынатыгар утуйар таҥастарын, уол чымыдаанын тиэнэн оройуон киинигэр көһөн хаалбыттара. Сыл-хонук ааһан испитэ. Били саллаат уолат­тары биһирии көрбүт кыра уолаттартан биир­дэстэрэ, күөх сайыҥҥа биирдэ кэлэн ааһар кэтэһиилээх сырыыга куораттааҕы убайдарыгар күүлэйдии диэн айаннаһан испитэ. Оройуон кии­нигэр тохтоон, бириистэҥҥэ киирэн иһэн, суол тоҕойугар, улахан мас уһаакка уу баһан дьалкытан иһэр аттаах киһини утары көрсүбүттэрэ. Ньууску урут билэ охсон, атын тохтотон, дорообо ­биэрэн, дойдутун дьонун сураспытынан барбыта. Ньууску уруккута буолбатах, уойбут, төлөһүй­бүт. Уруккуттан арай били аармыйаттан кэтэн кэлбит сулуһа суох эргэрбит фуражката эрэ хаалбыт. Кини олорор дьиэтин ыйан, сылдьан чэй­дээн ааһалларыгар, бэйэтэ үлэтин үмүрүтэн сотору эбиэттии тиийиэхтээҕин эппитэ. Бириистэҥҥэ киирбиттэрэ, борохуоттара барбыта ырааппыт этэ. Онон хайыахтарай, сар­сыар­да эрдэ киирэн уочараттыах буолан төттө­рү тахсыбыттара. Кинилэр Ньуускулаах олорор эр­гэ бараак дьиэлэрин эрэйэ суох булбуттара. Кыараҕас баҕайы хоско киирбиттэрэ, били ха­һааҥҥыта эрэ буспут моонньоҕоннуу хап-ха­ранан тэһэ көрбүт эдэркээн кыыс оннугар хайдах эрэ санньыйан, көхсө холбойон хаалбыт дьахтар, бытырыыс курдук эмдэй-сэмдэй оҕо­лор быыстарыгар иҥиир сап хата олороро. Киирбит дьону төһө даҕаны үөрэ көрсүбэтэр, оҕолор суулларбыт олоппосторун көннөрө, ону-маны өрө тарда сылдьыбыта. Сотору Ньууску кэлбитэ. Оҕолор үөрэн бары ыһыытаспытынан, ыс­та­ҥаласпытынан сүүрэн тии­йэн аҕаларын ата­­ҕар сөрүөстэ түспүттэрэ. «Тээ­тэбит кэллэ, тээ­тэбит кэллэ! Биһиэхэ халбаһы аҕалбыт!» – диэн ыс­таҥалаһа, эккирии аҕаларын атаҕар ыйам­мыт­тара. Ньууску оҕолору адаҕа курдук соспутунан, сиэрэй кумааҕыга сууламмыт ­обургу куһуок халбаһыны аҕалан ыскаап үөһэ уурбута. Сотору оҕолор остуол тула кэчигирэс­питтэрэ. Остуолга ньамалаһа, былдьаһа-тарыһа халба­һыы сии олорор оҕолор быыстарыттан ­Ньууску: ­«Дьэ, оттон биһиги ньырылаһан олордохпут бу…» – ­диэби­тэ, итиэннэ тоҕо эрэ үөһэ тыыммыта. Дьахтар ту­гу да саҥарбатаҕа, бүлүүһэтигэр куппут чэйэ ­эр­­гийэрин тонолуппакка санньыар харахтары­нан одуулуу олорбута. Улахан уоллара бу оло­рон чараастык быһыллыбыт халбаһыы­ны биил­кэҕэ ­иилэн ылан баран үөһэ туппута уонна: «Ич­чилэрин сорудаҕар икки куоска барбыт­тар, аара сииргэ анаан халбаһыы ылбыттар», – диэн хоһоон ааҕан чаҕааран эрдэҕинэ, «Сол, бу уол аһынан оонньоон…» – диэн Ньууску уолун буо­йан тох­топпута. Мин Ньуускулар кэлиҥҥи олохторун билбэппин. Арай, бу, урукку күөгэйэр күннэринэн мин өйбөр иҥэн хаалбыт дьон муҥураат ат курдук кырдьыбыттарын-бохтубуттарын эрэ кэннэ көрөн, дуу­һабар тоҕо эрэ ыарахан баҕайы буолбута… Серафим Ильин.
edersaas.ru сайтан