Кэпсээ
Войти
Регистрация
Халампаас
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Халампаас
K
edersaas.ru
Категорията суох
06.06.2018 19:30
Оччолорго биһиги, куорат оҕолоро, бэйэбитин «панкаларбыт» дэнэрбит, алта-сэттэ буолан куорат кылабыыһатыгар мустарбыт. Ол кэлэн, арыт пиибэ да амсайарбыт, ии курдук төгүрүк оҥорон бараммыт, кылабыыһа иччилэрин ыҥыран да көрөрбүт, биир тылынан, үлүбээй сылдьарбыт… Кэм-кэрдии ааһан, өйбүтүн тутан, хас биирдиибит бэйэтин олоҕун оҥостон барбыта, үксүбүт ыал буолбуппут. Мин кэргэннэнэн, оҕоломмутум. Кылааспытыттан Витябыт эрэ сулумах сылдьара, биир улахан тэрилтэҕэ үлэлиирэ. Ол эрэн оҕо эрдэҕинээҕи «дьарыгын» өссө да быраҕа илигэ, кэмиттэн кэмигэр кылабыыһаҕа сылдьар эбит этэ. Оҕо сааспытыттан доҕордуу сыһыаммытын билиҥҥэ диэри илдьэ сылдьарбытынан сэмээр үөрэ саныырбыт. Дьэ, биир үтүө күн Витя субуоннаан: «Дабаай, «сезону» сабыахха эрэ», — диэбитин сөбүлэспитим. Ол аата хаар түһүөн иннинэ, киһи уҥуохтаах сиргэ бара сылдьыахтаахпыт. Аҕам уҥуоҕар сылдьыбатаҕым төһө эмэ өр буолбута, ол иһин, биир үксүн онно да сылдьаарыбын, сөбүлэспитим. Син өр тэринэн, алаадьы астаан, ол-бу ас атыылаһан, бириэмэбитин болдьоһон, сотору кэминэн кылабыыһаҕа тиийэн кэлбиппит. Витя туох эрэ халампаас курдук тэриллээҕэ, онто аҥаар эрэ өттө көрдөрөр быһыылааҕа. «Бу туох дьикти тэрилэй, миэхэ уларсыый», — диэбиппэр Витям биэрдэ. Ылан, аҥаар харахпын симэн, утары тутан көрөн баран, соһуйан өлө сыстым: икки киһи омооно турар эбит уонна оруобуна биһиги кэннибитинэн турарбыт курдуктар. Көрбүппүн итэҕэйбэккэ, далбаатаабыппар хардары далбаатаан «эҕэрдэлии тоһуйдулар». Витя манна кэлэн иһэн, киһини куттаан: «Дьэ, бүгүн, эйигин кылабыыһа иччилэригэр сиэртибэҕэ биэриэхпит!» — диэтэҕэ үһү. Онтон толоостук оонньообутун кэмсинэн: «Ээ, чэ, хайдах буоллуҥ, мээнэ оонньоотум дии», — диэн эҕэ-дьаҕа буолбута. Аҕам уҥуоҕа көстөн быстыбатаҕа, олус өр буолбуппут, төттөрү-таары хаампыппыт. Кылабыыһа иччилэрин аһатабыт диэн, ас кээспиппит. Онтон төннөн иһэн, били халампааспытынан эмиэ көрбүппүт, онтубут били дьоммут омоонноро эмиэ баар этилэр. Бастаан улаатыннаран, төһө эмэ ырааҕы көрдөрөр албас курдук санаабытым, хайдах да оннук буолуон туһа суох эбит этэ. Биһигини кэннибитинэн турарбытын иннибитигэр кэлэн турарбыт курдук көрдөрөр аптаах тэрил, аматын да иһин, суох ини… Хайдах эрэ иэним кэдэҥэлээн ылбыта. Бэрт түргэнник такси сакаастаан дьиэбэр тиийэ эрэ охсор санаалааҕым. Дьиэтиттэн көҥөөбүт Бииргэ төрөөбүт эдьиийим устудьуон уолунуун куоракка биһиги дьиэбитигэр олорор. Оттон биһиги, оруобуна кэргэммин үлэтинэн ыытаннар, мин дойдубар тахсар буолбуппут. Эдьиийим аах дьиэлэригэр олорорбутуттан: «Хата, кимиэхэ да куортам төлөөбөккө, бэйэбит дьоммут дьиэтигэр олоробут», — диэммит үөрэн-көтөн, олохсуйан барбыппыт. Дьиэ дьоҕуһа: биир саала, биир кыра утуйар хос. Кыыспытын утуйар хоско, бэйэбит саалаҕа утуйар сир оҥостубуппут. Оҕобут куораттааҕы дьиэбитигэр куруук соҕотох утуйааччы, туохтан да куттанааччыта суох. Саҥа сиргэ кэлээт, бастакы түүнүгэр аанньа утуйбатаҕа: «Муннуктан биир дьээдьэ тахсар», — диэн соһуталаабыта. Өссө: «Мантан бар!» — диэбит үһү. Биһиги наһаа дьиктиргээбиппит. Кыыспын кытта бииргэ сытан, оҕобун уоскута-уоскута утуппутум. Оҕом уутун быыһынан син биир ытыы сатыыра. Дьэ, онтон аа-дьуо өйдөөн барбытым,
били күтүөбүт муҥнаах, эдьиийим кэргэнэ, бу дьиэҕэ олорон суох буолбут эбит… Боруобаттар самакаанньалааннар, үгээрдээн өлөөхтөөбүтэ, өлбүтүн өйдөөбөтөх да буолаахтыа диэбиттэрэ… Ол кэннэ оҕом хоһугар түүҥҥү лаампаны холбуур буолбутум, итинник олорбуппут. Биирдэ кэргэммин кытта хойутаан кэлэн, ол хоско утуйдубут, оҕобут ньээҥкэ кыыстыын биһиги дьыбааммытыгар саалаҕа утуйбуттар этэ. Кэргэним ол түүн аанньа утуйбатаҕа, оттон мин тугу да билбэккэ-көрбөккө бэрт холкутук утуйбутум. Ол түүн тоҕо куһаҕаннык утуйбутун кэлин биирдэ кэпсээн аһарбыта. Биир хара күлүк курдук эр киһи омооно муннуктан тахсан, кэргэним түөһүн ыга тутар, хам баттыыр курдук эбит. Өссө: «Мантан бар!» — диэн наһаа күүскэ холдьоҕордуу эппит. Биһиги өр олорботохпут, атын дьиэҕэ көспүппүт. Салгыы ол дьиэҕэ олохсуйан испит сокуон эйгэтин үлэһиттэрэ уһаан олорботохтор этэ. Миэхэ тоҕо көстүбэтэҕин дьиктиргиибин ээ, арааһа, аймаҕа буоларын билинэн үүрээхтээбэтэҕэ дуу, күтүөм эрэйдээх… * * * «Бичик» кинигэ кыһатыгар быйыл саҥа тахсыбыт «Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ» диэн кинигэттэн быһа тардыы. Бырайыак ааптара, хомуйан оҥорооччу Дмитрий Михайлов.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан