Кэпсээ
Войти Регистрация

Тапталы таҥара оҥостон...

Главная / Кэпсээн арааһа / Тапталы таҥара оҥостон...

K
kyym.ru сайтан Дьылҕа
23.01.2020 13:04
(Ф.Г.Охлопков сырдык кэриэһигэр ананар) Иннибэр икки кинигэ сытар: Филипп Охлопков «Таптал күрүлгэнэ. Водопад любви» диэн икки тылынан суруллубут 250 сирэйдээх уонна «Сахаларга саҥа сурук» диэн 5 тыһ. ахсаанынан 2008 с. тахсыбыт таһаарыы. Иккиэннэрин Филипп Гаврильевич тапталлаах кэргэнэ Светлана Михайловнаҕа анаабыт. Бу да түгэн, мин санаабар, элбэҕи этэр. Кини кэргэнигэр муҥура суох таптала, сүрэҕинэн сөбүлээн, дууһатынан тардыһан ылбыт киһитигэр үйэтин тухары бэриниилээх, эркиннии эрэллээх эбитэ, бэйэ-бэйэлэригэр сыһыаннара кыырпах былыта суох халлаанныы ыраас, сырдык, өйдөһүү, өйөһүү эрэ эҥээрдээх ааспыта кинигэҕэ ырылхайдык көстөр. Филипп Гаврильевич «Таптал күрүлгэнигэр» кэргэнин туһунан ахтыылары түмэн, киниэхэ анаабыт хомоҕой хоһооннорунан ытаһалаан биэрбит. «Анараа дойдуга... сурук» диэн туһунан бас анаан туран, төһө да доҕоро бу сиртэн барбытын иһин, күннээҕи сонуннарын, санаатын-оноотун — барытын сурукка тиһэн киллэрбитэ, бу аттыгар баар киһилии «кэпсэтэрэ» дууһа кыл утаҕын долгутуулаахтык таарыйар. Быһата, уйан дууһалаах киһи хайдах да хараастыыта, харах уута суох сатаан аахпат айымньыта. Олоҕу ырыҥалаан көрөн, сыаналыыр, хас биирдии сирдээҕи мүнүүтэни харыстыы үөрэнэргэ иитэр-үөрэтэр бэйэтэ туһунан иһирэх иэйии энциклопедията диэн этиэххэ сөп курдук. Филипп Гаврильевичка таптал уонна бэлиитикэ быстыспат ситимнэспиттэрэ көстөр. «Суох да буолбутуҥ иһин эн мин баарым тухары тыыннааххын, өрүү аттыбар бааргын» диэн санаанан салайтарар эбит. Кинигэ кэргэнигэр анаммыт да буоллар, билигин көрдөххө, бу суруйуута Филипп Гаврильевиһы тус бэйэтин киһи, кэргэн, аҕа быһыытынан тилэри өйдүүргэ көмөлөһөр. Билэргит курдук, ааптар, биһиги кэккэбититтэн туораабыта бу нэдиэлэҕэ 40 хонуга туолар. Оттон тапталлаах Лааната (кэргэнин итинник ааттыыр эбит) киниттэн сылтан эрэ ордук кэм иннинэ, 2008 с ыам ыйын 18 күнүгэр, сырдык тыына быстыбыта. Бу – Филипп Гаврильевичка улахан охсуу, аҥаар кынаты, сүрэх чопчутун сүтэриигэ тэҥнээх буолбута ... «Анараа дойдуга суруктарыгар» көстөр. Буолумуна, Светлана, Филипп Охлопковтар алаһа дьиэ тэринэн, аал уот оттуммут кэмнэриттэн 44 сыл устата сарын-сарыннарыттан өйөнсөн, «эн-мин» дэһэн биир сүбэнэн олорон кэллэхтэрэ. Бу туһунан оҕолоро Натальялаах Михаил маннык ахталлар: — Билигин толкуйдаатахха, ийэлээх аҕабыт хаһан да, ханна да буоллаллар үйэлэрин тухары биир санаанан, өйдөбүлүнэн салайтаран, биир уопсай салгыны тыынан, биир идиэйэни тумулук оҥостон олорбут чахчыта да идеальнай паара этилэр. Барытын сүбэлэһэн оҥороллоро. Биһиги оскуо-лаҕа үөрэнэр кэммитигэр, кэлин даҕаны, аҕабыт үксүгэр үлэтиттэн хойутаан кэлэрэ. Түүн да, күнүс да буоллун, ийэбит кинини аан боруогар көрсөр идэлээҕэ, аһын бэлэмнээн баран, чэйдии-чэйдии иккиэн утарыта көрсөн олорон, бу күн туох буолбутун кэпсэтэллэрэ, санааларын үллэстэллэрэ. Сарсыарда бииргэ сэрээккэлииллэрэ, даачаҕа тэҥҥэ үлэлииллэрэ. Майаҕа баран кэлээччилэр, куоракка, ыалга эмиэ иккиэн сылдьааччылар. Быһаарыыны сүбэлэһэн ылаллара, урууларбытыгар-аймахтарбытыгар көмө, тирэх буолаллара. Аҕабыт барахсан олоҕун усталаах-туоратыгар сыччах биир дьахтары таҥара оҥостон, киниэхэ эрэ ыраас, сырдык үйэлээх тапталын анаабыта. Ол – биһиги күн күбэй ийэбит буолар. Бэл, ийэбит
ыалдьа, мөлтүү сырыттаҕына аҕабытыгар саамай күндү, кэрэ, соҕотох кэрэ аҥаар киниэхэ – ийэбит этэ. «Тайахтаах тапталбар» хоһоонун оччолорго суруйбута. Ол хоһоон кинигэҕэ киирэ сылдьар. Ийэбит өлбүтэ биир сыла туолуутугар баттаһыам суоҕа диэбиттии, «Таптал күрүлгэнин» бэлэмнииригэр олус тиэтэйэрэ. Хата, тыыннааҕар баттаһа, бүтэрэ-оһоро охсон, ийэбитин тиһэх суолугар атаарарбытыгар кинигэ бэлэмниэх буолбут тылын толорбута... Биһиги өйбүтүттэн доҕорун сүтэрбит туруйа туһунан ырыа тахсан биэрбэт, күндү дьоммут билигин анараа дойдуга да буоллар, иккиэн бииргэ буоллахтара, көрсүстэхтэрэ диэн санаа хомолтобутун намыратарга дылы. Кырдьыга да, Филипп Гаврильевич суруктарын көрдөххө, кэргэнигэр хайдах эрэ наһаа тардыһар, саныыр санаата толкуйдуур толкуйа киниэхэ эбитэ, кинилиин бу баардыы санаатын атастаһара, охторуохтаах ыарыытын сүрэҕинэн-быарынан сэрэйэрэ көстөр. Холобур, «21 декабря 2008 года, воскресенье. Привет, моя милая! Я заболел. Не скрываю от тебя... Я чувствую себя неважно вот уже несколько дней. Подозреваю печень или поджелудочная железа. Вечером пришел домой свалился. Был сильнейший озноб. С чего бы это? Почему так долго пишу о своем недуге? Нет, я не боюсь... Скорей бы к Тебе... Знаю, Ты по-женски намного мудрее меня. Но появись, пожалуйста, в моем сне. Жду Тебя и крепко целую... До следующего письма, моя милая». «... вот о чем хочу посоветоваться. Об этом Тебе еще никогда не говорил. У меня зреет решение о досрочном прекращении своих депутатских полномочий. По двум причинам. Во-первых, жить мне осталось все-таки очень мало. Надо завершать свои земные дела, не распыляясь...В такой круговерти не смогу эти планы реализовать. Мои творческие планы на этом не исчерпываются... И вторая причина – это то, что о чем написал выше. Совестно с нулевым коэффициентом полезного действия...» Олоххо эрдэттэн сэрэтэр биттээх түүллэр баалларын бу суруйуу бэлиэтиир курдук. «Привет, дорогая моя! Я видел чудесный сон... Будто мы с Тобой идем по улице Кирова... Идем взявшись за руки, за кончики пальцев, как на своей первой вечеринке осенью далекого 1958-го. Кстати, говоря, мы с Тобой в последнее время, точно так взявшись за кончики пальцев, переходили улицу...Так вот, мы с Тобой такие счастливые подошли к площади «Комсомольская». И я ахнул! Какое сказочное видение! ...Площадь утопает в цветах! А посередине фонтан. В центре фонтана – молодая девушка со своим парнем. Да, ведь это мы с Тобой, Лана! Помнишь нас сфотографировал наш друг Егор в Хабаровсвке? Фигуры изваяны точно с этой фотографии!... Улыбаемся и влюбленно смотрим друг другу в глаза... Фигуры влюбленных нежатся под дождем фонтана и кружатся под негромкую музыку. А музыка эта из аласа саха... Так это же твой подарок мне!.. Спасибо Тебе, моя милая! Я понял Тебя и бесконечно благодарен...»
Светланалаах Филипп 1958 с. аан бастаан билсэллэригэр Света тохсус кылааһы бүтэрбит кыысчаан, Филипп оччолорго Майа алын кылаастаах оскуолатыгар учууталлыыр эбит. Кинилэр ол дьикти күн ыччат биэчэригэр иккиэн үҥкүүлээбиттэрин, Светланаттан холкутуйууну, уоскуйууну биэрэр сылаас сырдык сыдьаайарын сүрэҕинэн тута билбитин, ол күн хас биирдии мүнүүтэтин өйдүүрүн истиҥник ахтар. Кинилэр сыһыаннара олус ыраас, сэмэй эбит. Кэргэниттэн көҥүл ылан туран, чып кистэлэҥнэрин арыйбыта баар: «Вечером нам постелили вместе в отдельной комнате. И мы впервые в одной постели провели ночь. Всю ночь нежно обнимались, нежно целовались... но друг до друга не дотронулись... Честное слово, все было именно так. Уснули под утро. А проснулись такие счастливые!.. Счастливые от того, что остались честными и чистыми друг перед другом! Это такое счастье, что мы устояли против слепой силы естества! Вот такая у нас с Тобой первозданная, чистейшая любовь. У меня, например, не было никакого сожаления... Не поверят... А мы то с Тобой знаем истинную цену такой честности, фундамента нашей Любви! В то время мне было 25 лет, а Тебе пошел 22... Мы сохранили свою честь до свадьбы! Вспомнил об этом, и мне на душе стало светлым-светло... Михаил: «Папа всегда был занят на работе. И когда бывал дома, то часто сидел за делами и газетами. Однажды получился почти анекдот. Папа с утра ни с того, ни с сего стал распоряжаться по домашним делам. И начал распределять наши обязанности: — Наташа, мой полы. Миша – за посуду! А ты, мама, сходи в магазин... — А ты?! — А я... А я помою голову... — Какую еще голову? – мы не понимаем. — Свою, конечно, какую же еще... И раздался гром смеха. Это, конечно, папа пошутил. Тут же всей семьей, еще радостнее, чем прежде, взялись за уборку... * * * Кинигэҕэ Филипп Гаврильевич оҕолоругар Натальяҕа, Михаилга хайдах курдук харыстабыллаахтык сыһыаннаһара эмиэ көстөр. Ийэлэрин олус суохтуурун, дууһалыын айманарын кинилэргэ биллэрбэт мөккүөрдээх эбит. Кытаанах, бигэ санаалаах буоларга үөрэтэрэ. Оҕолоро ахталлар: – Аҕабыт биһиэхэ болҕомтолоохтук уонна истиҥник сыһыаннаһара. Уустук кэммитигэр, туохха эрэ ыарырҕатар түгэммитигэр кини эрэллээх эркин буолуоҕар бигэ эрэллээх этибит. Кини тус бэйэтин холобурунан чиэһинэйдик олорорго, үлэҕэ бэриниилээх буоларга, чугас дьоммутугар уонна урууларбытыгар кыһамньылаах буоларга ииппитэ-такайбыта. Аҕабыт кинигэтин ааҕыахтарын баҕардахтарына, Пушкин аатынан уонна Белинскэй бибилэтиэкэлэригэр хас да эксэмпилээри биэрдибит, Майа киэнигэр хайаан да ыытыахпыт. Аҕабыт барахсан үгүс былааннааҕа – төрөөбүт-үөскээбит Ходоротун, бииргэ үөрэммит кылааһынньыктарын туһунан кинигэ бэлэмниир баҕалааҕа, Кытайы көрөр ыралааҕа...Иллэҥ кэмэ кэмчи этэ. Түмүктээн эттэххэ, Филипп Гаврильевич биллиилээх уопсастыбаннай деятель, дьокутаат, дьиҥнээх хомуньуус, Ытык Сүбэ итиэннэ Саха Кэнгириэһин Сүрүннүүр Сүбэтин чилиэнэ, икки
тылынан суруйар дэгиттэр талааннаах суруналыыс, норуот интэриэһин туруулаһааччы буоларынан муҥурдаммакка, бастыҥ кэргэн, амарах аҕа, эйэҕэс эһэ этэ. Киниэхэ төрөөбүт төрүт буора сымнаҕас суорҕан буолуохтун! Оҕолоро, кэнчээри ыччата кини туйаҕын хатаран, дьоһун дьон буолуохтара, кини туһунан сырдык өйдөбүлү тапталлаах норуота умнуо суоҕа диэн эрэнэбит. Балаһаны Т.Захарова-Лоһуура бэлэмнээтэ
kyym.ru сайтан