Кэпсээ
Войти Регистрация

Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ (ХАРАҤА ХОС)

Главная / Кэпсээн арааһа / Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ (ХАРАҤА ХОС)

K
edersaas.ru Категорията суох
06.06.2018 19:00
КУОРАТ СИР КЭПСЭЭННЭРИТТЭН Көстүбэт күлүгэ Дьокуускайтан чугас сиргэ доҕорум дьиэ кэргэнин кытта олорор. Ол дьиэлэрэ Ыстаалын саҕанааҕы бэрт былыргы тутуу этэ. Доҕорум кэпсииринэн, ол дьиэҕэ кыыс оҕо үөрэ көстөр эбит, кини бэйэтэ хаста да көрбүт. Өссө сороҕор киһи түүлүгэр киирэн, дьээбэтийэн ылар үһү: утуйа сытар киһи түөһүгэр ооҕуй оҕуһу ууран эҥин. Оттон кэргэнэ ол кыыһы аҕыйахта көрбүт да, кутталыттан кута куота сыспыт үһү. Биирдэ пылесоһунан дьиэ ыраастыы сырыттаҕына, хап-хара баттахтаах кыыс орон анныттан тахсан кэлэн, кутталыттан сүрэҕэ айаҕынан тахса сыспыт. Ол кыыс саамай үгүстүк көстөр сирэ эргэ пианино турар миэстэтэ эбит. Дьэ, ол да буоллар, мин харахпар биирдэ да көстүбэтэҕэ. Анаан-минээн көрөөрүбүн, ол хоско түһүүлэнэн утуйар этим да, дьөрү түүлбэр да киирбэтэҕэ. Кэргэннэнэн, оҕолонон бараммын биир чааһынай дьиэни куортамнаһан олорбуппут. Мин сотору-сотору хомондьуруопкаҕа барарым, оччоҕо кэргэним уолунуун бэйэлэрэ эрэ хаалаллара. Биирдэ уолу эбэтигэр хаалларан баран, киэһэ үлэтиттэн кэлбитэ, арай туох баар иһитэ барыта муостаҕа кыстанан турар үһү. Бастаан соһуйбут, онтон: «Ээ, кииринньэҥ аҕам, иһин үөнэ хамсаан, соруйан маннык уурталаатаҕа, киниттэн атын ким да маннык гыммат буоллаҕа», — дии саныыр. «Өссө дьиэм күлүүһүн ыла-ыла, эчи солото да бэрт дии!» — диэн абара санаабыт. Иһити оннун булларан баран, ийэтигэр тиийэн, туох буолбутун кэпсээбитигэр кииринньэҥ аҕата соһуйан: «Ама да мин буолларбын, дьээбэтийиэх сир баппатаҕын, тугум кыһалҕатыгар иһити саамылыы сырыттамый, бу да кыыһы!» — диэн сөбүлээбэтэҕин биллэрбит. Ити түгэн кэнниттэн кэргэним инитэ кэлбитигэр уолбутун илдьэ ханна эрэ бара сылдьарга санаммыттар. Ааны хатаан тахсан истэхтэринэ, дьиэ ис өттүттэн ким эрэ түннүгү тоҥсуйар тыаһа иһиллибит. Дьонум кутталларыттан бууттара быстарынан тэбиммиттэр. Ол кэннэ, мин кэлбиппэр, туох да биллибэт буолбута да буоллар, тыас хомунан, атын дьиэҕэ көспүппүт. Биһиги кэннибититтэн өссө биир ыал олорон иһэннэр, бэрт сотору көспүт сурахтаахтара. Ол көспүт төрүөттэринэн кыыс дьиэҕэ соҕотох хаалан сынньана сыттаҕына, биир эр киһи киирэн, орону туох баар күүһүнэн хамсатан илигирэппит. Кыыс кутталыттан нэһиилэ ойон туран, туох түөкүнэ киирбитэй дии санаан, кэрийэ көрбүтэ, сөҕүөн иһин, аан да, түннүк-үөлэс да барыта сабыылаахтар эбит. Тус бэйэм көстүбэт күүстэрдиин, илэ сылдьар үөрдэрдиин көрсүһүөхпүн баҕарарым да, мин туспар биирдэ да көстүбэтэхтэрэ. 202 оройуон кэпсээннэриттэн Өр көрсүспэтэх доҕордуулар көрсүһэннэр, арааһы ыаһахтаспыттар. Иккиэн Дьокуускай куорат 202-с микрооройуонун олохтоохторо. Кэпсээнтэн кэпсээн диэбиккэ дылы, бу олорор түөлбэлэригэр туохха да холобура суох улахан уҥуохтаах киһи күлүгэ баарын туһунан сэһэргэспиттэр. Ол курдук, биирдэстэрэ доҕор кыыһын атаара, бу эргин хаамсан испиттэр. Арай көрдөхтөрүнэ, кинилэр иннилэригэр уһун да уһун уҥуохтаах, кугастыҥы таҥастаах киһи барыҥнаан көстүбүт. Ол киһи бэрт кылгас кэм иһигэр ханна барбыта биллибэккэ сүтэн хаалбыт. Иккис киһи кэпсээниттэн иһиттэххэ, эмиэ ол көстүбүт уһун
киһи быһыылааҕа. Түүн утуйа сытан, туох эрэ баарын сэрэйэн, эмискэ уһукта биэрбитэ, сүҥкэн улахан көрүҥнээх сүгэлээх киһи киирэн турар эбит. Киһибит кутталыттан ыстанан туран, аһыыр сиргэ сүүрэн кэлэн, быһаҕы харбаан ылбыт, ол эрэн, дьиктитэ диэн, ким да суох эбит. Оронугар олорон уоскуйан олус сылайаммын түһээтим дуу, хайдах дуу дии санаабыт, ол эрэн ол киһи боруоран өлүктүйбүт көрүҥүн умнубаттык өйдөөн хаалбыт. Дьиэ үрдүгэр тиийэ багдаллыбыт уһун уҥуохтааҕа олус сөхтөрбүт, аны туран, дьиэтэ иһиттэн хатыылааҕа. Ити кэпсэтии кэннэ доҕордуулар иккиэн биир киһини көрөн ааспыппыт эбит диэн түмүккэ кэлбиттэрэ. * * * «Бичик» кинигэ кыһатыгар быйыл саҥа тахсыбыт «Саха сирин дьулаан түбэлтэлэрэ» диэн кинигэттэн быһа тардан ылылынна. Бырайыак ааптара, хомуйан оҥорооччу Дмитрий Михайлов.
edersaas.ru сайтан