Кэпсээ
Войти Регистрация

Түүн эргэ оскуолаҕа

Главная / Кэпсээн арааһа / Түүн эргэ оскуолаҕа

K
10.11.2022 15:27
   Дьонум кэпсииллэрин өй­дөөн хаалбыппын. Өлөөн улуу­һугар баар Ээйик нэһи­лиэ­гэр эдэр сылдьан маннык тү­бэлтэни истибиттэр.      Хаһан эрэ, бэрт өрдөөҕүтэ, эргэ оскуола баара үһү. Ол саҕана «абааһы, иччи, сибиэн» диэн өйдөбүл суох кэмнэрэ. Бэрэбиэркэ, отчуот кэмэ саҕаланан, оскуола үлэһит­тэрэ утуйар уулара көтөн сылдьыбыт. Бары хойукка диэри олорон үлэлииллэр. Бас салайааччылара – дириэктэр­дэрэ – туора турбакка, оскуо­лаҕа биир күн олус хойукка диэри үлэлии хаалбыт. Дьонноро дьиэлэригэр-уоттарыгар ыксаан, утуу-субуу тарҕас­пыттар.    Кыһын. Уота суох дьиэ иһэ – им-балай хараҥа. Чүмэчитин уматтан кумааҕыларын кы­ҥас­таһа олорбут. Эргэ оскуо­лаҕа киһи өр олоруо дуо, сүрүн үлэтин түмүктээн, малын-салын хомуммут. Аанын хатаат, чүмэчитин туппутунан уһун көрүдүөр устун баран испит. Хааман истэҕинэ, салгын оонньоон, чүмэчитэ умуллан хаалбыт. Испиискэтин хостоон, чүмэчитин уматан баран, эмиэ салгыы хааман испит. Ыксаабыт киһиэхэ, көрүдүөрэ, эчи, уһунун! Сотору буолаат, чүмэчитэ эмиэ умуллан хаалбыт. Киһибит дьиктиргээбит, кыратык тохтоон, өй­дөөн истибитэ, ким эрэ үрэн умуруорар курдук эбит. Дириэктэр эрэйдээх соһуйан-куттанан, чүмэчитин ыһыктан кэбиспит. Быстыа дуо, ыас хараҥаҕа илиитинэн муостаҕа чүмэчитин көрдөөччү буолбут. Оннук харбыалаһа сылдьан, истиэнэ диэки киһи баттаҕын таарыйан ылбыт! Сүрэҕэ айа­ҕар тахсыар диэри куттаммыт, чүмэчитин хайдах уматтыбытын өйдөөмүнэ хаалбыт. Били истиэнэтин сырдатан көрбүтэ – туох да баар сибикитэ биллибэтэх. Хомунаат, дьиэтин диэки ойбут.   Хараҥаҕа тыас      Өлөөҥҥө 1935 сыллаахха тутуллубут бастакы оскуола баара. Онно биһиги оҕо эрдэхпитинэ, алын кылаас оҕолоро үөрэнэллэрэ (мин эмиэ үөрэммитим). Биһиги бүтэрэрбит саҕана саҥа таас оскуоланы тутаары, оскуолабытын көтүрэн кэбиспиттэрэ.    Көтүрүллүбүт оскуола «абаа­һылаах, сибиэннээх» диэн уруккуттан кэпсээччилэр. 8-9-с кылааска үөрэнэ сылдьан маннык кэпсээни истибитим.    Оскуола харабынайа дьахтар төрөппүт уолун кытары киэһэ ааннары хатыы уонна уоту араара сылдьыбыттар. Оскуолаттан тахсар ааҥҥа чугаһаабыттар, үс көрүдүөртэн аан диэки баар бүтэһик көрүдүөр уоттаах хаалбыт. Дьахтар дьиэ абааһылаах буоларын эрдэ истэр эбит, онон биир тылы саҥарбакка иккиэн суксуруһан үлэлэрин толоро сылдьыбыттар. Ол кө­рү­дүөр диэки биир кылаас аанын хатыы турдахтарына, уол туох эрэ тыаһыырын истибит. Ийэтигэр эппитин «түксү, куттаама-хайаама, бэйэм да куттанан нэһиилэ сылдьабын» диэн сибигинэйэн хардарбыт. Ону уола «кырдьык, истиий» диэбит. Маҥнай тыас-уус иһиллэрэ, ким эмэ баар сибикитэ биллибэтэх. «Уолум куттанан, атын тыас тахсарын бутуйдаҕа» дии саныы турбут. Онтон арай истибиттэрэ, кырдьык, хараҥа көрүдүөр түгэҕиттэн киһи саллааттыы хааман, чугаһаан иһэрэ иһил­либит. Оннугу кэтэспэтэх дьон иэннэрэ кэдэҥнээбит. Туохтарын барытын умнан туран, оннооҕор оскуола аанын хатаабакка, баттаппакка да дьиэлэрин диэки элэс гыммыттар. Айыы Хаан кэпсээннэрэ.   Түүл эбитэ дуу, илэ эбитэ дуу?      Оттуур сирбитигэр үүтээн туттан абыранныбыт. Түгэн көһүннэр эрэ, сирбэр-уоппар тахсан сынньанан, хонон-өрөөн кэлээччибин. Дьоммор «кү­рүөбүн көрүөм, дьон аспыт, сүөһү алдьаппыт буоллаҕына, оҥоруом» диэн этэн баран, инним хоту алааспар айанныырбын астынарым. Ол сылдьан биир дьикти түбэлтэҕэ түбэһэн турардаахпын.        Дьиэтээҕи үлэбин үмүрү­тээт, оттуур сирбэр бараары хомуннум. Ыам ыйынааҕы ылааҥы күн үүммүтэ. Икки чаас кэриҥэ айаннаан, сирбэр тиийээт, күрүөбүн көрбү­түм – сылгылар тоҕо көтөн кэбиспиттэр. Абаккаран, үүр­тэ­лээт, күрүөбүн оҥоро сырыттым. Аны ардах курулатан киирэн барда. Үүтээммэр киирэн табахтыы-табахтыы, ардах бүтэрин күүтэн сыттым. Хараҥаран барда – ардах тохтуур санаата суох.    Сарсыарда эрдэ тураары, утуйа сатаатым эрээри, ардах таммалыыр тыаһыттан уум кыайан кэлбэккэ сыттым. Ол курдук этэҥҥэ сырдаан киирэн барда, сарсыарда алта чаас буолла. Утуйбатах буолан, төрүт сынньамматым. Хата, күн чаҕылыччы тыган, олус ичигэс күн үүммүт этэ. Күрүөбүн бүтэрээт, үргүлдьү дьиэлииргэ санаммытым. Маҥ­най сэргэх курдук этим. Онтон чаас курдук айаннаат, сылайан бардым, куйааһа бэрдиттэн олус тиритэн, уу чоккурас буоллум. Халтаһам ыараан, уум кэлэн, суол ортотугар да утуйуох курдук турукка киирдим. Ол курдук ыалбыт аах оттуур алаастарын күрүөтүгэр чугаһаан истэхпинэ, утары дьэргэлгэн дьиримниир, ону тэҥэ үс киһи иһэрэ туочука буолан көстөр.    Дэлби уум кэлэн, тиритэн, хараҕым олус куһаҕаннык көрөр, сүрэҕим бип-битигирэс, субу тохтоон хаалыахча курдук буолла. «Билэр дьонум буолаарай?» диэн, кыҥастаһа сатаан көрдүм даҕаны көстөн бэрт. «Бэйи, туох ааттаах, чугаһаатахтарына да көрүөм» дии санаан истим. Сотору кэминэн дьонум бэттэх кэллэр кэлэн истилэр. Онтон өй­дөөн көрбүтүм, былыргы саллаат таҥастаахтар, сааларын сүгэ сылдьаллар, тугу эрэ киһи өйдөөн истибэт гына кэпсэтэ-кэпсэтэ ааһан хааллылар. Санаабар, олус элбэх сахсырҕа дуу, тигээйи дуу мустан дыыгыныырын курдук, тыас-уус бөҕөтө буолла. Маҥнай тугу да өйдөөбөккө дөйөн турдум, кэннибин хайыспытым – ким да суох! Эмискэ уһуктубучча, кулгаахпын чөрөтөөт, сүүрэр-хаамар икки ардынан дьиэбэр тиийбитим. Кэлээт, ороммор охтоот, утуйан хаалбыт этим. Сарсыныгар сынньанан аҕай турбутум. Ити буолбут түбэлтэбин күнү быһа санаан, саҥата суох сылдьыбытым. Дьоммор кэпсээбиппэр ийэм «уугар аҥаарыйан, түүл түһүү истиҥ ини» диэн сэмэлээн кэбиспитэ. Дьарааһын.   Анараа дойду ситимэ       Ыалбыт аах кыра уоллара Сааска барахсан сэбиргэхтэтэн, быстахха былдьаммыта. Мэлдьи үөрэ-көтө сылдьар, бэрт көнө, сэмэй майгылаах уолбутун, доҕорбутун сүтэрэн сылы-сылынан ыар аһыыга сылдьыбыппыт. Ордук ийэтэ барахсан Даайыка буорайаахтаабыта... Үчүгэйдик аһаабат, уруккутун курдук кэпсэппэт-ипсэппэт буолан хаалбыта. Кэпсэтэр да түгэнигэр уолун ахтара, эмискэ уйа-хайа суох ытыыра... Биһиги аһынан, хайдах буолуохпутун билбэт этибит.     Хаалбыт уолаттара ыал буолан атын-атын улуустарга олороллор. Кэргэнэ хоту командировкаҕа барар буолла. Даайыс соҕотох хаалбатын диэн, мин доҕор буолан олорсо сылдьыбытым. Биир сарсыарда Даайа сирэйэ-хараҕа сэргэхсийбит, ис сүрэҕиттэн иһирэхтик кэпсэтэн, олус үчүгэйдик чэйдии олордохпутуна «эн дьиэҕэр таҕыс, манна миигин, куһаҕан эмээхсини кытта, олорума, мин даҕаны кыратык сынньана түһүөм. Кырдьык, аһыыбар ылларан бэйэм бэйэбин билбэт буолбуппун, билигин чэпчээбиккэ дылы буоллум» диэн соһутта. Соҕотох хаалларарбын эмиэ даҕаны сөбүлээбэтим, ол эрээри көрдөспүт киһини хайыахпыный, малбын туппутунан дьиэбэр көспүтүм.    Күнүс хотоммун көрөөт, эбиэттээн баран, хаһыат ааҕа олорон, утуйан хаалбыппын. Арай түһээтэхпинэ, Сааска дьиэбэр көтөн түстэ «ийэбэр тахса оҕус, хаалларыма» диэн бэрт тоҥуйдук саҥараат, ааны сабан, тахсан баран хаалбытын эккирэттим. Ааммын сатаан аспакка «Сааска-а!» диэн хаһыытаатым. Арай кыыһым уһугуннарарыттан туран кэллим, «баттата аҕай сытаҕын, ыйылыыгын» диэтэ. Тураат, тута Даайыска сүүрдүм. Онно куһаҕан хартыынаны көрөн, хараҕым хараҥаран ылла – Даайа эмп-томп бөҕөтүн иһээри тэлгэтэн олорор эбит! Улаханнык кыыһырдым, тута балыыһаҕа эрийдим. Даайыс ытыы-ытыы көрдөстө.    Кэлин, хата, күүс ылан атаҕар турбута. Мин уолун туһунан барытын кэпсээн биэрбитим. «Акаарытык быһыыламмыппын, уолум барахсан анараа дойдуттан араҥаччылыы сылдьар эбит, кэбис, барытын умнан этэҥҥэ эрэ олоруохха наада» диир... «Сааска түүлбэр киирбэтэҕэ буоллар» диэн саныахпын да куттанабын.   Варламова Е.   Иччитэх дьиэ      Биһиги дьиэбит аттыгар кураанах, иччитэхсийбит дьиэ баара. Тоҕо ким да олорботун дьоммуттан туоһуластахха, «хаһаайыннара көспүттэрэ, ким да көрбөккө турар, кэлээччи-барааччы, сиэччи-аһаач­чы кэбилээн бүтэрбит, хаарыан дьиэни» диэччилэр. Кыра сылдьан толлор, куттанар этим. Улаатан истэҕим аайы дьиэ да дьиэ, хата, доҕотторбун кытары мустарбар бэртээхэй сир дии саныырым. Кырдьык, түүн «илэ барбыт» ыччат онно мустан «хааталыыр» этэ. Дьиэ иһэ барыта арыгы бытыылката, бөх-сах, табах тобоҕо буолааччы.      Биирдэ доҕотторбун кытары мустан арыгы истибит, күллүбүт-саллыбыт. Биир уолбут бу дьиэҕэ хас да киһи бэйэтигэр тиийиммитэ диэн кэпсээтэ. Уолаттар уол кэпсиирин үтүктэ-үтүктэ алларастаатылар, кыргыттар куттаммыта буолан, часкыйан да ыллылар. Мин аһара баран, сиэри таһынан кэбилэнэн эрэллэрин ис-испиттэн сөбүлээбэккэ, дьиэбиттэн тах­сыбыппын кэмсинэ турдум. Арай ол курдук күлсэ-салса, айдаара олордохпутуна, ким эрэ дьиэ түгэҕиттэн хатаннык часкыйбытыгар бары тэҥҥэ хаһыытаат, бэйэ-бэйэбитин үнтү көтө сыһа-сыһа та­һыр­дьаны былдьаспыппыт. Соһуччута бэрдиттэн куйахам күү­рүөр диэри куттаммытым, кыргыттар бары ытаабыппыт. Ол кэннэ дьиэбитигэр тар­ҕаспыппыт, онон ити дьиэҕэ мустан бүттэхпит ол. Баҕар, ити күнүнэн иччитэх дьиэ ту­һунан кэпсээним бүтүө эбитэ буолуо эрээри...    Киэһэлик дьонум ынах ыы тахсыбыттарыгар, үгэспинэн, иһиппин-хомуоспун сууйаат, кыра балтыбын таҥын­наран баран, сиэтэ сылдьан оҕу­руокка уу кута сырыттым. Ол сылдьан, били, дьиэттэн «ким эрэ миигин тэһэ көрөр курдук» диэн санаа арахпатаҕа. Иччитэх дьиэ диэки хайыспакка эрэ оҕуруоппутун бэрийээт, дьиэҕэ киирэн хаалбыппыт. Хас да күн ол дьиэ диэки көрүөхпүн, хайыһыахпын да­ҕаны куттана сылдьыбытым. Кэлин куттанарым уҕараабыта. Биир киэһэ аймахтарбыт кэлбиттэригэр ирэ-хоро кэпсэтээт, аһаат, оҕуруоппар уу кута сылдьан алҕас ол дьиэни көрбүтүм – түннүктэн кыыс өҥөйөн турара! Этим сааһа аһыллыар диэри куттанан, дьоммор сүүрбүтүм. Дьоммор кэпсээбиппэр «оҕолор сылдьаллар ини» диэн, сапсыйан кэбиспиттэрэ.    Кэлин төрөппүттэрбиттэн кыыс хатан хаһыытын, түннүк­тэн өҥөйбүт кыыс туһу­нан хат сураспыппар аҕам эмиэ хас да кэпсээни сырдатан ааспыта. Дьиэ мээнэ турарын иһин ыала ааҕы кытта көтүрэн испиттэр. Арай хаптаһыннары көтүрэ сырыттахтарына, хостон дьахтар хатан хаһыыта иһиллибит. Ону истээт, атахха биллэрбиттэр. Ити кэннэ ыалбыт Дьууруй суорҕан-тэллэх киһитэ буолан, хас да күнү быһа ыалдьыбыт эбит. Дьиэ аттынан ааспыт дьон биирдиилээн «кыыс турарын көрдүбүт, күлүк ааста» диэн кэпсииллэр эбит. Ити дьиэттэн көспүт ыал туох кистэлэҥнээҕэ эбитэ буолла?   Вера.
kyym.ru сайтан