Кэпсээ
Войти
Регистрация
Булчут буойун
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Булчут буойун
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
10.11.2022 15:23
«Бои без правил» көрүҥҥэ Уһук Илин эрэгийиэнигэр сахаттан бастакынан чөмпүйүөн үрдүк аатын ылбыт киһи – Анатолий Евгеньевич Панаевы кытта көрсөн кэпсэттим. – Билсиһиибитин төрдүгүттэн-уускуттан саҕалыах. – Төрдүм – Уус Майда улууһун Күп дэриэбинэтэ. Аҕам өттүнэн Ааллаах Үүммүн. Эбэм – Үөһээ Бүлүүттэн. Эһэлээх эбэм Ааллаах Үүҥҥэ Чурапчыттан кэлбиттэр. – Оччоҕо булка кыраҕыттан сыстыбыт буолуохтааххын. – Оҕо эрдэхпиттэн балыктаан, кустаан улааппыт киһибин. Булт абылаҥа ыга кууспута. Сааскы кус кэмигэр, эксээмэн саҕана, ыарахан буолара. Уолаттар кустаан баран, кылааска утуйан хааларбыт. Сааһыт учуутал эмиэ оннуга. Булка билигин көннөрү сынньанар курдук сылдьабын. Элбэҕи өлөрүөхтээхпин, оччону-баччаны диэбэппин. Дьиэбэр барбах кэһии гынарга бултуубун, балыктыыбын. Онтон элбэх наадата суох. Куоракка үлэлиир-хамныыр буоллахха, ас дэлэй. Дэриэбинэҕэ үлэ суох. Онон булдунан салҕанааччы элбэх. Дьон иитиллэн олорор бултарын куораттан тиийэ-тиийэ, имири эһэр гына бултуур сыыһа. 3-4-с кылаастан булка сылдьарбын өйдүүбүн. Оттон балыкка эҥин олох эрдэ сырыттаҕым буолуо. 1 кылаастан эһэбин кытта балыкка сылдьыһарым. Тыаҕа таҕыстахха, ыччаттар оннооҕор кутааны мөлтөх баҕайытык оттоллор. Үөрүйэхтэрэ суоҕа биллэр. Биһиэхэ оттуу сылдьан чэйдэ оргут диэтэхтэринэ, сүүрүүнэн барарбыт. Кэлиэхтэригэр диэри чэйгин оргутан тоһуйаҕын. Балыгы күөгүнэн хаптарарбыт. Кыһыл харахтан саҕалаан – барытын. Өрүс боротуокатыгар киирэрбит. Ууга бу кэмҥэ ханан ханнык балык баарын курдаттыы сэрэйэ сылдьарбыт. Уу дириҥин, чычааһын аахтара билэрбит. Чиэрбэлиирбит. – Эт-хаан өттүнэн эрчиллиигэ туох быһаарар оруоллааҕый? – Билигин толкуйдуурбунан, дэриэбинэ оҕото куорат оҕотунааҕар быдан сайдыылаах буолар эбит. Эт хаан эрэ диэн буолбакка, бары өттүнэн. Куорат оҕото аралдьыйара наһаа элбэх, бириэмэтин туһата суохха ыытар. Киинэҕэ барыа, үҥкүүлүө, ол сылдьан, аһыы утах, табах – араас барыта баарын көрөн, сыыһа-халты суолга үктэнэр. Дэриэбинэҕэ билигин Интэриниэт сайдан, баҕалаах киһи наадыйарын аа-дьуо булар буолла. Онон «куоракка эрэ оҕо сайдар» дииллэрэ сыыһа. Киһиэхэ айылҕа биэрэрэ диэн баар эбит. «Айылҕалаах киһи» диэн этэллэр. Хомойуох иһин, куоракка олорор уолаттартан айылҕалааҕа олох аҕыйах буолар. – Оҕо уйана-хатана эрдэ биллэр дуо? – Биирдэ дойдубар – Эмээхсин Алааһыгар оттуу сырыттыбыт. Күүстээх ардах түспүтүгэр дьиэбэр сүүрэн кэлбиппин өйдүүбүн. 5 биэрэстэлээх сиргэ. Сэттэлээҕим. Билигин 9-10-с кылаас уолаттара 5 биэрэстэҕэ кыайан сүүрбэттэр. Айылҕа диэн оннук күүстээх буолар эбит. Аҕыйах сыллааҕыта (кыыһым сэттэтигэр) Чочур Мырааҥҥа таҕыстыбыт. Кэргэним, уолум, быраатым, эдьиийбит бааллар. Быраатым кыыспын кытта эрдэ тахса турдулар. Биһиги бытааннык таҕыстыбыт. Уолум хаалан хаалла. Кыыһым тахсан баран, өссө ыраах баҕайынан сүүрэн, эргийэн кэлбитэ. Ити кэмҥэ бэйэбин санаан аһарбытым. Айылҕалаах киһини кыратыттан билиэххэ сөп эбит. Олох кыра сылдьаммын «подьем-переворот» оҥорор этим. Турникка. 1 кылаастан тустан барбытым. Элбэхтик охсуһар этим. – «Бои без правил» диэни аан маҥнай хантан билбиккиний? – Дьокуускайга «Кут-Сүр» диэн успуорт кулуубун кытта ситимниэххэ сөп. Егоров Василий, Егоров Евгений, Михайлов Александр курдук аатырбыт тириэньэрдэр дьарыктыыллара. Дьокуускайга бу – соҕотох кулууп этэ. Маннык дьарык элбэх киһиэхэ көмөлөспүтэ. Брюс Ли холобурун үтүктэн, элбэх киһи успуорка сыстыбыт буолуохтаах. Ол иннинэ сырдык хааннаах дьон, Чак Норрис курдуктар, элбэх этилэр. Брюс Ли Азия омуктарын барыларын өрө тартаҕа. «Кут-Сүр» кулуупка – кик буокса. Онтон аармыйаҕа РМОҕа киирбитим, Дагестан уолаттара «Бои без правил» көрө олороллор эбит. Онно Олег Тактаров, Кен Шемрок, Танк, Эбот, о.д.а. охсуһар дьонноох кэссиэтэлэр баалларын күнү-күннээн олорон көрөрбүт. Аармыйаҕа «медбрат» этим. Түүн бары утуйбуттарын кэннэ санчааска олорон көр да көр. Онтон саллааттарга ньымалары үөрэтии. Успуорка кэлиим онтон саҕаламмыта. – Ханнык ыйааһыҥҥа киирсээччигиний? – Мин наар ыйааһын таһаара сатааччыбын. Аармыйа кэнниттэн ыйааһыным өссө түһэн хаалбыта. Оччолорго 63 этим. Ыйааһын кырата – астан. Бу дьарыктана сылдьар уолаттар үгүстэрэ мөлтөхтүк аһыыллар. Ол иһин күүстэрин ылбаттар. Успуорка ас быһаарар оруоллаах. Бу уолаттар сорохторо, кистэл буолбатах, «доширагынан» эрэ сылдьаахтыыллар. Маннык ас туһата суох. Биһиэхэ урут «кубик магги» диэн баара. Ону куруускаҕа быраҕан баран килиэби кытта мотуйан эбиэттэнэ сылдьыбыппыт. Үчүгэй аһы, хааннааҕы наар кэмиттэн кэмигэр аһыахха наада. Аһаабатыҥ да баран хаалар. Мин 65-68 киилэлээх сылдьаммын 84 киилэҕэ киирсэр этим. Ити – «Бои без правил». Ыарахан этэ. Попов Мерсиас тимир курдук кытаанах буолара. Бастаан дьарыкка кэлбитигэр тустан баран нэһиилэ хабарҕалаан кыайбытым. «Бои без правил» эмиэ ити курдук. – Булт сиэрэ диэни хайдах өйдүүгүнүй? – Бэйэм дэриэбинэбин ылан көрөбүн. Дьон хайдах олорорун билэбин. Атын да сиргэ оннук буолуохтаах. Үгүстэр балыгынан салҕанан олороллор. Балык арааһа баар. Кытай илимэ абырыыр. Быыкаа биэнсийэлэригэр арыы, саахар, бурдук ылаллар. Онтон ордук туохха да тиийбэт. Сыана ыарахан. Хайа да булчут дьоҥҥо мэһэйдээбэт курдук бултуон наада. Урут эһэм нууччалары сөбүлээбэт этэ. Балыктыыр сирбин олох баһан ылаллар диэн. Илим бөҕөтө, муҥха арааһа. Олох имири эһэллэрэ, хаһан элбиэр диэри хас эмэ сылы кэтэһиэххэ наада. Мотуордара нэһиилэ кыайар буолуор диэри хаалаан бараллара. Сорох киһи киһиргээри бултуур, аһыыр аһа суохха дылы. Холобур, сымыыт баттыы сылдьар куһу өлөрөн кэбиһэллэр. Ийэ көтөр, кыыл өллө да оҕолоро аччыктаан өлөллөр. Сарсыҥҥыгын санаан бултуохтааххын. – Күрэхтэһэ киирэргэр куттал диэн баар этэ дуо? – Сорох киһи күрэхтэһэ тахсан баран «умайан» хаалааччы. Куттаммыт киһи начаас көстөр. «Олох куттаммат этим» диир сымыйа. Киһи буоллаҕым дии. Икки илиибин таһаарбыппыттан саҕалаан эчэйиим элбэх. Дьарыктыыр тириэньэрим суох этэ. «Бу киһи кыайыан сөп дуу, суох дуу, хайдах киирэн кыайыахха сөбүй?» диэн, этэн биэриэхпин сөп. Дьарыктыыр уолаттарбар кырдьыгы этэбин. Холобур, «ыарахан буолуо, таптаран кэбистэххинэ» эҥин диибин. Дьарыктыыр киһим тустууга мөлтөх, күүскэ охсон дөйүппэт буоллаҕына, кырдьык, ыарахан буолар. Киирсээри турар киһиэхэ кырдьыгы эппэтэххэ, улаханнык оһоллонон, салгыы тохтуон сөп. «Син биир кыайыаҥ» диэн баран, ыытан кэбиспэппин. Сэрэнэ сылдьан улаханнык эчэйбэттэр. Салгыы сайдар кыахтаналлар. – Урут хайдах киирсэр этигитий? – Спецназка үлэлии киирбитим. Ол сылдьан аан маҥнай «рукопашнайга» киирсибиппит. 60-65, 70-75, 80-85 киилэлэргэ киирсэрбит. Биэс-алта ыйааһыҥҥа бастаабытым. Биирдэ да кыайтарбатаҕым. Биирдэ балыйа сылдьыбыттара. Дойду чөмпүйэнээтигэр 3-с буолбутум. Оччолорго Саха сирин хамаандата «рукопашкаҕа» дойду үрдүнэн 2-с буолбуппут. Билигин ол ыараан турар. Биһигини аан бастаан ким да ахсарбат этэ. Соһуччу тиийэн, барыларын «күрдьэн» кэбистэхпит дии. Дьяконов Костя 3-с буолбута, Варламов Алексей эмиэ. Ол чөмпүйэнээт Брянскайга буолбута. Миигин кытта киирсэ тахсыбыт Брянскай уола «судьуйалар кыайыыны миэхэ биэрдилэр» диэбитэ. Брянскай оҕонньотторо маладьыастар, «Засуживаете» диэн айдаан бөҕөнү түһэрбиттэрэ. Мин киирсэрбин сөбүлээбиттэр этэ. Биир киһи кэлэн судьуйаларга тиийэн уһуннук айдаарсыбыта. Олох да билбэт киһим. Ол аата, дьоҥҥо биллэр гына балыйыы буоллаҕа. 65 киилэҕэ онно эмиэ 3-с буолбутум. УФСИНнар ортолоругар киирсиигэ эчэйии элбэх этэ. Элбэх киһи охсуһар туруга суох буолан туораабыта. Оннооҕор төбөнөн саайыы көҥүллэнэрэ. «Бойобуой саамбаҕа төбөнөн охсор көҥүллэнэр дуо?» диэн тиийэн ыйыппытым. Төбөнөн да, тоҕоноҕунан да охсор көҥүллэнэр диэн быһаарбыттара. Утарылаһааччым нуучча уола таҕыста. Кэтит буолан, арыый кыра курдук көстөрө. Тахсаатын кытта атаҕар мөлтөһүөр дуу дии санаабытым. Сэрэйбит сэрэх, тоҥхос гынна да илиибин тутан ылла. Быраҕардыы оҥостон эрдэҕинэ, төбөбүнэн саайдым. Киһим муннун үлтү солоон кэбистим. Ону кытта саалаҕа «головой не разрешается!» диэн хаһыытаабыттарын судьуйалар «разрешается!» дэһэ түстүлэр. Ол да буоллар бырахпыта. Онтон туран баран, тобукпар түбэһиннэрэн сынньыбытым. Устунан хабарҕалаан кэбиспитим. Панкратиоҥҥа эмиэ киирсэ сылдьыбытым. Билигин «Бои без правил» спортсменнар эрэ киирсэллэр диэн көстөр. Дьиҥэр, оччолорго үксүн «экстремал» уолаттар киирсэллэрэ. Туораттан таах киирэн хаалбыт киһи диэн суоҕа. Оччолорго олоҕуҥ оннук. Спецподразделениелар бэйэ-бэйэбитин үчүгэйдик билсэр этибит. Билигин урукку курдук буолбатах. Баҕалаах барыта да киирсэр кыахтаах. Бу хайысха сайынна аҕай. Мин саҕана Янков Женя Алексей Уваровтыын, Александр Иванов, Пепс бэйэлэрин кэмигэр «Бои без правил» хайысхатын сайыннарбыт уолаттар. Сыыйа сайыннаҕа. – «Кумахха киирсиэхтээхтэр» диэни истибитим, буолар дуо? – Бэс ыйын 17 күнүгэр кумахха киирсии буолуохтаах. Онно рефери буолуохтаахпын. ММA быраабылатынан. Уратыта диэн ким баҕалаах киирсэр кыахтаах. Тэҥнээхтэрин кытта киллэрэллэр. Эр киһи хайаан да тыынын таһаарыахтаах. Уулуссаҕа охсустаҕына, хаайыллыан сөп. Ол оннугар дьон көрөн турдаҕына, саалаҕа дьиҥнээхтик биэртэлэстин. Эр киһи охсуһа үөрэниэхтээх. Бэйэтин, дьонун көмүскүүргэ өрүү бэлэм буолуохтаах. Дьон иннигэр тахсан киирсии олох атын буолар. Быраастар киирсиэхтээх киһини эрдэ көрөллөр-истэллэр, көҥүллүүллэр. Охсуһар норуот – күүстээх норуот. Кэлин уолуҥ көрөн, мин аҕам охсуһар эбит диэн, баҕар, дьарыктанан барыан сөп. Иннэ-кэннэ биллибэт кулууптарга арыгылыы, табахтыы сылдьарын курдук буолуо дуо, олох атын. Кулууппут «Белый медведь» диэн. Биһиги спецназпыт аатынан. Сокуоннайдык 2003 сыллаахха киирбитэ. Урут «Динамо» саалатыгар эрчиллэрбит. 80 киһи кыра саалаҕа хайдах эрэ батан эрчиллэр этибит. Билигин киһи итэҕэйиэ суоҕун курдук. Аҥаардас мин кулууппар дьарыктаммыт дьон, испииһэккэ киирбитинэн – 1600. Ити курдук успуорка тардыһыы баар. Булчуттарга «тыаны харыстааҥ», дэриэбинэҕэ олорооччуларга «бултан хаалларыҥ» диибин. Ыалдьыт курдук сиэрдээхтик сылдьыахха, булду ордоруохха наада. Ыһан-тоҕон кэбистэххинэ, иккистээн хайа сирэйгинэн тиийиэххиний. Булду харыстааҥ. Кэпсэттэ Бүөтүр БӨТҮРҮӨП.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан