Кэпсээ
Войти
Регистрация
Туох барыта быалаах-туһахтаах
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Туох барыта быалаах-туһахтаах
K
kyym.ru сайтан
Имэҥ
10.11.2022 15:19
Өндөрөй Баһылайабыс арыый соло-билэ буолбучча, Бааһынай ырыынагар тиийдэ. Сүрүн соруга: сиэмэ хортуоската ылыахтаах. Былырыын сиинэлэртэн ылан, баччаларга араскылатан ыраатыннарбыта. Онто, бэйи, бэркэ үүнэн, Ылдьыыҥҥа, атырдьах ыйын 2 күнүгэр, астына амсайбыттаах. Ырыынакка атыыһыт эрэ элбэх. Сиэмэ хортуоската да баар аҕай. Кэлиҥҥинэн бэйэбит да дьоммут эҥин араас суорду атыылыыр буолбуттар. Холобур: «колетте», «чародей», «удача», «банба», «отрада», «жуковский», о.д.а. Эчи, элбэҕэ да бэрт! Ону барытын хантан ылаллара буолла? Өндөрөй, кыһыллыҥы сиэккэҕэ тэскэччи хааланан, мас хоппоҕо көрдөрүүгэ турар хортуосканы ыйыталаста. Атыыһыт, саас ортолоох саха киһитэ, дьэллэм кэпсээннээх элик бэрдэ буолан биэрдэ. Бу атыылыыр хортуоската Германия суорда «адретта» диэн эбит. «Икки ый кэриҥинэн тааҕы-таах мотуйбутунан бараҕын» диэн сырдатта. Туох да хаппырыыһа суох үүнэр, тымныыга-хаһыҥҥа, уопсайынан, олохтоох килиимэккэ балачча тулуһар үһү. Ол эрээри үүнээйи буолан баран, дьиэгэ ханна барыай – ол-бу ыарыыга, фитофторозка эҥин, хаптаран хаалар саҥнаах эбит. Кырдьык даҕаны, хайдах барыта Таҥараҕа дылы сибэтиэй буолуой, ол аптаах остуоруйаҕа эрэ баар ини. ¤ы, хата, хараахтарынан Өндөрөйгө, бэйэтигэр, майгынныыр эбит буолбат дуо?! Киһитэ кини буолан, уот тыллаах Харытыанатын баччааҥҥа диэри тулуйан олордоҕо. Оттон ити хортуоска сутуллар ыарыытыгар сыһыаран эттэххэ, дьаллык да суох буолбатах. Холобуругар, наһаа да буолбатар, кэмиттэн кэмигэр «тэп» гыннарарын да аҕалыахха сөп. Аны туран, кытта кырдьыбыт кыдьыгын хайдах эппэт буолуоҥуй – бэйэтэ сүрдээх бүрэ дьүһүннээх эрээри, били, этэргэ дылы, «туналыйар ньуурдаах кэрэ куолары» көрүө эрэ кэрэх – иҥин хаана кэйиэлээбитинэн, иҥиир-иҥиирэ тыҥаабытынан барар. Эмээхсинэ Питергэ сиэнин көрөр аатыран, онно кыстаабата эрэ быһыылаах. Сотору кэлиэхтээх. Чэ, ол кэлэн да диэхтээн, бастакы күннэригэр эрэ күө-дьаа буола түһүөхтэрэ, онтон эмиэ эмээхсинэ обургу кыыбаҕата киирэн, онон-манан сылтаҕырбыта буолан, сыппах быһаҕынан сулуйбутунан барыаҕа. Киниттэн онтон атыны күүппэккин. Дьэ, накаас диэтэҕиҥ. Өндөрөй сиэккэлээх сиэмэ хортуоскатын сарайа сытыйбыт үрүҥ салапаан мөһөөччүккэ уктарда уонна оптуобус тохтобулун диэки сүдьүҥнээтэ. Айакка! Илиитигэр быһа киирэн, тулутарын ааста. Хайдах эмэ гынан 5-с дуу, 35-с дуу оптуобуска киирэрэ буоллар, син Гимеиҥҥэ тиийиэх этэ, онтон 16-с оптуобуска олордо да – дьиэтигэр, ДСК түөлбэтигэр – кэллэҕэ ол. Ону баара, түөрт тарбаҕа быстаары гынна, бэйи, сиэбиттэн ноһубуойун ылан таппыыччаланнаҕына сатаныыһы. Бу аҕылаһа, хараҕа ирим-дьирим буола турдаҕына, аттыгар: – Андрей Васильевич, итиччэ ыараханы ханна соскойдостуҥ? Кэл, дьиэҕэр илдьэн биэриим, – диэн бэркэ билэр куолаһа иһилиннэ. Ол саҥа диэки көрө түспүтэ – үрүҥ иномарка аанын сэгэтэн Гелена олорор эбит. – Ээ, Гелена эбиккин дуу? Хата, бэрт. Саатар эрэ буоллаҕа дии, – диэн баран, Өндөрөй хортуоскалаах мөһөөччүгүн массыынаҕа киллэрэ сатаан тириттэ-хорутта. Онтун нэһииччэ өйүн-төйүн булларан, эдэр дьахтары кытта сэргэстэһэ олорунан кэбистэ. * * * Гелена түөрт уонун туола илик буолуохтаах: иллэрээ сыллааҕыта Өндөрөй кулгааҕын уһугунан иһиттэҕинэ, отут алтам диир курдуга. Чахчы, оннук эбит. Маҥнай билсиһиилэрэ соһуччу этэ. Биирдэ күһүҥҥү хараҥаҕа хайа эрэ кэмпириэнсийэттэн бэрт уһуннук оптуобуһунан айаннаан дьиэтин айаҕар түспүттээх. Арааһа, бүтэһик эриэйсэтэ буолан эбитэ дуу, суоппар кинини түһэрээт, быһалыы букатын атын сиринэн сахсылыннара турбута. Арай, бу туран көрдөҕүнэ, биир киһи чуо кини диэки көрбүтүнэн субу иһэр эбит. Хамсанарыттан-имсэнэриттэн сылыктаатахха, бэркэ ыксаабыт бадахтааҕа. Арыый чугаһаабытыгар көрбүтэ – эдэркээн дьахтар! Хайа эрэ Берёзовая уулусса хаһыс эрэ нүөмэрин ыйытар. Өндөрөй бу түөлбэҕэ олорбута уонча сыл буолла эрээри, оннук уулусса баарын бу диэн өйдөөбөт. Уопсайынан даҕаны, бу эргин бары-барыта абааһы оонньообута буолан холоруктаммытын курдук: чуолкай аадырыс суруллубут дьиэтэ диэни саараама булуоҥ суоҕа. Бу кыыс ыйыппыт уулуссата куорат хас да муннугар баара, оттон манна, куорат арҕаа уһугар, уһун синньигэс күөл кытыытынан быһыылааҕа. Оптуобус бүтэһик тохтобулуттан балай эмэни хаамыаххын наада. Өндөрөй, кыыс ыксаабыт дьүһүнүн көрөн, олус аһыммыта уонна хайаан да көмөлөстөххө сатанар дии санаан, тэҥҥэ көрдөһөргө быһаарыммыта. Син өр хааман, ол быыһыгар торбуйах саҕа апчааркаҕа ытыртара сыһан, били аадырыстарын булбуттара эрээри, ыал олорор сибиэнэ төрүт суоҕа. Хайыахтарай, оптуобус тохтобулун диэки сукуҥнаспыттара. Онно балачча бэйэлэринэн эрэ турбахтаан баран Өндөрөй: – Пахаай, оптуобус сырыыта бүппүт эбит. Дьэ, накаас. Бачча тос курдук тутуурдаах киһи, таксыынан эрэ бардаххына сатаныыһы, хата, биһиэхэ киириэххэ, эмээхсиним ону түргэнник дьаһайыаҕа, – диэбитэ. Ити курдук билсэн тураллар. Ол киэһэ Харытыаната «тимэҕэ сөллөн», кэпсээнэ-ипсээнэ элбээбитэ, онон Гелена Өндөрөйдөөххө хонор буолбута. Толору эттээх-сииннээх эдэр дьахтар ис киирбэх дьүһүннээҕэ: арылхай хап-хара хараҕынан дьиктиргээбиттии көрдөҕүнэ, саҥаҥ-иҥэҥ таҕыстар тахсан иһиэх курдуга, оттон ол истэ олорон, мичээрдээн ыллаҕына, «миигин чахчы өйдүүр киһи баарын баччааҥҥа диэри билбэккэ сылдьыбыт эбиппин» диэн, иэйиилээх санаа илгийэн киирэрэ. Өндөрөй санаата бэркэ көммүтэ. Харытыаната утары турар дьыбааҥҥа ыалдьыкка утуйар таҥаһын оҥорон барбытыгар дьиэлээх хаһаайын улаҕа диэки хайыһан сыппыта. Ол сытан эдэр дьахтар сыгынньахтанар, таҥаһын устуулга уурар тыаһын, оргууй үөһэ тыынан ыларын – барытын бу илэ көрөр курдуга. Ок-сиэ, туналыйан түһэн тугун баҕас кэрэтэй, бу томтоҕор түөһү, кылбаа маҥан бууту ньии! Симиттибиттии, онтун быыһыгар өссө да кырдьа илик эр бэрдин – Өндөрөйү – тургутардыы, эмиэ да баҕарбыттыы көрүтэлиириэн! Хомойуох иһин, ити барыта алта уончалаах Өндөрөй Баһылайабыс ыра санаата этэ. * * * – Массыыналаммыт эбиккин дии. Уруккуҥ курдук биэлсэрдиигин дуу, кэргэниҥ? – Өндөрөй эдэр дьахтар массыынаны нэксиэтэ суох биир тэҥник сыыйылыннара ыытарын сөҕө саныырын быыһыгар ыйыппахтаата. – Урукку сирбэр үлэлиибин, тыаҕа. Билигин уоппускам. Аныгы үйэҕэ массыыната суох сатаммаккын, быһайын суоппар быраабын ылбытым, оттон кэргэн эҥин диэн – былааҥҥа суо-ох, – диэн баран, Гелена курустук Өндөрөй диэки көрөн ылбыта. ДСК түөлбэтигэр начаас ыккардыгар элээрдэн кэллилэр. Өндөрөй бартыбыалын Геленаҕа туттарда, бэйэтэ син балачча ылахтаһан, мөһөөччүктээх хортуоскатын сыһаҕастаан таһаарда. Онтуката аны тутар сирэ быһа баран хаалла. Инньэ гынан бойбоччу көтөҕөн, пылааһым киртийиэ эҥин диэбэккэ синигэр түһэн, иннин диэки аччарыста. Сатахха, кыбартыырата – төрдүс этээскэ. Подъезд иһэ хабыс-хараҥа. Өндөрөй бу тэмтэриҥнээн иһэн туох эрэ аҥхайга үктээбитигэр бэрбээкэйэ «кырк» гынарга дылы гынна да, хортуоскалыын-майырдыын сууллан түстэ. Атаҕа ыарыыкката сүрдээх. Аны кэлэн туох харса кэлиэй, бүтүннүү быыл-буор буолбут киһи, Өндөрөй, хортуоскатын соһуспутунан барда. Хата, бастакы этээскэ олорор ыала уол көмөлөһөн, Геленатын кытта кыбартыыраларыгар киирбиттэрэ. Эмчит киһи буолан, Гелена Өндөрөй бачыыҥкатын уста охсон, хайыы үйэҕэ биллэр гына иһэн хаалбыт бэрбээкэйин туппалаабыта уонна «тостубут быһыылаах, травмпууҥҥа барыахха» диэн турбута. Өндөрөй «ээ, суох, ыарыыта ааһар ини» дии сатаабытын бэрт түргэнник тылыгар киллэрэн массыынатыгар олордубута. Травмпууҥҥа син добуочча олорбуттарын кэннэ хирург ыҥыран киллэрбитэ, эрэнгиэҥҥэ түһэрэн баран «тостубут» диэн быһаарбыта. Гиипсэлээн баран, Геленаҕа туһаайан «аҕаҕын үчүгэйдик көрүөххүн-истиэххин наада, сытар эрэсиим» диэбитэ. Өндөрөй ыарыытын кыатана сатыы-сатыы «оҕом буолбатах ээ» диэн быһааран истэҕинэ, хирура «бырастыы гын, кэргэҥҥин диэри гыммытым» диэн көннөрүнэ охсубута. Дьиэлэригэр кэлбиттэригэр Гелена муҥур хаһаайка кэриэтэ барыны-бары дьаһайбытынан барбыта. Күн көрөр сиригэр хас эмэ хаһыаты тэлгэтэ охсон хортуоскатын тарҕаччы куппута, онтон илиитин суунан баран, Өндөрөй тас таҥаһын устарыгар көмөлөспүтэ. Эдэр дьахтар дьыбааҥҥа олорор киһиттэн бүрүүкэтин сыыйа тардан ылбытыгар сибэккилээх кип-киэҥ туруусугуттан туох баар сэкириэтэ түөрэтэ көстөн ылла, инньэ гынан биир туспа кыбыстыы. Саатар, эр бэрдин киэнин курдук тыыллыбыт-хабыллыбыт да буолбатах ээ онтукайа баара. Хата, спортивнай ыстаана чугас баар буолан абыраата. Гелена халадыынньыктан халбаһы таһааран, ыһааран сырылатыар диэри Өндөрөй дьыбааҥҥа олорон эрэ кэтээн көрөөччү буолла. Муҥар, сампаан дуу, сухуой арыгы дуу хаһаамматах: бытыылка быһаҕаһа буоккалааҕыттан, хата, бэйэтэ кыбыһынна. Ама, онтун «иһиэххэ» диэ дуо сааппакка. Ас барыта бэлэм буолбутун кэннэ Гелена Өндөрөйү өйөөн-убаан остуолга аҕалла. Аһыы олорон арааһы бары кэпсэттилэр. Силигин ситэрэн, бассаабынан Питергэ баар Харытыанатын кытта ыаһахтаһа түстэ, ол эрээри «Гелена манна баар, атахпын тоһуттум» диэн, тыл аҥаарын да быктарбата. Били, халадыынньыкка турар «аһыттан» кыратык «кылк» гыннарбыта буоллар, дьэ, найаат буолуох эбит да, тыла өҕүллэн тугу да кыайан эппэтэ. Биэлсэр киһи, Гелена, Өндөрөйү кытта бодьуустаһарын тохтоппото: туалеттатта-хайаата. Онтон оронун оҥорон, сыгынньахтанарыгар илии-атах буолан сытыарда. Бэйэтэ иллэрээ сыллааҕытын курдук утары турар дьыбааҥҥа сыгынньахтаммытынан барда. Эдэр дьахтар таҥаһын устарын, сааһылаан устуулга уурарын – барытын Өндөрөй көрө сытта, киэр хайыспата. Гелена да кыһаллыбата, бэл, лиипчик дуомнаах, биир оннук сип-синньигэс туруусук сыыстаах эрэ кэлэн, ыарыһах атаҕын көрдө-иһиттэ, суорҕанын хайан биэрдэ, эбиитин сүүһүттэн «сык» гына сыллан ылан баран, оронугар тиийэн сытта. Өөр-өр утарыта көрсөн сыппахтаатылар, онтон эдэр дьахтар оронуттан аа-дьуо туран кэллэ уонна Өндөрөй аттыгар олорунан кэбистэ... Бу, чахчы, илэ этэ. Гелена сылаас этинэн сыстан, барыта дьикти түүлгэ маарыннаабыта. Маны содур быһыы диэн сиилиэххэ сөп дуо? Сүүрбэттэн тахса сыл аҕа киһиэхэ, биэнсийэлээх кырдьаҕаска, ама, ким маннык тууһугуруой?! Ким билиэй, ол эрээри хайалара да ити туһунан толкуйдуу барбатаҕа... Илии-илиилэриттэн ылсыбыттара... туох барыта умнуллубута... БУТУКАЙ.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан