Кэпсээ
Войти
Регистрация
Умнуллубат түөрт атахтаах доҕорум
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Умнуллубат түөрт атахтаах доҕорум
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
03.11.2022 15:45
Мин “булчукка үйэтигэр үчүгэй ыт биирдэ бэриллэр” диэн этиллэринии, бииргэ бултаабыт-алтаабыт түөрт атахтаах доҕорум туһунан суруйуохпун баҕардым. Ол ыппын хайдах-хантан булбутум туһунан суруйуубун саҕалыым. Урут, сопхуос саҕана, 90-с сыллар саҕаланыыларыгар кэлии үлэһит элбэх буолара. Араас омук дьонугар тиийэ. Оччолорго сапчаас ыскылаатын сэбиэдиссэйэ В.П. Тимофеевы кытта ыаллыы кыбартыыраларга олорбуппут. Бөһүөлэкпитигэр кэргэннии нуучча үлэһиттэрэ бааллара. Кинилэр сопхуостан уурайан соҕуруу баралларыгар күүлэлэригэр икки оҕолоох тыһы ыты хаалларбыт этилэр. Ол саҕана мин уоппускабар кыралаан бултуур этим. Үчүгэй булчут ытым суоҕа. Онон В.П. Тимофеев нууччалар ыт оҕолорун хаалларбыттарын туһунан кэпсээбитигэр көрө-истэ дьиэлэригэр тиийэ сырыттым. Ыттары көрө киирэрбэр, ийэлэрэ ыт суоһурҕана көрсүбүтэ. Күүлэҕэ тэлгэнэ быраҕыллыбыт тэлигириэйкэҕэ быыкаа икки ыт оҕото сытаахтыыллара. Уһун сиэрдийэҕэ боробулуоханан тордуох оҥорон, күүлэ аанын сэгэтэн баран, ыт оҕолорун соһон чугаһаппыппытыгар, ийэлэрэ барахсан биэримээри ырдьыгынаан бөҕөтө буолаахтаабыта. Ол да үрдүнэн ыппыт оҕолорун соһон таһаарбыппыт. Олортон биир маҥан дьүһүннээҕи сөбүлүү көрбүтүм. Хараҕа да тэстэ илик быыкаа харамайы хоонньубар уктан дьиэбэр илдьэ барбытым. Саас харалдьык тахсыыта ичигэс да буоллар, табаар дьааһыгар уйа оҥорон дьиэм иһигэр сытыарбытым. Бэйэтэ иһиттэн кыайан аһаабат буолан, кыра-кыралаан уу кыһыл оҕо курдук бүөбэйдээн суоскаттан аһата үөрэппитим. Сотору кэминэн хараҕа аһыллыбыта. Бастаан утаа, суоскаттан көһөн, ытыспыттан аһатар этим. Онтон күн-дьыл ааһан испитэ. Улааттаҕын аайы саха боруода ытыттан атына биллэр буолбута. Илин атахтара мадьаҕар уонна намыһах этилэр. Сиһэ уһун. Кулгааҕын төбөлөрө сабырыйа сылдьаллара. Дьон көрө-көрө “бу боруода ыты туох гынаары иитэҕин? Маннык ыттар булчут буолбаттар” дииллэрэ. Ол эрээри аһыырыгар сүрдээх көҥөс, иччититтэн атын киһини билиммэт буола улааппыта. Кыра сааһыттан уулусса ыттарыгар иннин биэрбэт гына суостаммыта. Биирин туола илигиттэн булка илдьэ сылдьар идэлэммитим. Тайахха, тыатааҕыга уһулуччу талааннааҕа биллибитэ. Олортон биир түгэни кэпсиим. 1993 сыл табаарыспын Анатолий Николаевы кытта Үрэх Төрдө диэн сиргэ үүтээн туттан киирбиппит. Оччолорго сэрии бэтэрээнэ Иннокентий Петров тайахха лиссиэнсийэ ылан биэрэн тайахтыы тахсыбыппыт. Биһигини кытта оскуола сопхуоһа Анатолий Петрович Соловьев бултаһа тахсыбыта. Биир күн, Толя Николаев бөһүөлэккэ ыһык ыла барбыт кэмигэр, биһиги анараа Анатолийдыын Солоҕон сиригэр-уотугар икки аттаах, икки ыттаах тахсыбыппыт. Күһүн сир тоҥон, бастакы кыраһа түспүт кэмэ этэ. Ол иһин ирээри аттарбытыттан түһэн сатыылыыр этибит. Ыттарбыт иннибитигэр-кэннибитигэр түһэн, сүтэ-сүтэ күөрэйэн сүүрэ испиттэрэ. Оннук айаннаан иһэн, ыппын көрбүтүм, тугу эрэ сытырҕалыы сылдьара. Кини диэки эргийэн барбытым, аттарбыт бу аҕай ааспыт сирдэригэр, көбүс-көнө сиргэ кыра хайаҕас өҥөйөн сытара. Ытым онно ойон тиийэн, илин атаҕынан хаһыйан киирэн барбыта. Мин тутатына эһэ арҕаҕа буоларын сэрэйбитим. Киһибин хаһыытаан ылбытым. Ойон түһэн, аттарбытын тииккэ баайталаан кэбиспиппит. “Сааҕын ыл!” – диэн хамаандалаан баран, арай киһим туоһапка сааны тута сылдьарын өйдөөн көрбүтүм. Харабыынын үүтээнигэр хаалларан кэбиспит үһү. Дьэ, испэр кыһыйа, мөҕүттэ санаатым. Ол да буоллар хайыахпытый? Чохороон сүгэбин ылан Анатолийбар туттаран кэбистим уонна “сиэрдийэтэ быһа тур” диэтим. Бэйэм саабын сүнньүөҕүнэн ииттэн арҕах айаҕар бэлэм турдум. Ытым хаһан сэктэтин бүтүннүү орообута. Били, иккис ыппыт арҕахха чугаһаабакка ырааҕынан элиэтии сылдьыбыта. Иһиллээн-чуҥнаан көрбүтүм, туох да тыас-уус иһиллибэт этэ. Эһэ баара-суоҕа биллибэтэҕэ. “Баар дуу, суох дуу?” диэн, аны саараан барбытым. Ол кэмҥэ Анатолийым синньигэс баҕайы сиэрдийэни быһан аҕалбыта. “Хайыыбыт?” дэһэн баран, сиэрдийэнэн сууралаан көрөргө санаммыппыт. Мин саабын тутан бэлэм турбутум. Киһим сиэрдийэ төбөтүнэн иһирдьэ сууралаан барбыта. Онтон саҥа аллайбыта: “Пахай, суох эбит буолбат дуо?! Сиэрдийэм арҕах түгэҕэр тиийдэ!” Онуоха мин: “Эс, сэктэтэ быһаҕас сабыылаах этэ. Өссө күүскэ сууралаа”, – диэтим. Арай сууралыы туран: “Һок, баар эбит. Маспын тарта”, – диэтэ. Ол кэмҥэ ытым харса суох төбөтүн иһирдьэ уга-уга үрэн киирэн барда. Сиэрдийэбитин хостоон таһааран, кээмэйдээн ханна иҥнибит сирин буллубут. Иҥнибит сиринэн арҕаҕы дьөлөргө быһаарынныбыт. Саабын тутан туран: “Оруобуна манан дьөлө оҕус”, – диэтим. Ол түгэҥҥэ ытым иһирдьэ киирэн, саҥата мэлис гынан хаалла. Испэр “ыппын киһилээбэтэ” диэн аһына санаатым. Киһибин ыксаттым. Арай чуо бааччы дьөлө охсоотун кытта ытым ойон таҕыста, аҥаар кулгааҕыттан хаана саккырыы сылдьар. “Аны ытым арҕахха чугаһаабата буолуо” дии санааппын кытта, түөрт атахтаах доҕорум эргиллэн кэлэн, арҕаҕы айаҕыттан үрэн барда. Ону көрөн наһаа үөрбүппүн өйдүүбүн. Ол туран иһиттэхпинэ, арҕах хаҥас өттүнэн эһэ көхсө тыаһыыр. Мин үс муннуктуу арҕах буоларын сэрэйэммин, Анатолийга “тыас баар сирин бараҥҥын дьөл” диэтим. Киһим ыйбыт сирбинэн аҕыйахта охсоотун кытта эһэм айаҕа кытар гына түстэ. Чалахай курдугунан тыбыырда. Мин бэлэм турар буолан, айаҕын көрдө-көрбүтүнэн чыыбыспын тардан кэбистим. Эһэм мэлис гынан хаалла уонна арҕах иһигэр мөхсөр тыаһа иһилиннэ. Ол мөхсөр тыаһын диэкинэн эмиэ киһибэр хайаҕас оҥортордум. Үс сиринэн сырдык киирэн, онон-манан күлүкүс гынара көстөр буолбута. Ол аайы мин туһаайа-туһаайа ытан истим. Сотору кэминэн мөхсөр тыаһа сүтэн хаалла. Уу чуумпу бүрүүкээтэ. Ытым дьэ уоскуйда. Үрэрин тохтотто. Ол эрээри арҕаҕын айаҕыттан тэйбэтэ. Мин киһибиниин кэтэһэн турдубут. Төһө да урут тыатааҕыны бултаабатарбыт, өлөрүгэр арҕаҕын иһиттэн үрүҥ туман тахсарын истэр этибит. Өр-өтөр буолбата, үс дьөлбүт хайаҕастарбытынан үрүҥ туман унаарыйан таҕыста. Биһиги, дьэ, “һуу” диэн өрө тыынныбыт. Хостуурбутугар арҕаҕы дьөлбүт сирбитинэн кэҥэтэргэ быһаарынныбыт. Мин киһибиттэн лаппа эдэр буоламмын, айаҕын быалыы иһирдьэ киирдим. Бастаан утаа тугу да көрбөтүм. Инньэ гынан арҕах түгэҕин диэки илиим иминэн аа-дьуо киирэн истим. Оннук хараҥаҕа харбыалаһан көп түүнү даҕайдым. Нэһиилэ төбөтүн булан, айаҕын атытан, маспын уоптаран баран, моонньуттан туомнуу баайан кэбистим уонна сыыллан тиийэн быам төбөтүн киһибэр туттардым. Икки сиэрдийэни сытыары уураммыт бэрт эрэйинэн соһон таһаарбыппыт. Кэлин уоскуйан баран санаатахпына, өскөтүн итиннэ улахан адьырҕаҕа түбэспиппит буоллар, бэйэбитин да былдьатар кыахтаах эбиппит. Кыра кыыл түбэһэн, хата, ойон тахсыбатаҕар Байанайбытыгар махтанабыт. Михаил Павлов, үлэ бэтэрээнэ, Мытаах бөһ., Горнай улууһа.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан