Кэпсээ
Войти
Регистрация
Адьырҕалыын киирсии
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Адьырҕалыын киирсии
K
edersaas.ru
Категорията суох
16.11.2022 14:03
Чокуур Уйбааны кытта Кылаан Уоһук ыраах тыаҕа Ампаардаах эргин бултуу сылдьан эһэ арҕаҕар түбэспиттэр. Кыһыҥҥы күн кылгас. Түөттүүр ааһыыта туут хайыһарынан кыыл этин сүгэн иһэннэр ыы муннуларынан түбэспиттэр. Үүтээннэригэр төннүөхтэрин икки ыттара арҕах дьөлөҕөһүнэн иһирдьэ киирэн, «ар-бур» бөҕө буолбуттар. Биһиги дьоммут сүгэһэрдэрин түһэрэ охсон, тукка сааларын харбаммыттар. Ииттэр бокуой биэрбэккэ, эһэлэрэ ыттары кытта охсуһан «ар-бур» бөҕөтө буолан тахсан кэлбит. Сааларын ииттэ охсоннор биирдиитэ ыппыттар. Онтулара хомурҕанын уонна өттүгүн таптаран баран, ыттартан тэйэн дьоҥҥо түспүт. Чокуур Уйбаан эһэ түөһүгэр сыстан сылдьан, быһыччатынан кэйгэллиир, ону кэнниттэн Кылаан Уоһук чохороон сүгэнэн эһэлэрин кэтэҕин чээллээбит. Сааларын иккиһин ииттэр бокуой биэрбэккэ, хойобуун эһэ тайҕа маһа үмүрүйүөр диэри хаһыыны таһааран баран, Чокуурга түһэригэр Уоһугу санныга дайбаан ааспыта хомурҕана тахсыбыт. Ол да буоллар, аҥаар илиитинэн чохороон сүгэнэн эһэ кэтэҕин чээллиир. Дьэ тулуур ээ. Кыахтаах, тэтиэнэх буолан, ол бааһырбыт кырдьаҕастан тыыннаах ордон тураллар. Ол онно эһэлэрин арҕаҕар хонон Уоһук хомурҕанын киллэрэн хоммуттар. Чокуур Уйбаан дэгиттэр киһи, онон ол быраатын Уоһугу сиргэ өрүһүйэн турар. Уоһук сэриигэ баран сураҕа суох сүппүтэ. Кылаанап Уоһук диэн аата суруллан турар. Чокуур Уйбаан сири-сибиири бараабыт киһи. Ааттаах олоҥхоһут, тойуксут. Устар ууну сомоҕолуур тыллаах- өстөөх киһи. Иккиэн бырааттыылар, Боһомолор сыдьааннара. Төрдүлэрэ Акыыдалар. Иккис эһэҕэ түбэһии. Чокууру кытта Чыппа Өлөксөй диэн эмиэ ааттаах тыаһыт, сырыылаах, бэйэтин кыанар эбит. Куоначчаан Андыҥдатын киһитэ. Иккиэн тыалыы сылдьаннар, Хапчаан сиһигэр эһэ арҕаҕар түбэспиттэр. Түүлээхтэрин кэтит сыҥаахтаах талах салааскаҕа соһоллоро. Туох баар астарын, балааккаларын, оһохторун барытын тиэйэн баран, сыҕарыйан иһэллэр. Эһэлэрин арҕаҕыттан ыраатан хахха сири булан хоммуттар. Сир дьоно начаас балааккаларын туруоран, сааларын-сэптэрин көрүнэн бэлэмнэммиттэр. Түүн утуйа сыттахтарына, эмиэ ыттара күөттээн-кыыһырдан, эһэлэрин таһааран ыытан кэбиспиттэр эбит. Бүө мас быстан эҥин тиийбиттэрэ, ыттарын кытта охсуһа-охсуһа барбыт. Аарыма эһэ суолун көрөн, Чокуурдаах Чыппа салла санаабыттар. Син биир ыттарбыт эргитэн аҕалаллар диэн бэлэм сылдьарга сөбүлэспиттэр. Уонна балааккаларыгар төннүбүттэрэ. Дьэ онно дуолан киирсии буола турар эбит. Ону маһынан хаххаланан үөмэн киирэн ытыалаабыттарыгар, эһэлэрэ охтубут. Ону өллө диэн киирэн истэхтэринэ, туран кэлэн кинилэргэ саба түспүт. Чыппаны баппаҕайынан өҥүс баска саайбытыгар, сонно дөйөн сууллубут. Хата, Чокуур куругар баар чохороонунан эһэ түстэҕин аайы хоҥорууга саайа сылдьыбыт. Ону кэлин көрбүттэрэ хоҥоруута олох мэйии курдук илдьиритэ охсуллан хаалбыт үһү. Чыппа өйдөнөн туран кэлбит уонна үөл тоһоҕонон мииннэртээбит. Инньэ гынан эһэлэрин икки өттүттэн үөс батааска биэрбэккэ охторбуттар. Ол эһэ үөһэ иккис хос ытарҕалаах эбит. Оннук үөстээх дэҥҥэ баар буолар үһү. Ол ытарҕа үөс бэртээхэй эмп буолар эбит. Чыппа өҥүс баска оҕустарбытыттан аһааҕыран, аҕыйах сыл буолан баран өлбүт. Чокуур кэлин хаста да эһэни бултаабыт. Баһылай. Хорула.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан