Кэпсээ
Войти Регистрация

Куорат кутталлаах дьиэтэ

Главная / Кэпсээн арааһа / Куорат кутталлаах дьиэтэ

K
edersaas.ru Категорията суох
04.06.2018 20:00
Дьокуускай түүннэри тигинээн-таҕынаан хайа да абааһыны бэйэтэ үргүтүөх курдук. Маннык сиргэ тугу эрэ билиэм-көрүөм диэн санаан да көрбөт, оройдоппот да этим. Абааһы, иччи барыта түҥ ойуурга, тыа сиригэр, мас дьиэҕэ, быраҕыллыбыт өтөххө эрэ баара буолуо диирим. Онтум баара, килэйэн-халайан турар куорат дьиэтигэр кытары баарын бэйэбинэн илэ билэн, куттанан, баттаҕым туран, сөрүү сөп буолбутум. Саас сааһынан кэпсээтэххэ ол маннык буолбута. Куоракка дьол көрдөһө, үлэлээн харчы сыыһа булаары кэлбит киһи төһө өр аймахтарбар симиллэн олоруохпунуй. Онуоха эдэрим да бэрт буоллаҕа. Хайа, туспа олоххо, көргө-нарга да наадыйар буоллаҕым. Онон куорат киинигэр биир дьиэҕэ кыбартыыра уларыстым. Дуогабар быһыытынан үс ыйга диэн кэпсэтистибит. Сабыыс-саҥа дьиэҕэ көһөн киирдим. Сулумах киһи туох маллаах-саллаах буолуомуй. Иһит-хомуос да кэмчи. Киирбит күммэр алаадьылыыр, буруолатан ыраастыыр эҥин диэн кэлиэ дуо? Чэйдээбитэ буолан баран, түүн хойукка диэри тэлэбиисэр көрбөхтөөтүм. Онтон суотабайбын хасыһа сыттым. Арай, эмискэ сирэйбэр бэрт дьиктитик салгын биллэн ааста. Мин балкон аана үрдэҕэ диэн аахайбатым. Дьиҥэр, балконум аана хайдах да үрэр кыаҕа суоҕа. Ол сытан утуйан хаалбыппын. Эмискэ үлүгэр куукунаҕа ыскаап тардарын тыастаахтык аһар тыастан уһукта биэрдим. Куттанным, аны киһи киирбитин билбэккэ утуйан хаалбыт буоллаҕым. Быһах ылаары тыаһаттаҕа. Онтон да атын араас санаа аҕыйах сөкүүндэ иһигэр төбөбөр киирэн таҕыста. Саатар сирэйин көрөн хаалыам дии санаат, ойон туран уоту арыйа баттаатым. Онно иһиллээбит курдук уу чуумпу буолан хаалла. Куттаммыппын биллэримээри куоласпын соното-соното суоһурҕанан: «Ким баарый?!» , — диэн бардьыгынаатым, үөҕүстүм. Уу чуумпу. Илиибэр курбун эрийэн баран куукунаҕа чугаһаатым, иһиллиибин. Эмиэ чуумпу. Дьэ онтон уоту аһа баттаан иһирдьэ киирэн көрбүтүм, ким да суох. Уҥуоҕум-сүһүөҕүм барыта халыр босхо барда. Түҥ-таҥ хааман тиийэн ааммын тардыалаан-анньыалаан көрбүтүм лип хатааһыннаах. Кутталы кытары туох баар уоппун барытын аһан кэбистим уонна эмиэ сыттым. Бастакы күнүм оннук ааста. Кэлин чуумпурбут курдук буолла эрээри, син биир этим тардар. Мин кутталы кытары кыра лаампа аттыбар иилинним. Сэрэххэ банаар эмиэ уктан сытабын. Аны тыас истимээри, куттанымаары, таһырдьа быраҕыллымаары табаарыс уолаттарбын, тыаттан кэлэр аймахтарбын хонноро ыҥырар үгэстэнним. Оннук син иккис ыйбытыгар үктэннибит. Биирдэ аллар атаһым тыаттан кэлэн миэхэ хоноһолоото. Сэлэһэн-сэлэһэн баран утуйан хааллыбыт. Арай, түүн ортото миэхэ сыттык кэлэн түспэт дуо… «Һук, бу тугуй» диэбитинэн олоро түстүм. Хайдах эрэ атаһым Дьуурка бырахта дии санаатым. Киһим буоллаҕына аттыбар тардыллыбыт кириэһилэҕэ бырда суох сыттыгын кууһуоҕунан кууһан утуйа сытар. Мин ону көрөн уум көтөн хаалла. Били, хаһаайыттар ыскааптарыгар сыттык сытар этэ. Ол сыттык буоларын сэрэйдим. Аны ыскаап көстөн турар. Аана сабыылаах. Мин аттыбар анаан иилбит кыра сибэтиилинньикпин холбоон баран сытабын. Син балачча сыттым. Нуктаан эрэр эбиппин. Киһим соһуйбутуттан уһукта биэрдим. Дьууркабар соппуоската кэлэн түспүт. Миигин дьиибэлиигин
быһыылаах диир. Тоҕо диэтэххэ, мин хоноһолонор, доҕордонор баҕаттан кимиэхэ да, тугу да кэпсээччим суох.Онно киһибэр миигин сыттыгынан бырахта диэн эттим. Киһим соһуйда. Сымыйалыыгын, дьиибэлиигин быһыылаах эҥин диэмэхтээтэ эрээри, эмиэ утуйбата. Ол курдук хоноһолонон бүттүм. Сарсыарда киһим таһырдьа тахсан баран иһэн: «Бүгүн аймахтарбар хоно барар эбиппин», — диэтэ. Ол кэнниттэн эмиэ аҕыйах кэмҥэ чуумпурбут курдук буола сылдьыбыта. Мин наар ыалдьыттанан, хоноһолонон, арыт аймахтарбар баран хонон сырыттым. Биирдэ бииргэ устудьуоннаабыт доҕорум тыаттан кэллэ. Үөрэ-көтө кинини ыҥырдым. Ол киэһэ утуйа сыттахпытына, бастаан мин суорҕаммын ньылбы тардан ылла. Ол икки ардыгар хоноһобун кириэһилэттэн сууллары анньан кэбистэ. Дьэ, онно эмиэ уоппутун барытын аһан кэбистибит. Онтубут аны, саалаҕа олордохпутуна куукунабыт уотун саба баттыыр. Куукунаҕа тиийэн олордохпутуна, саалабыт уотун саба баттыыр. Кэбис, чэ, куттала бэрт эбит диэн, сарсыныгар «атахха биллэрбитим». Хата, хаһаайыттар олорботох ыйым харчытын туох да саҥата суох төттөрү биэрбиттэрэ. Баҕар, итинник сүгүннээбэтин билэллэрэ эбитэ дуу… Куттаммыт Миитэрэй. Уруһуй: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан