Кэпсээ
Войти
Регистрация
ХОРУО БАҺЫЛАЙ (ҮҺҮЙЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ХОРУО БАҺЫЛАЙ (ҮҺҮЙЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
30.05.2018 19:00
Сүлэ нэһилиэгин Сулбуттуур аҕатын ууһун киһитэ Хоруо Баһылай кыайыылаах-хотуулаах үлэтинэн бүтүн улууска сураҕырбыт. Дьадаҥы буолан, куруук иэстэн иэскэ киирэн баайдарга үлэлиир эбит. От охсуута эр киһи уйана-хатана, күүһэ-күдэҕэ көстөр-биллэр аат үлэтэ буоллаҕа эбээт… Кини сайын аайы үүнүүлээх баҕайы Дьиикимдэ эбэ ходуһаларыгар олус киэҥник уоптаран, хааһах-хааһах кэриҥин эһитэлээн, тэллэх-тэллэх саҕаны субуулаан, күрүөттэн күрүөҕэ диэри олус уһуннук охсон тэлэкэлээн, дьону сөхтөрөрө үһү. Маннык өлгөм хойуу оттоох сиргэ Хоруо күҥҥэ үс-түөрт га сири холкутук охсон нэлэһитэр. Арай Лүксүмэ алааһыгар өрө-таҥнары охтубут оту үгэһинэн эмиэ күннүгүлээн охсон килэритэн баран, кини сэниэтэ эстэн, бырда быстан: «Аны маннык кытаанах оттоох сири сиэннэрим да охсубат буоллуннар», — диэн кэриэс этиммит. Мас кэрдиитигэр тэҥнээҕэ эмиэ суох. Охторбут маһа сиргэ сууллан түһүөр диэри үс кэрчик маһы быһыта охсон хаалара диэн уос кэпсээнэ баар. Кини кэрдэр маһын кыыһа эрэ ситэн саһааннаан, сааһылаан туруорар эбит. Биир сайын, ыһыах буолуо хонук эрэ иннинэ, ыам кумаара муҥутаан түһэн турдаҕына, Хоруо иэстээх баайыгар Уйбаан Өлөксүөйэпкэ мас кэрдибит. Киэһэ сөрүүн түһүүтүттэн саҕалаан ойуччу үүнэн турар арыы маһы барытын сууллартаан, тоҕус саһаан кэриҥин кэрдэн, саһааннаан кэбиспит. Былыргы эрдэһит ыал саҥа туран эрдэхтэринэ: «Чэ, саһааҥҥытын баран тутуҥ», — диэн кэпсээннээх киирэн олус соһуппут. Ону баран көрбүттэрэ, ойдом үүнэн турбут арыы мастара бары суох буолан хаалбыттар, төҥүргэстэрэ эрэ чороһо сыппыттар. БАҺАР БАЙБАЛ (ҮҺҮЙЭЭН) Ньурба улууһун II Хаҥалас сиригэр-уотугар Баһар Байбал (Ньукулаайап Байбал) диэн аатырбыт байанайдаах булчут туһунан кэпсэли-сэһэни истибэтэх аҕыйаҕа чахчы. Кинини киппэ-кэтит көрүҥнээх, улахан сэниэлээх төрөл киһи диэн кэпсэтэр буолалларын оҕо эрдэххэ истиллэрэ. Үгүс-элбэх тайаҕы, эһэни бултаабыт аарыма булчуттартан биирдэстэрэ. Баһар Байбал биирдэ, кыскыырдаах кыһын обургу дьэ саҕаланыыта, сэтинньи саҥата бадахтаах, бултуу сылдьан эһэ арҕаҕын булар. Ыттарын тииккэ баайталаан баран, сылбырҕа мас быстан, арҕаҕы саҥа сууралаан эрдэҕинэ, аарыма хагдаҥ эһэ арҕах бүөтүн көҥү көтөн тахсаат, киһиэхэ саба түһэр. Баһар Байбал эһэни сыгынньах илиитинэн сабырҕаҕыттан хабан ылан бүк баттыы сатыыр. Бу тутуһуу чыпчылыйыы түгэнэ буолар. Эһэ часкыйа-часкыйа, чалахайынан саба тибиирбитинэн өрө тура-тура Байбалы сыыһа-халты охсуолаан имитэр. Күөн көрсүһээччилэр, охсуһааччылар арҕах таһынааҕы хаары үлтү тибилийэн, илдьи кэһэн кэбиһэллэр. Устунан киэһэрэн, халлаан хараҥаран киирэн барар. Өлүү быалаах, Баһар Байбал аны ыстаанын тирии кура быһа ыстанан, били таҥаһа борбуйугар түһэн хаалар. Киэһээҥҥи дьыбар тымныыта сүр, киһи үлүйэн барар. Байбал ыксыыр. Кыылын кытта тустан хачымахтаһа сылдьан, аҥаар илиитинэн эһэ моонньун аллара өттүттэн кууһан ылаат, кулгааҕыттан тутар. Иккиэн да күүстэрэ эстэн, аҕылаһыы-мэҥилэһии кытаанаҕа буолаллар. Биир мүччү туттубуттара бу күн сириттэн сүтүөхтээх. Баһар Байбал тиһэх күүһүн мунньунан, уҥа өттүгүттэн харыстаах быһаҕын кыыныттан сулбу тардан ылаат, эһэ хаҥас хонноҕун аннынан батарыта саайталыыр. Эһэ кылана түһээт,
бүтэһик мөхсүүтүнэн Байбалы баһан ылан киэр илгэн кэбиһэр. Бэйэтэ аҕыйах хардыыны ойоот, умса хоруйа түһэр. Николай Семенов-Чөккүк Үһүйээннэр «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Дьылҕаны талбаттар» кинигэтиттэн ылылыннылар. Хаартыска: интэриниэттэн
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан