Кэпсээ
Войти
Регистрация
ОНОКУ (ҮҺҮЙЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ОНОКУ (ҮҺҮЙЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
28.05.2018 20:00
Ааттаах-суоллаах киһи Онокуну, үскэлэ, улахана, модьута-таҕата, ыйааһына бэрт буолан, мииннэҕинэ биир биэтэ уонна биир ата эрэ уйаллар эбит. Оттон саҥата улаханыттан дьиэ үрдэ титирэстээн, иһит-хомуос өрүтэ эккирээн барар. Үөгүтэ үс көстөөх сиртэн субу хаһыытаабыттыы иһиллэрэ үһү. Биирдэ, ыкса күһүн, добдурҕа саҕана, уоруйахтар кини атын күрэтэн илдьэ барбыттар. Оноку атын уоран барбыттарын суоллаан билэн, Сүлэ эбэтигэр киирэн туран: «Түөкүттээр! Тыыннаах хаалыаххытын баҕарар буоллаххытына, аппын түргэнник төнүннэрэ охсуҥ», — диэн хаһыытаан лоҥкунаппыт. Ол хаһыыта атын күрэппит дьон айаннаан дибдитэн Саалтааны утары турар Тордуйалаах хайатыгар тиийиилэрэ субу баардыы дуораһыйан иһиллибит. Уоруйахтар: «Бу ситэн кэлбит, сиэтэ», — дии санаан, аты хаалларан, кэннилэрин диэки хайыһан да көрбөккө, аттарын тыын муҥунан көтүтэн күрэнэ, тэскилии турбуттар. Оноку кэлин чаччыына сололоммут. Кыһын аайы түүлээх туттара Дьокуускайга баран кэлэр идэлэммит. Кэлэ-бара уонча хонон сылдьара дэһэллэр. Билигин баар айан суолун тутуспакка, Өлүөхүмэнэн быһа Хаҥалас улууһун сирдэринэн, сэттэ Сиинэ үрэхтэрин быһыта түһүтэлээн айанныыр эбит. Биирдэ, куораттан төннөн иһэн, сис суолун кытыытыгар олорор Тоҥус Болтуҥаа диэн булчут балаҕаныгар хонордуу тэринэн тохтообут. Кыараҕас балаҕан ааныгар нэһиилэ кыбыллан киирбитэ, дьиэҕэ булчут тоҥус ийэтэ — кырдьаҕас эмээхсин соҕотоҕун күөс буһара сылдьар эбит. Ыалдьыт хонон барардыы сыгынньахтанан барбыт. Ону көрөн эмээхсин: «Биһиги ыалдьыты, хоноһону билбэт дьоммут», — диэн кинини холдьоҕо, үүрэ сатаабыт. Ону Оноку тахсыбатах. Ыкса киэһэ бултаан-алтаан, тоҥон-хатан Тоҥус Болтуҥаа лиһигирэйэн киирэн кэлбит. Күүһүн-уоҕун үгэнигэр сылдьар эр бэрдэ ороҥҥо багдаллан олорор, төбөтө балаҕан сэбэргэнэтигэр анньыллыах айылаах бөдөҥ-садаҥ Онокуну көрөөт: «Сатананы кыайыах буоллахпына, соһон таһааран, таһырдьа быраҕыам», — диэн хотоойулаахтык-хоодуоттук санаммыт. Дорооболоһордуу илиититтэн ыга тутаат тардыалаабытыгар, Оноку атахтарын сиртэн тирэһэлии тэбинэн баран, бэйэтэ сатанах баҕанаҕа өйөммүт. Онто баҕаната иэҕэҥнээн, дьиэ үрдүн буора сиргэ саккыраабыт. Тоҥус Болтуҥаа Оноку олоҕуттан силир да гына хамсаабатаҕыттан, тэбинэр күүһүттэн балаҕан баҕаната хамсаабытыттан ыксаан, киһитин илиитин ыһыктан кэбиспит. Иһигэр: «Акаарыбар күүһүмсүйэ оонньообутум оҕуһунан тахсаары гынна», — дии санаабыт. Ол киэһэ туох да буолбатаҕын курдук, үһүөн ордук-хоһу саҥарсыбакка, күөстэрин хоторунан аһаан баран, бары утуйбуттар. Сарсыарда халлаан саҥа сырдыыта, тыҥ хатыыта Оноку хомунан бараары туран Тоҥус Болтуҥааҕа туһаайан: «Дьэ эрэ, бэҕэһээ күүһүмсүйбүтүҥ бэрт этэ. Чэ, билигин тахсан холоһон көрөбүт дуо?» — диэн сөҥүдүйбүт. Ону тоҥус булчута: «Чэ, кэбис! Акаары санаабар тардыалаан көрбүппүн. Ону, бука диэн, санааҕар тутума, хом санаама. Хата кэлэ-бара сылдьар, хонон-өрөөн ааһар буол», — диэн көрдөспүт. Өссө тайах буутун киллэрэн, хоноһотун өйүөлээн ыыппыт. Онтон бэттэх тоҥус бэрдэ уонна саха саарына үчүгэйдик билсэн-көрсөн, төттөрү-таары ыалдьыттаһан, атастаһан-доҕордоһон сылдьыбыттар. Николай СЕМЕНОВ-ЧӨККҮК * * * Үһүйээн Николай Семенов-Чөккүк «Бичик» кинигэ кыһатыгар тахсыбыт «Дьылҕаны талбаттар» кинигэтиттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан