Кэпсээ
Войти Регистрация

АНФИСА

Главная / Кэпсээн арааһа / АНФИСА

K
edersaas.ru Категорията суох
18.12.2022 18:00
Бу кэпсээни мин суруйумаары гыммытым, Анфиса олоҕун өссө ситэ кэтэһэн көрүөхпүн баҕарар этим. Мин кинини олус кыратык билэбин. Оттон Аркадий олоҕо — дьэҥкэ… Ол эрээри, чэ кэбис, саҕалаан бүтэн баран, тугун быһааран. Дугдуруй да оҕус буоллун уонна мин биир атаһым этэригэр дылы — бүтэр онон. Кэпсиибин Анфиса, Аркадий тустарынан. Биир студент баара. Ученай буолбут таайдаах. Ученай таай соҕуруу барара тиийэн кэлэр. Үс ыйга. Бэйэтэ — кэргэнэ суох соҕотох киһи. Дьэ ученай таай студент уолу уопсай дьиэттэн көрдөөн булан, дьиэтигэр ыҥыран аҕалан, икки хоспун үс ый дьиэлээн олор диэн көрдөһөр. Эһиги урут түһэн бу ученай, көр, бэйэтэ наада буоллаҕына эрэ уруута студент уолу саныыр киһи эбит диэн ученай киһини хомнуу санаамаҥ. Кини уолу урут да ыҥыран сэһэргэһэрэ, көмөлөһөрө эҥин. Үчүгэй таай да, ученай да, уонна сымнаҕас, намыын киһи этэ. Чэ, кини соҕуруу бардаҕа дии. Уол хаалар. Икки кыра хоско соҕотох. Улахан саҥа мас дьиэҕэ. Төһө баҕарар кинигэ ааҕар, конспект суруйан муҥнанар, арыт күнүс астына утуйар да — ким да киниэхэ мэһэйдээбэт. Үлэтэ диэн — уу бастара эрэ. Дьиэтэ уунан ититиллэр. Аҕыйах хонукка хам бааччы олоорто. Дьэ онтон туран… Биир көрүдүөргэ түөрт аан тахсар. Онон таайыттан ураты өссө үс ыал олорор буоллаҕа. Олортон таайа бараары туран биирдэрин эрэ туһунан үгэһинэн соччо быһаарыыта суох этэн ааспыттааҕа: — Дьэ, Аркадий, дьиэҕин кичэйэн хатаан сылдьар буол… Манна биир саарбах, нуу… уонна тыллаах, чэ ити… сытыы дьахтар баар… Ол-бу дииллэр… Ону — оҕурдук, Аркадий… Хам бааччы олор, олус дьону, оҕолору мунньума. Кинигэбин уларсыма. Бэйэҥ, баһаалыста, аах, туһан, нуу… Уол сэрэнэр. Ааны баҕас умнубакка хатыыр. Хатанан утуйар. Уонна хайыай? Оттон ол саарбах, сытыы дьахтар кимин билбэт, билэ да сатаабат. Түөрт хас сааһырбыт дьахтар, икки-үс эдэр кыыс, үс-түөрт түс-бас дьон туой көрсүһэллэр, арыт, бэл дорооболоһоллор. Аркадий бэйэтэ туспа уоругуттан соччо быга сатаабат, көрүдүөргэ туга да суох. Арай биирдэ кыараҕас, үүттээбит курдук харахтаах эрээри, эттээх кэтит сирэйдээх, улахан куулу туруору туппут курдук дьахтар биир сарсыарда хаһыат ыла туран уолга кытаанахтык эттэ: — Көрүдүөрү, кирилиэһи сууйар эһиги ирээккит. Ону умнар сатаммат! Баҕар, ити дьахтар — били сытыы, тыллаах хотуннара буолуо. Эмиэ да сирэйэ көрсүөҕэ дылы. Хараҕа эрэ хатыылаах да… Уол киэһэ хойутуу тахсан, кирилиэһи сууйан, ууну халытан турдаҕына, аллара дьахтар күллэ — хатаннык уонна эмиэ хайдах эрэ ис-иһиттэн. Эр киһи тугу эрэ саҥарда. Дьахтар эмиэ саһыгыраччы күллэ. Итини Аркадий кэрэхсии истэ турда. Онтон аны дьахтар киҥнээхтик чаҕаарда. Сонно тута кирилиэһинэн кыһыҥҥы кэмҥэ халтаҥныҥы соҕустук, ол эрээри үчүгэйдик таҥныбыт, отуччалаах саар тэгил дьахтар уун-утары сүүрэн таҕыста. Били мичээрбит диэн дьэ мэлис. Кыыһыра, кыйахана охсубут. Ууттан хаайтарда. Нууччалыы хатан саҥа хабылла түстэ. — Ай-ай, уу бөҕөнү халыппыт, ученай оҕо муостаны сатаан сууйуо дуо?! Хата, чыаппаҕар бүрүүкэнэн үҥкүүлүүрү сатыа… Чэ, уугун халытан баран, остуолба буолан туруоҥ дуо?! Хантан көстүбүккүнүй бу маннык бэйэлээх, — диэн иһэн, мааны дьахтар тохтоото, тыын ылла, онтон өссө чаҥкынаата. — Уой, толкуйа суох, сото тарт, оҕолорум күүтэллэр. Уой, сыылба! — Уонна хаһан эмэттэн өстөөх курдук күөх хараҕынан килэччи көрөн, уоһун мунньас гыннаран баран, хара хаатыҥкатынан кэрэйбэккэ ууну кэһэн, утары хоско тоҥсуйбакка киирдэ. Онно, кырдьык, оҕолор үөрэр, чыбыгыраһар саҥалара иһилиннэ — эмиэ ийэлэринии чаҥкынас куоластаахтар. Хайа муҥун Аркадий дьэ били таайа этэр тыллаах сытыы дьахтара ким буоларын биллэ быһыылаах. Уҥа аан тыаһа суох аргыый аһылынна, били кыараҕас харахтаах кэтит сирэйдээх дьукааҕа, эриэн халаатынан быһаҕаһыгар диэри быган туран, сарсыардатааҥҥы дьэбир бэйэтэ кубулуйумуна, кытаанахтык, түргэнник ботугураата: — Эн кинини кытта, баһаалыста, саҥарсыма. Ханна үлэлиирэ биллибэт дьахтар, икки оҕолоох да, кимиэннэрэ эмиэ биллибэт. Өссө ылыгас, үнүр покрывалоны уччуппута, быйыл үүппүтүн, биир тоҥ үүтү, мэлитэн истэҕинэ төннөттөрбүппүт. Онон киһи аахсыбат күтүрэ… Түгэх хостон эр киһи саҥата иһилиннэ: — Ычча, Маша, ааны сап. Эн ууҥ кэлбэтэ, буһарыҥ биһиги буруйбут дуо? Ол эрээри Маша өссө аанын сабыар диэри добдугураччы этэн хаалла: — Өссө киниэхэ араас эр дьон сылдьаллар. Биир киһи саас бүтүн нэдиэлэ олорон күүлэйдээн баран, хата, суодас гыммыта. Онон сэрэн, айдааҥҥа түбэһиэҥ. Эдэриҥ иһин сэрэтэбин. Кини — куһаҕан дьукаах! Дьахтар кэннигэр сөҥ куолас: «Ычча, бу ааны хайа муҥун!» — диэн эрдэҕинэ, аан тыаһа суох сабылынна. Аркадий тирээпкэтин аргыый ыга турбута, хайаларыгар да үс тылы хардарбатаҕа, арай кыыһырбыт, түөһүн мөтөппүт бастакы дьахтарга ыксалынан: «Баһаалыста, сибилигин», — дииргэ дылы этэ, итинник санаабыта эрэ дуу, иккис дьукааҕар көннөрү кэҕис эрэ гынна. Сөөп, дьэ чахчы кини эбит. Били таайа сэрэтэр хотууската. Сөп, сөп! Киэргэмсэх, сэлээр, хайа эрэ эр киһиэхэ атаартарда, ол киһитиниин тапсымына гынан баран, аны Аркадийы мээнэ мөхтө. Аркадий соччо буруйа суохха дылы этэ да буоллар. Аркадий абара санаата. Тирээпкэтин «пал» гына быраҕыталаата, ыган чоккуратта. Чэ, хайыай, буолан эрдин. Итинтэн ыла Аркадий кутталлаах дьукааҕын үгүстүк көрүдүөргэ, олбуорга көрсөр да, хайалара да кэпсэтэ соруммат. Дьахтар киэр хайыһар. Хата, кини кэрэ ааттаах эбит — Анфиса. Оҕолоро олбуорга бииргэ оонньууллар, таҥастара үчүгэй, маарыннаһарга дылылар, ийэлэринии киэҥ, күөхтүҥү-хара харахтаахтар, куп-кугастар. Аркадий кинилэр чуораанныы лыҥкынаһа күлсэллэрин билигин даҕаны сэргэҕэлии истэр. Тоҕо эрэ оҕолору аһына саныыр. Анфиса обургуну биир киһи хам-хаадьаа атаарар да, кирилиэстэн төннөргө дылы уонна кэлин Анфиса күлэрэ иһиллибэт. Сотору ити киһи атаарбат буолла. Маша быһаарда: «Көр, саҥа кавалер эмиэ атах биллэрдэ»… Анфиса, хата, ыллыыр эрэ… Оҕолорун сиэтэн оскуолаҕа атаартыыр. Дьукаах дьахталлардыын дэҥҥэ этиһэн чаҥкыныыра иһиллэр — дьэ хатан, чочураан куолас! Биирдэ маннык буолла. Олус өр ааҕан төбөтө ыарыйдаҕына, Аркадий тахсан олбуор иһигэр төттөрү-таары хаамар үгэстээҕэ. Биирдэ оннук хаама сылдьан көрдөҕүнэ — Анфиса курбалдьыйан, таҥас ыйыыр, өндөҥөлүүр уонна ыллыыр. Маҥан хаарга кини көтөөрү сапсыҥныыр тураах курдук — хара хаатыҥкалаах, дьууппалаах, плюш кылгас сонноох, котик бэргэһэлээх — барыта хара. Онтон сис туттан дээдэйэн иһэр Аркадий аттыгар тохтоон, буспут сугун хараҕынан эмискэ оонньуулаахтык көрөөт, Анфиса эмискэ сибигинэйэн кэриэтэ, ис киирбэхтик эттэ: — Көр эрэ ол таҥаһы уонна мин сууйбут таҥаспын, эн, муоста сууйааччы сордоох! Аркадий өс киирбэх өр одууласта. Кырдьык, Анфиса сууйбут таҥастара хаардааҕар үрүҥнэр эбит. Атын дьахтар ыйаабыт бырастыыналара тоҥ үүттүү араҕастыҥылар. Таҥаһы сатаан сууйар быһыылаах — мэник, саарбах дьахтар, Анфиса. Ити таҥас сууйа ылаары этэрэ эбитэ дуу? Хата, Аркадий, билиҥҥи кэм ыччата, таҥаһын бэйэтэ суунаахтыыр. Онтон сотору Анфиса улахан кыыһа киирэн, ийэтин аатыттан харчы көрдөөтө. Аркадий хап-сабар биэрэ оҕуста. — Баһыыба, дяденька. Бу үс сүүһү маамам өйүүн ыытыам диир. — Аркадий кыыстан аатын ыйытта уонна дьааһыктан кэмпиэт ылан уунна. — Мин аатым Светлана. Балтым Ирка. Оттон мин маамам атын дяденькалартан тугу да ыларбытын боппута. До свидания, — диэн баран, оҕо тоотоллон, тахсан барбыта. Харчыны нэдиэлэ кэриҥэ буолан баран, сити Светлана кыыс киллэрэн биэртэ. Ити Аркадий Анфисалыын кэм эйэ нэмнээх бастакы дипломатическай сыһыаннаһыылара этэ. Николай Габышев “Анфиса” кэпсээниттэн.
edersaas.ru сайтан