Кэпсээ
Войти Регистрация

Баһыылка

Главная / Кэпсээн арааһа / Баһыылка

K
edersaas.ru Категорията суох
13.12.2022 19:00
Биһиги көлүөнэ устудьуоннаабыт сылларбыт, алта уонус сыллар бүтүүлэрэ, сэттэ уонус сыллар саҕаланыылара этэ. Сэргэлээх иккитигэр олорбуттар өйдүүргүт буолуо, кыһыл кирпииччэнэн оҥоһуллубут 12-с куорпуһу. Дьэ, бу манна ааспыттара биһиги устудьуон сылларбыт, эдэр сааспыт сырдык, чаҕылхай кэмнэрэ! Бастакы кууруска үрдүк үөрэх устудьуонун истипиэндьийэтэ 49 солкуобай этэ. Ону дьэ сатаан аттаран туттар буоларбыт: 20 солкуобайы аска кыттыһабыт, онтон ордубутугар ким таҥас ылынар, ким киинэҕэ, тыйаатырга сылдьар. Сарсыарда биир ыстакаан кефири килиэби кытта мотуйаҕын, күнүс буфекка торуой ылан сиигин. Киэһэ дьуһуурунай ас астыыр. Куорпус иһэ минньигэс сытынан туолар. Саамай үөрүүлээх түгэн — дьиэҕиттэн баһыылка кэлэрэ. Ханныгын да иһин, дьиэҥ аһа, ийэҥ астаабыт аһа ама туохха тэҥнэһиэй?! Үксүгэр алаадьы, бэрэски, сүөгэй, куобах, ынах этэ буолааччы. Биир үтүө күн миэхэ баһыылка илдьитэ кэллэ. Үөрэхпититтэн кэлэн, куорпуска киирээт, почта долбуурун көрөбүт. Кимиэхэ эмит сурук, баһыылка кэлбитин туоһулуур сурук баара буолаарай диэн. Сиирэ-халты үссэнээт, мин » пятёркаҕа» олорон главпочтамҥа бардым. Баһыылкабын туох да эрэйэ суох ыллым: улахана, ыарахана сүрдээх, арааһа, 10 киилэ баар быһыылаах, «Держать в холоде!» диэн суруктаах. Хайдах эмит оптуобуска тиэрдибит киһи диэн хотоойутук сананан остонуопкабар кэллим. Балай да өр күүттэрэн, «пятёркам» барахсан күлтэрис гына түстэ. Аны хайдах эмит гынан иһирдьэ киириэххэ наада! Үлэ чааһын бүтүүтэ буолан киһи бөҕөтө! Мин баһыылкабын оҕо курдук көтөҕөн кэнники аанынан киирдим. Бары мин баһыылкабыттан иҥнэллэр, мэһэйдиигин дииллэр. Мин, тыа оҕото, сатаан этиспэппин, саҥата суох турабын. Ол турдахпына, кондуктор кэллэ, билиэппин ыларбар эттэ. Мин сиэппиттэн бытархайбын хостооччу буоллум. Эрэйдээх биирдээх харчыбын таммалатан кэбиспиппин, ытыспар биэстээҕим эрэ баар. Хос-хос сиэппин хастабын, кэппиэйкэм суоҕун курдук суох! Чүөчэм кыыһырыы бөҕөтө: «Давай, быстрее! Задерживаешь!»- диир. Мин тириттим аҕай, сиэппин хаһабын уонна этэбин: «У меня одна копейка потерялась.» Онуоха кондукторым хаһыытаан дэлби ыстаммат дуо: «А ну, выйди отсюда! Ходят тут всякие!» Хайыахпыный, тахсар ааны былдьастым. Ол тухары уон киилэлээх баһыылкабын оҕо курдук көтөҕө сылдьабын. Санаабар, дьон бары миигин көрөр курдуктар. Таһырдьа тахсыбытым -50 кыраадыстаах тымныы тута сирэйбин кымаахтаан киирэн барда. Мин, хата, истээх ыстааннаахпын, ийэм барахсан тикпит баата ыстаана. Арай үтүлүгүм чараас. Биристээҥки. Бургучуйар туман быыһынан Сэргэлээҕим диэки түһүнэн кэбистим. Главпочтамтан студгородокка диэри балай да ыраах, ону бэркэ диэн билэр буолуохтааххыт. Бастаан син эрчимнээх соҕустук хааман истим. Онтон улам-улам бытаардым, илиилэрим тугу да билбэт буоллулар. Уон киилэлээх баһыылкам баарын биллэрэн эрдэҕэ! Сотору-сотору тохтоон, баһыылкабын сиргэ уурабын, илиилэрбин имитэбин, иэдэстэрбин имэрийэбин. Андаатар бэргэһэм, саарпыгым, илийэн баран, тордоччу тоҥон хааллылар, ыарыылаахтык хаарыйаллар. Дьэ, ол курдук сыккыраан, син уопсайбын булбутум. Кыргыттарым аһыныы бөҕөлөрө, тоҕо биһигини илдьэ барбатаххыный дэһэллэр. Кондуктор дьахтары мөҥүттэллэр, хайдах бачча тымныыга биир кэппиэйкэ инниттэн оҕону таһырдьа үүрэрий диэн. Ол гынан баһыылкабытын арыйдахпыт дии. Дьонум барахсаттар алаадьы, бэрэски, ынах этэ, бэл оннооҕор сабыс-саҥа таба тыһа этэрбэс ыыппыттар этэ. Устудьуон олоҕор итинник үөрүүлээх да, киһи сонньуйар да түбэлтэлэрэ баар буолааччылар. Елена Прокопьева.
edersaas.ru сайтан