Кэпсээ
Войти Регистрация

Атым үөрэтэн турардаах

Главная / Кэпсээн арааһа / Атым үөрэтэн турардаах

K
edersaas.ru Категорията суох
06.12.2022 20:38
Оруобуна биэс уон сыллааҕыта от үлэтигэр ат кыраабылынан от мустарар этим. Икки аттаахпын. Биирим кырдьаҕас, нэс этэ. Онтон эдэрим сытыы, куруубай майгылааҕа. Мин үлэм от кэбиһээччилэр бугулларын түгэҕин харбааһын. Уонча кыдамаһыт туран эрэр оскуола оҕолоро, улахан эр дьон. Кинилэри ситэр мин соругум. Сыарҕалаах тыраахтар аа дьуо сыҕарыйан истэҕинэ кыра бугуллары быраҕаттаан иһэллэр. Биир омурҕаҥҥа үстүү оту туруорарбыт. От үүнүүтэ үчүгэйэ! Күөллэр кытыыларын оттуурбут. Биирдэ Чөҥөрөҕө оттуу сылдьабыт. Чөҥөрө уһун синньигэс улахан күөл. Отуубут Боһоҥдоҕо тахсар аартыкка баара. Ол иннинэ Боһоҥдоҕо оттообуппут. Боһоҥдо ходуһата киэҥэ, элбэх оту туруорбуппут. Дьэ, ол оттуу сылдьан эбиэт буолбутугар дьонум ДТ-75 тыраахтардарыгар олорооччу олорон, ким хайа эрэ өттүнэн хатаастааттарын кытта, тырахтарыыс отуутун диэки гаастаан кэбистэ. Ол тохтообут сирбит күөлбүт биир уһуга. Отуубут икки биэрэстэ курдуга. Балачча ыраах. Мин эдэр аппын сыбыдахтаан баран, ыҥыыра суох үрдүгэр ыстанан олорунан кэбистим. Атым сулардаах эрэ. Көнтөс быатын илиибэр тута сылдьабын. Үүнүн сүрэҕэлдьээн, наадата суох диэн кэтэрдибэтэҕим. Сыгынньах арҕастаах акка олорооппун кытта, атым туох да соруттарыыта суох отуу диэкки түһүнэн кэбистэ. Били сүрэҕэлдьээн нэһиилэ хаамара суох. Туос бөтөрөҥ. Кулгаахпар тыал куугунаан олорор. Аппын тохтотор кыаҕым суох. Ол сулар көнтөһүн тардыытын кымаардаан да көрбөт. Хайдах эмэ гынан охтубатах киһи диэн санаалаахпын. Атым бэрт түргэнник отуубутугар кэлэн хорос гына тохтоото. Биллэн турар, бу боруода аттар курдук буолбатаҕа да буоллар, сахам эдэр саастаах ата хаһаайынын итинник биирдэ үчүгэйдик үөрэтэн турардаах. Онтон ыла сэрэнэр буолбутум. Степан Никифоров Хаартыска: СИА
edersaas.ru сайтан