Кэпсээ
Войти Регистрация

Сааһырбыт таптал (кэпсээн)

Главная / Кэпсээн арааһа / Сааһырбыт таптал (кэпсээн)

K
edersaas.ru Категорията суох
04.12.2022 22:23
Хаһааҥҥыта эрэ бу дьиэ улуус киинин баар-суох көстүүлээх соҕотох таас дьиэтэ этэ. Улахан салайар эрэ үлэһиттэр олороллоругар аналлааҕа, көннөрү дьон таһыттан көрө ымсыыраллара. Киэҥ-куоҥ саала, утуйар хос, бэл дьоҕус кыладыапка хос, чэ, куукуната уонна суунар сирэ кыараҕаһа туох буолуой — баара быраап буоллаҕа, мас дьиэҕэ олорооччуларга оччолорго оннук да суох этэ. Уонна чуумпу,чөкө, икки этээс ахсын түөртүү эрэ кыбартыыра. Оттон бу бүгүн тула араас килэспит-халаспыт таас дьиэ бөҕө тутуллара үксээбит кэмнэригэр, бу дьиэ барахсан тас көрүҥнүүн мөлтөөн, мэктиэтигэр улам кыччаан-оччоон иһэр курдук. Урут манна туругуран, сириэдийэн олорбут былаас дьоно аҕыйаан баранан, билигин араас дьон олохсуйбут, үксүн кэлии дьоҥҥо куортамҥа бэриллэр дьиэ буолан тураахтыыр. …Вероника Александровна куукуна түннүгүнэн олбуору өҥөйөн көрөөт,сирэйин мырдыччы тутунна:»Оо, дьэ…Эмиэ саҥа дьукаах…Эмиэ иһээччи буолаарай, таҥас-сап бөрүкүтэ суох, өссө илбирийэ сытыйбыт ыттаах дуу, па даа…Эрэйдээх олохтоох ыаллар буоллубут: кэлии хара омуктар дьукаахтаһан хас да ый буулаабыттара көһөннөр, дьэ сынньанар инибит диэбиппит, олор оннуларыгар аны иирсээннээх эдэр ыаллар кэлбиттэрэ. Хаста да полицияланан, скорайданан айманан баран, ыксаан хаһаайыттарыгар үҥсэн-үҥсэн үүрдэрбиппит. Аны бу…». Астына-дуоһуйа иһээри оргуттан чааскытыгар куттубут кофетын ситэ испэккэ, үрүҥ көмүс луоскатын күндү чараас фарфор бүлүүһэҕэ тыастаахтык быраҕан баран саалатыгар барда, тапталлаах үрүҥ тирии дьыбааныгар дьохсойдо, плазма тэлэбиисэрин холбоору уунан иһэн тохтоото. Вероника Александровна — оройуон урукку биир улахан салайааччытын огдообото, бэйэтэ эмиэ өр сылларга статуправлениеҕа үлэлээн баран, саҥардыы бочуоттаах сынньалаҥҥа атаарыллан дьиэтигэр олорор. Икки оҕолоохторо туспа ыаллар, соҕуруу куораттарга олохсуйбуттара ыраатта. Сиэннэрин кэнники хаартыскаҕа, скайпка эрэ көрөр. Соҕотох дьиэҕэ чуҥкуйан олорор диэни, үлэлээбэт биэнсийэлээх олоҕун дьэ толору билэн эрэр. Үгүс үөлээннээхтэрэ киин сир диэки көспүттэрэ, онон чугастык бодоруһар, алтыһар дьүөгэтэ да суох манна. Былыр биир кылааска үөрэммит Дуунньата баар да, тэйиччи кытыы кыбаарталга олорор буолан, олох дэҥҥэ эрэ көрсөн ааһаллар. Уонна соччо улаханнык бодоруспаттар даҕаны: хотун-хаан мааны Вероникаҕа үйэтин тухары оскуолаҕа муоста сууйбут Дуунньа бэйэтин тэҥнээх курдук санаммат, биирэ да кинини соччо тэҥнээбэт курдук, санаатыгар. Көрүстэхтэринэ, оттон хайыахтарай, эҕэрдэлэһэллэр, биир-икки тылы бырахсан кэпсэтэллэр. Дуунньа икки уола ыал буолан манна дойдуларыгар олохсуйдулар, сиэн толору, оттон оҕонньоро билигин да лесхоһугар үлэлии сылдьар үһү. Быр-бааччы ыаллар, эргэ дьиэлэрин тэлгэһэтигэр уолаттара начаас саҥа дьиэни тутан дьэргэппиттэр, сайын Дуунньа оҕуруот, сибэкки олордон, куурусса, куруолук иитэн күн солото суох буолар, кыһын сиэннэрин оскуолаҕа, дьыссаакка таһар, сааһырдым диэбэт, кэлэн-баран элэстэнэн олорор. Оттон Вероника даачалаах эрээри, бу кэнники сылларга эр киһи илиитэ суоҕуттан алдьаныы-кээһэнии элбээн-үксээн, туһаттан тахсан эрэр: дачатын дьиэтэ даҕаны, оҕуруота даҕаны. Онон сайыннары дьиэҕэ олороро, үксүн сытара элбээн эрэр, дэҥҥэ куоракка аймахтарыгар, дьүөгэлэригэр баран кэлэр, манна ас маҕаһыыннарыгар, ырыынакка сылдьар — онон бүтэр. Иистэнэри, баайары, быысыбайдыыры сатыырын сатыыр да, дьарыктаммат, кинигэ ааҕары уруккуттан сөбүлээбэт, хата солотуйан күннээн тэлэбиисэр көрөн саатыыр буолла, араас сериалларынан олорор, ис дууһатыттан сериаллар дьоруойдарыгар «ыалдьар», кинилэр кыһалҕаларынан эбэтэр үөрүүлэринэн дууһатын-санаатын аймыыр, онон аралдьыйар. Күннээҕи күүрээннээх, аймалҕаннаах тулалыыр олох кинини улаханнык долгуппат буолбута ыраатта. Вероника кэргэнэ кинилэр наһаа сааһыра иликтэринэ бу олохтон барбыта да буоллар, оччолорго атын эр киһини кытта билсиһэр, чугасаһар наада диэн олох өйүгэр киллэрбэт этэ, оҕолоро бу олоххо өссө да оннуларын була иликтэрэ, кинилэр кыһалҕаларынан, олохторунан күннээн олороро, дьарыктанара. Дьэ өйдөнөн тула көрүммүтэ: сааһа номнуо ырааппыт, алыптаах кэрэ дьүһүнэ суһуктуйбут, эттиин-сиинниин сорсуйбут эбит. «Аны кэлэн…»диэн кини дьахтардыы дьылҕатыгар сапсыйбыта ыраатта. Ол да буоллар дууһатын ыраах түгэҕэр туох эрэ дьиктигэ, кэрэҕэ эрэл кыыма кыламныыр буолан, уоттаах тапталынан умайа олорор муодунай сериаллары бэркэ сэргээн көрөн эрдэҕэ…Уонна оҕо сааһын дьүөгэтэ Дуунньа билиҥҥэ диэри быр-бааччы кэргэннии олоҕор кистээн ымсыыра саныырын бэйэтигэр да билиниэн куттанар. Эр киһитин эрэллээх санныгар, эрчимнээх илиитигэр уйдаран, оҕолорун, сиэннэрин тапталларыгар, махталларыгар бигэнэн мэлдьи олорор буолан, Дуунньа хараҕар өрүү дьол уота сыдьаайар эбээт, хайдах да күннээҕи үлэҕэ миккиллэн сылайбыт-сындалыйбыт көрүҥнээх буоллун…Оттон Вероника төһө да кыраасканан,буударанан тупсарыннар, солкоҕо-түүлээххэ сууланнар, көмүһү, бирилийээни иилиннэр, соҕотохсуйуу, муҥурсуйуу, чуҥкуйуу күлүгэ кини харахтарыттан хайдах да сүппэт… Эбиэт астанарыгар хортуоска наада эбит, онон таҥнан чугас ырыынагы өҥөйөргө быһаарынна. Таҥнан, таҥас суумкатын сиэбигэр уктан дьиэтиттэн таҕыста. Олбуорга тахсан тугу эрэ дьиктиргии санаан тула көрүннэ. Ээ, сөп, подъезд кирилиэһинэн чэпчэкитик үктэнэн түспүт эбит, охтумаары эрэй бөҕөнөн тутуһан эрэ түһэрэ: дьукаахтартан ким эрэ кичэллээхтик хаарын, мууһун тойон харбаабыт, олбуор хаара эмиэ чоп курдук ыраастык күрдьүллүбүт. Хамнастаах олбуор ыраастааччылара олох наадыйааччыта суох, онон-манан сууркайдаан харбаабыта буолан баран сүтэн хаалааччы: бадаҕа, элбэх олбуору ыраастыыр, онон уһуннук кыһаллан үлэлиир солото да суох быһыылаах. Хата, ырыынагар үчүгэй хортуоскаҕа түбэстэ, эбиитин сибиэһэй укуруоп, петрушка булла. Урукку коллегатын көрсөн сэлэһэ түстэ, араас сонун истэн кэм аралдьыйда. Онон санаата көтөҕүллэн, бэл иһигэр киҥинэйэн ыллыы-ыллыы дьиэтигэр тиийэн кэллэ. Аанын күлүүһүнэн арыйа турдаҕына аттынааҕы кыбартыыра аана аргыый сэгэйдэ:»Бэрэниикээ, хайа хантан кэллиҥ? Тугу биллиҥ-иһиттиҥ?». Ыала Суура эбит. «Ээ, суох, сонун суох, ырыынактаан киирдим. Эн кэпсээ…». Суура өҥө кубарыйбыт баайкабай халаатыгар суулана-суулана көрүдүөргэ тахсан кэллэ, чугаһаан сибигинэйэ былаастаан сонунун кэпсии оҕуста:»Аллараа куортамнанар кыбартыыраҕа саҥа дьукаах кэлбит, саастаах соҕотох эр киһи эбит. Көр эрэ, бу сарсыарда туран кирилиэһи, олбуору кылбаччы ыраастаан кэбистэ ээ, хамнаска үлэҕэ киирдэҕэ дуу? Көрдүҥ да?». — «Ээ, дуо? Көрдүм ээ, эчи үчүгэйин кирилиэспит ырааһа. Ыттаах быһыылаах дии өссө, мин көрдөхпүнэ» -«Ээ, һуох, ити бырадьаак сылдьар, наар биһиги муусаркабытыгар кэлэн тиҥсириҥниир ыт, туох эрэ үчүгэй боруода ыты ким ити бырахпыта буолла?» — «Аа, ити ону харайсар да оччоҕо? Ас таһааран аһатар быһыылааҕа» — «Һы-һы, Бэрэниикээ, олох саҥа дьукааҕыҥ хас хардыытын кэтээн көрө олорбуккун дуу?» — Суура кыараҕас харахтара үөннээхтик кылахачыстылар. «Ээ,чэ, бүт эрэ, Суураа, түннүкпүнэн бу көстөрү көрбөккө харахпын саптан олоруом да оттон?» Ыаллыылар ити курдук хаадьы былаастаах сэлэһэн араҕыстылар, мэлдьи үгэстэрэ — хаһан да атах тэпсэн куукунаҕа олорон чэйдии-чэйдии сэһэргэспэттэр, итинник көрүдүөргэ көрсө түһэн сибигинэһэринэн сөп буолаллар. Вероника мичээрдээбитинэн кыбартыыратыгар киирдэ: «Суура да Суура, бу үөнүн көр эрэ…Булан эттэ дии дьэ, аны аныаха диэри эмээхсин эр дьон хас хардыытын түннүкпүнэн кэтээн олорор үһүбүн! Бүттэхпит дии…». …Хас да күн ааста. Эргэ дьиэ олохтоохторо саҥа дьукаахтара баарыгар үөрэнэ быһыытыйдылар. Элэс көрүдүөргэ көрсөн эҕэрдэлэһэллэрин умнубаттар. Арай дьиэттэн дэҥҥэ тахсар Вероника Александровна эрэ дьукааҕын сирэй көрсө илик быһыылаах, сарсыарда эрдэ олбуорга сылдьарын үөһэ иккис этээһиттэн дэҥҥэ көрөр. Биир сылаас хаардыыр киэһэ таһырдьа салгын сии тахсарга быһаарынан кыбартыыратын хатаан аллара этээскэ түстэ, таһырдьа тахсар ааны арыйаары илиитин уунан иһэн көрбүтэ, арай хаҥас диэки кыбартыыра аана дьикти баҕайытык сэгэйэн турар эбит уонна эмискэ ким эрэ ыарахан баҕайытык ынчыктыыра иһилиннэ. Вероника муодарҕаан тохтуу түһэн, чочумча иһиллээн турда. Онтон сэрэнэн үктэнэн тиийэн, аһаҕас ааны өҥөйөөт, соһуйан чинэрис гына түстэ, аан аттыгар муостаҕа сүрдээх улахан киһи бүк түһэн олорор эбит. Уоту уматар выключатель көрдөөн истиэнэни сууралаата, уоту уматан сандаарыс гыннарда, киһиэхэ төҥкөйдө:»Что с вами? Вам плохо?». Кубарыйа өлбүт сирэйдээх эр киһи төбөтүн өндөттө:»Уута…» — диэххэ дылы саҥаны истээт, дьахтар куукунаҕа ыстанна, салҕалас илиитинэн чаанньыктан ыстакааҥҥа уу кутан элээрдэн аҕалан уунна. Ууну ыймахтаан, тыын ылан киһи хараҕын көрөн кэллэ, дьахтар өлөрдүү уолуйбут сирэйин көрөн, уоскутуохтуу мичээрдээбитэ буолан ымайда:»Махтал эһиэхэ, кыыспын ыҥырбытым, иһэрэ буолуо, кэлиэҕэ, турарбар көмөлөһүөххүт дуо?» — диэтэ бэрт сэниэтэ суохтук, ол икки ардыгар подъезд аана аһыллан-сабыллан лип гынна, «папочкаа»диэбитинэн эдэр кыыс-дьахтар кыбартыыраҕа көтөн түстэ. Вероникалыын көмөлөөн сүүнэ улахан уҥуохтаах киһини нэһиилэ өйөөн саала хоско илтилэр, дьыбааҥҥа олортулар. Кыыс номнуо «Суһал көмөнү»ыҥырбыт эбит, бэрт сотору дьиэ таһыгар массыына сирената ыйылаан кэлэн тохтоото, биэлсэр санитарын кытта батыаккалаһан киирэн кэллилэр, Вероникалаах куукунаҕа тахсан биэрдилэр. Кыыс «Дашабын»диэн кылгастык билсистэ, Вероникаҕа истиҥник махтанан илиитин бобута тутта, хаһыс кыбартыыраттан сылдьарын ыйытта. Вероника бакаалаһан аргыый тахсан барда. …Сарсыныгар Даша сэмэйдик тоҥсуйан Вероникаҕа киирэн кэллэ, хаһаайканы кытта итии кофелаах, сымнаҕас буулкалаах остуол тула олорон уһуннук сэһэргэстилэр, үксүн Даша бэҕэһээ балыыһаҕа киллэрбит аҕатын дьылҕатын кэпсээтэ. Ийэлэрэ суох буолбутун кэннэ биэнсийэлээх аҕалара дьиэтигэр соҕотох чуҥкунаан хаалбыт, олох тэһийбэт эбит, онон кэнники вахтанан үлэҕэ кэпсэтэн хастыы да ый баран хаалар буолбут. Хас да сыл оннук олохтон, үлэттэн доруобуйата мөлтөөн, дьиэтигэр, дойдутугар эргиллэн кэлэн, олохсуйуон баҕарбыт да, мас былыргы дьиэҕэ квартиралаахтара букатын эргэрэн, сааһырбыт соҕотох киһи кыайан кыстаабат туруктаммыт. Ол иһин бу эргэ да буоллар, таас дьиэҕэ быстах кэмҥэ кыбартыыра куортамнаһарга тиийбиттэр. Эргэ дьиэтин оннугар хаһан эрэ хойут саҥа тутуллар дьиэҕэ кыбартыыра ылыахтааҕын кэтэһэллэр эбит, докумуонун этэҥҥэ оҥотторон туттарбыттар. Оттон Дашалаах бөһүөлэк тас өттүн диэки улахан коттедж дьиэлээхтэр да, аҕата туох да иһин кинилэри кытта бииргэ олоруон баҕарбат, ыҥыралларын кыккыраччы аккаастанар эбит. Доруобуйата мөлтөҕүттэн көрө-истэ сылдьаары, сололоох эрэ буоллар Даша аҕатыгар кэлэн барар эбит, бэҕэһээ хата манна кэлэн истэҕинэ аҕата ыалдьыбытын биллэрэн смс ыыппыт, ол да буоллар арыычча хойутуу сыһан кэлбит:»Эһиги өйдөөн истэн киирэн суһаллык көмөлөспөтөххүт буоллар, иэдээн буолуох эбит, Вероника Александровна, хайдах махтаныахпын билбэппин…» — Даша хараҕын уута таммалыыр. Вероника кэмчиэрийэн сапсыйар эрэ:»Ээ, кэбиис, оттон иэдээҥҥэ түбэспит киһини көрөн туран куотуом да, көмөлөһүөхтээх буоллаҕым, хата бу сибиэһэй буулка, дьаабылака биэриэм, балыыһаҕа аҕаҕар илдьээр» — сып-сап хомуйа тутан салфеткаҕа суулаан мөһөөччүккэ угар. …Дьэ ити курдук соһуччу Вероника саҥа дьукааҕын кытта билсибитэ. Нэдиэлэ курдугунан балыыһаттан тахсыбыт Степан Вероника кыбартыыратыгар тоҥсуйан киирэ сырытта, дорооболоһоот, үгүс саҥата суох туох эрэ суулааҕы үҥүлүтэн биэрэн баран төттөрү ыстанна. Үтүөрэн сирэйэ-хараҕа киһи билбэт гына уларыйбыт, бэл тупсубут дьукааҕын бастаан билбэккэ, «кимҥиний»диэхчэ айаҕын атан иһэн тохтообут Вероника соһуйан соннук саҥата суох туран хаалла. Сууну арыйбыта мастан ураннык кыһыллан, чочуллан оҥоһуллубут наһаа көрүдьүөс быыкаа ыт оҕотун фигурката эбит. Күлүөн дуу, ытамньыйыан дуу билбэккэ чочумча имэрийэ турбахтаата, курустаал иһиттэрдээх ыскаабыгар илдьэн саамай көстөр сиргэ уурда, үрүҥ тирии дьыбааныгар хаһан да өтөрүнэн налыйбатаҕын налыйан олордо, туоххаһыйбыт, соҕотохсуйбут дууһатыгар лыҥкынас чуораан тыаһыныы чараас сырдык иэйиилэр уһуктан эрэллэрин сааһырбыт сүрэҕэ сэрэйдэ… …Дуунньа рассадаларын баанньыктан таһырдьа таһа сылдьан ким эрэ уулуссаттан ыҥырарын истэн кэлииккэтигэр барда. Бай, Вероника кэлэн турар эбит дии! Сырдык спортивнай көстүүмнээх, төбөтүгэр чараас сиитэс былаат бааммыта олох атын, эдэр көрүҥнэммит. «Хайаа, бу ханна айаннаатыҥ, даачаҕар да? Туох кэпсээннээххин, киирэн кыратык сэһэргии, чэйдии түһүөххүн?» — диэбитигэр Вероника Александровна кистэлэҥнээхтик күлүм аллайда, кэннин хайыспахтаата. Саҥатык омук массыынатыттан тахсан кэлэн дорооболоһон тоҥхоҥнуур эр киһини илиититтэн ылла:»Дуунньаа, билсэн кэбис, бу мин кэргэним Степан Никитич. Стёпа, бу мин оҕо сааһым дьүөгэтэ Дуунньа Неустроева. Биһиги даачабытыгар тахсан иһэбит, мин эйигиттэн ордор рассадаҕыттан атыылаһыам этэ диэн ыйытаары таарыйдыбыт». Дуунньа соһуйан олоро эрэ түспэтэ, үрдүк уҥуохтаах, сылаас мичээрдээх сааһырбыт толуу эр киһини кытта илии тутуста, дьиэҕэ иккиэннэрин ыҥыран далбаатанна. Дьиэттэн тахсыбыт кэргэнэ Бииктэри кытта билсиһиннэртээн баран, олбуорга беседкаҕа остуол тардан төттөрү-таары элэҥнээтэ. Вероника көмөлөһөргө тылланна. Бодоруһа охсубут эр дьон гараж аттыгар тугу эрэ бүөмнээн сэлэһэр кэмнэригэр быыс булан Дуунньа:»Вероникаа, маладьыаскын эн, олох наһаа үөрдүм эн тускар! Дьоллоох да көрүҥнээххин, эдэргэр түспүт курдуккун бэл! Кэпсээ эрэ, хайдах, хантан буллуҥ, билсистиҥ ити?» — диэбитигэр Вероника ис-иһиттэн сырдыы мичээрдэ:»Уой, Дуунньаа, этимэ даҕаны, дьоллоохпуун да дьоллоохпун! Икки соҕотохсуйбут сүрэхтэр хайдах эрэ булсустубут ээ, дьэ…Таптал диэн баар эбит, бэл биһигинньик сааһырбыт дьоҥҥо…Итэҕэйиэҥ суоҕа, муостаҕа сытарын булан ылбытым» — диэбитигэр иккиэн уҥа-таала күлүстүлэр. Сааскы чаҕылхай күн үөһэттэн сылаастык мичилийэр, «олох кэрэ, олох күндү, олох мэлдьи салҕанар» диэн туоһулуурга дылы. Г.Оконешникова
edersaas.ru сайтан