Кэпсээ
Войти Регистрация

Кырыктаах дьайыы эбэтэр ис иһинээҕи суол

Главная / Кэпсээн арааһа / Кырыктаах дьайыы эбэтэр ис иһинээҕи суол

K
edersaas.ru Категорията суох
27.05.2018 14:21
Бүгүн бибилэтиэкэрдэр идэлээх бырааһынньыктара. Мэҥэ Хаҥалас улууһун Майа с. И.М.Сосин аатынан улуустааҕы киин бибилэтиэкэ методиһа Мария Габышева тылбааска холонуутун билиһиннэрэбит. edersaas.ru (Лев Болеславскай “Чужая злая воля” айымньытыттан тылбаас) …Кинилэр пуойаска олорон өлөрүү туһунан кэпсэтэллэрэ. Кинилэр миигин өлөрүөхтээхтэрэ. Дьикти холкутук саҥараллара — хайдах эрэ туора киһи ыалдьыбыт, кырдьыбыт ытын суох гынары сүбэлэһэр курдуктара. Мин кинилэри истэрбин билэллэрэ буолуо дуо?.. Суох, истибэт дииллэрэ чахчы. Ол эрэн, мин барытын истэбин! Аҕам мин туспар кытаанах бириигэбэр таһааран баран, олус холкута, арай ийэм миигиттэн босхолоноругар тус кыттыгастаах буолан, куттанар курдуга, биир кэм ибигириирэ, ол миэхэ эмиэ бэриллэрэ. Аҕам тоҕо мин күн сирин көрүө суохтаахпын сотору-сотору ийэбэр өйдөтө сатыыра. Ийэм сөбүлэһэрэ, ол эрээри, тоҕо эрэ олус эрэлэ суоҕа. Мин хайыыр да кыаҕым суох — куотар да, көмөҕө ыҥырар да, кинилэр сидьиҥ быһыыларын тохтотор да кыаҕым суох… Кинилэр миигин суох гынар баҕаларын тохтотор-туорайдаһар суоҕун бэркэ диэн билэллэрэ. Мин билэрим — бу кинилэр иккиэн бастакы өлөрүүлэрэ буолбатаҕын… Туох буолбутун, туох буолуохтааҕын мин элбэҕи билэбин. Ол эрээри, бу билиим мин төрөөтөхпүнэ, тыыннаах хааллахпына сүтүөхтээҕин эмиэ. Мин билэбин — биһиги куоракка айаннаан иһэбит. Оҕолору өлөрөр куоракка. Биһиги туох буруйдаахпытый?!. Ол эрэн, ол эрэн тоҕо эрэ мин туохха эрэ эрэнэбин эбээт, төһө да аҕам куолаһа тимир курдук тыйыһын иһин. Баҕар, ийэм саарбахтыыр курдугуттан эбитэ дуу? Бу сиргэ мин олоҕум суолун хайыы сах быһаардылар дии, ол да буоллар, элбэх киһи, өлөрө сатаабыттарын да кэннэ тыыннаах хаалан олороллор эбээт!.. Тоҕо эрэ ийэлээх аҕам мин эдьиийбин тыыннаах хаалларбыттар дии! Тоҕо? Хайдах кинилэр быһааралларый — ким олоруохтааҕын, ким өлүөхтээҕин? Мин билэбин дии — эдьиийим барахсан аҕыйах сылынан өлүөҕүн, кинилэр иккиэ эрэ хаалыахтарын, тоҕо диэтэххэ ийэм уонна аны кыайан оҕоломмотун. Ону мин кинилэргэ хайдах да этэр кыаҕым суох. — Туох ааттаах санаарҕаатыҥ! — кыыһырбыттыы этэр аҕам. — Биһиги буруйбут үһү дуо? — Оччоҕо ким буруйдааҕый? — Олохпут оннук. Ханна олоробут, тугу аһыыбыт? Эн кини өрүү эргэ-урба таҥаһы таҥныан, бөҕү-саҕы хаһан аһыан баҕараҕын дуо? Дьадаҥытын иһин күлүү гыныахтарын, астаах-үөллээх дьоҥҥо ымсыырыан баҕараҕын дуо? — Оттон… биһиги хаһан эмит үчүгэйдик, тоттук олоруохпут дии… — Суох. Куруук маннык баар буола туруо — баай-дьадаҥы, тот-аччык, дьоллоох-сордоох. Итини мин эмиэ билэбин. Араас кэмнэргэ куруук бааллара өйдөөхтөр уонна акаарылар, истигэннэр уонна бэриммэттэр, улуулар уонна мөлтөхтөр. Киһи айылҕата уларыйбат. Дьон былыр биир да оҕону бычыгыраппакка, кэлбити мүччү туппакка күн сирин көрдөрөллөрө, арай Дьылҕа эрэ быһаарара — хайа сиэмэ сиргэ, хайа тааска түһэрин… Былыр дьон билиҥҥилэргэ тиийбэт тутах өйдөөхтөр үһүө? Саарбахтыыбын. Кинилэр билэллэрэ эбээт — хас биирдии киһи бу устан ааһар олоххо улахан суолталааҕын,
төһөлөөх дьикти, кэрэ, иниикигэ эрэл хат буолбут дьахтарга кистэммитин! Пуойас тохтообута. Кинилэр миигин оҕолору өлөрөр сиргэ илдьибиттэрэ. Барар сирбит ырааҕа суоҕа. Ийэм долгуйан титириирэ үксээбитин курдат билэрим. Мин бу курас уйабыттан ханна да барар кыаҕым суоҕуттан мунчаарарым. Тиийбит сирбитигэр уочарат бөҕө эбит. Арай, мин бэйэм курдук элбэх оҕолор саҥаларын иһиттим! Кинилэри эмиэ миигин курдук, өлөрө аҕалбыттар… Кыргыттар элбэх эбиттэр. Олус чуолкайдык үс кыыс уонна биир уол куоластарын өйдөөн иһиттим. Биһиги бэйэ-бэйэбитин өйдөһөр эбиппит. — Өлөр буоллахха — бастаан төрүөххэ наада дии. Төрөөбөккө эрэ хайдах өлүөҥүй? Ол аата өлүү буолбатах — атын туох эрэ буолуо? — диэн сураста улахан кыыс. — Оттон биһиги бэйэ-бэйэбитин истэр буоллахпытына — тыыннаахпыт! — диэн хардардым мин. — Биһигини сиэртибэ гыналлар, — диир арыый кыра кыыс. — Кимиэхэ? Хайа таҥараҕа? — сөбүлэспэтэ уол. — Ийээ, ийээ!.. — ханна эрэ саамай кыралартан ким эрэ ытаата. — Оттон мин уһуун-уһун суһуохтаах буолуохтаах этим, — саамай кыра кыыс саҥарда. — Уонна элбиих-элбэх оонньуурдаах буолуохтааҕым. Эдьиийим курдук. — Төрөөбүт кыыс төрүү илик кыыска эдьиий буолар үһү дуо ол? — уол ыйытта. — Биһигини өлөрөргө санаммыт буоллахтарына — биһиги хайыы сах өлбүппүт буолаарай? Киниэхэ ким да хоруйдаабата. — Кинилэр буруйдаахтар? — туоһуласта кыра кыыс. — Суох, оннук буолбатах, — хардарда уол. — Төһө ыарыылаах буолуой? — саамай кыра кыыс сибигинэйэн ыйытта — Ыарыылаах да буоллаҕына — кыл эрэ түгэнэ, — диэтэ уол. — Эбэтэр мин туох эмит куһаҕаны оҥорбут буоллаҕым дуу, тоҕо кинилэр мин куппун эппиттэн арааралларый? — Бэйэтин олоҕун ситэ сыаналаабат киһи өлөрүүгэ кыттыһар, — улахан кыыс быһаарар. — Оччоҕо олох олорор куһаҕан дуо? Суолтата суох дуо? — санаарҕаабыттыы ыйытта уол. — Баҕар, буолуо… — Оччоҕо тоҕо олус-олус олох олоруохпун баҕарабыный? — оргууй ботугураата уол. — Орто дойду оҥоһуута оннук — тыыннаах барыта олоҕу билиэн баҕарар, — диибин мин. — Оттон мин таҥараєа тиксибити-им, — киһиргээтэ саамай кыра кыыс. — Ийэбин сүрэхтииллэригэр мин кини иһигэр баар этим. — Бу оннугар үүнээйи эбэтэр харамай буолан айыллыбыппыт буоллар… — диэтэ улахан кыыс. — Оттон мин! Мин хайыы сах таптаабытым, — эмиэ киһиргээтэ саамай кыра кыыс. — Таһараа дьиэҕэ олорор уолу. Кини үтүө санаалаах… Кини миигиннээҕэр кыра, ол эрэн, кини тыыннаах хаалыаҕа. Бары саҥата суох сөҥүөрэн олордубут. Арай, саамай кыралар барыбыт иэдээниттэн куттанан, ытастылар. — Сиргэ урут уонна хойут төрөөбүт дьон көрсөллөр дии. Оттон биһиги хайа кэмҥэ баарбытый? — улахан кыыс туоһуласта. — Биһиги, — хардардым мин, — буола турар кэми аһаран, кэлэ илик кэмтэн ааспыт кэмҥэ тиийэбит. Эмиэ чуумпу сатыылаата… — Кинилэр
биһигини эрэ өлөрбөттөр эбээт, — санньыардык саҥарда уол. — Кинилэр биһиги кэннибититтэн кэлиэхтээх көлүөнэни эмиэ сарбыйаллар. Төһөлөөх элбэх олоҕу?.. Саамай кыралар эмиэ ытаһан бардылар — биһиги ис иһинээҕи олохпут түмүктэнэрэ чугаһаата… — Кинилэр биһигини таптыыллара буолуо дуо? Биһигини саныахтара дуо?.. — Куһаҕаны саныы сатаабаттар буолбаат? — сонньуйда улахан кыыс. — Ол аата биһиги — куһаҕан буоллахпыт дии? — ыйытта уол. — Оннук буоллаҕа дуу… — ситэ эппиэттээбэккэ, кыыс саҥата ыраатта. Кинини илтилэр… Саҥа-иҥэ мэлийдэ. Анараа хоско туох буола турарын таайа сатыы олордубут. Ол да буоллар, биһиги эрэлбитин сүтэрбэтибит. Туох эрэ дьиктини күүтэрбитин кыл да түгэнэ тохтоппоппут. Суох, хантан кэлиэй дьикти… Кыыс ийэтэ кыыһа суох төнүннэ… Саҕаланна… Иккиһинэн арыый кыра кыыһы илтилэр. Кыыс ытаа да ытаа буолаахтаата, миигин өлөрүмээҥ диир хаһыытын биһигиттэн ураты киим да истибэтэ… кини эмиэ онно хаалла… Онтон арыый кыра кыргыттары илдьитэлээтилэр. Кинилэр ийэлэрэ олус түргэнник төнүннүлэр. Арай, саамай кыра кыыс, ийэтэ кинини төннүбэт сиригэр илдьэ бараары турдаҕына, эттэ: — Мин төрөөбөт буолбуппуттан үөрэбин — төрүүрүм эбитэ буоллар, бука, өлбүт оҕо төрүө эбиппин. Ийэм хаһан да миигин кэтэспэтэҕэ, төрүөхпүн баҕарбатаҕа… … Биһиги уоллуун иккиэн хааллыбыт… Онтон мин соҕотох хааллым. Бу аата мин бу оҕолортон саамай дьоллоохторо буоллаҕым дуу? Тоҥуй сүрэх, кырыктаах дьайыы манна омоллоон олоҕун, дьэргэстэй ыһыаҕын ыста, кэлиэхтээх кэрэ кэнчээрини симиэрт хотуурунан хото быста. Тоҕо, тоҕо ким да тохтоппото бу аады, бу сирэйэ-хараҕа суох сидьиҥ аньыыны?!. Хайыам баарай мин?.. Туох баар күүспүн, үтүмэн үйэлэргэ муспут өбүгэм ытык күүһүн барытын түмэн хаһыытаатым, хаһыытаатым, хаһыытаатым!.. Уонна, эмискэ толугуруу хамсаан, ийэбин соһуттум. — Бүтэһик дьахтар оҕо түһэртэрэртэн батынна, — диэтэ долгуйбут көрүҥнээх сиэстэрэ, эпэрээссийэ хоһугар киирэн. — Кини… Кини оҕом хаһыытыырын иһиттим диир! — Баҕар, буолуо, — сылаарҕаабыт быраас бэрчээккэтин уһулла. — Санаатыгар ини, — уонна уһун күҥҥэ аан бастаан истиҥник мичээрдээтэ. — Үчүгэйин, аан дойду биир киһичээнинэн байыа!.. Мария ГАБЫШЕВА.
edersaas.ru сайтан