Кэпсээ
Войти
Регистрация
ОЛОХХО ТАРДЫҺЫЫ
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ОЛОХХО ТАРДЫҺЫЫ
K
edersaas.ru
Категорията суох
27.11.2022 18:00
Өлөксөөн эмээхсин сэттэ уон биэс сааһыгар диэри хаһан да «кырыйдым, сорсуйдум» дэммэт буолара, сарсыарда аайы хайаан да, ааттаах эрдэ туран, салгын сии таарыйа үктэл харбыыра, тиэргэн күрдьэрэ. Ол гынара аҕылыыра бэрдиттэн хаалыах курдук. Кыратык хамсанна да, аҕылыыр, уу чоккурас буолуор диэри тиритэр идэлэннэ, «кырдьар кырыыс» дииллэрэ кэллэ быһыылаах. Бүгүн, идэтинэн эрдэ туран оһоҕун оттон баран чэй сылытынан иһэ олордоҕуна, араадьыйаҕа Франция ырыаһыта Эдит Пиаф туһунан кэпсээтилэр, онтон доҕоор, дьэ ыллаабата дуо. Өлөксөөн эт-этэ аһыллан бүтүннүү кулгаах буолан олордо. Ырыаһыт дууһатын түгэҕиттэн эҥсиллэр ырыата кини сүрэҕин таарыйда, арааһы барытын, былыргыны-хойуккуну, бу баардыы санатта… Былыр Өлөксөөн аҕата, итигирдик хардырҕас бүтэй куолаһынан эҥин араастык тутта-тутта, ыллаан-туойан биэрэрэ. Наар ыҥырыкка сылдьар Ырыа Дьаакып бэйэтин дьиэтигэр сэдэхтик көстөр быһыылааҕа. Ийэтэ икки уолунаан уонна Өлөксөөннүүн эрэ олороро. Оччолорго хантан астанан-таҥастанан олороллорун Өлөксөөн билбэт буоллаҕа. Арай наар аччык сылдьарын өйдүүр, саас ынахтар төрөөтөхтөрүнэ эрэ истэрэ кыратык көппөйө түһэрэ. Өлөксөөн өйдүүрүнэн ийэтин сыһыана киниэхэ тоҥуйа, «кыыс — омук анала» диэн оҕотун ахсарбат курдук саҥарара, уолаттарын кыраларыттан бэйэтин кытта хонууга буоллун, хотоҥҥо буоллун, тэбис-тэҥҥэ сырытыннарара. Өлөксөөн уон үс сааһыгар сырыттаҕына, Ороһуоспаҕа, аҕата Ылдьаа муннун анныгар «тор» курдук бытыктаах, хап-харанан сытыытык чолбоодуччу көрбүт харахтардаах уһун киһилиин тиийэн кэлбиттэрэ; ол киһи ыһыга буолуо, таһырдьаттан ас бөҕөтө киллэрэн киэһэ бары үөрэ-көтө аһаабыттара; оҕолор дэлби тотон эрдэ сыппыттара. Өлөксөөн уутун быыһынан иһиттэҕинэ, аҕата ити киһиттэн биир куул бурдук уонна саахар, чэй ылыах буолбута. Сарсыарда ийэтэ Огдооччуйа, бэйэтэ ыалга бардаҕына эрэ кэтэр таҥаһыттан, кыыһын таҥыннаран соһуппута. Өлөксөөн «таҥара дьиэтигэр барабыт быһыылаах» дии санаабыта баара — дьоно кинини ити Нам баайыгар атыылаабыттар эбит этэ. Кыыс эрэйдээх уһун суол устата уйа-хайа суох ытаабыта, оттон киһитэ аһынан кыыс төбөтүн имэрийэ олорбута: «Уоскуй, доҕор, мин эйигин үчүгэй олоххо илдьэ иһэбин, бас билэр дьиэлэниэҥ, саҥа таҥас таҥыннарыам, баҕар, таҥара биэрдэҕинэ, оҕолонуохпут». «Бу кырдьаҕас тугу-тугу эрдэрэ буолла, оҕолонуохпут диир ээ, өссө», — дии санаан, Өлөксөөн, наар дьон эргэтин кэтэр киһи, таҥас туһунан сэргии истибитэ. Хаһан даҕаны көрбөтөх дойдутугар — Дьокуускай куоракка таарыйан ааспыттара. Өлөксөөн уулуссаларга мааны дьон бөҕө сылдьарын сөҕө көрбүтэ. «Бу дьон тугу даҕаны үлэлээбэттэр дуу, хайдах дуу», — дии санаабыта. Хоммут ыалларын кыыһа — солкоҕо сууламмыт, хаарыска хааламмыт Даайыс Өлөксөөҥҥө чугаһаабатаҕа. «Бу хантан хотон сыта кэллэ?» — диэн мырдыҥнаабыта, онно Өлөксөөн олус сааппыта. Нам Хамаҕаттатыгар кэлбиттэрэ — Миитэрэйэ сэттэ уонча сүөһүлээх сэниэ киһи эбит. Сүөһүлэрин икки оҕолоох Миитэрэй уруута ыал туспа олорон көрөллөр үһү. Аны Өлөксөөн хаһан даҕаны харахтаабатах мааны дьиэтигэр олорор буолбута. Дьоҕус да буоллар нууччалыы тутуулаах, кирпииччэ оһохтоох дьиэни кини тута сөбүлээбитэ. Уһун суол устата ытаабытын умнан, оҕото таайан, дьиэ иһин кэрийэн көрбүтэ, эстэрээппэ дьахтартан элбэҕи ыйыталаспыта. Миитэрэй, оҕо сыппат огдообото буолан, кинини атын улуустан аҕалбыт эбит, былырыын өлбүт кэргэнэ биэстэ төрөөбүтүттэн биир даҕаны оҕото тохтооботох, онон Миитэрэй ыарахан санааҕа ылларар эбит. Сүөһүлэрин көрдөрөр дьонун, олох ырааҕынан уруулара да буоллар, көһөрөн аҕалбыт, улахан уолларын Ньукууһу өссө үөрэттэрэр үһү. Күнүс Миитэрэй, ампаартан таҥас киллэрэн баран, ханна эрэ барбытыгар, дьиэ үлэһитэ Татыйаас кыыс баттаҕын, этин үчүгэй баҕайы сыттаах мыыланан сууйбута, онтон сабыс-саҥа таҥас бөҕөтүн кэтэрдибитэ итиэннэ кыыһы сиэркилэ иннигэр сиэтэн аҕалбыта. Баттаҕа куурбакка бэрбээкэйигэр диэри субулла да сырыттар, Өлөксөөн сиэркилэ иннигэр өр эргичийбитэ-урбачыйбыта, кини, саҥа таҥас таҥнан, тупсубут да эбит, мэктиэтигэр уһаан хаалбыт курдук буолбут. «Иэхэйбин даа!» диэбитин бэйэтэ да өйдөөбөккө хаалбыта, ол кэмҥэ таһырдьаттан Миитэрэй түбэһэ киирэн, кыыһы саҥа көрбүттүү сүүһүн аннынан одууласпыта, көхсүн этиппитэ да, саҥарбатаҕа. Ити курдук Өлөксөөн саҥа сиргэ олоҕо саҕаламмыта. Миитэрэй наар атыы-эргиэн эйгэтигэр мөхсөр буолан, Өлөксөөн Татыйаастыын эрэ олороро. Кыыс хотоҥҥо сылдьарын Миитэрэй боборо, «оҕоҥ түһүө» диэн куттанара, ол да буоллар кыыс быыс булан, Сүөдэрдээххэ тахсан, оҕолору кытары хаамыскалаһара, хабылыктаһара. Биирдэ, харах симсэ сылдьан, алҕас киирэн кэлбит эрин тутан ылан соһуйбута. Миитэрэй, мээнэ кыыһырбат бэйэтэ, ол күн кэргэнин саҥарбыта: «Оҕолоноору сылдьар киһи оҕо курдук оонньуу сырыттаҕыҥ, дьон туох эрэ диир?». Ол сыл күһүнүгэр Өлөксөөн уол оҕоломмута да, уолчаана үс ыйдааҕар төннүбүтэ. Ийэтэ эдэрэ бэрдиттэн дуу, тоҕотун ким да билбэт, уолчаан төрүөҕүттэн аанньа эмпэт, аһаабат этэ, наар сөтөллөрө, эрэйдээх, киһини билэн күлэр буолан иһэн туораабыта. Миитэрэй хас да күн өйө суох арыгылаабыта, хата кэргэнин тыыппатаҕа. Кыһын ортото Өлөксөөн кэргэнигэр церковнай-приходской оскуолаҕа Ньукуустуун үөрэниэн баҕарарын эппитэ, инньэ гынан Намҥа сыарҕанан нэдиэлэҕэ үстэ Ньукуустуун үөрэнэ бараллара; дьиктитэ диэн, Өлөксөөн бэрт түргэнник ааҕар-суоттуур буолбута; аҕабыыт «Шура молодец, очень способная» диэн хайгыыра. Ол церковнай-приходской оскуолаҕа үксэ баай ыал оҕолоро үөрэнэллэрэ, Шура, хас да кыыһы кытары билсэн баран, кэргэнигэр атаахтыыр буолбута: «Мин эрэ таҥаһым боростуой, атыттар бары кэриэтэ солкоҕо-хаарыска сууланаллар, өссө үгүстэрэ үрүҥ көмүс биһилэхтээхтэр, тараахтаахтар». Бастаан утаа Миитэрэй күлэн эрэ кэбиһэрэ, онтон биирдэ Шура саҥа дьүөгэтигэр ыалдьыттыы барсан баран, көрөн итэҕэйдэҕэ буолуо, солко ырбаахы, бүлүүс хаһыаччык тиктэрбитэ, киэргэлин кыыс Татыйаастыын бэйэлэрэ тикпиттэрэ. Аны туран, бэрт дьээбэтик, Шура кыһыл көмүс биһилэхтэммитэ. Аҕабыыт ойоҕо Алааппыйа диэн дьахтар кэргэниттэн кистээн хаартылыыра. Шура аҕата, ааттаах хаартыһыт Дьаакып, дьээбэрдэҕинэ кыыһынаан баарыстыыра, ону санаан Шура сэрэнэн хаартылыыр буолбута. Биир күн хаарты маатыска бэркэ тахсан кыһыл көмүс биһилэх сүүйбүтэ, онтун куттанан эригэр көрдөрбөккө сылдьыбытын, Татыйаас этэн биэрбитэ. Миитэрэй хата: «Сүүйтэрбэтэх буоллаҕына туох буолуой», — диэбитэ, ол эрээри сэрэнэригэр сүбэлээбитэ, аһылык харчытыгар кыра харчы эппитэ. Кылгас күһүн, уһун саас Шура хаарты умсулҕаннаах оонньуутугар умсан, сороҕор сүүйтэрбитин эриттэн кистээн онтон-мантан иэстээн төлөһөн, саас биир сыарҕа оту, биир сыарҕа эти-арыыны сүүйбүтэ. Эрэ Дьокуускайга өр буола барбытыгар, төрөөбүт дьонугар кэһии илдьэр санааланан, Уус Алданнаабыта. Аара тохтоон чэйдээри, баардааҕа батарбакка хаартылаан, сыарҕалаах отун сүүйтэрбитэ. Дойдутугар тиийбитэ — дьоно идэлэринэн эстэн олороллоро, онон кыыстара эттээх-арыылаах кэлбитэ дьол буолбута, сурах-садьык тутатына ыал-ыалы тилийбитэ, Шураны көрө киһи бөҕө кэлэ сылдьыбыта. (Салгыыта бэчээттэниэ) Ангелина Данилова. «Кимиэхэ да кэпсэммэтэх кэпсээн» кинигэтиттэн быһа тардыы. (Бичик, 2019)
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан