Кэпсээ
Войти
Регистрация
Ыһыахха... Үс Хатыҥҥа...
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Ыһыахха... Үс Хатыҥҥа...
K
kyym.ru сайтан
Дьылҕа
17.01.2020 16:46
Микииппэрдээх куорат ыһыаҕар буолар сахалыы таҥас күрэҕэр кыттаары уһун нэдиэлэни быһа тэриннилэр. Ийэлэрэ Настаа кыыһыныын түүннэри-күнүстэри иистэннилэр. Аҕалара Микииппэргэ, кыыстара Сардаанаҕа, уоллара Айхалга, кийииттэрэ Аайтаҕа уонна сиэннэригэр таҥас бөҕөнү тиктилэр. Саатар, өлүү болдьохтоох диэбиккэ дылы, бу үлүгэр ыксалга нэһилиэктэрин баһылыгар сахалыы сон сакаастаан тиктэрдилэр. Аҕалара илдьэ барыахтаах малларын-салларын бэрийдэ. Оттон ийэлэрэ кыыһыгар кийиит кыыс таҥаһын тигэн Сардаананы уһун күнү быһа эргим-ургум тутта. — Дьэ, наһаа үчүгэй буолла... Ол эрээри кыыспыт соҕотоҕо хайдах эрэ буолсу дуу..? Сүктэр кыыс буолан баран, эмиэ субу курдук сахалыы таҥастаах уоллаах буолуохтаах эбээт. Бээрэ, быһыыта, Үрүҥ Уолан таҥаһын тигииһибит ээ... – диэн Настаа кыыһын таҥыннаран баран, толкуйдуурдуу көрөн турда. — Ийээ, сарсын барабыт ээ, хаһан бүтэриэххиний?! – Сардаана сөбүлээбэтэхтии тутунна. — Сүктэр кыыс соҕотох киирэрэ астыга суох. Хайа, уонна аньыыргыыбын. Кэлин бэйэбитигэр да сэттээх-сэмэлээх буолуон сөп, — ийэтэ эппитин этэ турда. — Онтукайгын ким кэтэр? – ийэтэ бу үлүгэр ыксалга эбии таҥас тигээри тииһигирбититтэн кыыһыран хааһын түрдэһиннэрдэ. — Айхал да кэтиэҕэ. — Ийээ, кинилэр ыалынан туспа киирэллэр дии. Туох да диэтиннэр. Настаа санаабытын тиһэҕэр тиэрдэр киһи. Дьүөгэтэ Суоппуйаны көмөлөһүннэрэн, түүннэри утуйбакка олорон уол таҥаһын тигэн бүтэрдилэр. Сарсыарда аҕалара массыынатын собуоттаан ыксал-тиэтэл бөҕө буолла. Настаа ол быыһыгар икки күннээх астарын бэрийэн кулахачыйда. *** Натааһалаах кыыстара Маайыс омук сириттэн дьонун кытары сайылыы кэлбит. Күтүөттэрэ — хайыы-үйэ атаҕар турбут бизнесмен. Эмиэрикэҕэ бэйэлэрэ бас билэр тэрилтэлээхтэр. Саха сиригэр кэлэ сылдьыбатахтара биэс сыл буолбут. Онон ийэлээх аҕата кыыстарын ахтан аҥаардара эрэ хаалбыт. Куорат кытыытыгар баар кэттиэстэригэр эмиэрикэлэрин көрсөөрү сүпсүгүрүү бөҕө буоллулар. Күтүөттэрэ бу сырыыга табаарыһа Сэми илдьэ кэлбит. Сэм төрдүгэр сахалаах буолан, сахалар олохторун-дьаһахтарын интэриэһиргиир эбит. Эбэтэ Өксүү саха дьахтара ээ. 30-с сыллардаахха Москубаҕа артыыс үөрэҕэр үөрэнэ сылдьан Арассыыйаҕа күүлэйдии кэлэ сылдьар эмиэрикэ атыыһытын кытары булсан, айаннаһан хаалбыт. Кэлин эмээхсин өлөөрү сытан төрөөбүт дойдубар бара сылдьыбатым диэн элбэхтик муҥатыйбыт үһү. Биирдэ сиэнин ыҥыртаран баран: «Хайаан да саха кыыһын кэргэн ылаар», — диэн көрдөспүт. Инньэ гынан, Сэм «саха» диэн тылланан улааппыт. Саха кырасаабыссаларын көрүөхпүн баҕарабын диэн, табаарыстарыгар сылы быһа үлэһэн кэлсибит. Манна кэлээри бэлэмнэнэн кыралаан нууччалыы, сахалыы үөрэппит. Сарсыардааҥҥыларын чэйдии олорон Маайыс: — Ийээ, Сэм эбэтэ саха дьахтара ээ. Өлөөрү сытан: “Саха сиригэр хайаан да бара сылдьаар, саха кыыһын сүгүннэрэн кэлээр”, — диэн кэриэһин эппит үһү. Онон наһаа үчүгэйкээн саха кыыһын булан биэриэххэ наада, — диэтэ. — Чахчы дуо?! Дьэ, оччоҕо ыһыахха сөбүлүү көрбүт кыыскын кытары сонно тута билсэн иһээр, – диэн дьиэлээх хаһаайын үөрэ-көтө сүбэлии олордо. — Ол хайдах үлүбү³й кыыһы кытары билсиэҕэй? Бэйэбит билэр ыалбыт кыыһын билиһиннэриэхпит буоллаҕа дии. Доҕоор,
арай Дьөгүөрэбистээх кыыстарын билиһиннэрдэхпитинэ... – диэн, хаһаайка Сэми кими кытары билиһиннэрдэхпинэ табыгастаах буолуой диэн сыымайдыы олордо. — Мариккалара Москубаттан кэлбитэ эбитэ дуу?! Субуоннаһа сылдьыахха баара. Хата, онтуҥ англиялыы иҥнибэккэ саҥарар аныгы киһи, — табаарыһын баар-суох атаах кыыһын билиһиннэрээри суотабайын хостоото. — Чэ, бэйи, аҕаа, кэнники... Сэм бастаан бэйэтэ ыһыахха киирэн көрүө буоллаҕа дии. Марикка курдуктары сөбүлээбэт, — диэн Маайыс бопсон кэбистэ. Этэр Мариккалара хайдах курдук хаппырыыһын, сирэй көрбөҕүн билэр бөҕө буоллаҕа эбээт. Сэм олорон-олорон баран уу сахалыы: — Мин ысыахха кыыс булуом, — диэн этэн соһуталаата. Дьиэлээхтэр соһуйан, айахтарын эрэ атан хааллылар. — Сэми сахалыы, нууччалыы саҥарарга, ааҕарга үөрэппитим. Ол кэннэ бэйэтэ саха норуотун, култууратын, устуоруйатын билээри кинигэ бөҕөтүн булан аахпыт, интэриниэти хаһыспыт этэ. Мин да билбэппин билбит, — диэн Маайыс кэпсии олордо. Ыалдьыттар, хата, ыһыаҕы баттаһа кэллибит диэн үөрүү-көтүү бөҕөлөр. *** Микииппэрдээх сарсыарда эрдэ кэлэн “ханна түһүлгэлэнэбит” диэн көрүтэлии сырыттылар. Микииппэр бэтэрээ аан таһыгар түһүлгэлэниэххэ диэбитин Настаа саҥардыбата: — Ол уҥуор түһүлгэлэниэххэ баара. Таҥас күрэҕиттэн да чугас... – диэн малын-салын туппутунан, иннин диэки киирэн бара турда. — Микииппэр, хата, эн массыынаҕын көҥүллэтэн киллэрэн кэбис. Күрэххэ кыттабыт, таһаҕастаахпыт диэтэххинэ киллэриэхтэрэ. Айхал, аҕаҕын кытары барыс. Биһиги бара туруохха... – диэн хотуннара дьаһайталаан кэбистэ. Сардаана ийэтин кытары бара турдулар. Күрэхтэрэ саҕаланара чугаһаата. Били, уол таҥаһын кэтэргэ диэн ыҥырбыт уоллара булан кэлээхтээбэтэ. Настаа онно-манна субуоннуу сатаата да төлөпүөн ханна да тиийбэт буолан хаалла. — Саатар, Ааныскалаах уолларын илдьэ кэлбэккэбит. Кэм биһиэнэ буолуо, — диэн, түүнү быһа тикпит таҥаһа кэтиллибэккэ таах хаалаары гыммытыттан ньиэрбинэйдиэх санаата кэллэ. — Ийээ, туох айылаах ыксыыгыный? Айхал да кэтиэ буоллаҕа эбээт. Эбэтэр манна сылдьар үлүбү³й уолу ыҥыран ылыахпыт. — Ким сөбүлэһэр үһү?! – диэн, ийэлэрэ кыйытта олордо. *** Маайыстаах түһүлгэлэриттэн тэйэн, чугастыы туох буоларын көрө-истэ сырыттылар. Сахалыы таҥас күрэҕэ буола турарыгар и²нэн турдулар. Сэм сыана иннигэр кэлэн хаартыскаҕа түһэртии сырытта. “Төхтүртэн Туораахаптар дьиэ кэргэн” диэбиттэригэр Настаалаах Микииппэр сахалыы таҥастарын сайбаччы кэтэн тахсан кэллилэр. Хас биирдии таҥастарын кыыс билиһиннэрэн иһэр. Сардаана үрүҥ былаачыйалаах тахсан кэлбитигэр Сэм сүрэҕэ мөҕүл гынна. Хараҕын араарбакка көрөн турда. Маннык кэрэ кыыһы хаһан да көрө илигэ. Мэктиэтигэр, хаартыскаҕа түһэриэхтээҕин да умнан кэбистэ. Кыыс сыанаттан тахсан барбытыгар эрэ өйдөнөн кэллэ. — Кыыс, кыыс... — диэбитинэн Сэм саҥа өйдөнөн кыыһын хаартыскаҕа түһэрээри сыана кэтэҕэр сүүрдэ. Сардаананы булан тугу эрэ быһаара сатаан аймана турдаҕына, “сүктэр кыыс көстүүмэ” диэтилэр. Өрбөҕү бүөлүү тутан Сардаана таҥнан киирэн барда. Бу үлүгэр ыксалга туох киһитэ кэлэн мэһэй-таһай буола сылдьарый диэн, Настаа Сэми киэр илгэ сыста. Онтон Үрүҥ Уолан таҥаһын саныы биэрэн, Сэмҥэ саҥардар да
бокуой биэрбэккэ аны: — Таах мэһэй-таһай буола сылдьыахтааҕар, хата, маны кэтэн таҕыс... – диэн баран, били таҥаһын ү²үлүттэ. Сэм сахалыы таҥаһы кэтэрдэ сатыылларын өйдөөн, дьээбэлэниэх санаата киирэн сөбүлэстэ. Сардаана үрүҥ көмүс илин-кэлин кэбиһэрдэрин иилинэн, үп-үрүҥ былаачыйатынан нусхалдьыйан тахсан кэлбитигэр Сэм эмиэ хараҕын муҥунан көрөн турда. Сардаана “ийэм туох бааһынай киһитигэр таҥаһын кэтэрдэн кэбиспитэй” дии санаата. — Ийээ, туох киһитин булан ыллыҥ? Мин бу киһини кытары тахсабын дуо? – диэн, кыыс тугу да өйдөөбөтөхтүү тутунна. Оттон Сэм тугу да саҥарбакка биир кэм мичээрдии турда. — Эн таскар элиэтии сылдьыбыт киһи буолбат дуо?! Чэ-чэ, онуоха эн кыһаллыма. Кылаабынайа, наһаа үчүгэйдик туттан-хаптан тахсыаххытын наада. Чэ, тахсыҥ... – диэн баран, Настаа уоллаах кыыһы сыана диэки анньыталаан кэбистэ. Омук киһитин сыанаҕа киллэрбитин Настаа хантан билиэ баарай?! Маайыстаах “уолбут ханна баран хаалла” диэн, онно-манна олоотуу олордохторуна, уоллара саха таҥаһын кэтэн кэрэттэн кэрэ кыыс сиэтиилээх субу тахсан кэллэ. Соһуччута да бэрдиттэн уоллаах кыыс иккиэн бэйэ-бэйэлэрин көрөн күлэ санаатылар. Истиҥник мичээрдэстилэр. Маайыстаах эмиэ соһуйан үөгүлэһэ түстүлэр. Иннигэр сүүрэн тиийэн “Сэм... Сэм...” дии-дии хаартыскаҕа түһэрдилэр. Уоллаах кыыс сиэттиспитинэн бэйэ-бэйэлэрин көрсөн сыана устун хаамыталаатылар. Кэмэнтээрийдиир дьахтар тугу эрэ саҥарар быһыылаах да, эдэрдэр ону эрэ истибэтилэр. Настаа сыана кэтэҕэр туран кыыстаах уолу одуулаһа турда: — Наһаа да бэйэ-бэйэлэригэр барсаллар эбит. Хантан кэлэн хаалбыт уолуй? – диэн манньыйа турдаҕына, оҕонньоро кэнниттэн кэлэн саҥаран соһутта. — Настаа, бары тахсыаххайыҥ, — диэбитигэр биирдэ өрө холоруктана түстэ. Уолларын, кийииттэрин, сиэннэрин — бука барыларын хомуйан сыанаҕа таҕыстылар. Таҥастарын көрдөрөн бүтэн баран, киһилэрэ саҥарбы-тыгар биирдэ эрэ, омук буоларын өйдөөтүлэр. Соһуйан, бэйэ-бэйэлэрин көрсөн кэбистилэр. — Чэ-чэ, буоллун... Тоҕо манна кэлэн иили²кэйдэһэ сылдьыбытай?! Сахалыы таҥаһы кини даҕаны кэттэҕэ дии... – диэн Настаа күлэн эрэ кэбистэ. Ол икки ардыгар Маайыстаах кэлэн: “Сэм, Сэм...” – дии-дии бэйэлэрин тылларынан кэпсэтэ-кэпсэтэ күлсэллэр. Маайыс Настаа диэки хайыһан баран: — Табаарыспыт ханна сүтэн хаалла диэн көрүтэлии олордохпутуна, сыанаҕа сахалыы таҥастаах тахсан кэлбитигэр наһаа диэн соһуйдубут. Хата, бэйэтэ олус дьоллонно быһыылаах. Хайдах сөбүлэһиннэрдигит? — диэн ыйыталаста. — Сүктэр кыыһы кытары күтүөт уол таҥаһын кэтэр уолбут суох этэ. Ити эһиги киһигит кэлэн хаартыскаҕа түһэрээри иилиҥкэйдэһэ сырыттаҕына, хата, саҥарар бокуой биэрбэккэ таҥыннаран кэбистибит быһыылаах, — дии-дии Настаа күлэн саһыгыраата. Сэм табаарыһыгар Сардаананы ыйа-ыйа көрдөрөр. Маайыс Сэм кэрэчээн кыыһы көрөн турарын бэлиэтии көрдө. Уонна Настааҕа эргиллэн баран: — Биһиги түһүлгэбит мантан чугас. Хата, ыалдьыттыы кэлээриҥ. Ол көстөн турар, — диэн ыйан көрдөрдө. — Биһиэнэ эмиэ итинэн баар ээ... Мантан чугас буоллун диэн итиннэ түспүппүт. Ити уолгут сахалыы билэр дуо? — Билэр... Кини эбэтэ саха дьахтара. Ол иһин манна кэлэ
сылдьар. — Ээ, ол иһин даҕаны, туох эрэ диэн сахалыы баллыгырыы сырыттаҕына тутан ылбытым. Бааһынайдыҥы дьүһүннээх саха уола дии санаабытым ээ, — диэн Настаа быһааран биэрдэ. Ол икки ардыгар бараары туран Сэм Сардаана диэки хайыһан баран: — Сардаана, өссө хайаан да көрсүөхпүт... – диэн уу сахалыы саҥаран соһуталаата. Кыыс кыбыстан тугу да саҥарбата. Мичээрдээн эрэ кэбистэ. — Оо, дьэ, Сэм кыыһы уораары гынна быһыылаах... – диэн Маайыс күлэ-үөрэ эттэ. — Барахсаттары... Иккиэн уп-уһуннар, кырасыабайдар... Наһаа да барсар пааралар. — диэтэ Настаа. Аҕалара сөбүлээбэтэхтии тугу да саҥарбакка көрөн турда. Омуктар тахсан барбыттарын кэннэ эмээхсинигэр тугу эрэ мөҕүттэрэ иһиллэр. Сардаана тугу да саҥарбакка таҥаһын хомуна сырытта. Ити сып-сылаас мичээрдээх уол сирэйэ кини хараҕыттан араҕан биэрбэтэ. Туораахаптар күрэх кэннэ сылайан-элэйэн түһүлгэлэрин диэки баран истэхтэринэ, хайа эрэ диэкиттэн: “Сардаана... “ – диэн ыҥырар саҥа иһилиннэ. Сардаана саҥа хоту диэки хайыһан көрбүтэ, Сэм сардаана сибэккилээх сүүрэн иһэр эбит. СИККИЭР.
kyym.ru сайтан
➤
➤
kyym.ru сайтан