Кэпсээ
Войти
Регистрация
ЧӨККҮК УЙБААН (ҮҺҮЙЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ЧӨККҮК УЙБААН (ҮҺҮЙЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
25.05.2018 20:30
Чөккүк Уйбаан Хорула түбэтигэр сэниэлээҕинэн, күүстээҕинэн биллибит киһи. Аҕата Баҕа Сэмэнэ тыа-ойуур көтөрүн-сүүрэрин бултаан, күөллэргэ-үрэхтэргэ соболоон, мундулаан-күөнэхтээн айаҕын ииттинэн олорбут. Онтун быыһыгар ойуумсуйан, отоһуттаан да ылар идэлээх эбит. Кини кэргэн ылар, ойохтонор сааһа ситэн, Хаҥаластан Кэтириинэ диэн үскэл быһыылаах-таһаалаах, төрөл эттээх-сииннээх тулаайах кыыһы сүгүннэрэн, дьонун олохторугар, Иикээ үрэҕин баһыгар атыгар мэҥэһиннэрэн таһаарар. Кэргэнин энньэтэ диэн биир тарбыйахтаах ынаҕы аттарыгар сэтиилэнэн бараллар. Иккиэн да сыралҕан куйаастан, итииттэн-буһууттан, тумарык тумантан- тымныыттан саллан-чаҕыйан, иҥнэн-толлон турбат үлэһит, булчут дьон эбиттэр. Онон аҕыйах ынах сүөһүлэрин, сылгыларын аһын, үүтүн-сүөгэйин бэрийэн, онуоха эбии күөх далай көмүс хатырыктааҕын, тылбыйар кынаттааҕын, эргэнэ хара тыа эрийии муостааҕын, тобук сыалааҕын эбинэн, астарынан-үөллэринэн олус ыктарбакка-быстарбакка олорбуттар. Күүһүнэн-уоҕунан, үлэһитинэн-булчутунан ордук Кэтириинэ сураҕырбыт. Арҕаҕар киирэн утуйбут эһэни-«кырдьаҕаһы» эригэр Сэмэҥҥэ суураа маһынан — титиригинэн сууралатан уһугуннартаран баран, кыынньанан кырыга сүрдэммит, ойон мосхоруйан тахсаат, киһини саба баттаары өрө хололонон турбут кыылы тайыыга түһэрэн ылара үһү. Ол иһин дьон улаханнык толлор, ытыктыыр дьахтара буолбут. Кэлин Хотой эмээхсин диэн аатырбыт-суолурбут. Балаҕаннарын чугаһыгар сытар көлүйэ Хотой Элгээнэ диэн ааттаммыт. Баҕа Сэмэнэ балачча сааһырбытын, кырдьа барбытын кэннэ, ойууннар кімөлөөн, өбүгэлэрин дойдутугар кый ыраах ыыппыттар. Кини биирдэ ходуһатыгар отууга хонон оттуу сырыттаҕына, Чаарчыкыап диэн куруук хатыһар-иирсэр ойууна кутурук көтөхсөр киһилээх уонна Барбах Кыыһа диэн удаҕан дьахтардыын атынан тиийэн кэлбиттэр. — Чэ, туох түргэн аһылыктааххыный? Аһата оҕус! Ыксаан иһэбит, — дэспиттэр. — Ол биһиэхэ күнүстэри туох түргэнник буһар аһылыга кэлиэй? Туубун көрдөхпүнэ, күөнэх буһарынан сиэхпит буоллаҕа дии, — диэбит Сэмэн эйэ дэмнээхтик. — Ону кэтэһэн олоруохпут дуо? — дэһэн, били дьон Хотой Элгээниттэн биир көс бэттэх Саҥа Күөл диэн сиргэ тохтоон, киэһэни быһа кыыран-кутуран бөҕө дьүһүлэммиттэр. Хонугар Сэмэн туутун көрөн кэлбит. Ылбыт күөнэҕиттэн олгуй аҥаарын курдугу буһаран аһыы олорбут. Буспут күөнэҕин мас хамыйаҕынан баһан сии олорон, ойууннар ииппит айаларыгар таптаран, күөнэх уҥуоҕар харан өлбүт. Кинини дириҥ Эмпэҕэ кэлэргэ Чөҥкөчөх өтөҕөр баар күөл халдьаайытыгар көмпүттэр. Түүҥҥү айанньыттар сороҕор ый быыһынааҕы хараҥаҕа уҥуоҕун кириэһэ халлааҥҥа диэри тиийэн турарын көрөн, улаханнык куттаналлара үһү. Бу ыал үс уол, үс кыыс оҕоломмуттар. Улаханнара, тумус туттар уоллара — Чөккүк Уйбаан. Кини толору эттээх-сииннээх, тэскэгэр истээх, атаҕа-илиитэ моп-модьу табаҕайдардаах, күн уота, салгын молооруччу сиэн килэриппит хара сирэйдээх, бүргэстии көрбүт сытыы уоттаах харахтаах, уп-уһун, хаһан да кырыллыбатах баттахтаах улахан киһи. Биллэҕэ аатырбыт-суолурбут Күбээйи Мэхээлэлиин арыт Мархаҕа, Аканаҕа, сороҕор Бүлүүгэ сатыы баран, үрэхтэри быһыта түһүтэлээн, иккилии-үстүү буут бүтүн бурдугу мас сүгэһэринэн олохторугар Хотой Элгээнигэр аҕалаллар. Аттарын «сыалара ууллуо» диэн сайын мииммэттэр. Тирии ыстааннарын өрө ньыппарыммыт, атах сыгынньах сылдьар, үөн-көйүүр бөҕө аһаҕас эттэригэр, сирэйдэригэр быыһа суох хатанан олороллоругар дьөрү кыһанан, сапсынан да
көрбөт модьу-таҕа, биирдэрэ тараҕай төбөлөөх биллэхтиилэри: «Бу туох буолбут, үөн-көйүүр сииригэр дьөрү кыһаллыбат, Чучунаа курдук дьиикэй дьоной?» — диэн үөс сир олохтоохторо батыһа сылдьан көрөллөр эбит. Чөккүк кэргэнэ Түллэҥ кыыһа Кэтириинэ Саха сирин үрдүнэн өрө турбут «ыспааҥка» диэн аатырбыт-суолурбут дьаҥҥа хаптаран өлөн хаалар. Кэргэнэ суох биэс оҕотунаан тулаайах хаалбыт огдообо киһиэхэ ким таҥас-сап тигиэй? Инньэ гынан Уйбаан хоччорхой тайах тириитинэн олооччу үүйүнэн, онно от угунньа симтэн, унньуктаах уһун тымныылаах кыһыны онон туораан тахсар. Биирдэ, сааскы тоҥокко орох устун кэлэр кыылга айа ииппитин көрө сылдьан, икки тиит сэргэ үүнэн турарын кэннигэр сынньана турдаҕына, тайах тахсан кэлбит. Ону тиитин кууһан баран, кини бүөспэт бүөр сыалааҕын муоһун төрдүттэн хабан ылбыт. Дьүккүйүү, тардыалаһыы кытаанаҕа буолбут. Ону кэлин Чөккүк Көөһө Өлөксөйгө кэпсиирэ үһү: «Тайаҕым дьүккүйбүтүгэр, түөһүм уҥуоҕа ырбас гына аһыллан, ыксаан ыытан кэбиспитим», — диэн. Кэлин, сэрии бүтээтин утаата, кырдьан баран, күһүн тоҥот саҕана үстээх тайаҕы бултаабыт. Онтун этиттэн икки-хас күн буһарынан аһаабыт аһастаах бөҕө киһи. Былыргы мээрэйинэн биэс-алта улахан кырбас эти сиир, улахан дьэс олгуйунан миин иһэр. Онтун таһынан арыынан хойуутук сыбаммыт лэппиэскэ улахан быһаҕаһын сиир, күтүр улахан кытыйа суораты билэн көрбөккө иһэн кэбиһэр. Тыаҕа-ойуурга сылдьарын былаһын тухары араас от сүмэтин оборо-ыстыы сылдьар идэлээх. Дьэ ол бултуйбут, эһэкээнэ тосхойбут күнүн нөҥүө түүнүгэр хаар бөҕі түһэн үллүктээбит, аны тоҥорон бытарыппыт. Тайаҕын этин сиэбититтэн ордугун тириитигэр суулаан ыга кэлгийэн, онтунан тоҥ халыҥ хаары тоҕо солоон, икки көстөн ордук сири соһон, Туораах өтөҕөр аҕалар. Онтугар эбии өссө тымтай балык сүгэһэрдээх эбит. Сэниэтэ эстэн, бырда быстан, уолаттара сылгы көрөн олорор сирдэригэр Ампаардаахха баара-суоҕа балтараа биэрэстэни эрэ тириэрдибэтэх. Сарсыныгар уолаттара Ньукулай уонна Миитэрэй аҕалара оҕонньор соһон аҕалбыт тайаҕын эттээн, бэрэмэдэйгэ хаалыы-хаалыы күнү быһа ампаардарыгар таспыттар. Сылгыһыттар оҕонньор ол тайаҕын соһон кэлбит суолун хайан көрбүттэрэ, онтулара дириҥ холлороон буолан субулла сытара үһү. Үйэтин-сааһын тухары эргэнэ хара тыатыттан быкпатах Чөккүк Уйбаан сүрдээх түүллээх, арыт мэнэрийэр идэлээх киһи. Сэрии бүппүтэ хас да сыл ааспытын кэннэ, үрэх баһыгар улахан уот турбут. Туох да тохтотуо, умуруоруо суохтуу, хас эмэ көһүнэн тайыыр ойуур бөҕө умайан күүдэпчилэнэн, силлиэрэн-боллуоран, сылгыһыттар олорор Эмпэлэрин дьиэлэригэр-уоттарыгар субу куугунаан, чугаһаан кэлбит. Ыга куттаммыт, ол-бу таҥаһы ууга илитэн саптыммыт оҕо-дьахтар, онно олорор ыаллар мустан төттөрү-таары сүүрэлэһэ сырыттахтарына, оҕонньордоро хонууга киирэн, уокка сиэл быраҕан, хамыйахтаах арыынан сири аһата-аһата бэрт элбэҕи саІаран алҕаабытыгар, улахан уот улам сөҕүрүйэн-мөлтөөн, устунан умуллан хаалбыт. Онно баар дьон Чөккүк Уйбаан ол алгыс тылын ис хоһоонун өйдөөн-дьүүллээн кыайан истибэккэ хаалбыттар. Николай СЕМЕНОВ-ЧӨККҮК * * * Үһүйээн Николай Семенов-Чөккүк «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2014 с. тахсыбыт «Дьылҕаны талбаттар» диэн кинигэтиттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан