Кэпсээ
Войти Регистрация

КЭРЭ КИҺИ УОЛА КҮҮСТЭЭХ СОППУРУОН (ҮҺҮЙЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / КЭРЭ КИҺИ УОЛА КҮҮСТЭЭХ СОППУРУОН (ҮҺҮЙЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
25.05.2018 19:06
Дьон-сэргэ киэһээҥҥи кэпсэлигэр, сарсыардааҥҥы ыаһаҕар, номоҕор-сэһэнигэр кэпсэммит үйэҕэ биирдэ эмэ төрөөн ааһар ураты ат бөҕө, кус быһый Кэрэ Киһи уола Соппуруон диэн дьадаҥы киһи Дьаархан нэһилиэгин Суптурҕан диэн сиригэр-уотугар олорон ааспыт. Дьүһүнүн-бодотун ойуулаатахха, кини сомоҕо эттээх-сирэйдээх, хаан чаҕаан сэбэрэлээх, киэҥ эрилкэй харахтаах, уһун хонтоҕор муруннаах, атын омуктуу хааннаах, өндөгөр модьу киһи эбит. Кинини кэнниттэн көрдөххө, кэтэҕэ, сүнньэ биир күдьүс, үргүлдьү курдук. Моонньун куруук саардынан саба баана сылдьар, бэгэччэгин, харытын хаһан да аһаҕас илдьэ сылдьыбат идэлээҕэ үһү. Ньүкэнэ бэрт буолан, куруук умса туттан, хараҕын кырыытынан ким кэлэрин-барарын уора-көстө одуулаһа иһэр буолара дэһэллэр. Суолга көрсүбүт киһититтэн, оҕотуттан-дьахтарыттан туораан биэрэр аакка сылдьар. Бугуһуйдаҕына тыаҕа тахсан чөҥөчөктөрү турута тыытан, тоҕута тэбиэлээн тыынын таһаарар үһү. Сүүрдэҕинэ оҕус уорҕатын тириитэ уллуҥу быһа тирэнэр буолан, мэлдьи этэрбэһин устан, хонноҕор кыбынан, атах сыгынньах сүүрэр. Кини саҥа эт тутан, эр киһи дэтэн эрдэҕинэ: «Дьэ холоһон көрүөх эрэ», — диэн кэлэ-бара куруук хаадьылыыр, күлүү-элэк гынар, икки улууска кими да тустан тулуппатах Буойун уола Уйбаача диэн улахан бөҕө киһи баар буолбут. Биирдэ Соппуруон соҕотоҕор, ийэтэ хотонугар тахсыбытын кэннэ, ол киһи балаҕаҥҥа көтөн түспүт. Эмиэ «холоһуох, тустуох» диэн кыынньаатаҕа буолуо, Кэрэ Киһи уола эмискэ киһитин хонноҕун анныттан икки ытыһынан «лап» гыннара охсон ылан, салгыҥҥа көтөҕөн таһаараат, бөлүөк мастыы эргитэ оонньообут. Иҥиир-иҥиирэ барыта ыйыллары тардыллан хаалан, уҥан түлүкээрбит киһитин кыайан ыыппакка, ол курдук өрө хололото сылдьыбыт. Ол тыаһы-ууһу истэн, ийэтэ хотонтон сүүрэн киирэн, уолун киил мас курдук кытааппыт быһыттаҕас быччыҥнарын саах күрдьэр мас лаппаакытынан быһыта сынньан, киһитин нэһиилэ араартарбыт. Соппуруон эдэригэр аймаҕа Ыстапаанныын Ньурба Бэстээҕэр бурдук тиэйэ сылдьыбыттар. Үс хааһах бурдугу, барыта сүүрбэ бууту, саас харааран эрэр өрүс сыырыгар аттара кыайан таһаарбатах. Онуоха Кэрэ Киһи уола атын булгуйан баран, таһаҕастаах сыарҕатын сыыр үрдүгэр бэйэтэ соҕотоҕун соһон таһаарбыт. Итини кэлин учуутал буолбут Маппый Мэхээлэтэ көрөн турбут уонна олус сөхпүт. Күүһэ-уоҕа муҥутаан сылдьан, атыыр оҕуһу кытта күрэстэспит. Оҕуска бурҕалдьытын кэтэрдэн баран, икки олгуобуйатыттан тутан, таһаҕас буолан тардан турбут. Оҕус күөх окко ымсыыран дьүккүс гыммыт. Хаста да дьүккүйэ-дьүккүйэ түһүнэ сатаабытын киһитэ ыыппатах. Онтон бурҕалдьылара тосту барбыт. Ону Соппуруон оҕуһу «син күүстээх сатана эбит» дии санаабыт. Аны хайа эрэ ыал сэттэлээх, «сири-халлааны сиҥнэриэх», силтэллибит-күлтэллибит байтаһын сибиинньэни идэһэлэнээри сылдьыбыттар. Уолдьах Кэрэ Киһи уола тиийэн кэлбит. Сибиинньэбит баҕар куотуо диэн, кинини кэлииккэ ааныгар тоһуйтарбыттар. Онтулара Соппуруон атаҕын икки ардынан куотаары утары күлтүгүлдьүйэн кэлбит. Киһи соһуйан хаалан, сибиинньэни икки иэдэһиттэн хап гыннарбыта, мэйиитэ бырдьас гына түспүт. Сэрии иннинэ Кэрэ Киһи уола балтыгар Анньыыһыйаҕа, күтүөтүгэр Дьыаканыһапка ыалдьыттыы, хоно кэлбит. Кинилэр маҕаһыын үлэһиттэрэ эбит. Соппуруон кэлбитин истэн: «Күүһүн холоон көрүөххэ», — диэн
сельпо үлэһиттэрэ киксибиттэр. Бэрэссэдээтэллэрэ Солоҕоонускай, бухгалтер Сухарыынап уонна суотчут Кууһумун умайан кэриэрбит, туһатыттан тахсыбыт күтүр улахан тимир дьааһык баарыгар доруобунньуктаах кууллары симмиттэр. Соппуруон маҕаһыыҥҥа киирбитигэр, дьааһыгы ыскылаат сарайын үрдүгэр таһааран уурарыгар соруйбуттар. Киһилэрэ «тук» курдук ону ылан, көтөҕөн мадьалытан, хас да халыҥ тиит хаптаһынынан тэлгэтиллэн оҥоһуллубут бөҕө-таҕа кирилиэһинэн тахсан, үөһэ «лиһир» гына ууран кэбиспит. Ыарырҕатарын мустубут дьон көрбөтөхтөр. Кинини ыһыахтарга туһун дииллэрин: «Иҥиирим тартаҕына, киһи төбөтүн туура тардыам», — диэн сөбүлэммэт эбит. «Дьон тустарын көрдөхпүнэ, уҥуоҕум хамсыыр», — диэн ааттаан, тустуу саҕаланнар эрэ, ыһыахтан тэскилээн биэрэрэ үһү. Кытыгыраһынан эмиэ аатырбыт киһи. Аттаах айанньыттар биэс көскө эрэ тиийбэт сири айаннаан күпсүтэн дьиэлэригэр-уоттарыгар кэлиилэрэ, били Ньурбаҕа хаалбыт Соппуруоннара кинилэр быдан иннилэригэр кэлэн баар эрэ буолбутун көрөн, сөҕүү-махтайыы бөҕө буолаллар. Туох эрэ иирсээнтэн сылтаан биир нуучча киһитэ Соппуруон киһи буолбут, сиппит-хоппут улахан уолун быһаҕынан анньан өлөрбүт. Кэрэ Киһи уола милииссийэлэргэ киирэн: «Хайдах дьүһүннээх-бодолоох киһи уолбун кыайбытай? Көрүһүннэрбэт буоллаххытына, саатар аанынан тойон эрбэҕин быктаран көрдөрүҥ», — диэн көрдөһө-ааттаһа сатаабыт. Ону милииссийэлэр кыккыраччы аккаастаан кэбиспиттэр. Ону дьон: «Ол тарбаҕыттан тутта да, Соппуруонуҥ ааны киһинэн бэйэтинэн тоҕо солотон таһаарыах этэ», — диэн кэпсэтэр буолаллара. Үйэлээх сааһын тухары кини кими да кытта күөн көрсүбүтэ, күрэхтэспитэ биллибэт. Кини күүһүн-уоҕун, кытыгыраһын-кыаҕын туһунан эгэлгэ кэпсээннэр Саха сиригэр киэҥник тарҕаммыттар. Николай СЕМЕНОВ-ЧӨККҮК * * * Үһүйээн Николай Семенов-Чөккүк «Бичик» кинигэ кыһатыгар 2014 с. тахсыбыт «Дьылҕаны талбаттар» диэн кинигэтиттэн ылылынна.
edersaas.ru сайтан