Кэпсээ
Войти
Регистрация
ТҮҮЛЭЭХТЭЭҺИН (КЭПСЭЭН)
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ ТҮҮЛЭЭХТЭЭҺИН (КЭПСЭЭН)
K
edersaas.ru
Категорията суох
20.05.2018 10:00
Ааспыт үйэ бүтүүтэ дойдубуттан Дьокуускай куоракка көһөн киирбитим. Бэргэһэни хабахха хаайбаккын дииллэринии, кыдьыгым батарбакка, куорат таһыгар оптуобуһунан сылдьан кыһынын туһахтыыбын. Атаһым Бүөтүр сүбэтинэн кэлин, көҥүл атыылаһан, түүлээхтиир буоллум. Былыр-былыргыттан сахаҕа түүлээхтиир дьону өрө туталлара. Ыраахтааҕы суолун — тµґээни түүлээҕинэн төлүүллэрэ. Киһи барыта күндү түүлээҕи эккирэтиспэт. Кырдьык, киһи эрэ барыта санаммат, элбэх сыраны-сылбаны, мындыры ылар булт кірµІэ буолар. Тоҥ мутук тосту тоҥор тымныытыгар, тобуккар диэри тоҥуу хаары кэһэн саһылы, кииһи эккирэтиһии сыанан-арыынан аҕаабат. Бу дьиҥнээх эр киһи идэтэ, олус күүстээх абылаҥнаах эбит, өйгүн-санааҕын көстүбэт ситиминэн бүүс-бүтүннүү бэйэтигэр хам баайар. Төһө даҕаны киэһэ кыайан саҥарбат буола сылайан, сииккэ-сиэлэн, хаарга-хааман эстэн-быстан кэлэн утуйан баран, сарсыарда эрдэ уһуктаат ойон туран «баҕар Баай барыылаах Байанай бүгүн мичик гынаарай» дии санаан, син биир хара тыаҕа тахса тураҕын. Үгүс киһи кыһыҥҥы айылҕа кэрэтин, тыа чэбдик салгынын, көҥүл-босхо сылдьары билбэт. Бу орто дойдуга туох барыта көҥүлгэ тардыһар. Сирдээҕи көҥүл диэн тугун дьиҥнээх булчут эрэ билэр. Дьиҥинэн, түүлээх тириитин сыаната сыраны-сылбаны боруостаабатын да иһин, булт абылаҥар билиэн барбыт киһи сиэринэн, күн аайы тоҥору-хатары аахсыбакка бараҕын. Улуу тириэньэр Бөтүрүөбүс тустуу абылаҥар уһуйбутун курдук, булт абылаҥар аҕам уһуйан, күн аайы сибиэһэй салгыны түөспэр толору эҕирийэн, тоҥуу хаары кэһэн, туос сатыы тоһуурдарбын көрөбүн. Мин саха киһитин сиэринэн түүлү-бити итэҕэйэбин. Оҕо эрдэхпиттэн бары булчуттар курдук, түүлбэр бултуубун. Дьэ түүл диэн дьикти, киһи өйүгэр баппат. Атын эйгэ баарын улуу эмчити Гурий Уйбаанабыһы кытта чугастык билсэн баран итэҕэйбитим. Кини Хатас арыытыгар сүтэрбит саһылбын Бээрийэҕэ олорон хапкааны соһон хайдах айаннаабытын, ханна баарын этэн биэрбитэ. Былырыын матасыыкылынан Болтоҥоттон Бээрийэҕэ айанныы сатаабыппын икки ый буолан баран бэйэбэр кэпсээбитэ. «Ити Танда баһыгар киириигэ суол хаҥас өттүгэр маҥан туох турарый?» — диэн соһуппута. Икки ый анараа өттүгэр буспут хап-хара моонньоҕону үргээри тохтообут массыынаны хайдах көрдө? Ол массыына 4—5 чааһынан бардаҕа дии. Бороҕон оҕонньорун көрүүлэрэ киһини салыннараллар, соһуталлар-өмүрдэллэр. Эдэрбэр сир-дойду иччитэ баарын хаста да биллэрэн турар, ону эдэр, дохсун буолан аахайбатах эбиппин. Дьиҥинэн сэрэтэ, үөрэтэ-такайа сылдьаллар, ону биһиги куойабытыгар-маҥкыбытыгар оҕустаран аанньа аахайбаппыт. Дьэ буолар буолтун кэннэ биирдэ «бабат» диибит. Биирдэ кыһын, киэһэ утуйаары ороммор сыттахпына, хапкаан тыаһа илэ-чахчы тас гынна. Саһыл хапкааммар иҥнибитин сэрэйдим, ол эрээри ханныгын билбэппин. Ол кэмҥэ хапкааным алта сиргэ баар этэ, онон барыахтаах сирбэр бардым. Дьиҥинэн ырытан, толкуйдаан баран барыах баар эбит. Онтукам мыраан үрдүгэр бааһына кытыытыгар ииппит хапкааммар иҥнибит. Суолга тахсан биэрбитин «булчуттар» илдьэ барбыттар. Итинник дьону киһи булчуттар диир кыаҕа суох. Туртастыы, мас көтөрдүү сылдьан баран дьонугар саһылы хапкааҥҥа бултаабыттарын хайдах быһаарбыттара буолла. Хара тыа иччитэ түүлээх уллуҥахтар саһылгын уоруохтара, онон сэрэн диэтэҕэ. Ону өйдөөбөт
киһи буоллаҕым. Уоран иннилэрин сарбынар, олохторун огдолутар дьону аһына саныыбын, кинилэргэ кыыһырбаппын. Хомойорум диэн, Байанай миэхэ анаабытын уордаран булдум ханынна. Онон кинилэр буруйдарын содулугар мин эрэйдэнним. Дьиҥинэн мин туох буруйдаах буолуохпунуй. Биир ыйы быһа сииккэ сиэллим, хаарга хаамтым. Хата Байанай биир эрэ ыйга ыстарааптаата. Хайдах оруобуна биир ыйга ыстарааптыыра буолла? Саһылбын хаһан сүтэрбиппин ким кірін олороруй? Киһи эт өйүнэн быһаарбат суола. Биир ый мэлийэн баран дьэ бултуйар буолбутум. Кырдьа±ас булчуттар улахан буруйга-сэмэҕэ үс сылга диэри ыстарааптыыр дииллэр. Дьэ дьикти. Сиргэ-уокка бэйэ бодотун тардынан, иннигин-кэннигин кэтэнэн, сиэри-туому тутуһан, Баай Байанайтан көрдөһөн сылдьыллыахтаах. Сиэри-туому тутуспатахха, олус элбэх дэҥ-оһол тахсар. Ол иһин эдэр дьоҥҥо сэрэтэн этэбин. Биирдэ Бүөтүр этэн турар: «Саһыл — олус өйдөөх, киитэрэй кыыл. Бултуургар кинитээҕэр мындыр буолуохтааххын. Аны бултатар киһитигэр бултатар, булчут эрэ барыта ылбат. Саһылы бултуур — өркөн өй былдьаһыыта. Элбэхтэ сыраластаххына, тоҥноххуна-хаттаххына эрэ бултуоҥ. Маҥнайгы саһылы ылыы син биир маҥнайгы тустуу маастарын охторуу кэриэтэ. Кэлин, сатабылыҥ улааттаҕына, куккунан-сүргүнэн баттаан, тустууга курдук күүстээх маастар буоллаххына, эдэр саһылы Байанай биэрдэҕинэ хото ылыаҥ». Итини Бүөтүр сөпкө эппит дии саныыбын. Биир күһүн арыыга икки хапкааны уураат, эр-биир икки саһылы ылбытым. Эһиилигэр ол арыыга күөспүн эрдэттэн өрүнэн баран, өр ылбакка эрэйдэммитим. Онон туох эрэ көстүбэт күүс баар. Бултууруҥ бэйэҥ бэрдиҥ буолбатах, Байанай быһаарар эбит. Төһөнөн түүлээх булдугар убанан истэҕим аайы өйдөөбөтүм үксээн тахсар. Түүлээх булда туһунан бөлүһүөктээх, куттаах-сүрдээх. Ону ырыҥалаан сурукка тиспит киһи… Мин биирдэ үгэспинэн куорат оптуобуһунан айаннаан тиийэн, саһылга биэс чааркааны ииттим. Уонча хонон баран тоһуурдарбын көрө барар буоллум. Хайаан даҕаны биир эмэ иҥнибитэ буолуо диэн атаспын Уйбааны массыынанан илдьэригэр көрдөстүм. Атаһым нэдиэлэҕэ биирдэ ыраах бултуурбар барсар, эмиэ туһунан куттаах-сүрдээх, түүллээх-биттээх киһи. Күнү быһа хаамар сирбэр улахан омук массыынатынан начаас сирилэтэн тиийдибит. Маҥнайгы чааркаан таһыгар тохтоотубут. Тоҥуу хаары кэһэн иккиэн суксуруһан, үрэх үрдүгэр тиийдибит. Үрэҕи өҥөйөн туран атаспыттан ыйытабын: «Уйбаан, тугу көрөҕүн?» Киһим хардарар: «Саһыл үрэххэ ойон киирэн икки илин атаҕыттан хапкааҥҥа иҥнэн сытар». Мин саҥарбаппын. Бултаабыт аҕай киһи буолан иҥиэттэн эрэ кэбистим. Тохтуу түһэн баран соһуйбут куолаһынан эттэ: «Чааркааҥҥа иҥнибит саһыл таһынан иккис саһыл чааркааны соһон ааспыт». Уйбаан чэҥкээйититтэн талахха иҥнибит иккис саһылы тыыннаах олорорун булан аҕалла. Үһүс чааркааҥҥа киирэн иһэн: «Былырыын үрэх иһигэр ииппит чааркааммар саһыл иҥнэн баран бу манан ааспыта», — диэт, инним диэки хаары ыйан көрдөрдүм. Уйбаан мин ыйбыт сирбин көрөн баран хаһыытыы түстэ: «Быйыл эмиэ чааркаан соһуулаах саһыл ааспыт». Дьэ ол улахан саһылы сырабыт-сылбабыт баранан, күнү быһа эккирэппиппит. Уйбаан атаҕар кыанар киһи буолан сиппитэ. Ол сыл иккитэ иккилии саһылы тэҥҥэ сүгэн дьиэбэр кэлбитим. Дьэ оннук, Баай
барыылаах Байанай биэрдэҕинэ, киһи сымыйалаан эппитин курдук биэрэр. Дьиҥинэн итини суруйуо суохтаахпын суруйдум. Улахан булчуттар бултаабыккын кэпсиэхтээххин, Байанай үөрүнньэҥ дииллэр. Онон кыратык быктаран, биир күн өлгөмнүк бултаабыппын суруйдум, күн аайы итинник бултаабаккын. Үксүгэр сииккэ сиэлэҕин, хаарга хаамаҕын. Бултаатарбын эрэ Бүлүү Лөкөчөөнүгэр олорор улуу булчукка, аарыма кырдьаҕаска Дьэпсиэйэп СэмэІІэ эрийэн, кэпсээн µірдэбин. Оҕонньоттор булт туһунан олус сэргииллэр, эдэр-сэнэх кэрэ кэмнэрин, сылдьыбыт сырыыларын санаан эрдэхтэрэ. Саһылы кыайан ылбатахха оҕонньоттор сүбэлииллэр, алгыыллар. Дэлэҕэ даҕаны этиэхтэрэ дуо «кырдьаҕастан алгыһын, эдэртэн эрчимин ыл» диэн. Өлгөмнүк бултаабыт сылбар түүйдэ диэн куттаммытым, онно Бороҕон оҕонньор эппитэ: «Дьөгүөр, эн сиэри-туому тутуһан булка өр сыраластыҥ, онон түүйдэ диэн куттаныма. Ити эн Байанайга, тыа иччитигэр бэйэ киһитэ буолбутуҥ бэлиэтэ». Син биир урукку чааркааннарбын, дэйбиирбин, мас лаппаакыбын, атаҕым таҥаһын, үтүлүкпүн илдьэ сылдьабын. Чааркааммын уруккум курдук ииттэрбин да, тоҕо эрэ ала-чуо ол сыл өлгөмнүк бултаабытым буолла. Баҕар, кырдьык, улуу киһи эппитин курдук «бу киһи элбэх сыратын-сылбатын биэрдэ» диэн кыратык дук гыналлара дуу? Биирдэ Сэмэн кырдьа±ас этэн турар: «Дьөгүөр, аар тайҕа баһын тайанан, сылдьыбыт сирдэрбинэн бултаабытыҥ буоллар улаханнык бултуйуох эбиккин, ону куоракка хаайтаран сытаҕын». Миэхэ бу улахан сыанабыл буолбута. Кэлин буойуу-хааччах элбээн, киһи бултуох санаата кэлбэт буолла. Тустууга эмиэ элбэх сыл утумнаахтык дьарыктаннахха кыайаҕын. Мин улуу тириэньэргэ Бөтүрүөбүскэ уон биэс сааспыттан саҕалаан биэс уон сааспар диэри эрчиллибитим. Сааһыран баран араас күрэхтэһиигэ кыттыбытым. Ол кэмҥэ туста сылдьар Саха сирин сэттэ муҥутуур кыайыылаахтарын охторбутум. Итини хайдах өйдүөххэ сөбүй, саастаах киһи эдэр, күөгэйэр күннэригэр сылдьар уолаттары охторорун? Бу киһи тустууга олус элбэх көлөһүнүн тохто диэн, эмиэ үөһээттэн көмөлөстөхтөрө. Онон сырам-сылбам сыаналаммыта, хапсаҕайга уонна көҥүл тустууга аатым ааттаммыта. Биирдэ күрэхтэһиигэ, маҥнайгы түһүмэх кэннэ сынньана турдахпына, Бөтүрүөбүс эппитэ: «Үлэлээ, үлэлээ, туох барыта үлэттэн тахсар». Ити этиитин маҥнай соччо ахсарбатаҕым, хайдах тустан хоторбун этиэ дии санаабытым. Кэнники, сааһыран баран өйдөөтөххө, кырдьык, туох барыта үлэттэн тахсар эбит. Улуу киһи ити эппитэ сырдык сулус буолан сыдьаайан, ситиһиигэ сирдиир. Манан сирдэтэн эдэр дьоҥҥо этиэм этэ: сиэри-туому тутуһан бултааҥ-алтааҥ, үлэлээҥ-хамсааҥ, чіл оло±у тутуґан уґуннук, дьаныардаахтык дьарыктаныІ, күрэхтэһиҥ. Хаһан эрэ эһиги көлөһөҥҥүт тиллиэ, ааккыт ааттаныа, норуоккутугар туох эмэ туһалааҕы оҥоруоххут. Егор КАРТУЗОВ Хаартыска: интэриниэттэн * * * Кэпсээн «Тыын былдьаһыгар» кинигэттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан