Кэпсээ
Войти
Регистрация
Аҥаардас таптал
Главная
/
Кэпсээн арааһа
/ Аҥаардас таптал
K
edersaas.ru
Категорията суох
19.05.2018 15:35
Ньургун уол Саргы кыыһы таптаан эрэйдэннэ. Кыыһа кинилиин билсиэх курдук буолан иһэн, кэлии уол дураһыйбытыгар кини диэки охтуох курдук. Үнүр атаһыгар Бүөккэҕэ ити туһунан эппитигэр: «Ол уолу муоһун-туйаҕын тоһутан биэр да, бүттэҕэ дии», — диэбитэ. Ньургун оннук гыныан санаата буолбат. Кини кыыс бэйэтэ таптыырыгар баҕарар. edersaas.ru Ньургун бүгүн Саргытыгар тиийдэ. Кыыһы ханна эмит хаамса түһүөх диэбитин буолбата. Уулуссаҕа кэпсэтэ турдулар. — Саргы, эн миигин таптыырыҥ туһугар туох үтүөнү оҥоруохпун сөбүй? — Ньургуһунна бэлэхтээ… — Арыыга олоробут эбээт… тула өртүбүтүгэр муус уста сытар. Тыаҕа хайдах тахсабын. Саатар, манна үүнэрэ буоллар, — Ньургун аҕала сатаан күлбүтэ буолла. — Оччоҕуна бэйэҥ бил. Чэ ычча, пока, мин дьиэбэр киирдим, — Кыыс дьиэтин диэки сүүрдэ. — Чэ буоллун Саргы, син биир булан аҕалыам, — Ньургун кыыс кэнниттэн хаһыытыы хаалла. Уонна кытылга киирэн муус кэлимсэлэрэ аалсан, өрүһүспүттүү тус хоту устан сундулуһалларын, эрийэ, буруйа устар муус көһөҥөлөрү уол дьулайбыттыы көрө турда. Өрүс арыынан ааһарыгар арыый да синньиир сирин көрөөрү, уол кытыл устун баран истэ. «Биир сымыыт ханна сытыйбатаҕай, биир уол оҕо ханна төрөөбөтөҕөй» дии санаат уол муустан-мууска ыстанан, устан дьигиһийэ сытар өрүскэ баар буолла. Өлүөнэ эбэккэтэ субу эҕирийэн ылыахтыы муус көһөҥөлөрү буруйан ытыйар. Ньургун хойуу муус кэлэрин кэтэһэ түһээт, ыстанан ылбахтыыр. Биир оннук ыстаныыга тобугун ньылбы түстэ. Үтүлүгэ илийбитин бырахпыта, аны илиитэ тоҥно. Өссө даҕаны өрүһү туоруура кыра аҥара хаалбыт. Биир улахан кэлимсэ мууска ыстанна. Ол кэннэ өрүс талатыйан салгыы ойуохтаах мууһа тэйэн, уол тус хоту дохсун сүүрүгү кытта уста турда. Оо, таптал… Эн арааскын даҕаны… Уол оҕону эрийэн-буруйан туохха тиэрдибэтэҕиҥ баарай. Саргы Ньургун сүппүтэ үс күн буолбутун кэннэ иһиттэ. Дьоно ууга тааһы бырахпыттыы сүтэрбиттэр. Бөһүөлэккэ араас сурах тарҕаммыт. «Кустуу сылдьан ууга түстэҕэ, арыыттан уонна ханна барыай?» дэһэллэр. Доҕотторуттан ыйытан көрдүлэр да, ким даҕаны көрбөтөх. «Саргы, мин син биир ньургуһуну булан аҕалыам», — диэбитин кыыс өйдүү биэрдэ. «Ол иһин даҕаны, кини уҥуор барбыт эбит, муустаах уу анныгар…»кыыс куһаҕаны санаан куйахата үмүрү тутта. Киниттэн ураты уол ханна барбытын ким да билбэт. Аны ол буруйуттан куттанна. Эппэккэ кистээн сырыттаҕына эмиэ сатамматын өйдөөтө. Арай, түһээтэҕинэ Ньургун көтөх муҥунан ньургуһун сибэкки хомуйан аҕалбыт. Өрүс кытылыгар иккиэн турдахтарына эмискэ сүүнэ улахан балык тииһэ атыгыраабытынан Ньургуну атаҕыттан ытыраат, муустаах ууга илдьэ бара турда. Ону көрөн турбут кэлии уол Никиитэ күлэн алларастаабыта тыа систэригэр ой дуораана буолан эҥсилиннэ. Кыыс уһуктаат, салгыы утуйуон куттана сытта. Сарсыныгар тиийэн дьонугар кэпсииргэ быһаарынна. Ньургуну, муустаах ууга дэлби илийэн титирээбит уолу атын нэһилиэк кусчуттара булбуттара. Кэлимсэ мууһунан устан иһэрин көрөн, оҥочонон киирэн нэһиилэ таһаарбыттара. Дьонугар биллэриэхтэрин сибээс суоҕа. Уол
өрүс ырааһырыар диэри ыалга олорбута. Ньургун тыын толуга буолбут ньургуһуннарын хомуйан бакыакка укпута. Уол түһэн олорор ыала биир нарын бэйэлээх кэрэ сэбэрэлээх кыыстара, кинини уора-көстө кылап кына көрөрүн билбитэ. Иһигэр, арылыччы көрөн дьэ кырасыабай да кыыс эбит дии санаабыта. Уол өйө-санаата Саргытыгар этэ. Дьоно төһө эрэ сүтүктээтилэр. Кыыһыгар тиийэн үлэспит сибэккитин уунан, кыыстан хайдах истиҥ тылы истиэхтээҕин санаан, уол манньыйар. Мотуордаах дьону кытта өрүс мууһа арыый ырааһырбытын кэннэ дэриэбинэтигэр барда. Дьоно аймаммыттара арыый уостан, үөрэ көрүстүлэр. Куораттан бөртөлүөт кэлбитигэр эрэ уолларын туһунан истибиттэрэ. Киэһэ Ньургун, Саргытын быраатынан ыҥыттаран таһаарда. Кытылга улахан муус хаалбытыгар хаххаланан кэпсэтэ турдулар. — Дьэ, сүтэн хаалаҥҥын куттаталыы сырыттыҥ дии, — Саргы уол көрдөҕүнэ сирэйин кистиир курдук. —Мэ, Саргы, эн эппиккин аҕаллым, — Ньургун бакыатыттан ньургуһуннары сэрэнэн хостоон кыыска уунар. — Ньургун, истиий, туох… Эн үчүгэй, хорсун санаалаах уолгун. Эйиэхэ ханнык баҕар кыыс чугаһыа. Мин атын уолу таптыыбын ээ. — Кими? Никитаны дуо? — Да, кинини. Ньургун саҥарбакка эргиллэн, кытыл устун хаама турда. Саргы эмиэ дьиэтин диэки барда. Уол сибэккини тута сылдьарын өйдөөн, ууга кытыынан кыра муус устан ааһарыгар ууран уһаарда. Миигин ити кусчуттар олох даҕаны быыһаабатахтара буоллар диэн уолга эмиэ ахсым араас санаалар ытылыннылар. Иккиһин ыстаныах курдук эбэтин көрөн турда. Саатар бүтэһигин табахтыахха диэн уол сиэбиттэн табаҕын орообутугар, арай туох эрэ кыра кумааҕы түстэ. Ылан көрбүтэ, сурук эбит. «Нюргун, ты мне нравишься… приходи еще. Я буду ждать. Оксана», — диэн суруйбут. Били кинини бүөбэйдээн абыраабыт дьон кыыстара укпут эбит. Ньургун киһиэхэ үөрэригэр кыра да наада дииллэрэ кырдьык эбитин итэҕэйдэ. Бу билигин аҕай ынырык да санаа киирэн ааспытын сонньуйа санаата. Кини мууска уурбут ньургуһуннара уста турбуттарын көрдө. «Оксана, ити сибэккилэр эйиэхэ устан тиийиэхтэрэ. Мин эмиэ сотору эйиэхэ тиийиэҕим», — Ньургун саҥа таһааран ботугураата. edersaas.ru саайтка анаан Родион ДАНИЛОВ-Ородьумаан. Хаартыска интэриниэттэн.
edersaas.ru сайтан
➤
➤
edersaas.ru сайтан