Кэпсээ
Войти Регистрация

ЛӨКӨЧӨӨН КҮҮЛЭЛЭЭҔЭР (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ЛӨКӨЧӨӨН КҮҮЛЭЛЭЭҔЭР (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
19.05.2018 10:00
Биир үтүө саас Лөкөчөөн Күүлэлээҕэр куска бултуу сытабыт. Эбэ быйыл ырбыыламмакка ортотунан сайан, кус күөл ортотугар түһэр. Киэһэ, сарсыарда кус көтөр кэмигэр кыралаан ытабыт. Сандал саас кэлэн, айылҕа уһуктан, киһи эрэ сүргэтэ көтөҕүллүөх курдук. Ханна эрэ от быыһыгар күөх төбөлөөх атыыр көҕөн тыһытыгар бэрдимсийэн кэһиэҕирбит суон куолаһынан маатырҕыыр, чыркымай үөһэнэн эрийэ-буруйа көтөн иһэн чурустуур, сиэдэрэй өҥнөөх мороду бокуойа суох, кимтэн эрэ өрµһүспүттүү, мин аҕайбын диэн уруттуур. Эбэни эргийэ көтөн, моонньоҕоннор дөрүн-дөрүн саҥарсаллар, сотору-сотору хаастар айманан ааһаллар, хара тыаҕа куртуйах үөрүн мунньан охсон кулдьугуруур, ханна эрэ хабдьы бэбээрэр. Ити барыта, түүнү быһа төһө да тары сиэбит ыт курдук тоҥон бабыгырыы олордоххо, кэрэ иэйии буолан сүрэххэ-быарга сылаанньыйа киирэр. Сааскы айылҕа кэрэ дьүһүйүүтүн истэ олордоххо түүн биллибэккэ ааһар, онно эбии сотору-сотору чыркымайдар обургулар сирэйгин быһа охсо сыһан ааһаллар, ону сыыһа-халты ытан хаалаҕын. Итинник түүнүн кус тоһуйабыт, күнүһүн сири-уоту көрө таарыйа уу кэрийэбит. Баай Байанай кыралаан бэрсэр. Сороҕор ыалларбыт билсэ кэлээччилэр. Биирдэ, эбиэт саҕана, ыалбыт Куочукка кэллэ. Үгэс быһыытынан чэйдии-чэйдии булт-алт туһунан кэпсэттибит. Ол олорон манныгы сэһэргээтэ: «Биһиги урут, сопхуос саҕана, күһүн Баппаҕаайы уонна Күҥкүс үрэхтэр холбоһор сирдэригэр Самахха оттообуппут. Ол оттуу сылдьан, харабыт бүтэн, миигин матасыыкылынан бултата ыыттылар. Тыа саҕатыгар тохтоон тэйиччи баар элгээҥҥэ, баҕар туох эмэ суол-иис баара буолуо диэн, көрө бардым. Тоҥ күөс быстыҥа хаампытым кэннэ, арай иннибэр икки таба иһэр. Мин суон бэс кэннигэр саһан хааллым. Кыылларым аа-дьуо чугаһаан баран, сыппын ылан таныыларын тардырҕата-тардырҕата, тула көрөн, сиэгиргээн, олооруҥнаатылар. Икки уостаах доруоп саабын аргыый ылан, биир улаханын саам сыалыгар киллэрэн баран, чыыбыспын сыыйа тартым. Онуоха саам уот биэрбэккэ чап гына түстэ. Кыылларым сэргэхтэрэ сүрдээх, ойон хааллылар. Иккис уоспунан ыттым да хантан табыахпыный, суох буоллаҕа. Ол туран «бу биир уостаах саанан ханна баран тугу бултаары, адьырҕа суола элбэх, аны киһини былдьыаҕа» дии санаатым, онон өтөхпүн быстым. Борук-сорук буолуута тимир кілібір кэллим. Ыллык устун баран иһэн көрбүтүм: матасыыкылым аттыгар, ыллык кытыытыгар, сыгынах көстөр. «Эс, манна мааҕын күнүс сыгынах суоҕа» дии санаатым. Онтон өйдөөн көрөөт, тыыным кылгаан, тиритэн-хорутан бардым. Хара тыа муҥур тойоно —тыатааҕы, төбөтүн ньылатан, бэйэтэ накыйан, миэхэ саба түһэргэ бэлэм сытар эбит. Санаабар аралдьыйан, көрбөккө, ыкса чугаһаан хаалбыппын. Түөрт сүнньүөх хаалбытын сиэппиттэн хостоон ылан тарбахтарым быыһыгар — ыыраахтарбар кыбыттым. Бэйэм да өйдөөбөккө, биир харыстаах саха быһаҕын тииспэр ытырдым. Эмиэ тоҕо ытырбытым буолла, быһаҕым кыыныгар даҕаны сылдьыан сөбө. Ыксаан, өйүм бааллан, ханнык эрэ быһылааннаах киинэни көрбүппүн үтүгүннэҕим буолуо. Мин диэки кыараҕас сытыы уоттаах хараҕынан кырыктаахтык көрө-көрө аһыыларын килэтэн, суос бэринэн, көхсүн түгэҕэр кигинэйэн ырдьыгынаата. Ол туран адьырҕа миигин ыҥырар дуу, үүрэр дуу курдук,
илин атаҕынан салгыны тарыйда. Аар тайҕа улуу дьаалытын кытта киирсэр санаам суох. Эргийэн тумнан бараары санаммыппар кыылым туран кэллэ, часкыйа түһэн баран, аарыма бэһи маҕан субата кылбайыар диэри ньылбы оҕуста. Миигин кытта күөн былдьаһаары, ааппын ааттаан оҥостон кэлэн, матасыыкылым аттыгар тоһуйа сыппытын, дьэ онно биирдэ өйдөөтүм. Бэйэ бодобун тардынан, эр хааммын ылынан киирсэргэ бэлэм турдум, кыылым суос бэринэн часкыйа түһээт, утары ыстанна. Уолугун үүтүн көрөөт, саабын төлө тардан кэбистим. Кур ботуруон түбэстэ быһыылаах, сүнньүөҕүм тыатааҕы атаҕын анныгар бурҕас гынна, адьырҕа соһуйан куһаҕан аҕайдык саҥа аллайаат, хааһаҕы бырахпыттыы тиэрэ хойуостан, төттөрү сүүрдэ. Онтон өй ылан, уолуйбута ааһан, эргиллэ түстэ да, уун-утары ыстанна. Сарсыҥҥы аламай күнµ иккиттэн биирбит көрбөт дьылҕаланна. Булчут өбүгэм хаана тардан, муус холкубар түстүм. Аҥаар атахпар тобуктаан олорон бу утары ойон иһэр хара тыа адьырҕатын көмөгөйүн кыҥаан баран чыыбыспын сыыйа тартым. Саам өс киирбэх, хата эһиннэ. Сүнньүөҕүм тиийэн пүл гына түспүтүн иһиттим, кыылым ньахчас гынна. Тэйиччи ойон тиийэн, кыаҕын былдьатан, ыраас сиргэ сытынан кэбистэ. Ол сытан улам уостан, ньалбыйдар ньалбыйан, хаптайан хаалла, сири кытта сир буолла. Арай төбөтө эрэ биллэр биллибэттик көстөр. Ону көрөн тыатааҕы сатаан саһарын итэҕэйдим. Саабын бэлэм тутан, кыылбын эргийэн матасыыкылбар тиийдим. Отууга тиийэн туохха түбэспиппин кэпсээтим, дьонум һуу-һаа буоллулар. Сарсыныгар убайдарбынаан саа-сэп бэлэмнэнэн тахсыбыппыт: хара тыа амырыын адьырҕата сыппыт сиригэр уһуктубат унньуктаах уһун уутун утуйа сытара. Туох буолан миэхэ таала кырыыланан бэйэтин былдьаппыта буолла. Ол саас Күүлэлээх Эбэҕэ олус үчүгэйдик дуоһуйа бултаан турабыт». Егор КАРТУЗОВ Хаартыска: интэриниэттэн * * * Кэпсээн «Тыын былдьаһыгар» кинигэттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан