Кэпсээ
Войти Регистрация

ДЬААҤЫГА (КЭПСЭЭН)

Главная / Кэпсээн арааһа / ДЬААҤЫГА (КЭПСЭЭН)

K
edersaas.ru Категорията суох
18.05.2018 19:30
Хас да сыл оҥостон, бэлэмнэнэн, уоппуска ылан, эт-ас тоҥор буолбутун кэннэ сэтинньи ыйга, аалым баһа хоҥнон, Дьааҥыга куобахха туһахтыы барар буоллум. Баатаҕай пуордугар убай курдук саныыр Бүөтүрүм көрүстэ. Үөһээ Дьааҥы куоратыгар хонон туран, халлаан айа кылыыта көстөр буола суһуктуйа сырдыыта, сарсыарда эрдэ Тэккэни Эбэ үүтээнигэр массыынанан айаннаабыппыт. Халлаан сырдаан, утары сандааран тахсан аламай күн кытары кыыһан эрдэҕинэ, халлааҥҥа харбаспыт Дьааҥы хайаларын үрдүнэн айаннаан истэххэ, аан айылҕа кэрэмэн көстүүтэ арылыйар. Чоҥкуйа кырыаран турар мастар үрүҥ көмүс мөһүүрэ симэҕи кэтэн тупсан көстөллөр. Хаарынан бүрүллүбүт хатыҥнар, байбаралаах мааны ырбаахылаах хотуттар курдук, лаглаһан тураллар. Харах ыларын тухары тула хайалар, дөрүн-дөрүн тайах уһун дьороҕор атаҕынан атаралаан ааспыт суола көстөр. Хаар анныттан хара улар көтөн лаһыйан тахсар, киис обургу мас көтөрүгэр үөмэн сыбдыйбыт суола дыргыйар. Кини обургу утуйа сытар куртуйахтары, бочугурастары биллэрбэккэ эрэ түүлэрин бурҕатан эрдэҕэ. Албын саһыл куобахха иҥээІнээн, чөм-чөм үктээн ааспыт суола көстөр. Кырынаас кутуйах көрдөөн биир тэҥник лэкэчэктээн ойбут. Хаххан, хаппыт маска олорон, аарыма төбөтүн эмискэ сүр түргэнник эргитэн, үүн тиэрбэһин саҕа эрилкэй хараҕынан тулатын көрүнэр. Улуу Суорун уола хара суор биһигини уруйдаан, батыһа көтөн халаахтыыр. Мин бултуйдахпына уос-тиис үллэстэр буоллаҕа. Тулам кырса түүтүн курдук кылбархай хаар. Киһи тылынан ойуулаабат кэрэ көстүүтэ. Ама, бу кэрэ көстүүнү көрө олорон хайа да дьиппиэн бэйэлээх манньыйан, нохтолоох тойон сүрэҕэ толугуруу мөхсүө, хайҕахтаах хара быара хамсыа суоҕай? Төһө да кыһыҥҥы кылгас күн киириэр диэри айаннаатарбыт, бииртэн биир кэрэ көстүүнү уонна кыраһа суругун көрін күн биллибэккэ ааста. Борук-сорукка Тэккэни Эбэ үүтээнигэр тиийэн кэллибит. Үүтээн саха балаҕаныныытутуллубут, таһынан буору хаайан сабараанньалаабыттар уонна өһүөтүгэр дылы буор куппуттар. Буор чиҥээн миэтэрэ аҥаара түспүт, маґын быыһынан үрдүк мэҥэ халлааІІа сулустар балаҕаны эргиччи бачыгыраһан, кылапачыһан көстөллөр. Хараҥаҕа харбыалаһан уоппутун отуннубут, хата, булт үгэһин тутуһар дьон сылдьыбыт буолан, аҕыйахта оттор маһы хаалларбыттар. Тоҥ турар үүтээни отуннубут, оһохпут үөрэн-көтөн умайан сирилээтэ. Үрэххэ киирэн ойбон алларан, уу баһан, ас астанныбыт. Эбии, тэйиччи сиртэн хаппыт маһы кэрдэн, түүн отторбутугар мас бэлэмнээтибит. Хойукка диэри түбүгүрдүбүт. Үүтээммит киһи тыына бурҕаҥнаабат эрэ буола сылыйыыта Баай барыылаах Байанайтан, сир-дойду иччилэриттэн көрдөһөн, Дьокуускай куораттан анаан-минээн кэргэммэр астатан аҕалбыт арыылаах алаадьыбынан аал уоппун айах тутан күндүлээтим. Ботур-ботур кэпсэтэ-кэпсэтэ аһаатыбыт. Тото-хана аһаан баран, утуйар таҥаспын бэрийдим. Баата матараас үрдүнэн таба тэллэх тэлгээтим, ол үрдүнэн үүтээҥҥэ баар олохтоох нэк буолбут куобах суорҕаны уурдум уонна эмиэ нэк буолбут куобах суорҕанынан, онтон кус түүтэ суорҕанынан сабынным. Үүтээммит истиэнэтин быыһынан ыраах кылахачыһар сулустары көрөн, тыыммыт бурҕаҥныы-бурҕаҥныы, кэпсэтэ сыттыбыт. «Бэрт дии, дьиҥнээх булт диэн маннык буолар: хайа эмтээх сибиэһэй салгына, кылыгыраан сүүрэ сытар таас Дьааҥы үрэҕин дьэҥкир уута, сибиэһэй
булт этэ. Өссө мантан ордук булчукка туох наада. Хата, доруобуйаҕын көннөрөн, эмтэнэн бар», —диир Бүөтүр… Мин маннык хардарабын: «Ээ, эмп-томп бөҕөнү аҕалбытым, бүтүн биир мөһөөччүк». Киһим тута өйдөөбөтөхпөр сүөргүлээн: «Ити аата айылҕа эмин этэбин. Онтум ыалдьар, мантым ыалдьар диэн үҥсэргиигин, мин луохтуур буолбатахпын. Эн бэйэҕин харыстаммакка, ыалдьабын диэбэккэ, тоҥуу хаары кэһэн үлтү сылайар гына хаамп, айылҕа бэйэтэ көрөн эмтиэҕэ, эн сибиэһэй салгыҥҥа хаамп эрэ», — диэн хомуруйа соҕус сүбэлээн эттэ. Кэпсэтэ сытан этим атыйан, дьагдьайан бардым. Туран чараас бэргэһэ кэттим уонна уота сөҕүрүйбүт оһохпор мас эбэн баран: «Үүтээммит кыра салгыннаах, сөрүүн соҕус дуу», — диэн сэрэнэн эттим. Киһим сөбүлээбэтэх куолаһынан сөҥүдүйдэ: «Кыһыҥҥы булка кэлэн баран мантан сылаас тыа дьиэтигэр хонуом дии санаабытыҥ дуо? Ґөл мутук тосту тоҥор тымныытыгар манна хапкаан көрө сатыы кэлэр, кырдьык, саллыылаах. Аара тоһуурдаргын көрөн, хараҥаҕа харбыалаһан, туос сатыы бырдыҥ быстан күлгэдийэн кэлэҕин, илии иминэн мас мастыыгын. Ол сылдьан сүгэҥ уга тосту ыстанан ыксатар. Дьэ, быһатын эттэххэ, дьиҥнээх эр киһи булда бу буолар. Маннык булка уол оҕо уйана-хатана биллэр, уһаарыллар-хатарыллар», — диэн саҥарбыппын кэмсиннэрдэ. Саха былыргы булчуттара түүлээх соноругар төһөлөөх тоҥмуттара-хаппыттара, эрэйи эҥээрдэринэн тэлбиттэрэ буолуой диэн бэйэм эппинэн-хааммынан билэн олус сөхтүм. Төһө ичигэс таҥастаах буолуохтарай, уонунан көскө салаасканан сатыы бултуу тахсар дьон. Былыргы улуу булчуттары ытыктаан, кинилэртэн саллан, саҥата суох сөҥөн сыттым. Өбүгэлэрбит өркөн өйдөөх буолан бу дойдуга олохсуйан олордохторо. Булт тэрилин айан, ону туһанан, бултаан-алтаан тыыннаах ортохторо. Холобур, айаны оҥоруу, тыатааҕы сохсотун охсуу, хандааны туруоруу төһөлөөх мындыр өйтөн тахсара буолуой. Саха былыргы булчуттара аар айылҕаҕа уһаарыллан-хатарыллан, куоһанан, сындалыйбат сындааһыннаах буолаллар. Кинилэр удьуордара — тустууктарбыт аан дойду улахан көбүөрдэриттэн кыайыы көтөллөнөн сири-сиксигинэн эргийэн кэлэллэр. Арай сарсыарда уһуктубутум: оһох тигинэччи оттуллубут, харбыыл истиэнэ быыһынан сулустар көстүбэттэр, халлаан суһуктуйан эрэр. Куоракка курдук буолбатах. Наһаа чэбдигирэн уһугуннум. Үөрэ-көтө ойон туран, курданарбар дылы сыгынньахтанан, хаарынан сууннум-тараанным. Ити күн өрөөн, маспытын бэлэмнээтибит. Эргэ үүтээн буолан, хаппыт мас биэрэстэ ыраах үрэх куулатыгар ордубут. Ону булан охторон, сороҕун таһан, быһа холоон биир ыйга тиийэр гына, бысталаан кэбистибит. Үлэни бүтэрэн киэһэ аһыы олордубут. Мин балаҕан баҕанатыгар өйөнөн, наара ороҥҥо олорон, куруускаттан итии чэйи сыпсырыйан иһэбин. Бүөтүр миэхэ көхсүнэн олорон остуолга аһыыр. Ол олордохпуна, эмискэ, төһө да аан аһыллыбатар, «киирдилэр» диэн сэрэйэ санаатым. Сүрэҕим эмискэ күүскэ тэптэ, кулгааҕым чуҥкунаата, мэйиим эргийдэ. Кыайан хамсаабат турукка киирдим. Бүөтүр тугу эрэ кэпсиир, ону өйдөөн истэр кыаҕым суох, саҥата ханна эрэ ыраах иһиллэр. Кыахпын былдьатан, далбааран, хамсалаах табах быстыҥа даҥ курдук олорбутум кэннэ «таҕыстылар» дии санаатым. Дьэ онтон уоскуйан туос амабар түстүм. Киэһэ үүтүн тохпут оҕолуу уку-сакы сырыттым. Оннооҕор доҕордоох
киһи кыаҕын ылар буоллахтарына, бүтүн биир ыйы быһа билбэт сирбэр хайдах соҕотоҕун олоробун диэн санаа төбөбөр эриллэн киирдэ. Киэһэ хойут, утуйаары сытан, сүөм түспүппүн көрөн киһим сүбэлээтэ: «Үүтээҥҥэ соҕотоҕун хоноргуттан дьаарханар буоллаххына, күнү быһа үлтү сылайыаххар диэри тыаҕа хаамп, киэһэ хойут кэлэн үлэҕин-хамнаскын бүтэрэн баран, тугу да санаабакка утуйан хаал. Бу дойдуга тугу эмэ сыыһа-халты туттан холдьоҕулуннаххына, түүн туран куотума, тоҥон өлүөҥ, халлаан сырдыыта айаннаар. Киһи эрэ буолларгын сэрэнэн сырыт, илиигин-атаххын дэҥнээтэххинэ ким да өрүһүйбэт, мин биир ыйынан кэлиэхпэр диэри суолуҥ сойуо, буларым да саарбах. Бу дойду сөбүлээбэтэҕинэ тута биллэрэр». Сарсыныгар Бүөтүр дьиэлээтэ. Биир ый соҕотоҕун аар тайҕа баһыгар хайалар быыстарыгар хааларбыттан санаарҕаан, санаа эргимтэтэ оҥосто сытан, утуйан хаалбыппын. Ороһуйа сытан түүл түһээн түҥкүлүйдүм. Үүтээҥҥэ баар курдукпун. Бүөтүр утары истиэнэҕэ баар оронугар сытарын курдук сытар. Дэлби хабаҕарбыппын, дьиэ таһыгар таҕыстым. Арай көрбүтүм: үүтээним дойдубар, ыалларым Өндөрөйдөөх далларын кэннигэр, баар эбит. Мин наһаа үөрдүм. Дьэ хата дойдубар бултуу сылдьар эбиппин дии санаатым. Ол быыһыгар дойдубар куобах суох, чэ, туох буолуой дии саныыбын. Ол сытан киһим турбутугар уһугуннум. Тута түүлбүн кэпсээтим. Бүөтүр балайда саҥарбакка дьоһумсуйан сытан баран түүлбүн тойонноон эттэ: «Дьэ, Дьөгүөр, бу дойду эйигин кырыы хараҕынан кынчарыйбатах, атыҥыраабатах, дойдугар сылдьар курдук санан диэбит». Тото-хана аһаан баран, дьиэ таһыгар тахсан киһибин, аҕатын сайыспыт оҕолуу, икки хайа икки ардыгар саппаҕыран туран атаардым. Бүөтүр куула тыаҕа киирэн көхсө аҕыйахтык көстөн хаалла. Мин түүлбүн саныы-саныы, онтон дуоһуйан үөрэ-көтө, сардаҥалаах сарсыарданы уруйдуу, аламай күн утары туһахтарбын иитэ, сарсыардааҥҥы дьыбары бурҕаҥнатан, алыы диэки хаама турдум. Киэһэ хараҥарбытын кэннэ туһахтарбын иитэн үлтү сылайан кэлэн, тоҥ турар үүтээн оһоҕун отуннум, куобахпын астаан буһара уурдум, ыйдаҥа сырдыгар оттор маспын аҕала бардым. Ыйдаҥа тунаархай сырдыгар киһи ахтатыттан ыйанар үрдүк дулҕаҕа мэһэйдэтэ-мэһэйдэтэ үстэ кырынным, кэлэ-бара алта биэрэстэни адырҕайдаах сиринэн хаамтым. Онтон Сарсыҥҥыбар бэлэмнээн, үрэхтэн уу бастым. Тото-хана аһаан оһохпун ыбылы оттон, туох баар кыра да тыаһы-ууһу иһиллии-иһиллии, сиэгиргээн сулустары көрө сыттым. Аар айылҕа наһаа да кэрэ, улуу да буолар эбит. Адаардаах арҕастаах таас Дьааҥы хайалара хас мөлүйүөн сыл турбуттара буолуой? Икки атахтаах, иннинэн ирэйдээх төһө да үөрэхтэнэн бэрдимсийбитин, төрөөбүт ийэ айылҕаны аанньа ахтыбакка дьаабыламмытын иһин, бу орто туруу бараан дойдуга кэлэн ааһар ыалдьыт, хонон ааһар хоноһо буоллахпыт. Икки атахтаахтар күн тура-тура таптаабыппытынан айбардаан, ааргытык дьаһанан, бэйэбит олорор мутукпутун кэрдэр сыаллаахпыт-соруктаахпыт. Иччитэх улуу хайалар быыстарыгар тоҥо сытан анаардахпына, икки атахтаах киһи диэн бу улуу аар айылҕаҕа хаар биир кыырпаҕа эбит. Аламай күн күүскэ тыктын, хахсаат тыал түстµн — сүтэн-симэлийэн хаалаҕын. Улуу Дьааҥы атыҥырыы көрбөтө. Сиэри-туому тутуһар киһини араҥаччылыыр, бүөбэйдиир эбит. Сорох күн сыыстаран,
чараастык таҥнан бардахха халлаан лүҥкүрэн былыты аҕалан хаар тµґэрэр, бытарҕан тымныы имийэн, тоҥмуппун аһарар. Үөһэттэн ким эрэ көрө-харайа, харыстыы сылдьарын этим-сииним сэрэйэр. Сымыйа дьэргэлгэни эккирэтэн, доруобуйабын алларыппыт киһини Дьааҥы хайалара эмтээбиттэрэ, ону ааһан суруйар кыдьыкка сыһыарбыттара. Дьааҥыга барыахпар диэри сурук да суруйбат киһи, сурук үлэтинэн куудьуйан тиигинээн турдум. Баҕар, сиэри-туому, булт үгэһин, айылҕаны харыстыыр туһунан хайа иччитэ соруйан суруйтараары дьээбэлээбитэ буолуо. Биэс уон сааспар диэри тустар эрэ кыдьыктаах киһини тосту уларыппыта. Ыалдьан нэһииччэ саллаҥнаан кэлбит киһи, сүүрбэччэ куобаҕы сүгэн, сүүрэ сылдьар буолбутум. Хайа иччитэ киирэ сылдьыбыт киэһэтигэр, ким-туох киһи кэлбитин көрөн таҕыстаҕа. Онно сөбүлээн атарахсыппакка бэйэ киһитэ, сиэри-туому, булт үгэһин тутуһар, өһүк эбит диэн көрөн-харайан, өйөөн-убаан этэҥҥэ сырытыннаран өлгөмнүк бултатта. Үүтээҥҥэ соҕотоҕун туох эмэ буоллахха ытаа да ыллаа, арбаҕастаах да абырыа суоҕа. Аар тайҕа баһыгар ким кэлэн быыһыай? Дьэ итинник, айылҕаҕа эмтэнэн Баай Байанай өлгөмнүк бэрсэн, эбиитин суруйар үлэҕэ сыстан, тоҥон-хатан, хатарыллан, этэҥҥэ сылдьан турабын. Эһиилигэр эмиэ амтаһыйан, Дьааҥы Эбэ хотуҥҥа бултаабытым, ол бэйэтэ туспа кэпсээн. Билигини сымыйа дьэргэлгэни эккирэтэрбин тохтотон, доруобуйабын тупсараары, чэбдигирдээри күн аайы тоҥуу хаары тиритэ-хорута кэһэбин. Егор КАРТУЗОВ Хаартыска: интэриниэттэн * * * Кэпсээн «Тыын былдьаһыгар» кинигэттэн ылылынна. Кинигэ «Бичик» маҕаһыыннарыгар атыыланар.
edersaas.ru сайтан